Улус.Медиа | Новости Якутии
11.3K subscribers
64.9K photos
11K videos
28 files
43K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

РКН: https://gosuslugi.ru/snet/67ab5ff62189cb207b3eb4fd

Улус.Медиа
@ulusmedia

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ЭБЭЭН БЫТАНТАЙГА УРБААННЬЫТ АЛЕНА ГОРОХОВА БЭЛИМИЭН ОҤОРОН АТЫЫЛЫЫР

Тыа сиригэр үлэ миэстэтэ көстөрө уустуга кистэл буолбатах. Ол эрэн аныгы кэм ирдэбилинэн дьон-сэргэ сытыы-хотуу, булугас өйдөөхтөрө онтон иҥнэн-толлон туран хаалбаттар. Ким тугу сатыырынан, санаата сытарынан толкуйдаан-тобулан барыны барытын дэбигистик ылсан үлэлээн-хамнаан ииттинэн, бэркэ тиийинэн олороллоро киһини үөрдэр. Эбээн Бытантай улууһугар кэлиҥҥи кэмҥэ дьоҕус урбаан, бэйэ дьыалатын тэринии сайдар кэскиллээх. Олортон биирдэстэрэ – Алена Семеновна Горохова ааспыт кыһын устата бэлимиэн оҥорон атыылаан, биир дойдулаахтарын хайҕабылын ылар.

Эбээн Бытантай эр дьоно ордук тутууну баһылыыр, уһун суол суоппардарынан үлэлиир эбит буоллахтарына, кэрэ аҥардар сирдээҕи аналларынан ким ас астаан, ким иистэнэн, оҕуруот аһын үүннэрэн дьиэ кэргэттэрин бүддьүөтүн хаҥаталлар, оҕолоругар дьоһун холобур буолаллар.

Бүгүҥҥү кэпсэтэр далбар хотуммут Алена Семеновна Горохова чааһынай маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Ааспыт кыһын устата бэлимиэн оҥорон атыылаан, дьон-сэргэ хайҕабылын ылла. Кинини кылгастык бу дьарыгын туһунан сырдатарыгар көрдөстүбүт.

– Бэлимиэн оҥорор тэрили маҥнай интэриниэт ситимигэр көрөммүн бэркэ диэн сэргээбитим. Толкуйданан баран ааспыт сайын бу тэрили сакаастаабытым, күһүн кэлбитэ. Сыаната 120 тыһ. солк. курдук этэ, ыйааһына 50 киилэттэн тахса, онон тиэйтэриитэ ботуччу буолан тахсыбыта.

Салҕыы аах Улус Медиа сайтыгар 👉👉https://ulus.media/2020/06/30/ebeen-bytantajga-urbaannyt-alena-gorohova-belimien-o-oron-atyylyyr/.

#улусмедиа #сахапечать #эвенобытантайскийулус
June 30, 2020
June 30, 2020
МЭҤЭ ХАҤАЛАСКА КЭТЭЭН КӨРӨӨЧЧҮЛЭР КУОЛАСТААҺЫН ҮЧҮГЭЙДИК БАРАН ИҺЭРИН БЭЛИЭТИИЛЛЭР

Мэҥэ Хаҥалас улууһун территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Ирина Назарова иһитиннэрбитинэн, биэс күн куоластааһын түмүгүнэн, бэс ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, барыта 15 тыһыынча 333 киһи Арассыыйа Төрүт сокуонугар уларытыылары, эбиилэри киллэриигэ куоластаабыт.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун иһигэр 24 тыһыынча 706 куоластааччы ити күннээҕи туругунан баара бэлиэтэммит. Ол гынан баран, ити чыыһыла күннэтэ уларыйа, хамсыы турара бэлиэтэнэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун үрдүнэн Конституцияҕа уларытыылары киллэриигэ куоластааһын 34 быыбардыыр учаастакка ыытыллар. Ол иһигэр саамай улахан нэһилиэнньэлээх пууҥҥа – Майаҕа 3 учаастагынан.

Сокуон ирдииринэн куоластааһыҥҥа уопсастыбаттан уонна баартыйалартан тэрээһин хаамыытын кэтээн көрөөччүлэр кэлэн олороллор. Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар уларытыылары, эбиилэри киллэрии куоластааһыныгар уопсастыба холбоһуктарыттан кэтээн көрөөччүлэр үлэлииллэр. Биһиги Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр олохсутуллубут 257-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка ити күн сылдьан кэтээн көрөөччү Анна Никанорованы кытары кэпсэттибит. Манна учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа Лена Харитонова бэрэссэдээтэллиир.

– Мин Майа сэлиэнньэтин дьахталларын сэбиэтин аатыттан куоластааһын хаамыытын кэтээн көрөбүн, – диэтэ Анна Семеновна. – Куоластааһын тэрээһинэ үчүгэй диэн бэлиэтиибин. Бары ирдэбиллэри тутуһаллар. Дьон көхтөөх. Дьиэ таһыгар куоластатыыга саастаах дьон дьиэлэриттэн тахсан көхтөөхтүк кытталлар. Быыбардыыр да учаастакка кэлэллэр. Куйааһа бэрт буолан, ити сааһырбыт дьоҥҥо улаханнык мэһэйдиир быһыылаах. Дьиэлэринэн сылдьан куоластатыыга эмиэ сырыттым.

👉👉https://ulus.media/2020/06/30/me-e-ha-alaska-keteen-k-r-chch-ler-kuolastaa-yn-ch-gejdik-baran-i-erin-belietiiller/
June 30, 2020
June 30, 2020
June 30, 2020
June 30, 2020