УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.6K subscribers
34.3K photos
3.14K videos
10 files
5.83K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#илгэтөрдө

💠 Дьыл оройо: ынах, сылгы туруга этэҥҥэ

Урут да, билигин да тыа хаһаайыстыбатыгар ааҕынан көрүү мүччүрүйбэт сорукпут буоллаҕа. Ынах, сылгы иитиитэ диэн түҥ былыргы өбүгэлэрбит саҕаттан илдьэ кэлбит дьарыкпытын билигин да уларыппакка илдьэ сылдьабыт. Атына диэн олох сайдыытын быһыытынан саҥа технологиялар киирэн истэхтэрэ. Ол да буоллар, саҥа кэмҥэ олоробут диэн ааҕынан көрүүбүтүн син биир умнубаппыт. Биһигини ону тыйыс кыһыммыт да умуннарбат. Өбүгэлэрбит тохсунньуттан олунньуга үктэниини дьыл оройо диэн ааттааннар, отторун-мастарын ааҕынан көрөллөрө. Кыстыкка киирииттэн ыла, төһө от бараммытын уонна күөххэ үктэниэххэ диэри хаалбыт оту тиийиэ дуо диэн ааҕыналлара. Ол үгэс, билигин да тутуһулларын сиэринэн улууспутугар сүөһү кыстыга хайдах баран иһэрин туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджерэ Илья Ильины кытта кэпсэттим:

– Илья Прокопьевич, кыстыкпыт ортото буолла, сүөһү-сылгы билиҥҥи туруга хайдаҕый, оппут-маспыт тиийэр дуо?

– Тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, ханнык баҕарар оҥорон таһаарар салааҕа ааҕынан көрүү хайаан да наада буоллаҕа. Оттон биһиги, тымныы, уһун кыһыннаах дьон буоларбыт быһыытынан, ааҕыныы диэн мүччүрүйбэт үгэспит буоллаҕа.

Күн бүгүн улууспутугар үс ТХПК, икки ХЭТ, биэс аһы-үөлү соҕотуопкалыыр кэпэрэтиип, сылгы иитиитинэн анаан дьарыктанар 5 кэпэрэтиип уонна ынах сүөһүнү иитэр хайысхалаах 161 бааһынай хаһаайыстыба үүтү-эти дэлэтиигэ үлэлэһэ сылдьаллар.

Ахсынньы 30 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 13,288 ынах сүөһү, ол иһиттэн ыанар ынаҕа 5,527, итини тэҥэ 13,277 сылгы, ол иһиттэн 9,326 биэ иитиллэн тураллар. Түргэнник ситэр салааҕа үлэлэһии лаппа аччаата. Ол курдук, күн бүгүн улуус үрдүнэн 21 эрэ сибиинньэ иитиллэн турар. Көтөр ахсаана 2,563 буолла.

Үүтү 10,994 т ыатыбыт. Быйыл үрүҥ аһы оҥорон таһаарар үс тэрилтэ үлэлээтэ. Онно 2,854,9 т бородууксуйаны оҥорон таһаарар былаан тиэрдиллибитэ 100% туолла.


Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/88412 эбэтэр комментарийдарга

✍️ Афанасий Сэктээйэп
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

🩺💊 Диспансеризацияны аастыҥ дуо?

Бэйэбит доруобуйабытын көрүнэргэ сыл аайы сэрэтэр диспансеризацияны ааһыахтаахпыт. Доруобуйаҕыт туругун баҕа өттүнэн, үлэҕититтэн официальнайдык босхолонон туран, олорор сиргитинэн медицинэ тэрилтэтигэр тиийэн көрдөрөҕүт. Манна 18 саастарыттан 39 саастарыгар диэри саастаах дьон үс сылга биирдэ, оттон 40 саастарын туолбуттар сыл аайы көрдөрөргүт ирдэнэр.

Бастаан профилактика кэбиниэтигэр консультацияны ааһаҕыт, онтон туһааннаах анаалыстары туттаран, исписэлиистэринэн көрдөрөн диспансеризация бастакы түһүмэҕин барыахтааххыт. Онон маннык бэйэ доруобуйатын көрүнэр диспансеризация туһунан олохтоохтор төһө билэллэрин уонна кытталларын туһунан бэйэлэриттэн ыйыталастыбыт.

https://мюрюгазета.рф/article/88422
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

💕«Таргылдьыма эбэлээх тапталлааҕым, Тулунам...»💕

Матрена Терентьева, Альбина Дегтярева, Лидия Сергеева, Ньургуйаана Куприянова хаартыскаҕа түһэриилэрэ📸

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сайдамсаас

💢“Сулус” ⭐️ курдук санаммаппын, дьон сиэринэн олоробун

Биир сылтан бэттэх Мэһэй Боотур диэн ааттаах саха ыччатын билбэт киһи диэн суох быһыылаах. Онтон кини биир дойдулаахпыт Сергей Семенов буоларын билэҕит дуо?🤗

✍️ Ольга Шепелева

Сиһилии: комментарийдарга, саайтка https://мюрюгазета.рф/article/88468 эбэтэр Вконтакте страницабытыгар https://vk.com/wall-203871656_3475
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ

💢 "Үлэ киһини киэргэтэр" өс хоһооно Сардаана Портнягинаҕа анаммыт курдук

💬 Кини дьиэтин таһыгар үс үлэлиир сирэ кэккэлэһэллэр. Ол эрээри, дьиэтэ аатыгар эрэ чугас, сарсыарда 5-6 чааска тахсан баран, эрдэлээбитэ киэһэ 7-8 чааска биирдэ киирэр. Онуоха диэри үлэ күөстүү оргуйар.

Онтон киэһэ – дьиэ-уот түбүгэ. Эбиэт кэннэ минньигэс сытынан тунуйбут «555» кафеҕа киирбиппэр, Сардаана Портнягина уонна үс үлэһитэ ас астаан үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Дьоруойум үлэтин быыһыгар, бу курдук сэһэргээтэ.

✍️ Мария Аргунова

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/88530 уонна https://vk.com/wall-203871656_3476
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM