#бэртхараудьуордара
💢 Бэргэн ытааччылар түһүлгэлэрэ бастыҥнары тургутта
Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин улуустааҕы уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Гвардия сержана, РФ "Эр санааланыы" уордьанын кавалера Гаврил Попов сырдык кэриэһигэр уонна бэтэрээннэр бириистэригэр кыраҕы харахтаах бэргэн ытааччылар хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэстэрэ ыытылынна.
"Куропатка-ВПп" уонна "Штурмовое-ВПп" диэн икки көрүҥ түмүгүнэн биирдиилээн бастыыр иһин ытыыга
I м. Лаврентий Тарскай (Бороҕон с.).
II м. Геннадий Оллонов (Бороҕон с.)
III м. Михаил Аргунов (Тиит-Арыы) тэҥнээхтэрин булбатылар.
Маны сэргэ бу көрүҥнэргэ хамаанданан ытыыга
I м. "Оллоон" СОК
(Геннадий Оллонов, Лигорий
Бурцев, Анатолий
Бурнашев).
II м. ДЮСШ хамаандата (Аликсан Охлопков, Жора
Осипов, Саша
Бочкарев).
III м. Сыырдах бөһүөлэгин хамаандата (Анатолий Копырин, Михаил Копырин, Иван
Стручков) буолан, үөрүүлэрэ үксээтэ.
Уопсайа 15 хамаанда уонна биирдиилээн 37 ытааччы кыттан, күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык ааста.
Дойдубут чулуу ыччаттарын, Дьоруой тэҥэ хорсун дьоммут ааттарын үйэтитэр күрэхтэһии үгэс быһыытынан ыытыллан, спорт ытыы көрүҥэр бастыҥнары таһаара турарыгар бигэ эрэллээхпит.
✍️ Ольга Шепелева
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэртхараудьуордара
💢 Хайыһардьыттарбытыгар эҕэрдэбитин тиэрдэбит
⛷Улуус хайыһарга комплекснай спартакиадатыгар Курбуһах хамаандата үһүс бириистээх миэстэни ылан, нэһилиэгин чиэһин үчүгэйдик көмүскээбитинэн "эҕэрдэлиибит👍 👏 💪
Хамаандаҕа Николай Пестряков, Иван Винокуров, Николай Бурнашев, Мария Макарова, Елена Захарова, Мария Стручкова сүүрдүлэр.
Биирдиилээн сүүрүүгэ бэтэрээн сүүрүүкпүт Николай Бурнашев бастакы миэстэни ылары ситистэ👏 👏 👏
✍️ Анна Винокурова, уопсас. кэрэсп., Курбуһах
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
⛷Улуус хайыһарга комплекснай спартакиадатыгар Курбуһах хамаандата үһүс бириистээх миэстэни ылан, нэһилиэгин чиэһин үчүгэйдик көмүскээбитинэн "эҕэрдэлиибит
Хамаандаҕа Николай Пестряков, Иван Винокуров, Николай Бурнашев, Мария Макарова, Елена Захарова, Мария Стручкова сүүрдүлэр.
Биирдиилээн сүүрүүгэ бэтэрээн сүүрүүкпүт Николай Бурнашев бастакы миэстэни ылары ситистэ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэртхараудьуордара
Бүгүн Дьокуускай куоракка “Дохсун” спорткомплекска Лөгөй нэһилиэгин эр дьонун "ДОБУН" түмсүүтүн бирииһигэр оскуола саастаах уолаттарга многоборье өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүлгэтэ саҕаланна💪 💥
Уопсайа аҕыс улуустан уонна Дьокуускай куораттан 98 кыттааччы спорт 5 көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Күрэхтэһии быһа эфирин бу ссылканан көр⬇⬇⬇
▶️ https://youtube.com/live/IDIrcvgPFQw?feature=share
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Бүгүн Дьокуускай куоракка “Дохсун” спорткомплекска Лөгөй нэһилиэгин эр дьонун "ДОБУН" түмсүүтүн бирииһигэр оскуола саастаах уолаттарга многоборье өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүлгэтэ саҕаланна
Уопсайа аҕыс улуустан уонна Дьокуускай куораттан 98 кыттааччы спорт 5 көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Күрэхтэһии быһа эфирин бу ссылканан көр⬇⬇⬇
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
YouTube
"Добун" Логой дьонун тумсуу бирииhигэр о5олорго республиканскай многоборье
Республиканский турнир по Национальному многоборью среди школьников на призы общественного объеденения мужчин "ДОБУН" Легойского наслега Усть-Алданского улуса
#бэртхараудьуордара
💢 Бэрт Ууһугар Иван Петров аатын үйэтитэн түөлбэлэринэн волейболга күрэхтэстилэр
Бэрт Ууһун нэһилиэгэр бэҕэһээ биир дойдулаахпыт – "Урожай" ДСО чөмпүйүөнэ, тыа сирин спортивнай оонньууларын уонна улуус волейболга күрэхтэһиилэрин элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера Иван Петров аатын үйэтитиигэ уонна успуорт маассабай көрүҥүн сайыннарар, чөл олоҕу көҕүлүүр сыаллаах нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар волейболга турнир ыытылынна.
Тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн эр дьоҥҥо 1-кы миэстэни “Кустук” түөлбэ, 2-с миэстэни “Эрчим” түөлбэ, 3-с миэстэни “Дьүкээбил” түөлбэ ылары ситистилэр. Кыргыттар хамаандаларын икки ардыларыгар 1-кы миэстэни “Саһарҕа” түөлбэ, 2-с миэстэни “Дьүкээбил” түөлбэ, 3-с миэстэни “Эрчим” түөлбэ кэрэ аҥаардара ыллылар. Уопсай түмүккэ “Саһарҕа” түөлбэ бастаата. Ону таһынан анал бириистэр ананнылар.
✍️ Василий Шепелев, нэһилиэк спортинструктора
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94606