УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.08K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Күннээҕи гороскоп💫

Олунньу 3 күнэ


Хой ♈️

Тус олоххор олус суолталаах уларыйыылар буолаллара күүтүллэр

Оҕус ♉️

Эн хайдах туруктааххын да, тулалыыр эйгэҥ ону көрдөрөр

Игирэлэр ♊️

Дьылҕа эйиэхэ бэлэмнээбит тургутууларын ааһарга бэлэм буол

Рак ♋️

Саҥа дьыаланы саҕалыырга табыгастаах кэм

Хахай ♌️

Олоххор биир суолталаах кыайыыны ситиһиэҥ

Кыыс ♍️

Доҕотторуҥ, чугас дьонуҥ өйөбүллэрин туһанан элбэҕи ситиһиэҥ

Ыйааһын ♎️

Тапталтан мэйииҥ эргийиэ, сэттис халлааҥҥа тиийиэҥ

Скорпион ♏️

Бэйэҥ кистэлэҥҥин кимиэхэ кэпсииргин толкуйдан, биир киһи биллэҕинэ, элбэх киһи билэрэ түргэн

Охчут ♐️

Таптал өттүгэр ситиһииҥ үгүс буолуо

Чубуку ♑️

Истиҥ сыһыаны төрүттүүргэ табыгастаах кэм

Күрүлгэн ♒️

Дьолгуттан соһуччу үөрэн хайдах да буоларгын билиэҥ суоҕа

Балыктар ♓️

Үлэҕэр кыһамньылаах буол, элбэх түбүгү көрсүөҥ
❄️ Тымныы кыһыннаах дьон быһыытынан 40-ча кыраадыс тымныыны сымнаата диир буоллубут. Хайдах эрэ бары, сааһы чугаһата сатыыр буоллубут.

☀️ Бүгүн сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 42 кыраадыс тымныы этэ. Күнүс 37-39 кыраадыс тымныы буолуо диэн билгэлииллэр. Тумана суох ыраас халлаан, илинтэн мөлтөх тыаллаах.

❄️ Быйыл кыһын сүрүннээн илинтэн тыалырда. Оттон илиҥҥи тыал сылаас тыыннаах, былыты аҕалар диэччилэр. Ону быйылгы кыһын билиммэтэ. Ол иһин күнүс ылааҥы буоларын саас кэллэ дэһэн дьылы салайа сатаамыаҕыҥ.

📸 Алена Стрекаловская

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Событие, которое смело можно назвать историческим для нас – сегодня в Якутске открыт республиканский онкологический диспансер! Вдвойне отрадно, что нашу радость по видеосвязи разделил Президент России Владимир Владимирович Путин!

В новом Онкологическом центре - 26 тысяч кв.м. Там размещены поликлиника и стационар на 210 коек. Благодаря самому современному оснащению, врачи будут диагностировать и лечить якутян по самым передовым технологиям – для этого здесь есть все возможности.

Владимир Владимирович поздравил всех якутян с этим долгожданным событием и отметил, что это ещё один шаг к повышению доступности, эффективности лечения с онкологическими заболеваниями, а значит - сбережению жизни и здоровья граждан.

При огромной поддержке нашего Президента мы последовательно развиваем высокотехнологичную медицинскую помощь в республике. Введенные с 2018 года крупнейшие медицинские объекты – Перинатальный и Кардиососудистый центры, новый Онкологический центр уже составляют мощный каркас охраны здоровья жителей Якутии.

▫️От имени всего многонационального народа Якутии выражаю огромную благодарность нашему Президенту Владимиру Владимировичу Путину за огромную поддержку! Здоровья и благополучия всем якутянам!

#ВместеТолькоВперёд

t.iss.one/aisen_nikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👍 Сыл бастыҥ спортсменнара, бэтэрээн спортсменнар "Саха сирин физкультурнай хамсааһынын 100 сыла" бэлиэнэн уонна комплекснай спартакиада кыайыылаахтара наҕараадаланнылар👏

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
💫 Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылыгар анаан Курбуһахтааҕы интэринээт-дьиэҕэ үлэһиттэр күүстэринэн литературнай-театральнай туруоруу буолла.

Манна блокада кэминээҕи алдьархайдаах ыар, аас-туор олох көрдөрүлүннэ. Саха сириттэн артыыс буолар ыра санаалаах ыччаттар дьылҕаларын, блокадаҕа хоргуйан суох буолбут Курбуһахтан төрүттээх театральнай искусствоҕа талааннаах ыччаты Михаил Бурнашеву, Ленинград куораты босхолоспут сэрии бэтэрээнэ Аммосов Василий Афанасьевиһы ахтан-санаан аастыбыт. Тэрээһин тыыннаах буолуу бэлиэтэ буолбут блокада килиэбин түҥэтиинэн түмүктэннэ.

Ленинграды босхолооһун чахчыларын аҕатын кэпсээниттэн билиһиннэрбит биир дойдулаахпытыгар Анастасия Васильевна Черкашинаҕа улахан махталбытын биллэрэбит!

✍️ Мария Винокурова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💊 В новом онкоклиническом центре Якутии будут работать более 1000 сотрудников

Владимир Путин по видеосвязи принял участие в церемонии открытия онкологического центра в Якутске.

🔬 Центр оснащен самым современным оборудованием для оказания высокотехнологичной медицинской помощи.

👩🏻‍⚕️ Работать в онкологическом центре будут более 1000 сотрудников, а в одну смену планируют принимать до 210 человек.

Онкоцентр построен в рамках национальной программы «Борьба с онкологическими заболеваниями».

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
💫 Россияҕа – Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр – Оҕо саас, Уус Алдаҥҥа Аҕа сылын анал бэлиэлэрин тутар үөрүүлээх түгэн👍👏

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бээрийэ булчута бүгүн атыыр уонна тыһы бөрөнү бултаата. Онон барыта биэс бөрөлөннө👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинин киэҥ уораҕайыгар буолбут улахан быыстапкаҕа биһиги нэһилиэкпититтэн В.Т. Тимофеев уонна М.В. Корякин бэйэлэрин үлэлэринэн кыттан, дьон биһирэбилин ылан кэллилэр.

Быыстапкаҕа көрөөччү, кыттааччы да элбэх - диир Василий Тимофеевич. Ол курдук кини кэккэ сылларга музыкальнай инструменнары оҥорорун уонна араас быыстапкаларга кыттан кэккэ ситиһиилэрдээҕин бары билэбит, киэн туттабыт.

Уус Алдаҥҥа маһынан музыкальнай инструменнары оҥорууга соҕотох уус диэтэхпитинэ да улахан алҕас буолбата буолуо.

Анна Винокурова, Курбуһах нэһилиэгэ

@uamurusahargata @ulusmedia