Олоҥхонон дьүһүйүү 1 чаас 20 мүнүүтэлээх туруоруу буолла. Манна барыта сүүсчэкэ киһи кыттыыны ылла. Туруорааччы режиссер – биир дойдулаахпыт Роман Атласов.
Кыыс Ньургун бухатыыр – Алена Давыдова
Оҕо Очуостаан – Юрий Стручков
Хаадыат Мохсоҕол – Айаал Вырдылин
Кыыс Ньургун ийэтэ – Анна Федорова
Кыыс Ньургун аҕата – Александр Бурцев
Чугдаарыкы Тойон – Александр Гоголев
Айыы Нэлбигий удаҕан – Марфа Алексеева
Сорук Боллур – Айсен Старков
Күөнтэ Хара бухатыыр – Василий Черкашин
Хамсык Хара удаҕан – Лена Жиганюк
Сиэмэх Дьэгистэй удаҕан – София Сидорова
Тимир Сигиди бухатыыр – Павел Аммосов
Бухатыырдар тойонноро — Иван Тордуянов.
Испэктээги көрөөччүлэр биир тыынынан көрдүлэр, тойуктар, үҥкүүлэр, музыка, экраҥҥа көстүү, уот-күөс, көстүүм киэргэппиттэрин бэлиэтээтилэр. Артыыстар уобарастарын толору арыйбыттарын биллэрдилэр.
Испэктээк “Олоҥхо ыһыаҕын өрөгөй ырыатынан” өрө күүрүүлээхтик түмүктэннэ. Олоҥхо улуустааҕы ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Сторожев Роман Атласовы, Алена Давыдованы, “Олоҥхо дьиэтэ” этно-культурнай киин коллективын махтал суруктарынан бэлиэтээтэ.
Олоҥхоһут Роман Алексеев сыдьааннара хас биирдии тэрийсибит дьоҥҥо, сүрүн артыыстарга махтал суруктары, ааптар кинигэлэрин бэлэх ууннулар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Куйаар үлэ-хамнас өттүгэр урукку сыыһаларгын көннөрөргө кыаҕы биэриэҕэ. Эрээри ол наһаа судургутук сатаныа суоҕа. Кэпсэтиигэ туттуна түһүүҥ тыҥааһыннаах түгэннэртэн куоттарыаҕа.
Дьулууруҥ-дьаныарыҥ ханнык да соруктары толороргор көмөлөһүөҕэ. Үп-харчы дьыалатыгар соһуччу табыллыаххын сөп.
Саҥа идеяларга уонна үөрэххэ аһаҕас буол. Киэһэни чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытта атаарарыҥ ордук.
Биир кэм устар чуумпу күн күүтэр. Ол гынан баран дьиэтээҕи түбүккэ үгүс күүскүн, сыраҕын барыаҥ.
Үлэҕэр үрдүк кирилиэһи дабайар түгэн үүннэҕинэ, эйиигиттэн быһаарыныылаах дьайыыны ирдиэҕэ. Бу күн күүһүҥ-уоҕуҥ толору – ону үчүгэйдик туһан.
Үөрэххэ уонна былаан оҥосторго табыгастаах кэм. Урукку кыһалҕаҕын соһуччу быһааран кэбиһиэххин сөп.
Бу күн үлэҕэ үөрүйэҕиҥ, сатабылыҥ үтүө түмүктэри көрдөрүөҕэ. Дьону кытта кыра сөпсөспөт буолуу тахсыан сөп.
Бу күн көһүппэтэх өттүгүттэн тургутууну аҕалыан сөп. Онно эн сэрэйэн, таайан көрөр дьоҕуруҥ көмөлөһүөҕэ.
Иэйиинэн уонна идеянан туолбут күн. Саҥа саҕалааһыҥҥа доҕотторуҥ көмөлөһүөхтэрэ.
Эйигин таһаарыылаах күн күүтэр. Эн санааҥ кэллэктиипкэ суолталаах буолуоҕа.
Саҥаны арыйыы, саҥалыы көрүү тахсыан сөп. Бэйэҕэр уонна бэйэҥ санааларгар эрэн!
Күнүҥ холкутук ааһыаҕа, ол эрээри соруктаргар болҕомтоҕун уур. Бэйэҕин көрдөрөргөр, айар үлэнэн дьарыктанаргар табыгастаах күн.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🔖 Ахсынньы 1⃣8⃣ күнэ – СААХСА үлэһиттэрин күнэ.
🔖 Саахса – ЗАГС (запись актов гражданского состояния) кэтэҕэр саҥа төрөөбүт оҕо докумуонуттан саҕалаан киһи олоҕун тиһэх суруга оҥоһуллар түгэнигэр тиийэ түбүктээх, эппиэтинэстээх үлэ турар.
🔖 Саахса уорганын историята 1917 сыл ахсынньы 18 күнүттэн саҕаланар. Бу күн ''О гражданском браке, о детях и о ведении книг актов состояния'' диэн декреккэ илии баттаммыта. Бу докумуон сойуус дьиэ кэргэҥҥэ хайысхатыгар бастакы сокуоннай аакта буолбута. Ол күнтэн Саахсаҕа ыал буолуу, арахсыы, оҕо төрөөһүнүн уонна олохтон барыы докумуоннара толоруллаллар.
🔖 2018 с. Саахса үлэтигэр тосту уларыйыылар буолбуттара. Алтынньы 1 күнүгэр Биир кэлим судаарыстыбаннай реестр оҥоһуллан, Арассыыйа Саахсалара бары биир иһитиннэрэр ситимҥэ киирбиттэрэ. Дойду бары уорганнара үлэлэрин онлайн көрө олорор кыахтаммыттара.
🔖 Саахса уорганыгар үлэлээбит бэтэрээн-үлэһиттэри, бүгүҥҥү кэлэктииби истиҥник эҕэрдэлиибит!
✍ Уйаара КУСТУК
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Чараҥ бөһүөлэгэр үбүлүөйдээх сылы бэлиэтиир дьоро киэһэ буолан ааста. Тэрээһин сүрүн түгэнинэн "Бастыҥнартан бастакы" диэн Дьоруой туһунан кинигэни сүрэхтээһин буолла.
Ол туһунан бу сигэнэн киирэн аах
https://мюрюгазета.рф/doruojga-anammyt-syl-kinige-syrehteniitinen-tymyktenne/
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сурутуу2025
Улуус прокурора Александр Малинкин хаһыат редакциятын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристэ👍
Онон нэһилиэнньэҕэ прокуратура өйдөтөр-сырдатар үлэтэ быстыбакка сырдатыллара былааннанар. Итиэннэ Александр Лазаревич улуус хаһыатын сылын аайы сурутар ааҕааччыбыт буоларын быһыытынан, эһиилги сурутууга эмиэ кыттыста.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Улуус прокурора Александр Малинкин хаһыат редакциятын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристэ