#нэһилиэктэргэ
💢 Бээрийэлэр күөлбүтүн ыраастааһыҥҥа түмсүүлээхтик кытынныбыт
Бээрийэ нэһилиэгэр сүөһү кыһыннары уулуур биир эрэ Өтөхтөөх диэн күөл баар. Бу күөлбүтүттэн 2019 сыллаахха ППМИ кыттыгас үбүлээһин чэрчитинэн сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан олохтоохтор абыранныбыт.
Күөлбүтүгэр саас аайы Бэрэпчики диэн от үрэхтэн нэһилиэнньэ бэйэтин күүһүнэн ууну хачайдатан толорон биэрэр. Оттон муус устар 25 күнүгэр сүөһү иитээччилэр күүстэринэн кыһыны быһа ойбоҥҥо мунньуллубут сүөһү сааҕын күөлтэн ыраастааһыҥҥа субуотуннуьук буолла.
Кыһын сүөһүлэрбитин хааччыйар, сайын оҕуруоппутун нүөлсүтэр биир баар-суох күөлбүтүн ыраастааһыҥҥа олохтоохтор бары көхтөөхтүк кытыннылар.
✍️ Саргылана Бурнашева, уопсас.кэрэсп. Бээрийэ
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
📹 Ольга Шепелева
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга
💢 «Островок безопасности» күөн-күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста
Мүрүтээҕи №15 «Кэскил» оҕо тэрилтэтигэр улуустааҕы «Островок безопасности» диэн күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста. Бу конкурс 2015 сылтан тэриллэн оҕону детсад сааһыттан сэрэхтээх буолуу үөрүйэхтэригэр үөрэтэр сыаллаах уонна араас буолар быһылааннарга бэйэ билиитин туһанан тахсалларын ситиһэргэ, биир хамаанда буолан бэриллибит сорудахтары сөпкө оҥорорго соруктаах ыытыллар.
Быйылгы күрэскэ улууспут 8 оҕо тэрилтэтиттэн 28 оҕо кыттыылаах ыытылынна. Оҕолор уопсайа 5 станциянан күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуустааҕы Ис дьыала отделын суолга инспекциятын старшай инспектора В. Мырсанов, баһаарынай инспекция инструктора С. Атласова уонна Мүрүтээҕи юннаттар станцияларын эбии үөрэхтээһинин педагога А. Жиркова үлэлээтилэр.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн «Баһаартан сэрэхтээх буолууга бастыҥ» анал ааты – 15 №-дээх «Кэскил» уһуйаан (Бороҕон), «Суол быраабылатыгар бастыҥ» анал ааты – Мындаабатааҕы 12№-дээх «Күнчээнэ», «Бастыҥ медиктэр» – Майаҕастааҕы 14№-дээх «Чуораанчык», «Тулалыыр эйгэни билээччилэр» анал ааты 3№-дээх «Мүрүчээнэ» (Бороҕон) ылары ситистилэр.
Оттон күрэхтэһии 3-с миэстэтин – 3№-дээх «Мүрүчээнэ» (салайааччылар С. Иванова, М. Гуляев), 2-с миэстэтин – Мындаабатааҕы 12№-дээх «Күнчээнэ» (салайааччылар Н. Портнягина, Л. Васильева, Т. Егорова), 1-кы миэстэтин Мүрүтээҕи 15№-дээх «Кэскил» (салайааччылар Л. Бурцева, А. Васильева) ыланнар мэтээллэринэн, кыайыылаах хамаанда көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланнылар.
Күрэхтэһии сыалын-соругун ситтэ, аны кэлэр күрэхтэһиигэ хамаандалар өссө бэлэмнэнэн кэлэллэригэр баҕарабыт.
✍️ Н. Егорова, «Кэскил» оҕо тэрилтэтин методиһа
☑️ Сиһилии: https://vk.com/wall-219778198_28

💢 Суоттуга икки кийиит кинигэлэрин сүрэхтээтибит
Муус устар 26 күнүгэр Суотту модельнай бибилэтиэкэтигэр олохтоох ааптардар Анастасия Степанова-Тускулаана "Дойдум ахтылҕана" хоһооннорун хомуруунньуга уонна "Кустук" уһуйаан иитээччитэ Капитолина Заровняева оҕолорго аналлаах "Тыл сайдыыта", "Сир симэҕэ" кинигэлэрин сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа ааста. Икки ааптар кинигэлэрин сүрэхтэниитин тэрийэн ыытар киһиэхэ төһө да уустугун иһин, киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Раиса Черкашина хайаларын да өрө туппакка, намтата сатаабакка, тус-туһунан ис хоһоонноох кинигэлэри биир тэҥник тутан, биир эйгэҕэ киллэрэн иилээн-саҕалаан ыытта.
Кыргыттар иккиэн Суотту кийииттэрэ, дьоһун ыал ийэлэрэ. Оҕо-уруу, сиэн эрэ дэлэй дьоно.
Горнайтан төрүттээх Анастасия Степанова-Тускулаана 1975 сыллаахха "Лена" сопхуоска бухгалтерынан ананан кэлбитэ уонна олохтоох уолга Александр Степановка кэргэн тахсан алаһа дьиэ туттан, аал уот оттон, оҕо-уруу төрөтөн күн-күбэй ийэ, эйэҕэс эбэ буолан олорор. Суоттуга кэлиэҕиттэн Уус Алдаҥҥа бастакынан тэриллибит ВИА ырыаһытынан биллэн олохтоохтор куттарын туппута.
Капитолина Заровняева Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх буолан, тыл сүмэтин, сүөгэйин этигэр-хааныгар иҥэрбит киһи буоллаҕа. Оҕолорго аналлаах "Сир симэҕэ" уонна "Тыл сайдыыта" диэн кинигэлэрэ күн сирин көрөннөр чыычаахтыы чыбыгырастылар, сааскы күннүү сандаардылар. Бу кини уһуйааҥҥа өр сыллаах үлэтин түмүгэ буолар. Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ Елизавета Васильева уонна Ксения Местникова өҥнөөх кыраасканан уруһуйдаан киэргэппиттэрэ оҕо дьоҕустук өйдүүрүгэр төһүү күүс буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Иккис кылаас үөрэнээччилэрэ (салайааччы Ксения Копырина) хоһооннору хомоҕойдук ааҕан муус чопчулары ыйаатылар, таммахтары саккыратан күлүмүрдэтэ оонньоттулар. Ксения Ивановна бэлиэр бу кинигэлэри уруокка туттарын, оҕолор дэбигис өйдүүллэрин, билиҥҥи оҕолорго олус туһалааҕын чорботон эттэ.
✍️ Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, уопсас. кэрэсп.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96030

#бэртхараудьуордара
💢 Хайыһар сезона түмүктэннэ: көрдөрүүлэрбит, ситиһиилэрбит хайдахтарый?
Кулун тутар 31, муус устар 1-2 күннэригэр киин куораппыт Күөх хонуутугар любитель хайыһардьыттар ортолоругара хамаанданан уонна биирдиилээн өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин чөмпүйэнээт буолан ааста. Быйылгы чөмпүйэнээт Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылыгар ананан тэрилиннэ.
Уус Алдан хамаандата быйыл арыый эбиллэн, 15 киһи буолан улууспут спортивнай аатын көмүскээтибит. Уопсай түмүккэ Дьокуускай куорат хамаандата 1191 очколаах бастаата, Чурапчы 1162 очколаах иккис буолла, Уус Алдан 929 очколаах үһүс миэстэни ыллыбыт.
Көрөргүт курдук, чурапчылар быйыл түмсэннэр, улуустарыгар нэһилиэктэринэн күрэхтэһии тэрийэн хамаандаларын үчүгэйдик сүүмэрдээн кытыннылар. Хомойуох иһин, Чурапчыга буолбут күрэхтэһиигэ улууспут кыайан хамаанда туруорбата.
Тулуна оскуолатын оҕолорун быйылгы улахан ситиһиилэрэ улууспут атын нэһилиэктэригэр чахчы улахан үтүө холобур, спортивнай тэрийээччилэрбитигэр хайыһар успуордун сөргүтэргэ үчүгэй стимул буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Түмүктээн эттэххэ, быйыл саас улууспут киинигэр Бороҕоҥҥо, аҕыйах да кыттааччылаах буоллар, оҕолорго уонна нэһилиэктэр икки ардыларыгар хайыһар күрэхтэһиилэрэ буолуталаабыттарын бэлиэтиибит. Онон эһиилги хайыһар сезонугар улууспутугар балаһыанньа арыый тупсуо, кыттааччы өссө элбиэ, тэрийээччилэр өттүлэриттэн үлэ барыа диэн эрэлбитин биллэрэбит.
✍️ Василий Аммосов. Курбуһах
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96033

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
💢 Тойон Мүрүтээҕи уолаттар
гимназияларыгар СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөллөр
Бүгүн гимназияҕа Судаарыстыбаннас уруоктара ыытылыннылар. Уолаттар история учуутала Дьулустаан Николаев автономияны төрүттэспит саха чулуу ыччатын Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков тустарынан сиһилии билиһиннэрэр, Саха сирин сайдыытын, инники кэскилин туһунан олус умсугутуулаах кэпсээнин иһиттилэр.
Үөрүүлээх линейкаҕа 9 “а” кылаас уоланнара Саха сирин туһунан уус-уран дьүһүйүүнү аахтылар. Дириэктэр Федор Татаринов уол оҕо, эр киһи норуот кэскилэ буоларын, норуот иннигэр суолтатын, үрдүк эппиэтинэстээҕин бэлиэтээтэ. Тумус туттар дьоммут холобурдарыгар улааталларыгар сүбэлээтэ.
Үөрүүлээх чаас түмүгэр уоланнар илии-илиилэриттэн ылсаннар оһуохайдаатылар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтүлэр.
✍️ Наталия Бурцева, В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
гимназияларыгар СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөллөр
Бүгүн гимназияҕа Судаарыстыбаннас уруоктара ыытылыннылар. Уолаттар история учуутала Дьулустаан Николаев автономияны төрүттэспит саха чулуу ыччатын Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков тустарынан сиһилии билиһиннэрэр, Саха сирин сайдыытын, инники кэскилин туһунан олус умсугутуулаах кэпсээнин иһиттилэр.
Үөрүүлээх линейкаҕа 9 “а” кылаас уоланнара Саха сирин туһунан уус-уран дьүһүйүүнү аахтылар. Дириэктэр Федор Татаринов уол оҕо, эр киһи норуот кэскилэ буоларын, норуот иннигэр суолтатын, үрдүк эппиэтинэстээҕин бэлиэтээтэ. Тумус туттар дьоммут холобурдарыгар улааталларыгар сүбэлээтэ.
Үөрүүлээх чаас түмүгэр уоланнар илии-илиилэриттэн ылсаннар оһуохайдаатылар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтүлэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр
⏺ Бу күннэргэ Мүрү нэһилиэгэр хаар уута дьиэлэргэ киирэн ыксаллаах быһыыны үөскэппитэ. Бүгүн эбиэт кэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников кэлэн балаһыанньаны билистэ.
Күн бүгүн улуустааҕы диспетчерскэй сулууспаҕа барыта 70 ыал уһаайбатыгар уу киирбитин туһунан иһитиннэрии киирбитэ бэлиэтэнэр. Олортон икки дьиэ иһигэр муостаны 20 см сабыар диэри уу киирэ сылдьыбыта биллэр.
Бүгүн оробуочай бөлөх Ленин аатынан уулусса 92-гэр уонна Мигалкин аатынан уулусса 20-гэр сылдьан дьаһалта үлэһитттэрин кытта көрдүлэр-иһиттилэр.
Онуоха олохтоохтор дьиэлэрэ сыл аайы ууга барарын кэпсээтилэр. Дмитрий Садовников нэһилиэк дьаһалтатын өттүттэн хоруу үлэтин эрдэ ыытан, мотопомпаны хаһаана атыылаһан бэлэмнэнии үлэтин эрдэттэн тэрийэргэ, маннык быһылааҥҥа бэлэм буоларга уонна бэйэ күүһүнэн туоратарга сүбэлээтэ, инникитин маннык хартыына хатыланыа суохтааҕын туһунан эттэ.
✍️ Мария Аргунова