УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.7K photos
3.11K videos
10 files
5.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Дүпсүн уонна Үөдэй нэһилиэктэрэ холбоһуктаах тэрээһини ыыттылар

Өрөспүүбүлүкэҕэ Педагог уонна уһуйааччы сылынан кулун тутар 24-25 күннэригэр Дүпсүн нэһилиэгиттэн тоҕус киһилээх дэлэгээссийэтэ Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгин орто оскуолатыгар икки күннээх "Оскуола, наука, искусство" диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи "Союз пяти школ" научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытынна.

Кинилэр бу тэрээһиҥҥэ Дүпсүн улууһуттан төрүттээх эдьиийдии-балыстыы Афанасьевтар сыдьааннара Елена Андреевна, Альбина Андреевна Лебедкиналар ыҥырыыларынан, Дүпсүннээҕи уһуйааччылар сэбиэттэрин тэрийиитинэн (сал. Галина Бочкарева) ситиһиилээхтик кытыннылар. Илдьэ баран туруорбут быыстапкалара дьон болҕомтотун тарта, сэҥээриилэрин ылла.

Дүпсүн орто оскуолатын дириэктэрэ Андрей Сыроватскай оскуола үлэтин, Бороҕоннооҕу мусуой Дүпсүннээҕи филиалын сотруднига Андрей Федоров нэһилиэк үлэтин-хамнаһын, Афанасьевтар төрүттэрин устуоруйатын сырдаттылар.

✍️ Пелагея СОЛОВЬЕВА, Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
#уһуйааннарга

💢 Сыл бастыҥ иитээччитин күрэһигэр ситиһиилэннибит
 
Кулун тутар 27-30 күннэригэр Дьокуускайга "2023 сыл бастыҥ иитээччитэ" идэ таһымын көрүү 14-с сылын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиитигэр "Мүрүчээнэ" оҕо тэрилтэтин педагог-логопеда Ульяна Омукчанова үрдүк таһымнаахтык кыттан биэс финалист ахсааныгар киирдэ.

Барыта 32 улуустан иитээччи идэлээхтэр кытыннылар. Ульяна Васильевна кэллиэгэтинээн Олеся Юрьевналыын хас эмит сыллаах үлэлэрин түмэн, оҕо тылын сайдыытын сылыктаан көрүүгэ альбом уонна оҕо тылын кэһиллиитин көннөрүүгэ айбыт "Дорҕоон холбуката" мас оонньууларынан кыттан, маастарыстыбаларын көрдөрөн киэҥ сэҥээриини, дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылыахтарын ыллылар.

Ону таһынан төрөппүттэргэ Бильгоу дуосканы дьиэтээҕи усулуобуйаҕа хайдах туттарга сэминээр ыытан истээччилэр махталларын, хайҕалларын ылла. Бу тэрээһиҥҥэ тэрилтэбит бүтүннүү биир сүбэнэн көмө-тирэх буолла.

Түмүккэ икки кыайыылаах таҕыста. Ньурбаттан сылдьар Антоновка "Ромашка" оҕо тэрилтэтин эбии үөрэхтээһинин педагога В.А. Егоров бастаан Бүтүн Арассыыйа таһымыгар барар чиэһи сүктэ. Оттон Сунтаар "Ньургуһун" оҕо тэрилтэтин иитээччитэ Н.А. Алексеева төрөөбүт тылы үөрэтэр иитээччилэр күрэстэригэр Осетияҕа кыттар буолла.

Быйылгы күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэбитигэр – Үлэ, дойду үрдүнэн Педагог уонна уһуйааччы сылыгар анаммыта бэлиэ буолар. Бу биһиги улууспутугар иккис финалист:
2017 сыллаахха Курбуһахтааҕы "Чуораанчык" оҕо тэрилтэтин иитээччитэ Ольга Бурнашева ситиһиилээхтик кыттан СӨ үөрэҕириитин туйгуна ааты ылбыта. Онон бэйэбит бэйэбитигэр үтүөкэн бэлэх оҥоһуннубут диэн үөрэбит, астынабыт. Ульяна Васильевнабытынан киэн туттабыт, махтанабыт. Инникитин өссө айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.

 ✍️ Анна Алексеева, “Мүрүчээнэ” оҕо тэрилтэтин бас иитээччитэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#cанааситимэ

🎭 Улууспутугар тыйаатыр кэлиитин дьон төһө сэргээтэ?

Кулун тутар 27-29 күннэригэр Саха тыйаатыра улууспут киинигэр кэлэн үс күн устата “Суоһалдьыйа Толбонноох”, “Төлкө” испэктээги, оҕолорго анаан “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаны оонньоон көрдөрдүлэр. Итиэннэ кулун тутар 28 күнүгэр улуустааҕы бибилэтиэкэ саалатыгар артыыс-тары кытта көрсүһүүгэ элбэх киһи сылдьан үөрдэ-көттө.


☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93850 эбэтэр карточкаларга

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM