УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.61K subscribers
34.4K photos
3.15K videos
10 files
5.85K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Өрөспүүбүлүкэ ураты харыстанар сирдэриттэн биирдэстэрэ – I Хоро нэһилиэгин Чараҥ бөһүөлэгин сиригэр-уотугар киирэр Нэлээн диэн хатыҥнаах чараҥ Мүрү алааһы киэргэтэн, симээн турар. Сыллата бу кэрэ сиргэ үгүс киһи сынньана, кэрэхсии мустар, сөҕөр-махтайар.

Оннук сынньалаҥ кэнниттэн сорохторо бөхтөрүн-сыыстарын ыһан, хаалларан бараллара да баар. Онон Чараҥ бөһүөлэгин олохтоохторо, чуолаан тэрилтэлэринэн арахсан, өрүү субуотунньукка тахсаллар.

Быйыл эмиэ ырааһырдыы үс ыйын чэрчитинэн нэһилиэк дьаһалтата территорияларынан тыыран, олохтоохтор Нэлээҥҥэ үс күннээх ыраастаныы субуотунньугун тэрийдилэр. Итиэннэ сылгылар алдьатан киирбит күрүөлэрин-хаһааларын өрөмүөннүүр сыалтан, олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырайыак чэрчитинэн, үйэлээх гына тимиринэн олбуордааһын үлэтэ саҕаланна.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ырааһырдыыүсыйа
#чараҥ
#нэлээн
https://www.instagram.com/p/CPDWeKGMwnE/?utm_medium=share_sheet