УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.75K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#Үһүссаасоскуолата

💢 Түмсүү – олоҕу хамсатар күүс

Бэрт Ууһун нэһилиэгин “Эйэҕэс эбэлэр” түмсүүтэ 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон ыла “дьону үөрдэ сырыттарбыт” диэн санаанан салайтаран, 10 сыл үлэлээн кэллэ. Маҥнайгы салайааччынан Зоя Дмитриевна Петрова талыллыбыта. Ити сыл олохтоох бибилэтиэкэни, дьаһалтаны кытта Литература сылыгар аналлаах “Ааҕар Бэрт Ууһа” диэн бырагыраама ылынан, үлэни саҕалаабыттара. Бырагыраама олоххо киириитигэр оскуола кэлэктиибэ, нэһилиэк тэрилтэлэрэ эмиэ туора турбатахтара. Оччолорго ааҕааччы ахсаана аҕыйаан, ааҕыы таһыма түспүт кэмэ этэ. Ол иһин дьону көҕүлүүр сыаллаах сылы түмүктүүр тэрээһининэн “Ааҕар педагог”, “Ааҕар учуутал”, “Ааҕар пенсионер”, “Ааҕар үлэһит”, “Ааҕар кылаас”, “Ааҕар салайааччы” анал ааттары туттарыы буолбута. Бу тэрээһин быйыл эмиэ ыытылынна.

✍️ Екатерина Захарова

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93367

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөйкэнниттэн

💢 Сылаас ахтылҕан күннэрэ күлүм гынан аастылар

Улууспут саамай улахан оскуолатын – Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын 150 сыллаах үбүлүөйэ икки күн устата ньиргийэн ааста. Истиҥ көрсүһүү, сылаас ахтылҕан күннэрэ бэрт түргэнник күлүм гынан аастылар. Ол эрээри бу историяҕа киирэр тэрээһиннэргэ сылдьыбыт, кыттыбыт хас биирдии киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар хаалыахтара, сүрэҕэр иҥиэхтэрэ...
Биһиги, өссө 25 сыл анараа өттүгэр оскуола 125 сыллаах улахан үбүлүөйүн тэрийсибит дьон буоламмыт, икки үйэ тэрээһинин тэҥнээн көрөр кыахтанныбыт. Бу икки күҥҥэ ииппит-үөрэппит оҕолорбутун, бииргэ үлэлээбит учууталларбытын, педагогтарбытын көрсөн ирэ-хоро кэпсэттибит, уруккуну-хойуккуну ахтыстыбыт, ол кэмнэргэ төннөн ыллыбыт.

✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93400

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөйкэнниттэн

💢 Биэс уон сыл кэнниттэн

Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын 150 сыллаах үбүлүөйүн кэмигэр иккис күҥҥэ култуура дыбарыаһыгар ыытыллыбыт оскуоланы бүтэрбиттэр үөрүүлээх линиэйкэлэригэр саалаҕа аттыбар бэрт сэргэх сэбэрэлээх, киһи тута убаастыы көрөр кыырыктыйбыт баттахтаах дьахтара кэккэлэһэ олорбута.

Кини – Мүрү орто оскуолатыгар 1962-65 сс. 9-11 кылаастарга үөрэнэр кэмигэр Лина Копырина, билигин Акулина Михайловна Полякова. Нам улууһуттан кэлбит.

Акулина Михайловна 1972 сыллаахха оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүгэр Магаданнааҕы судаарыстыбаннай пединститукка үөрэнэ сылдьан сессия кэмигэр ыксалынан кэлэн барбыт. Куоракка көтөн кэлээт Кэптэнигэ дьонугар таарыйан баран, массыына тута көстүбэккэ, оскуолаҕа үбүлүөйгэ хойутаан кэлбит.

Ити кэнниттэн үйэ аҥаара буолан баран бу 150 сыллаах үбүлүөйгэ анаан тэринэн, оҥостон кэлбит.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93404

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

💢 Оҕолоор, сааскы сынньалаҥы хайдах атаараҕыт?

Оскуола үөрэнээччилэригэр сааскы сынньалаҥ саҕаланна. Сааскы сынньалаҥ оҕолорго ордук күүтүүлээх буолар. Будулҕан туманнаах уһун кыһыммыт кэннэ халлаан сылыйан, сибиэһэй салгыҥҥа оонньуу-көр үгэнниир кэмэ. Оҕолорбут сааскы сынньалаҥнарын хайдах атааралларын туоһулаһан көрдөххө, үгүстэрэ көй ыраас салгыҥҥа көччүйэ оонньуур санаалаахтара үөртэ.

☑️Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93363 эбэтэр карточкаларга көр

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💢 Тумулга Саха төрөөбүт күнэ быйыл 12-с төгүлүн ыытылынна

Кулун тутар 25 күнүгэр култуура үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн Бороҕон нэһилиэгэр Сэһэн Ардьакыап киинэ түспүт сиригэр "Саха төрөөбүт күнэ" диэн тэрээһин ыытылынна. Бырайыак ааптара эдьиийдээтэр эдьиийбит олохтоох ааптар, суруйааччы Надежда Аржакова-Иванова. Бу тэрээһиҥҥэ Надежда Алексеевна кыыһа Наталья Артуровна чугас дьоно, доҕотторо Алтан Түһүнэй – Виктор Борисов, Иа аан уус – Илиан Павлов, Марианна Шамаева уонна аймах дьоно бу тэрээһин сиэригэр-туомугар ыалдьыттаатылар.


Быйыл Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова бырайыагынан 12-с төгүлүн "Саха төрөөбүт күнэ” бэлиэтэннэ. Бу күн айылҕабыт, Айыыларбын олус чаҕылхай күнү бэлэхтээбиттэриттэн үөрдүбүт. Ол курдук, кэлбит ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо хара ситии быаны тутан төгүрүччү туран ыраастаннылар. Онтон хаһаайын Юрий Васильев саҥа төрөөбүт ынаҕын айыыһытыгар, уйгуну-быйаҥы көрдөһүү сиэрин-туомун толордо култуура бэтэрээнэ Петр Черкашин, илин диэкиттэн сахалыы симэхтээх үрүмэччи маҥан аты сиэтэн, сылгыһыт Егор Алексеев хаамтаран кэлбитин, уруйдуу-айхаллыы көрүстүбүт.

✍️ Светлана Прудецкая, бибилэтиэкэр, уопсас. кэрэсп. Тумул

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93413

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM