УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
6K subscribers
38.3K photos
3.64K videos
10 files
6.45K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Уус Алдан саахымакка федерациятын Кубогын кыайыылааҕынан Мүрү нэһилиэгин хамаандата буолла👏

Ахсынньы 15 күнүгэр саахымат федерациятын Кубогар хамаанданан күрэхтэһии ыытылынна. Уопсайа 6 хамаанда Бээрийэ, Курбуһах, Мүрү, Найахы, II Байаҕантай уонна I Хоро нэһилиэгиттэн кытынна.

Сүрүн кыайыылаахтар:

🥇 Мүрү
🥈 Курбуһах
🥉Найахы

Бастакы дуоска кыайыылаахтара:

1. Бурнашев Николай (Мүрү)
2. Фомин Сергей (Найахы)
3. Ушницкай Михаил (Бээрийэ)

Иккис дуоска:

1. Максимов Артамон (Курбуһах)
2. Фомин Иван (Найахы)
3. Софронов Иван (Мүрү)

Үһүс дуоска:

1. Избекова Саргылаана (Курбуһах)
2. Турантаева Екатерина (Тиит Арыы)
3. Гуляева Екатерина (I Хоро)

Төрдүс дуоска:

1. Новгородов Денис (Мүрү)
2. Макеева Сайаана (I Хоро)
3. Соловьев Арылхан (Курбуһах)

✍️Улуус саахымакка федерацията

🤩@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🤗 Кэрэ сонуннарын ааҕааччыларбытын кытта куруук үллэстэр Мүрүтээҕи "Сардаана" оҕо тэрилтэтин кэлэктиибэ хаһыакка 100% суруттарда🫶

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🕺🕺Эдэрдии эрчимнээх сүрдээх үҥкүүһүт уолаттар👍👏

Көрүҥ эрэ, бэртээхэй үҥкүүһүттэр. Кимнээҕий?

Оскуола кэмин сулустара 💫🤩 — норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, "Водоканал" АО кылаабынай инженерэ Андрей Аммосов уонна Курбуһах нэһилиэгин ветеринарнай бырааһа Олег Винокуров — Курбуһах оскуолатын 1988 сыллаах выпускниктара.

Тапталлаах оскуолаларын 95 сыллаах үбүлүөйүгэр олус бэһиэлэйдик сырыттылар. Бу курдук выпускниктар уруккуну ахтан-санаан, оччотооҕу кэми эргитэн ыллылар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🍏🍓🍌🍉🌶️🥒🍅🥬
Бороҕоҥҥо оҕуруот аһын, фруктаны атыылыыр анал маҕаһыын арылынна👏👍

Урбаанньыт Сардаана Портнягина Лонгинов аатынан уулусса 36 аадырыһыгар турар "555" маҕаһыынын аттыгар оҕуруот аһын уонна фруктаны атыылыыр саҥа маҕаһыыны арыйда.

Онон атыы-эргиэн коллектива улууспут олохтоохторун сибиэһэй ас эгэлгэтин атыылаһа ыалдьыттыыргытыгар ыҥырар👍

📸Вадим Сивцев

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM