УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
6.05K subscribers
39K photos
3.77K videos
10 files
6.61K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
💫 Биир дойдулаахпыт, биир идэлээхпит Елизавета Васильева үс министиэристибэ сыанабылын тутта

Курбуһах нэһилиэгиттэн төрүттээх, саха тэлэбидиэнньэтигэр кэрэспэдьиэннээбит, билигин "Сахабэчээт" судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ "Улус Медиа" сетевой таһаарыытын шеф-эрэдээктэрэ Елизавета Васильева идэлээх бырааһынньыгар – Бэчээт күнүгэр үс министиэристибэттэн махтал сурук тутта. Ол курдук кини үлэтин сыаналаан СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга, үпкэ, култуураҕа министиэристибэлэрэ ситимнээх үлэтин иһин махталларын биллэрбиттэр. Махтал суруктары тустаах министиэристибэлэр салайааччылара бэйэлэринэн туттарбыттар.

Бу туһугар ураты көстүү буолла. Биир тэрээһиҥҥэ үс салааттан махтал ылар – улахан сыанабыл. Елизаветаҕа инники үлэтигэр ситиһиилэри, үүнүүнү сайдыыны баҕарабыт.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Уус Алдаҥҥа “Дүпсүн”, Партизан Заболоцкай аатынан уонна Герой Егоров аатынан совхозтар тэриллибиттэрэ 50 сыла быйыл улуус таһымыгар бэлиэтэниэҕэ.

Бүгүн тэрийэр хамыыһыйа бастакы мунньаҕа буолла.

Сиһилии👉 мюрюгазета.рф

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫 Абакан Сүчү буоскаттан кутуллубут манекена "Симметрия" тэрилтэҕэ оҥоһуллан кэлбитэ👍🏼🤩 Саайтарыгар киирэн көрүҥ
👇🏼
МАНЫ БАТТАА

@uamurusahargata @museum_uusaldan
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍🏼 Бэрт Ууһун нэһилиэгэр Сыырдаахха бүгүн Мүрү нэһилиэгин "Мүрү оһуордара" түмсүү иистэнньэҥнэрэ улууска "100 сахалыы сон" бырайыак ааптара, норуот маастара Екатерина Бочкарева салалтатынан сахалыы сону тигиигэ маастар кылааһы ыыттылар, маастар кылаас кэмигэр уран иис оҥоһуктарын быыстапкатын туруордулар.
Сыырдаах далбардара уонна Арыылаахтан анаан-минээн тэринэн кэлбит ииһи сэргээччилэр Мүрү иистэнньэҥнэрин үлэлэрин сөҕө-махтайа көрдүлэр, маастар кылааска элбэҕи билэн-көрөн, үөрэнэн астыннылар.

Тэрээһини "Биир ньыгыл Россия" партия, "Россия ийэлэрэ" Бүтүн Россиятааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын Уус Алданнааҕы отделениета (сал. Сусанна Аммосова) уонна Уус Алдан улууһун дьахталларын сэбиэтэ (сал. Валентина Шадрина) көҕүлээн ыыттылар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍 Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус историятын түмэлин методиһа Оксана Прядезникова боҕуруоскай оту уонна буосканы холбоон, ыраастанар чүмэчини оҥорууга маастар-кылааһы ыытта.

Туһалаах тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ үгүһү билэн, сүбэ-ама ылан, Ньургуйаана Никитина хомуһун дьүрүскэн тыаһыгар уйдаран ыллылар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM