УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.59K subscribers
34.2K photos
3.13K videos
10 files
5.82K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Улуус баһылыга Василий Аммосов, улуус дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын начальнига Петр Попов бүгүн Таатта улууһугар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин үлэтин тула Ил Дархан Айсен Николаевы кытта сүбэ мунньахха кыттыыны ыллылар.

Баһылык Василий Аммосов улууска тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи туругун, былаанын туһунан дакылаат оҥордо. Кини нэһилиэктэр баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын специалистара уонна хаһаайыстыбалар салайааччылара ходуһаларын кэрийэн көрөн, от үүнүүтүн, төһө от кэлиэн сөбүн барыллаан көрбүттэрин иһитиннэрдэ. От үлэтин кэмигэр саҕалыыр инниттэн хаһаайыстыбалар уматыгынан хааччыллыбыттарын, техникаларыгар өрөмүөн үлэтэ барбытын эттэ.

Бэлиэтиир буоллахха, быйыл Уус Алдаҥҥа 1501 гектарга кормовой ыһыы (эбиэс, элбэх сыллаах от, суданскай от, подсолнух), 1312 гектарга туораахтаах культура ыһылынна, 45 гектарга аһаҕас халлаан анныгар үүннэриллэр оҕуруот аһа, 217 гектарга хортуоппуй олордулунна. От былаана 30000 тоннаҕа тиэрдилиннэ, ону сэргэ 500 тонна сиилэһи бэлэмниир былаан турар.

Быйыл кураан уонна сөрүүн сайын буолан, от үүнүүтэ орто диэн бэлиэтээтилэр. Ол да буоллар, былааны 85% толорорго сорук турар.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан | мюрюгазета.рф

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🌿 ОТ ЫЙЫН 12 КҮНЭ

♈️Хой

Үчүгэйдик билбэт эйгэҕэр киирэ сатаама. Ол оннугар урукку, билэр ньымаҕынан оҥор – ситиһииҥ улахан буолуоҕа. Бу күн тэрийэр, дьаһайар үлэҥ табыллыаҕа.

♉️Оҕус

Айар куттаахтарга уонна өй үлэтин толорооччуларга ситиһиилээх күн буолуоҕа. Салалтаҥ эн үлэҕин сыаналаан үрдүкү дуоһунаска аныыр этиини оҥоруоҕа.

♊️Игирэлэр

Улахан дьыалаҕар ситиһии кэлэрин туһугар чуумпуга барытын ымпыктаан-чымпыктаан толкуйдаа. Тус сыалгын ситиһэргэ дьон уопутугар тирэҕир.

♋️Рак

Олус өр кэмҥэ бэйэҥ эрэ сөбүлүүргүнэн дьарыктаммыккын, онуоха атын дьыалаҥ мунньуллан хаалбыт. Онон сиппэккэ турар боппуруостаргын быһаар.

♌️Хахай

Барытын биирдэ саба тута сатаама – дьыалаларгын суолталарынан араар. Бу күн билсиһэ сатаама, соччото суох кэмэлдьилээх дьону кытта билсиэххин сөп.

♍️Кыыс

Эрдэ мунньуммут уопутуҥ бүгүн көмөлөөх буолуоҕа. Эйэҕэс-сайаҕас буоллаххына, эн иннигэр ханнык баҕарар аан тэлэччи аһыллыаҕа. Тус олоххор соһуччу үчүгэй бэлэх күүтэр.

♎️Ыйааһын

Сибиэһэй салгыҥҥа сынньалаҥ үчүгэй настырыанньаны саҕыаҕа. Баҕаҕын барытын ханнарар туһуттан эбии дохуоттанар туһугар хамсан.

♏️Скорпион

Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥар болҕомтолоох буол – кинилэри үөрдэргэ кыһалын. Урут хаһан да оҥорон көрбөтөххөр ылыстаххына табыллыы баар буолуоҕа.

♐️Охчут

Бүгүҥҥү күҥҥүн кичэйэн былааннаа, оччоҕо эрэ үтүө түмүктэри ылыаҥ. Араас дьону кытта кэпсэтэ, алтыһа сатаа – уопуттарын туһаныаҥ.

♑️Чубуку

Салалтаҕын кытта мөккүһүмэ: түмүгэ эйиэхэ хобдох буолуон сөп. Ис туруккун кэтээ, сүрэҕиҥ тугу этэрин иһит.

♒️Күрүлгэн

Дьону кытта сэрэнэн кэпсэт: улахан иирсээҥҥэ кыттыспыккын өйдөөбөккө хаалыаххын сөп. Үлэҕэр барыта кэминэн, табыллыы күүтэр.

♓️Балыктар

Санаабыккын олоххо киллэрэргэ бүгүн уустуктары көрсүөҥ. Төһө да кыһалыннаргын, түмүгүттэн астыныаҥ суоҕа. Онон хамаанданан үлэҕэ кыттыс эбэтэр көмөтө көрдөө.

@uanurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🌿 Бүгүн Бөтүрүөп таҥара күнэ. Ардаҕа син биир баар эбит. Бэҕэһээ сорох нэһилиэктэргэ дохсуннук түспүт дииллэр.

☀️ Сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 18 кыраадыс сылаас буолбут. Күнүс 26-28 кыраадыс сылаас буолара күүтүллэр. Илинтэн сөкүүндэҕэ 2 м түргэннээхтик үрэр тыаллаах ыраас күн.

🔥 Бөтүрүөп куйааһа диэн аатырар күннэр үүннүлэр. Сарсын абааһылар мунньахтыыр күннэрэ. Былыргы итэҕэлинэн бу күн Кунай эрэ оттуура үһү.

✍️ Афанасий Сектяев

📸 Ольга Шепелева. Мүрү

@usmurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Уус Алдан улууһун олохтоохторо, айанньыттар!

Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр от ыйын 12 күнүттэн, Суотту паромнара МАЯК биэрэгэр көспүттэрин туһунан биллэрэллэр⛴️⛴️

Маяк причалыттан: 07ч00м, 09ч00м, 12ч00м, 15ч30м, 18ч00м
Кангалаас причалыттан: 09ч.00м, 12ч00м; 16ч00м, 18ч00м; 21ч00м.

Икки паром сылдьар⛴️⛴️

Билсэр телефоҥҥут:
89681520100 (т/х "Аргыс")
89142703751 (т/х "Айан")
89679131333 (руководитель)

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📚 АГИКИ приглашает абитуриентов!

Продолжаем приём заявлений на платное обучение для абитуриентов 2024 до 20 августа.

Подать заявление можно как лично в институте по адресу: г. Якутск, ул. Орджоникидзе, 4, кабинет 219, так и дистанционно через Госуслуги.

Для подачи заявления понадобятся:
🔵Документ, удостоверяющий личность
🔵Документ об образовании (диплом)
🔵СНИЛС
🔵Индивидуальные достижения (предоставляются по желанию)

Все направления для поступающих ищите в наших карточках.

📌Адрес приёмной: г. Якутск, ул Орджоникидзе, 4 кабинет 219, тел.:+7(4112)42-11–67.\
💬 «Дүпсүн» совхоз 50 сылын бэлиэтиир ыһыах буоларын истэн баран, бэйэм чугас дьоммун уонна Бээди Орто Эбэ сайылыгар сайыҥҥы лааҕырга бииргэ үлэлээбит кыргыттарбын, бу сайылык олохтоохторун, саха үтүө-мааны үлэһит дьонун ахтан, санаан суруйарга сананным. Бу бэлиэ сылынан сибээстээн ким баҕарар үтүө тылынан ол кэми, дьону-сэргэни ахтан ааһыан сөп.

Тыа сирин сайдыытын тула билигин элбэх кэпсэтии барар. Былырыын үөрэнээччилэри са­йыҥҥы оскуолаҕа үөрэтэ, дьарыктыы сылдьан чугастааҕы сайылык үлэтин көрдөрө-билиһиннэрэ тахса сылдьыбыппыт. Хаһаайыстыба бэркэ үлэлии-хамсыы турара. Ол гынан баран үлэһиттэр үксэ саас­таах дьон этэ. Салайааччы уонна ыанньыксыттар эдэр дьон сүөһү үлэтигэр сыстыбаттар диэн хомолтолорун эппиттэрэ. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы кэмҥэ бу үлэҕэ эмиэ кыттыспаттар эбит. Бу мин Дүпсүҥҥэ олорон оҕо сааспар «Дүпсүн» совхоз үлэтигэр, кыһалҕатыгар кыттыспыт кэмнэрбиттэн ураты көстүү этэ.

Ол саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр «Дүпсүн» совхоз үлэтигэр, сайдыытыгар биһиги аймах ис сүрэҕиттэн кыттыспыта, сыратын уурбута диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Аҕам убайа Николай Дмитриевич Босиков эдэр саа­һыттан Чэриктэйгэ биригэдьииринэн, онтон управляющайынан үтүө суобастаахтык үлэ­лээбитэ, тапталлаах Чэриктэйин сайыннарыыга кылаатын иһин Үлэ Албан аатын III степеннээх орденынан наҕараадаламмыта.

Сиһилии Лена Федорова
👉 БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Уус Алдан улууһугар ааспыт сылга 6 ый түмүгүнэн сокуоннай сааһын туола илик 16 оҕо уонна 27 төрөппүт учуокка турбут буоллахтарына, быйыл 6 ый түмүгүнэн 44 оҕо уонна 32 төрөппүт учуокка тураллар. Ол курдук төрөппүттэр сүрүннээн итирдэр утаҕы иһэннэр учуокка турбут буоллахтарына, оҕолор өттүлэриттэн буруйу кэһии арааһа элбэх, холобур, иҥсэ-ымсыы санааҕа киирэн малы-салы уоруу, итирдэр утахтары иһии, түүҥҥү өттүгэр сылдьан туора дьон дьиэтигэр көҥүлэ суох киирии, араас көрүҥнээх эт-хаан эчэйиитин таһаарыы, тырааныспары ыытар бырааба суох уруулга олоруу уонна да атыттар.

Оройуон үрдүнэн быйыл 6 ый түмүгүнэн араас административнай кэһиилэри оҥорон 15 оҕо учуокка ылылынна, бу көрдөрүү былырыын 6 этэ. Быйыл оҕо холуобунай буруйу оҥоруута тахсыбата, былырыын 6 ый түмүгүнэн биир оҕо арыгы испит туруктаах сылдьан улахан киһиэхэ орто көрүҥнээх эт-хаан эчэйиитин таһааран холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыбыта.

Сокуоннай сааһын туола илик оҕолору кытары үлэлиир хайысха сотрудниктарынан 6 ый түмүгүнэн административнай буруйу кэһиигэ барыта 93 протокол төрөппүккэ, 6 сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго толорулунна, олор истэригэр: арыгы иһиитэ, киһини эчэтии, күлүгээннээһин уонна түүҥҥү өттүгэр оҕо уулуссаҕа сылдьыыта киирдилэр. 12 киһиэхэ сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо арыгы иһиигэ кучуйуутун иһин, оҕону кытары бииргэ арыгылааһынын иһин толорулунна.

Сиһилии👉 БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Санаа ситимэ: от үүннэ дуо?

Сүөһүлээх-астаах тыа дьонугар күнү-дьылы баттаһа от кэмэ тиийэн кэллэ. Быйыл сааскыттан кураан күннэр турдулар. Онон от үүнүүтүн боппуруоһа долгутар. Улууспут отчуттарыттан окко хаһан киирэллэрин, төһөнү оттуур былааннаахтарын, от төһө үһүммүтүн сурастыбыт.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM