УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#кэрээйгэтэ

💢 Тумуллар "Айыллан" тыйаатырбыт үлэтэ “үчүгэйинэн” сыаналанна

Бороҕон нэһилиэгэр муус устар 7 күнүгэр Уус Алдан култуураҕа управлениета, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ бигэргэппит балаһыанньатыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин исписэлиистэрэ дириэктэри солбуйааччы Николай Дмитриев, уус-уран салайааччы Алексей Захаров, норуот айымньытын отделын исписэлиистэрэ Анастасия Аммосова, Жанна Николаевна Жиркова, кулуубунай үлэҕэ исписэлиис Иван Тойтонов састааптаах экспертнэй хамыыһыйа кэлэн үлэлээтэ.

Хамыыһыйа иннигэр Тумуллааҕы "Айыллан" норуот тыйаатырын режиссёра Андрей Макаров тыйаатыр үлэтин, ситиһиилэрин билиһиннэрэн кэпсээтэ. "Айыллан" норуот тыйаатыра бэлэмнээбит норуот талааннаах артыыстарын толорууларыгар Ф. Буляков икки оонньуулаах, биир хартыыналаах "Ньургуһун иккистээн тылыннар" комедиятын, Николай Гоголь икки оонньуулаах, биир хартыыналаах "Кэргэн кэпсэтии" комедиятын оонньоон көрдөрбүттэрин олохтоохтор олус биһирээтилэр.

Түмүккэ "Айыллан" норуот тыйаатырын үлэтэ “үчүгэйинэн” сыаналанна. Ол курдук норуот тыйаатырыгар нэһилиэк олохтоохторуттан 37 улахан киһи, 14 оҕо, 10 спутниктар көхтөөхтүк кытталлара биһирэннэ.

✍️ Светлана Прудецкая, бибилэтиэкэр, уопсас.кэрэсп. Тумул

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94652

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💢 Оҕолор Үүнэр көлүөнэ тыйаатыр артыыстарын кытта көрүстүлэр

Бүгүн күнүс «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра истигэнэ суох оҕолор тустарынан хотугу норуоттар биир бастыҥ «Кэҕэ» остуоруйаларынан испиктээги көрдөрдүлэр. Туруорааччы режиссер – СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров, туруорааччы худуоһунньук – СӨ култууратын туйгуна Егор Аммосов, оруолларга: Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр артыыстара Аина Слепцова, Елизавета Далбараева, Татьяна Хомподоева, Спартак Ларионов уонна Евгений Шамаев оонньоотулар.

Онтон салгыы улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр оҕолор тыйаатыр артыыстарын кытта көрсөн кэпсэттилэр. Кинилэри тыйаатырга да, киинэҕэ да үгүстүк көрөр артыыстара буоланнар, оҕолор тыйаатыр үлэтин-хамнаһын, киинэҕэ уһуллуу ымпыгын-чымпыгын туһунан элбэх ыйытыыны биэрэннэр истиҥ кэпсэттии таҕыста.

✍️ Мария Аргунова

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94696

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💢 "Алтан кыл" айар устуудьуйа "норуодунай" аата бигэргэннэ

Муус устар 6 күнүгэр, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ бигэргэппит балаһыанньатыгар олоҕуран, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ – дириэктэри солбуйааччы Н.И. Дмитриев, уус-уран салайааччы А.К. Захаров, норуот айымньытын салаатын үлэһиттэрэ А.Т. Аммосова, Ж.Н. Жиркова, клубнай үлэҕэ И.А. Тойтонов Ылдьаа Нохуоккун аатынан Чараҥ култууратын киинин "Алтан Кыл" айар устуудьуйа (сал. Гаврил Свинобоев) үлэтин-хамнаһын көрдүлэр, үрдүктүк сыаналаатылар, "норуодунай" аатын биир санаанан бигэргэттилэр.

"Алтан кыл" бары кыттыылаахтара профессиональнай таһымҥа оонньуулларын биһирээтилэр, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ ыытар тэрээһиннэригэр кыттарга ыҥырдылар.

✍️ Екатерина Свинобоева

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94698

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

Бүгүн Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһыгар биир дойдулаахпыт, бэйиэт, Арассыыйа суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
Түүлээх, Бээрийэ, Байаҕантай,
2-с Байаҕантай нэһилиэктэрин,
Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анатолий Старостин – Сиэн Кынат "Дьылҕам дьикти бэлэҕэ" айар киэһэтэ буолла.

Бэйиэт айар үлэтин ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ, СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Андрей Саввинов билиһиннэрдэ. Сиэн Кынат дириҥ түгэхтээх, таайтарыылаах хоһооннорун Ульяна Бурнашева – Уйана, Александр Гоголев, "Уран тыл алыба" түмсүү кыттыылаахтара ааҕан иһитиннэрдилэр.
Оттон кини ырыа буолбут хоһооннорун СӨ норуодунай артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар,
Опера уонна балет тыйаатырын артыыстара: РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската Анна Дьячковская, СӨ култууратын туйгуннара Зинаида Колодезникова, Екатерина Захарова, “Үрдэл” 2019, 2021 сыллар лауреаттара Леонид Готовцев, Алита Мигалкина ыллаатылар. Биир дойдулаахтарбыт Иван Васильев, Александра Сивцева, Константин Иванов, Бээрийэ нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара эҕэрдэлээтилэр.

Дьоро киэһэ улахан чааһа бэйиэт музата, Намылыйа Хотуна, олоҕун аргыһа СӨ култууратын туйгуна, Бээрийэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Люция Петровналыын Сиэн Кынат улахан тапталларыгар ананна.

Бэйиэт таптал туһунан 150-тан тахса хоһоонноохпун диэн туран, тапталыгар анаабыт биир хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Күндү кэргэнигэр анаабыт хоһоонноро ырыа буолан айар киэһэни киэргэттилэр.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💢 Мүрү 1-гы №-дээх оскуолатын үлэһиттэрин үҥкүүгэ ансаамбыла бастакы ситиһии үөрүүтүн биллэ

Муус устар 14 күнүгэр Нам улууһун I Хомустаах нэһилиэгэр хореограф, "Мичээр" народнай үҥкүү ансаамбылын төрүттээччи Александр Окоемов аатын үйэтитэр сыаллаах "Күн мичээрэ" үҥкүү өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэһэ 10-с төгүлүн уһуйаан оҕотуттан саҕалаан саастаах дьоҥҥо тиийэ үҥкүүнү ансаамбылынан толорооччулары, үҥкүүгэ сүгүрүйээччилэри түмтэ. Манна Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Уус Алдантан, Дьокуускайтан, Тулагыттан барыта 305 үҥкүүһүт кытынна. Оттон Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 16 киһилээх ансаамбыла (сал. Лариса Аргунова) кыттан II истиэпэннээх лауреат буолары ситистэ.

Үҥкүү ансаамбылыгар сүрүннээн оскуола эдэр учууталлара, педагогтара, тиэхиниичэскэй үлэһиттэрэ бааллар. История учууталлара Айсиэн Васильев, Күннээйэ Аргунова, омук тылын учуутала Анастасия Бочкарева, саха тылын учуутала Саргылаана Федорова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Алексей Мигалкин, логопед Анастасия Ксенофонтова, психолог Анастасия Москвитина, тиэх. үлэһиттэр Василий Васильев, Иннокентий Андросов, о.д.а. санааларын ууран үҥкүүлүүллэр. Ансаамбыл сүрүн састааба уруккуттан оскуола тэрээһиннэригэр үҥкүүлүүрэ. Быйыл оскуола 150 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэн 16 киһилээх ансаамбыл тэриллибитэ. Үбүлүөйдээх күҥҥэ ансаамбыл үҥкүүтүн көрөөччүлэр истиҥник ылыммыттара.

"Күн мичээрэ" үҥкүү күрэһигэр саастарынан түөрт бөлөххө арахсан үҥкүүлээтилэр. Оскуола ансаамбыла 18-40 саастаахтар бөлөхтөрүгэр "Эҕэрдэ үҥкүүтүн" биир тэҥник толорон II истиэпэннээх лауреат аатын ылла, бастакы улахан ситиһии көтөллөнөн кэллэ.

Гран при хаһаайынынан Захар Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын I Хомустаах филиалыттан "Күнчээн" оҕо үҥкүү ансаамбыла (сал. Т. Мохова) буолла.

Үҥкүүгэ талааннаах учуутал Лариса Аргуноваҕа, кини салайар кэлэктиибигэр ситиһиилэр чэпчэкитик кэлэ турдуннар диэн баҕарабыт.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/95134

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💢 Бороҕон нэһилиэгин устуоруйата оскуола түмэлигэр үйэтитиллэр

"Бороҕон нэһилиэгин устуоруйата" оскуолатааҕы түмэл 1980 сылтан үлэлиир. Түмэли бэтэрээн учуутал Акулина Сокольникова иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.

Түмэлгэ олох былыргы щвейцарскай эти эрийэр массыына, “Зингер” иистэнэр массыына, неолит үйэтин саҕанааҕы кыһыах, кыргыс үйэтигэр хоһуун ытыллыбыт муос оноҕоһо, олоҥхоһут Ефим Барашков тус бэйэтэ туттубут мала-сала, оскуола бастакы учуутала, биллиилээх советскай-партийнай үлэһит Дмитрий Шепелевтан саҕалаан, учууталлар үөрэтэр-көрдөрөр посуобуйа оҥорор бэчээтинэй буукубалара харалла сыталлара устуоруйа олус күндү кэрэһиттэрэ буолаллар.

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💢 Айыыһыт ыйа айар дьону түмтэ

Муус устар 18 күнүгэр киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар айар куттаах "Уһуктуу" түмсүү кыттыылаахтара быйылгы сылга киирэн баран туох үлэни ыыппыттарын, инники былааннарын кэпсэтэ түмүстүлэр. СӨ суруйааччыларын бырабылыанньатын чилиэнэ Бээрийэ кыыһа Айгыына Хотойук "Поэзия – уйулҕа үлэтэ" диэн айар үлэтин билиһиннэрдэ. Хоһоон кутун таба тутарга, айар үлэҕэ сүбэлэри биэрдэ.

Онтон тахсан иһэр эдэр талааннаах суруйааччы Анатолий Кириллин-Дьолукуус "Түмсүү иһинэн оонньуулары тэрийии – уус-уран сатабылы сайыннарыы көрүҥэ" диэн үлэлэтэ сылдьар бырайыагын туһунан кэпсээнэ болҕомтону тарта. Бу литэрэтииринэй марафоҥҥа ким дьоҕурдаах кыайыылааҕынан тахсыахтаах. Бэйэтэ халандаар оҥорон эбэтэр кинигэ бэлэхтээн, түһүмэхтэр кыайыылаахтарын көҕүлүүрэ кэрэхсэннэ. Анатолий кинигэтин батсаапка тарҕанар тэттик кэпсээннэринэн билээччилэр кэтэһэллэрин, хаһан тахсыан сөбүн ыйыппыппар, кэмэ кэллэҕинэ, ситэри ситтэхпинэ диэн сэмэй эппиэти биэрдэ.

Оттон бэйэм талааннаах суруйааччы Анатолий Старостин, кини олоҕун музата Люция Петровна оҕо саас бастакы ыраас көрсүһүүтүттэн суруйсан күн бүгүнүгэр диэри 50-тан лаппа тахса сыл бииргэ өйөһөн-өйдөһөн олороллорун, бу ыйга буолан ааспыт ааҕааччыларын кытары көрсүһүүнү бэйиэт бастакы уонна бүтэһик тапталын үбүлүөйдээх сааһыгар анаабыт бырайыагын туһунан кэпсээтим. Хоһоонноруттан аахтым.

Түмүккэ салайааччы Галина Аммосова инники соруктары, былааннары билиһиннэрдэ. Итиэннэ Уус Алдан улууһун 2023 сыллааҕы халандаарын туттарда. Киин бибилэтиэкэҕэ Галина Иванова саҥа сериянан тахсыбыт кинигэ альбомун бэлэхтээтэ. Төһө да айан суола мөлтөҕүн үрдүнэн Чараҥтан, Тандаттан, Кэптэниттэн кэлэн сэргэхсийэн тарҕастылар.

✍️ Ульяна Бурнашева – Уйана, суруйааччы

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/95555

 t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

Муус устар 25-26 күннэригэр Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар сыл аайы ыытыллар "Ыллаа-үҥкүүлээ, оҕо саас!" фестиваль ыытылла турар. Быйылгы фестиваль оскуолабыт 150, Россия образцовай "Кэнчээри" ансаамбыла Киин телевидениеҕа уһуллубута 40 сылларыгар ананар.

Бэҕэһээ алын сүһүөх кылаастар бары кэнсиэрдээн бүттүлэр. Бүгүн орто сүһүөх уонна 10-с кылаастар кэнсиэрдэрэ буола турар.

Кылаастар кэлэктииптэрэ бары кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ тута харахха быраҕыллар. Көстүүм бөҕө тигиллибит. Ордук кыра сүһүөх кылаастар төрөппүттэрэ оҕолоругар саҥа таҥастары тэрийбиттэр. Саҥа нүөмэрдэр, үҥкүү, ырыа, саҥа ааттар иһилиннилэр. Оскуола боруогун саҥа атыллаабыт 1-кы кылаастар кэнсиэрдэрэ бэрт тэрээһиннээхтик буоллулар.

Оскуола салалтата кылаас салайааччыларыгар, үөрэнэччилэргэ, төрөппүттэргэ бэртээхэй сааскы бырааһынньыгы бэлэхтээбиттэригэр махтанар.

✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💠 Дүпсүн орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Ваня Старостин байыаннай-полевой сбор кэмигэр ыллаан дуоратта.

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia