УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.09K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Күннээҕи гороскоп

💫 Муус устар 27 күнэ 💫

Хой ♈️

Буолбутун кэннэ толкуйдуур сыыһа, оҥоруоҥ иннинэ толкуйдуурга үөрэн

Оҕус ♉️

Сымыйалыыр дьонтон тэйиччи тутун

Игирэлэр ♊️

Уйулҕаҥ утуйбутун уһугуннарыахха сөп, алдьаммыты сөргүтэр туһата суох

Рак ♋️

Бүгүн өйүҥ-санааҥ олох атыҥҥа сытар, кыратык боччумнаах соҕус буолар мэһэйдиэ суоҕа

Хахай ♌️

Кыратык эмит ыһыктан, холкутуйан ыллаххына барыта ыһылла түһэр, онон куруутун эрчимнээхтик, тэтимнээхтик сылдьар ордук

Кыыс ♍️

Табыллыбат буоллаҕына, илиигин ыһыктыма, санааҕын түһэримэ, өссө төгүл оҥорон көр

Ыйааһын ♎️

Биирдэ эйиэхэ ыарыыны оҥорбут киһи иккиһин эмиэ хатылыан сөп

Скорпион ♏️

Ааспыт кэм ахтылҕана эйигин кууһан баран сылдьар, олох ыыппат

Охчут ♐️

Туохха барытыгар муҥутуур кэрчик баар, ол онтон аһары бардаҕына тулуйа сатаан баран тоҕо барыаххын сөп

Чубуку ♑️

Билигин ыарахан кэм да буоллар, сотору кэминэн эргиллэн көрөн баран төбөҕүн быһа илгистиэҥ

Күрүлгэн ♒️

Тугу даҕаны бэйэҕэр туппакка ыытарга үөрэннэххинэ, бэйэҕэр ордук туһалаах буолуо

Балыктар ♓️

Таҥнарыы суолун билбит дьону кытары биир тылы булуоҥ суоҕа, тула өттүгүн болҕойон көр, сэрэхтээхбуол
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

Бүгүн халлааммыт арылхай,
Күммүт тыгара чаҕылхай...
Сахаларга суолталаах күн,
Историяҕа улууканнаах кэм!
Баар буоллун сомоҕолоһуу,
Сайдыыга, кэрэҕэ дьулуһуу,
Эргилиннин эйэлээх олох,
Туругурдун Сахабыт Сирэ!
Республикабыт күнүнэн!
Саҥа сарсыарданан!

✍️ Суугунай Чараана
🌸🌸🌸🌸🌸🌸🌸🌸🌸🌸🌸
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
С Днем Республики Саха (Якутия)!

Мы вступили в новое столетие нашей республики с высокими достижениями. Уверен, что наша сплочённость и любовь к своей Родине, плодотворный труд и сила воли позволят и впредь преодолевать трудности и достигать всех поставленных целей.

С праздником! Желаю всем крепкого здоровья, успехов, счастья и благополучия! Процветай и развивайся, любимая Якутия!

Бука бары түмсүүбүт, Ийэ дойдубутугар тапталбыт уонна күүрээннээх үлэбит, күүстээх санаабыт Сахабыт Сирин инники сайдыытыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин! Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах Сахабыт Сирэ!

#ЯкутияВперёд

t.iss.one/aisen_nikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
💢 Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн истиҥ эҕэрдэ буолуохтун✊🏼👏🏼

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#нэһилиэктэргэ

💢 Бээрийэлэр күөлбүтүн ыраастааһыҥҥа түмсүүлээхтик кытынныбыт

Бээрийэ нэһилиэгэр сүөһү кыһыннары уулуур биир эрэ Өтөхтөөх диэн күөл баар. Бу күөлбүтүттэн 2019 сыллаахха ППМИ кыттыгас үбүлээһин чэрчитинэн сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан олохтоохтор абыранныбыт.

Күөлбүтүгэр саас аайы Бэрэпчики диэн от үрэхтэн нэһилиэнньэ бэйэтин күүһүнэн ууну хачайдатан толорон биэрэр. Оттон муус устар 25 күнүгэр сүөһү иитээччилэр күүстэринэн кыһыны быһа ойбоҥҥо мунньуллубут сүөһү сааҕын күөлтэн ыраастааһыҥҥа субуотуннуьук буолла.

Кыһын сүөһүлэрбитин хааччыйар, сайын оҕуруоппутун нүөлсүтэр биир баар-суох күөлбүтүн ыраастааһыҥҥа олохтоохтор бары көхтөөхтүк кытыннылар.

✍️ Саргылана Бурнашева, уопсас.кэрэсп. Бээрийэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
💢 Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр кэнчээри ыччат сайдыытын түстүүр "Үрүйэчээн" оҕо хаһыатын иккис нүөмэрэ күн сирин көрдө😍👏👍

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢«Островок безопасности» күөн-күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста

Мүрүтээҕи №15 «Кэскил» оҕо тэрилтэтигэр улуустааҕы «Островок безопасности» диэн күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста. Бу конкурс 2015 сылтан тэриллэн оҕону детсад сааһыттан сэрэхтээх буолуу үөрүйэхтэригэр үөрэтэр сыаллаах уонна араас буолар быһылааннарга бэйэ билиитин туһанан тахсалларын ситиһэргэ, биир хамаанда буолан бэриллибит сорудахтары сөпкө оҥорорго соруктаах ыытыллар.

Быйылгы күрэскэ улууспут 8 оҕо тэрилтэтиттэн 28 оҕо кыттыылаах ыытылынна. Оҕолор уопсайа 5 станциянан күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуустааҕы Ис дьыала отделын суолга инспекциятын старшай инспектора В. Мырсанов, баһаарынай инспекция инструктора С. Атласова уонна Мүрүтээҕи юннаттар станцияларын эбии үөрэхтээһинин педагога А. Жиркова үлэлээтилэр.

Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн «Баһаартан сэрэхтээх буолууга бастыҥ» анал ааты – 15 №-дээх «Кэскил» уһуйаан (Бороҕон), «Суол быраабылатыгар бастыҥ» анал ааты – Мындаабатааҕы 12№-дээх «Күнчээнэ», «Бастыҥ медиктэр» – Майаҕастааҕы 14№-дээх «Чуораанчык», «Тулалыыр эйгэни билээччилэр» анал ааты 3№-дээх «Мүрүчээнэ» (Бороҕон) ылары ситистилэр.

Оттон күрэхтэһии 3-с миэстэтин – 3№-дээх «Мүрүчээнэ» (салайааччылар С. Иванова, М. Гуляев), 2-с миэстэтин – Мындаабатааҕы 12№-дээх «Күнчээнэ» (салайааччылар Н. Портнягина, Л. Васильева, Т. Егорова), 1-кы миэстэтин Мүрүтээҕи 15№-дээх «Кэскил» (салайааччылар Л. Бурцева, А. Васильева) ыланнар мэтээллэринэн, кыайыылаах хамаанда көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланнылар.

Күрэхтэһии сыалын-соругун ситтэ, аны кэлэр күрэхтэһиигэ хамаандалар өссө бэлэмнэнэн кэлэллэригэр баҕарабыт.

✍️ Н. Егорова, «Кэскил» оҕо тэрилтэтин методиһа

☑️ Сиһилии: https://vk.com/wall-219778198_28

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💢 Суоттуга икки кийиит кинигэлэрин сүрэхтээтибит

Муус устар 26 күнүгэр Суотту модельнай бибилэтиэкэтигэр олохтоох ааптардар Анастасия Степанова-Тускулаана "Дойдум ахтылҕана" хоһооннорун хомуруунньуга уонна "Кустук" уһуйаан иитээччитэ Капитолина Заровняева оҕолорго аналлаах "Тыл сайдыыта", "Сир симэҕэ" кинигэлэрин сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа ааста. Икки ааптар кинигэлэрин сүрэхтэниитин тэрийэн ыытар киһиэхэ төһө да уустугун иһин, киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Раиса Черкашина хайаларын да өрө туппакка, намтата сатаабакка, тус-туһунан ис хоһоонноох кинигэлэри биир тэҥник тутан, биир эйгэҕэ киллэрэн иилээн-саҕалаан ыытта.

Кыргыттар иккиэн Суотту кийииттэрэ, дьоһун ыал ийэлэрэ. Оҕо-уруу, сиэн эрэ дэлэй дьоно.

Горнайтан төрүттээх Анастасия Степанова-Тускулаана 1975 сыллаахха "Лена" сопхуоска бухгалтерынан ананан кэлбитэ уонна олохтоох уолга Александр Степановка кэргэн тахсан алаһа дьиэ туттан, аал уот оттон, оҕо-уруу төрөтөн күн-күбэй ийэ, эйэҕэс эбэ буолан олорор. Суоттуга кэлиэҕиттэн Уус Алдаҥҥа бастакынан тэриллибит ВИА ырыаһытынан биллэн олохтоохтор куттарын туппута.

Капитолина Заровняева Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх буолан, тыл сүмэтин, сүөгэйин этигэр-хааныгар иҥэрбит киһи буоллаҕа. Оҕолорго аналлаах "Сир симэҕэ" уонна "Тыл сайдыыта" диэн кинигэлэрэ күн сирин көрөннөр чыычаахтыы чыбыгырастылар, сааскы күннүү сандаардылар. Бу кини уһуйааҥҥа өр сыллаах үлэтин түмүгэ буолар. Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ Елизавета Васильева уонна Ксения Местникова өҥнөөх кыраасканан уруһуйдаан киэргэппиттэрэ оҕо дьоҕустук өйдүүрүгэр төһүү күүс буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Иккис кылаас үөрэнээччилэрэ (салайааччы Ксения Копырина) хоһооннору хомоҕойдук ааҕан муус чопчулары ыйаатылар, таммахтары саккыратан күлүмүрдэтэ оонньоттулар. Ксения Ивановна бэлиэр бу кинигэлэри уруокка туттарын, оҕолор дэбигис өйдүүллэрин, билиҥҥи оҕолорго олус туһалааҕын чорботон эттэ.

✍️ Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, уопсас. кэрэсп.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96030

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM