Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
От ыйын 1 күнүттэн саҕалаан бэйэ дьарыгынан нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥорор дьоҥҥо нолуок ааҕыллар буолла.

Биллэрин курдук билигин киһи үксэ бэйэтэ тугу сатыырынан, уран тарбаҕынан арааһы тигэн-чочуйан, минньигэстик астаан, эбэтэр тимир көлөнөн дьону таһан эбии дохуот киллэринэр. Ол эрээри кинилэр ханнык да сулууспаларга испииһэккэ киирбэттэр, учуоттамматтар. Онон этэргэ дылы уора-көстө кэтэҕинэн дьарыктаналлар. Өскөтүн сокуон хараҕар иҥнэр түгэннэригэр үтүмэн ыстыраабы уобаллар. Итиэннэ кинилэр тустаах сулууспаларга бэлиэтэммэтэх буолан ханнык да көмөҕө тиксибэттэр. Инньэ гынан бэйэ дьарыктаах диэн нолуок сулууспатыгар регистрацияланыы дойду үрдүнэн киирдэ.

Бу араҥаҕа кимнээх хапсалларый диэтэххэ, репетитордар, дьону таһар-тиэйэр үлэҕэ ылсыбыттар, ас астаан, арассаада олордон, баайан-тигэн атыылыыр дьон, бэл дьиэни куортамныыр буоллахха, нолуок сулууспатыгар бэлиэтэниэхтээхтэр. Нолуок түһээнэ 4-тэн 6 бырыһыаҥҥа диэри. Ити кээмэйэ өҥө хайысхатыттан араастаһар. Холобура, тыа  хаһаайыстыбатынан сыһыаннаах дьарыгы талбыттарга уонна ас-үөл  астаан дьоҕус  эргинээччилэргэ 4 бырыһыаннаах  түһээн ааҕыллар, автосервис итиэннэ такси өҥөтүн оҥорор дьоҥҥо 6 бырыһыаннаах нолуок түһэр. Ити кинилэр төһө дохуоттарыттан көрөн суумата быһыллар.

Дьэ бу киллэрии үчүгэй өрүтэ тугуй?

Бэйэ дьарыктаахтар сокуонунан көмүскэллээх буолаллар, урбаанньыттары кытта тэҥ бырааптаналлар. Онон бааннарга чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматыгар хапсар кыах үөскүүр. Оттон өрөспүүбүлүкэ предпринимательствоҕа уонна туризмҥа министиэристибэтэ кэлэр ыйтан бэйэ дьарыктаах араҥаҕа 3 бырыһыан чэпчэтиилээх иэс харчыны үллэриэҕэ. Маны тэҥэ билигин субсидияны биэрии бэрээдэгин ырытар. Бэйэ дьарыктаах буолуу хайа көрүҥэр ордук болҕомто ууруллуохтааҕын учуоттаан, эһиилгиттэн субсидия биэрэри былаанныыр.

Оттон бэйэ дьарыктаах дьон хайдах нолуок сулууспатыгар бэлиэтэнэллэрин туһунан  препринимательство министиэристибэтин сайтыттан билсиэхтэрин сөп. Ол кэннэ “Мой налог” диэн мобильнай сыһыарыынан регистрацияны ааһаллар. Бу туһунан өссө сиһилии 88001005880 нүөмэргэ ыйыталаһыахтарын сөп. Исписэлиистэр босхо сүбэлииллэр.

#улусмедиа #самозанятые #налогнапрофессиональныйдоход #мойналог
ОЛЕКМИНСКИЕ ГИРЕВИКИ УСПЕШНО ВЫСТУПИЛИ НА ДИСТАНЦИОННЫХ СОРЕВНОВАНИЯХ

В условиях карантина и самоизоляции опустели спортивные площадки, не проводились соревнования, но олекминские гиревики тренировались дома и приняли участие в соревнованиях в дистанционном формате, которые состоялись в Республике Чувашия с 20 по 30 апреля и в городе Кирове с 1 по 10 мая. Соревнования были посвящены к 75-летию Великой Победы. Об этом рассказал один из сильнейших гиревиков Олекмы Владислав Филиппов, призер Кубка мира и международного турнира по гиревому спорту, состоявшихся в феврале и марте в дистанционном формате.

– Мы узнали о соревнованиях по силовому многоборью из социальных сетей и решили попробовать свои силы. Участников было более 200 атлетов из 17 регионов страны по 9 возрастным категориям. Олекминский район представили я и Евгений Бояркин, чемпион Игр Манчаары – 2013 в Чурапче.

Я выступал в категории  мужчин от 19 до 39 лет, Евгений – от 50 до 59 лет. Каждый из нас проделал силовые упражнения на время: отжимание, подтягивание и приседания по 3 минуты, рывок гири – в течение 5 минут. Все записывали на видеоролик и отправляли по указанному адресу. В итоге Евгений стал чемпионом, а я стал серебряным призером. Медали и дипломы получили по почте только 23 июня.

На фестивале «Кубок Победы», проводившемся в городе Кирове, участвовали уже втроем и завоевали первые места: я, Евгений Бояркин и Василий Мамонтов. Мы с Василием выступили по четырем видам: полумарафон по длинному циклу, олимпийское троеборье, спринт толчок гири на 3 минуты, супер – спринт толчок гири на 1 минуту.

#улусмедиа #спорт #гиревики #соревнованияонлайн #олекминскийулус
НЬУРБАҔА "БЭЧЭЭТ - ОЛОХ КЭРЭҺИТЭ" ОНЛАЙН-ВИКТОРИНА ТҮМҮКТЭННЭ

Быйыл от ыйын 1 күнүгэр республикаҕа аан бастаан национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэннэ. 1907 с. бу күн “Саха дойдута” диэн ааттаах бастакы сахалыы хаһыат күн сирин көрбүтэ. Бу кэрэ бэлиэ күнү көрсө Ф. Г. Сафронов аатын сүгэр Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ уонна оройуон хаһыата онлайн-викторина биллэрбиттэрэ.

Викторинаҕа Ньурбаттан, Уус Алдантан, Дьокуускайтан, Таиландтан тиийэ кытыннылар. 15 боппуруоска толору сөптөөх, сыыһата суох эппиэт киирбэтэ, онон элбэх боппуруоска (14 боппуруоска) сөпкө эппиэттээбиттэргэ маннык кыайыылаахтары таһаардылар: Афанасьева Мария (Антоновка с.), Канаева Луиза Акимовна (Дьиикимдэ нэһ.), Николаева Мария Пудовна (Үөдэй нэһ.), Иннокентьева Людмила Романовна (Нюрба к.).

Бары кыттыбыттарга махталбытын биллэрэбит, кыайыылаахтарга итии-истиҥ эҕэрдэ! Кыайыылаахтар “Ньурба” хаһыат редакциятын анал бирииһинэн – “Ньурба” хаһыат 2020 сыл иккис аҥаарыгар сурутуунан наҕараадаланнылар.

Күндү доҕоттор, сэргэх сонун кэһиилээх улууспут хаһыатын кэрэхсээн ааҕыҥ, суруттарыҥ!

#нюрбинскийрайон #онлайнвикторина #улусмедиа #итогивикторины
СОМОРСУҤҤА САҤА ОҔО ООННЬУУР БЫЛАҺААККАТА КЫРАЧААННАРЫ ҮӨРДЭР

Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр өссө биир кэрэ бэлиэ сир буолла. Кырачаан олохтоохтор астына кэлэн оонньуур сирдэннилэр.

Соморсун нэһилиэгэр Ийэ уонна оҕо скверыгар нэһилиэк кырачаан олохтоохтоохторугар анаммыт саҥа тупсаҕай көстүүлээх, оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, чэбдигирэригэр анаммыт “Шатры востока” диэн саҥа оонньуур былаһаакка турда.

“Бу оҕолорго анаммыт анал оонньуур былаһаакка “Арассыыйа Ийэлэрэ” уопсастыбаннай тэрилтэ Соморсуннааҕы түмсүүтүн активист ийэлэрэ, “Алроса” АК үбүлээһининэн “Моя площадка” диэн “Үүнэр көлүөнэ” Фондата тэрийэн ыыппыт күрэхтэригэр сүүмэрдээһини ааһан уонна кыайаннар баар буолла. Сүүмэрдээһини ааһарга, бырайыактыыр документацияны туттарарга сүбэнэн-аманан күүс-көмө буолбут улууспут дьаһалтатын үлэһиттэригэр, чуолаан тутуу боппуруостарыгар баһылыгы солбуйааччы Дмитрий Дмитриевич Ивановка, биир дойдулаахпытыгар Эдуард Васильевич Ефимовка, Фонда салалтатыгар, үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Маннык үчүгэй бырагыраамалар, күрэхтэр өссө да баар буоллуннар”, – диэн этэр нэһилиэк баһылыга Алексей Кононов.

Былаһаакканы нэһилиэк эр дьонун “Эрчим” диэн түмсүүтэ, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кэлэн туруордулар. Онон Соморсун кырачаан олохтоохторо мантан сайын нэһилиэк хабыллар ортотугар баар былаһааккаҕа үөрэ-көтө оонньуур кыахтаннылар.

#новостиякутии #улусмедиа #амгинскийрайон #детскиеплощадки #Соморсун
В ОЛЕКМИНСКЕ С ЮБИЛЕЕМ ПОЗДРАВИЛИ ДОЛГОЖИТЕЛЬНИЦУ ЗОЮ ПЕТРОВНУ НИКИТИНУ

30 июня прекрасную дату – 90-летний юбилей – отметила отличник просвещения СССР и РСФСР, Почетный гражданин Олекминского района Зоя Петровна Никитина.

Зоя Петровна – учитель с большим стажем, уважаемый человек. Она принадлежит к поколению «детей войны» и сполна хлебнула тяготы сурового военного времени. Но они не сломили ее, а только закалили. Судьбой ей было предначертано стать учителем, вести за собой других.
С поздравлениями к ней в этот день пришли начальник управления социальной защиты населения А.В. Мамонтова, председатель совета ветеранов (пенсионеров) района Л.М. Арифулина. Они вручили долгожителю приветственные адреса от Президента РФ В.В. Путина, Главы РС(Я) А.С. Николаева, Главы Олекминского района Н.Н. Харбина, Благодарственное письмо от совета ветеранов, подарки. Тепло поздравила юбиляра глава МО «Город Олекминск» Альбина Михайловна Масина.

На праздничный обед, который организовали родные в день юбилея, Зоя Петровна пригласила своих друзей и коллег из управления образования, школ №2 и №4, совета ветеранов образования. Сколько добрых слов выслушала она в этот день, признаний ее заслуг. Вспоминая годы совместной работы, коллеги говорили о ней, как о профессионале высокого уровня, отмечали ее необыкновенную работоспособность, творческий подход к процессу обучения, организаторские способности, но, прежде всего, отмечали человеческие качества. Скромная, интеллигентная, доброжелательная, внимательная к людям – об этом люди помнят всегда.

#улусмедиа #юбилей #олекминскийрайон #90лет #долгожитель #поздравления
ПО ОЙМЯКОНСКОМУ УЛУСУ ПЛАНИРУЕТСЯ ЗАГОТОВИТЬ 3900 ТОНН ЗЕЛЕНЫХ КОРМОВ

Утверждённый план кормозаготовительной кампании в Оймяконском районе в этом году – 3900 тонн.

По информации начальника Управления сельского хозяйства Павла Сивцева, плановые задания доведены до всех наслегов улуса.

Под руководством главы МО «Оймяконский улус (район)»  Иннокентия Сивцева сформирован оперативный штаб района по кормозаготовке.

На данный момент в хозяйствах наслегов началась сенокосная страда. Но основная часть сенозаготовительной кампании в улусе начнётся с 20 июля.

Как и в прежние годы, на помощь сельчанам в каждом наслеге планируется привлечь мобильные бригады сенокосчиков. Об этом сообщила пресс-служба администрации района.

#сенокос #сельскоехозяйство #оймяконскийулус #коромзаготовка