#бэлиэкүн
💠 “Сайылык күнэ” сэргэх тэрээһин ыытылынна
Күөх сайыны көрсө “Буксуур” ферматын сайылыгар нэһилиэк бэтэрээннэрин, настаабынньыктарын сүбэлэрин бырайыагынан "Сайылык күнэ" ыытылынна.
Тэрээһин СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Кривошапкина алгыһынан, ырыатынан саҕаланна. "Коммунизм" холкуоска, "Дүпсүн", " Найахы" сопхуостарга, "Найахы" ТХПК-гар 70-с сыллартан үлэлээбит Светлана Сивцева, Александра Сивцева, Светлана Кривошапкина, Александра Кривошапкина, Федор Петров, Татьяна Гоголева, Антон Корякин, Любовь Ильина, “Буксуур” сайылыгын үлэһиттэрэ: ыанньыксыт, Кривошапкиннар үлэһит династияттан, элбэх оҕолоох ийэ Алла Арсентьева, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Анна Румянцева кыттыыны ыллылар.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Петр Слепцов, бэтэрээннэр сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ Светлана Петрова, настаабынньыктар сүбэлэрин салайааччы Зинаида Константинова, Оксана, Дмитрий Кривошапкиннар, Любовь Ильина пиэрмэ үлэһиттэрин эҕэрдэлээн, сэмэй бэлэхтэри туттардылар.
Настаабынньыктар, РФ үөрэҕириитин туйгуна Матрена Сивцева, ЫБСЛКС 17 сийиэһин дэлэгээтэ Федор Петров, дэгиттэр талааннаах Анатолий Свинобоев ылбаҕай ырыаларын, РФ үөрэҕириитин туйгуна Вера Мухина “Буксуур” олоҕун туһунан ахтыытын сэргээтибит.
Алта түһүмэхтээх күрэхтэһии бэрт көхтөөхтүк ыыттыллан, кыайыылаахтары Мария Лебедкина минньигэс аһынан күндүлээтэ.
"Ааспыты ахтыһан, үтүөнү түстэһэн" остуол тула оонньоон, ыллаан, бэтэрээннэр сүбэлэрин кыттыылаахтарын бириистэрин туттардыбыт. Эдэр сааһы ахтыһан, күлэн-үөрэн, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн, алаас ыраас салгынынан тыынан дуоһуйа сынньанньыбыт.
Бары көхтөөх кыттыыны ылбыт, тэрийсибит бэтэрээннэргэ, кэлиини-барыыны хааччыйбыт Оксана Яковлевнаҕа, Семен Семеновичка, Федор Дмитриевичка махтанабыт. Уйгулаах сайыҥҥа өлгөм үүнүүнү, илгэ быйаҥы, чэгиэн туругу, бары үтүөнү баҕарабын.
✍️ Светлана Петрова, бэтэрээннэр сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ, уопсас. кэрэсп.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 "Улуу киһи суолунан" бырайыак: Кулантай түмэлигэр уус-уран ааҕыыга улуустааҕы күөн-күрэс буолла
Сарсыардаттан көҕөрө симэнэн чэлгийбит түмэл тэлгэһэтин сахалыы таҥастаах үөрбүт-көппүт оҕолор чэпчэкитик үктэнэн киирэн кэрэ күлүүнэн толордулар. Тэрээһини түмэл салайааччыта Клара Крылова иилээн-саҕалаан ыытта.
Бабаарына киэҥ-куоҥ уораҕайыгар үс бөлөҕүнэн ааҕыылары истии саҕаланар. Бииртэн биир айымньы ааҕыллан, истээччигэ тиэрдиллэн оччотооҕу кэм, атын эйгэ көрөөччү хараҕар көстөрдүү арыллан истэ. Аныгы оҕолор дорҕоону таһаарыылара, хоһоону ааҕыылара уруккуга холоотоххо уратылаах буолла.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан түмүккэ кыра бөлөххө Валера Ханчаев (Чараҥ, сал. М. Федосеева) бастакы, Егор Боярскай (Бэйдиҥэ, сал. И. Окоемов) иккис, Карина Сысолятина (Бороҕон, сал. З. Сивцева) үһүс үрдэли, Максим Боярскай (Бэйдиҥэ, сал. Н. Портнягина) биһирэбил бирииһи ыллылар. Орто бөлөххө Айдын Крылов (Бэйдиҥэ, сал. А. Варламова) бастакы, Ксения Находкина (Бороҕон, сал. Ю. Бурцева) иккис, Ариан Олесов (Бороҕон, сал. Е. Максимова) үһүс үрдэл буоллулар. Оҕолор барахсаттар үөрүүлэрэ үрдээн сирэйдиин-харахтыын сырдаатылар.
Улахан дьоҥҥо Анна Готовцева бастакы, Юлия Татаринова иккис, Татьяна Бурцева үһүс үрдэли ыллылар.
Айдын Крылов анаан-минээн таҥнан уобараһын арыйыыта уонна Анна Готовцева хоһоону умсугутуулаахтык, ис хоһоонноохтук ааҕыыта бүгүн көрбүт-истибит оҕолорго үтүө холобур буолан үрдүккэ уһуйуоҕа дии саныыбын.
Күөн-күрэскэ Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин көхтөөх кыттыыны ылбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Атын нэһилиэктэртэн эрдэ элбэх оҕо кыттабыт диэн баран буолар күнүгэр кэлбэтэхтэрэ олус хомолтолоох. Тэрээһин маннык күөн-күрэс аны күһүн өссө биирдэ буолара буоллар диэн баҕа санаалаах түмүктэннэ.
✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/99253

#БэртХараудьуордара
💠 "Спортивные якутяне" спартакиадаҕа улуус 60-ча үөрэнээччитэ кыттыыны ылар
Бүтүн өрөспүүбүлүкэ успуорду өрө туппут, кыахтаах-уохтаах, сымса, булугас өйдөөх үөрэнээччилэрин спартакиадалара үөрүүлээхтик арылынна.
Уопсайа 32 хамаанда түмсэн илин-кэлин түсүһүөхтэрэ, бастыҥнар сүүмэрдэниэхтэрэ. Итиэннэ бастыҥтан бастыҥнар "Азия оҕолоро" спортивнай оонньууларга кыттар кыахтаныахтара.
Биһиги улууспутуттан бу улахан түһүлгэҕэ 60-ча оҕо кытта сылдьар. Итиэннэ Арассыыйа үтүөлээх образцовай "Кэнчээри" народнай ансаамбыла (салайааччы Василий Парников) үөрүүлээх арыллыыга өрөгөй ырыатын ыллаабытынан киэн туттабыт.
✍️ Ольга Шепелева

#астык
💠 Улууспут историческай суолталаах кэрэ бэлиэ сирдэринэн экспедиция саҕаланна
Улууска биир биллэр кыраайы үөрэтээччи, Окоемовка сүрүн оскуолатыгар история учуутала Геннадий Пестряков көҕүлээһининэн «Уус Алдан улууһун биллэр историческай сирдэринэн» диэн улуустааҕы бастакы туристическай кыраайы үөрэтэр экспедиция бастакы күнэ бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, Окоемовка – Уус Күөлэ хайысхатынан саҕаланна. Үлэ сылыгар Курбуһах нэһилиэгин аар-саарга аатырдыбыт биллэр дьонун билиһиннэрии оруннаах, онон бу экспедиция онно ананар, сүрүн сыалынынан оҕо төрөөбүт дойдутун историятын билиэхтээх, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах диэн буолар.
Экспедиция биэс күннээх буолуохтаах, Курбуһахтан саҕаланан Бороҕон Томторунан түмүктэниэхтээх. Онуоха 12-тэн 15 сааһыгар диэри барыта улуус иһиттэн 15 оҕо кыттарга сөбүлэспит.
✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп., экспедицияны сырдатыы эппиэттээҕэ
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/99256