#БэртХараудьуордара
⏺ Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт сүүрүү күрэхтэһиитигэр 50-ча оҕо кытынна
Бэҕэһээ Мүрү нэһилиэгэр легкай атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы III оонньуулар кыттыылааҕа Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир буолан ааста.
Манна Чурапчыттан, Мэҥэ Ханалас Төхтүрүттэн, Майаттан уонна Уус Алдан нэһилиэктэриттэн уопсайа 50-ча кыттааччы кэлэн кытынна. Күүстээх тыал, тымныы, ардах диэбэккэ, спортсменнар илин-кэлин түһүстүлэр, бэйэлэрин кыахтарын, тулуурдарын, дьулуурдарын тургуттулар.
Улуустааҕы оҕо спортивнай оскуолатын сүүрүүгэ тренерэ Мария Слепцова:
– Күрэхтэһии бэрт көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык барда. Махтаныахпыт этэ күрэхтэһиини тэрийсибит Серафим Татаринов уонна Александара Кырбасова дьиэ кэргэттэригэр, чэпчэки атлетика улуустааҕы федерациятыгар, үөрэх улуустааҕы салалтатыгар, спортивнай оскуолабыт дириэктэригэр Дмитрий Готовцевка. Инникитин былааҥҥа киллэрэн күрэхтэһиибитин сыл көтө-көтө оҥорорго сорук туруоруннубут, – диэтэ.
Бу күрэхтэһиигэ улууспут хамаандатын оҕолоро 21 мэтээли, сыаналаах бирииһи ылары ситистилэр.
✍️ Мария Аргунова
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/aleksandra-zaboloczkaya-kyrbasova-syrdyk-keriehiger-yytyllybyt-syyryy-kyrehtehiitiger-50-cha-o5o-kytynna/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Бэҕэһээ Мүрү нэһилиэгэр легкай атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы III оонньуулар кыттыылааҕа Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир буолан ааста.
Манна Чурапчыттан, Мэҥэ Ханалас Төхтүрүттэн, Майаттан уонна Уус Алдан нэһилиэктэриттэн уопсайа 50-ча кыттааччы кэлэн кытынна. Күүстээх тыал, тымныы, ардах диэбэккэ, спортсменнар илин-кэлин түһүстүлэр, бэйэлэрин кыахтарын, тулуурдарын, дьулуурдарын тургуттулар.
Улуустааҕы оҕо спортивнай оскуолатын сүүрүүгэ тренерэ Мария Слепцова:
– Күрэхтэһии бэрт көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык барда. Махтаныахпыт этэ күрэхтэһиини тэрийсибит Серафим Татаринов уонна Александара Кырбасова дьиэ кэргэттэригэр, чэпчэки атлетика улуустааҕы федерациятыгар, үөрэх улуустааҕы салалтатыгар, спортивнай оскуолабыт дириэктэригэр Дмитрий Готовцевка. Инникитин былааҥҥа киллэрэн күрэхтэһиибитин сыл көтө-көтө оҥорорго сорук туруоруннубут, – диэтэ.
Бу күрэхтэһиигэ улууспут хамаандатын оҕолоро 21 мэтээли, сыаналаах бирииһи ылары ситистилэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БэртХараудьуордара
👍 Эрхаан Бысыин – скайранниҥҥа соҕотох саха
Саха киһитэ хараҕар соччо-бачча ойуулаан көрбөт сэдэх көрүҥэр дьарыктана сатаабат үгэстээх. Ол да буоллар, “саха сатаабатаҕа суох” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха эрдэ билбэтэҕин да анаан ылыстаҕына, син биир тугу эрэ ситиһэр. Онон мындыр, сатабыллаах, уратылаах омук быһыытынан уруккуттан сыаналанабыт.
Эрхаан Бысыины оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, бу уол кэлин Арассыыйа таһымнаах спортсмен буолуо диэн ким да таайа санаабатах буолуохтаах. Спортка оннук улахан ситиһиитэ суоҕа. Ол бэйэтэ билигин идэтийбит спортсмен быһыытынан скайранниҥҥа дойду бастыҥнарын кэккэтигэр сылдьар. Бу көрүҥҥэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Куубагын хаһаайына, альпинизмҥа, спортивнай туризмҥа уонна скайранниҥҥа РФ спордун маастара. Онон бүгүн суруналыыс Афанасий Копырин уонна Эрхаан Бысыин сэһэргэһиилэрин сэҥээриҥ👉 https://мюрюгазета.рф/erhaan-bysyin-skajranninna-so5otoh-saha/
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Валерий Данилов Бэрт Ууһуттан «ССРС спордун маастара» ааты бастакынан ылбыта
Сахалар былыргыттан күүстээх-уохтаах, дириҥ санаалаах дьону холобур оҥостоллоро, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ыччаттарын оннук тыыҥҥа уһуйаллара. Онон киһи үтүө аатыттан ордук уһун үйэлээх туох да суох. Киһи киһиттэн үөрэнэн киһи-хара буолар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уһуйуллан олоҕу салгыы сайыннарар.
Биһиги кылааспытыгар успуорт мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара. Ол биһиги физрукпут, уруккута сахалартан биллиилээх гимнаст Афанасий Гаврильевич Колодезников айымньылаах үлэтин түмүгэ. Ону биир биһиги кылааспытыттан түөрт уол физрук идэтин талбыта туоһулуур. Олортон саамай бастыҥ ситиһиилээхтэрэ Валерий Данилов 23 сааһыгар көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастара буолбута.
Сиһилии методист учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Миитэрэй Стручков
👉БАТТАА