Улууспут киинигэр култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Мүрү нэһилиэгэр Аҕа сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылыгар аналлаах Үрүҥ тунах ыһыах үөрүүлээхтик аһылынна.
Самаан сайыны айхаллыыр, алгыс баһын сыалыыр, үрдүк Айыылартан арчыланар үтүө күммүт үүммүтүнэн уруй-айхал буолуохтун!
Мүрү нэһилиэгин ыһыаҕын барылынан «Самаан сайыны айхаллаан» нэһилиэк талба талааннаахтарын уонна Саха эстрадатын артыыската Варя Аманатова кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэр, күргүөмүнэн оһуохай, дэгэрэҥ ырыаны толорууга, хомуска дьүһүйүүгэ, «Саха талба – мааны таҥаһа» дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас көрүүтүгэр куонкурустар, эр хоһууннарга «Мүрү Боотура- 2023» күөн-күрэс, «Мүрүгэ үрүҥ түүн» тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Кэлэн, сылдьан, ыалдьыттаан ыһыах алгыһынан арчыланыҥ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM