#илгэтөрдө
«Туйма» ТХПК эттэн оҥорон таһаарар бородууксуйатын кэҥэтиэҕэ
Суоттутааҕы “Туйма” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Владислав Мухин иһитиннэрбитинэн, улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 8 мөлүйүөн суумалаах граны ылан эт сыаҕын тутан, атырдьах ыйын 30 күнүгэр үлэҕэ киирдэ.
Саҥа сыахха улахан кыамталаах элбэх оборудование турда.
Онон кэпэрэтиип саҥалыы тыынынан полуфабрикат астары: тефтель, котлет, фрикадельки, фарш, пельмень оҥорон таһаарыыта күүһүрэн, атыыга таһааралларын таһынан улуус оскуолаларын хааччыйыахтара. Инникитин ыыһаммыт эти, халбаһыылары оҥорор былааннаахтар.
Быйыл күһүн сэттэ туонна эти тутар былааннаахтар. Барыта 11 хаһаайыстыбаттан үүтү тутан былааннарын 70% бырыһыан толорбуттар. Үүт ас эгэлгэтин: суорат, йогурт, творог, сливки арааһын, арыы, быырпах оҥорон улууска, Дьокуускайга атыыга таһаараллар.
Өссө былырыын улуус дьаһалтатын көмөтүнэн ууну ыраастыыр станцияны үлэлэтэн, ыраас ууну оҥорон атыыга таһаарбыттара.
✍️ Мария Аргунова

#санааситимэ
Саҥа салалтаттан
тугу кэтэһэҕин?
Улууспутугар саҥа баһылыгы таллыбыт. Онон буоларын курдук, салалтаҕа да саҥа хамаанда кэлиитэ олохпут көстүүтэ. Оттон нэһилиэнньэ саҥа салалтаттан син биир тугу эрэ кэтэһэр үгэстээх.
Быыбар иннинээҕи бырагырааманы сүрүн өттүлэрин өйдөөн хааланнар, ол туолуутугар баҕа санааларын этээччилэр үгүс буолуохтаахтар.
Анна ВИНОКУРОВА, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:
– Былааска, салалтаҕа ким да кэллин, олох иннин диэки барыахтаах, сайдыахтаах. Салалтаҕа кэлбит киһи быыбарга оннук санаалаах да кыттар буоллаҕа. Нэһилиэкпит сүрүн кыһалҕата суолбут мөлтөҕө буолар. Улахан айан суолуттан 50-ча км ыраах олоробут. Кыһын тоҥ кэмҥэ эрэ кыһалҕата суох сылдьабыт. Онон суолбут-ииспит тупсуон баҕарабыт. Киинтэн ититиигэ холбонуу боппуруоһа билигин да кыайтарбат.
✍️ Мария Аргунова, Афанасий Копырин
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/sana-salaltattan-tugu-ketehe5in/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөйдэр
⏺ Дьоллоох киһи олоҕу туойар
«Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах,
Кылыстыы кылбаҥныы оонньуохтаах,
Аралыйар кустук дьэрэкээнин ылыахтаах,
Үйэлэри үрдүнэн хардыылаан иһиэхтээх» –
суруйааччы Сергей Борогонскай киһи дьиҥ кыаҕын туһунан хайдахтаах чаҕылхайдык эппитэй?!
Бу айымньы бүгүҥҥү балаһабыт дьоруойун дьүһүйэн, киниэхэ анаммыт курдук иһиллэр. Биир дойдулаахпыт СӨ үөрэхтээһинин уонна култууратын туйгуна, физкультура уонна успуорт үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев «Во славу и пользу Республики» пуондатын лауреата Семен Ильич Черноградскай бу ый 20 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолла.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/dollooh-kihi-olo5u-tuojar/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
«Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах,
Кылыстыы кылбаҥныы оонньуохтаах,
Аралыйар кустук дьэрэкээнин ылыахтаах,
Үйэлэри үрдүнэн хардыылаан иһиэхтээх» –
суруйааччы Сергей Борогонскай киһи дьиҥ кыаҕын туһунан хайдахтаах чаҕылхайдык эппитэй?!
Бу айымньы бүгүҥҥү балаһабыт дьоруойун дьүһүйэн, киниэхэ анаммыт курдук иһиллэр. Биир дойдулаахпыт СӨ үөрэхтээһинин уонна култууратын туйгуна, физкультура уонна успуорт үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев «Во славу и пользу Республики» пуондатын лауреата Семен Ильич Черноградскай бу ый 20 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолла.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Чэриктэйдэр оҕуруоту олордооччулары көҕүлээтилэр
Чэриктэйдээҕи “Сандалы” сынньалаҥ киинэ нэһилиэккэ “КҮҺҮН БЭЛЭҔЭ» диэн атыы-тутуу дьаарбаҥкатын бэрт сэргэхтик ыыттылар. Нэһилиэк оҕуруоччуттара кэлэн кыттыыны ыллылар, оҕуруот аһа, бурдук ас, тууһаммыт хаһааныылар, бэйэ аһа-үөлэ дэлэйдик атыыланна.
«Дьүөгэ» дьахталлар сэбиэттэрин түмсүүтэ (сал. Л.В. Дмитриева) ыалдьыттары оҕуруот аһыттан бэйэ борщтаах итии миининэн, соккуойунан күндүлээтилэр.
Биирдиилээн көрүҥ түмүгүнэн: “БААҺЫНА БООТУРА” саамай улахан хортуоска хаһаайынынан М.Г. Босикова, “СААМАЙ УЛАХАН КАБАЧОКТААХ” С.С. Сивцев, А.Н. Горохова, “СААМАЙ УЛАХАН СҮБҮӨКҮЛЭЛЭЭХ” М.Г. Босикова, “СААМАЙ УЛАХАН МОРКУОПТААХ” С.С. Сивцев буоллулар. Маны сэргэ “АЙЫЛҔА ДЬИКТИТЭ” күрэххэ Семен Сивцев кыайда. Оттон айылҕа, оҕуруот аһыттан композицияны оҥорууга кыайыылааҕынан А.Н. Горохова буолла.