УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.7K photos
3.11K videos
10 files
5.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
👍 Бороҕоҥҥо «Мүрүчээнэ» уһуйаан үлэтин тэтимнээхтик саҕалаата

«Мүрүчээнэ»оҕо тэрилтэтин кэлэктиибэ саҥа үөрэх дьылын оскуола иннинэ үөрэхтээһиҥҥэ саҥа уларыйыыга сөп түбэһиннэрэн үлэбитин саҕалаатылар. Бу туһунан бас иитээччи Анна Алексеева кэпсээтэ:

– Ол курдук кырачааннары иитиигэ-үөрэтиигэ сүрүн үөрэтэр бырагыраамабытын Федеральнай үөрэтэр бырагыраамаҕа уларыта тутан саҥалыы торумнаатыбыт. Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарыгар сэбиэдиссэй э.т. Светлана Рожина наставничество туһунан, республикатааҕы көрүү-күрэс финалиһа учуутал-логопед Ульяна Омукчанова үлэтин уопутун билиһиннэрдилэр.

Билии күнүн көрсө «Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго бэлэх» акцияҕа кыттыһан үлэһиттэрбит уонна СВОҕа сылдьар,элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоругар бэлэх туттаран үөртүбүт.

Бэҕэһээ, бүгүн төрөппүттэргэ анаан Аһаҕас аан күннэрэ ыытылла тураллар. Төрөппүттэр эрдэ суруттаран оҕолорун илдьэ кэлэн детсад ис туругун билистилэр, специалистарга консультацияҕа сырыттылар. Иитээччилэрбит, эбии үөрэхтээһин педагога, музыкальнай салайааччы оҕолору оонньоттулар, аралдьыттылар. Бэҕэһээҥи күн түмүгүнэн биир төрөппүт оҕотун сырытыннарарга сайабылыанньа суруйда, хас да төрөппүт толкуйданыахпыт диэтилэр. Дьэ маннык үлэбит-үөрэхпит салгыы баран иһиэҕэ.


☑️ https://мюрюгазета.рф/44706-2/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күһүҥҥүкиһикүлбүтүнэн

👍Отон кэһиилээх оҕолорго махталлаахпын

Халлааммыт барахсан бэҕэһээ киэһээҥҥи халыҥ былытын кыйдаан, бүгүн сайыҥҥылыы сылаас, күннээх күнүнэн барыбытын күндүлээтэ. Күһүҥҥү быйаҥыттан дьиэҕэ олорооччулары матарбата.

Ол курдук олохтоох оскуола оҕолоро, чуолаан 9 кылаас үөрэнээччилэрэ, күргүөмүнэн тахсан ыраас салгынынан тыынан, күһүҥҥү айылҕаҕа дуоһуйа кэпсэтэн, оонньоон-көрүлээн, отонноон элбэҕи билэн-көрөн, айылҕа кэрэтин кэрэхсээн, тэҥинэн үтүө дьыаланы оҥорон, отон кэһиилээх кэлбиттэриттэн махтанабын👍👍

Оҕолорго ситиһиини, доруобуйаны баҕарабын. Бу курдук кэлэктиибинэн сынньаныы, үлэ доҕордоһууну кытаатыннарар, или-эйэни олохтуур.

Дьоллоох оҕо сааһы баҕарабыт. Оскуола кэлэктиибигэр эмиэ махтал, үлэҕит тахсыылаах буоллун!

✍️ Бары үчүгэйи кытта Анна Винокурова. Курбуһах нэһилиэгэ

☑️ https://мюрюгазета.рф/oton-kehiileeh-o5olorgo-mahtallaahpyn/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп 💫

Балаҕан ыйын 6 күнэ🍃
🍂

Хой ♈️

Наадалааҕы, наадата суоҕу барытын сүрэххэр олус чугастык ылынаҕын, ол онтон бэйэн эрэ сордоноҕун

Оҕус ♉️

Иккис төгүл хатылаан оҥорор ардыгар туһалаах буолар

Игирэлэр ♊️

Дьон олоҕор орооһума, айдаан тахсар түгэнигэр тиһэҕэр эн буруйдаах буолуоҥ

Рак ♋️

Хайдах да түгэҥҥэ ууттан кураанах тахсар киһини дьон сөбүлээбэт

Хахай ♌️

Эти-хааны чэбдигирдэр, доруобуйа туһунан саныыр бириэмэ кэлбит

Кыыс ♍️

Кимиэхэ да хом санааны тутума, хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор табыгастаах өттүн тала сатыыр

Ыйааһын ♎️

Дьон кириитикэтин истэн кыйаханан ылыаҥ, ол эрээри ити түгэн эйигин саҥа дабайыыларга кынаттыа

Скорпион ♏️

Хас биирдии киһи бэйэтигэр барыстаах өттүн толкуйдуур, уопсай дьыалаҕа биир тылы буларга утары хардыы оҥордоххо эрэ табыллар

Охчут ♐️

Дьон бэйэтин сыыһатын билиммэт буоллаҕына, эйигиттэн үчүгэй сыһыаны ирдиирэ табыллыбат

Чубуку ♑️

Эн уустук кэмҥэр күүс-көмө буолар киһигин ууга-уокка быраҕыма, утары көмөлөс

Күрүлгэн ♒️

Төһө да омуннаах буолларгын, дьоҥҥо хом санааны өр туппаккын, чуолаан таптыыр киһигэр

Балыктар ♓️

Бэйэҥ кыһалҕаҕын бэйэҥ быһаарарга үөрэн
Президент Российской Федерации Владимир Владимирович Путин сегодня провел совещание по реализации программы развития дальневосточных городов – Анадыря, Магадана и Якутска.

Мастер-план Якутска - настоящий вектор развития столицы нашей республики. Сегодня Президентом страны даны прямые поручения по строительству мостов через реки Лена и Алдан, Жатайской судоверфи, кинопавильона полного цикла, нового корпуса Высшей школы музыки и расселению аварийного жилья города Якутска. Это то, что необходимо для комфорта жителей и гостей столицы республики, ее дальнейшего социально-экономического развития.

Выражаю огромную благодарность нашему Президенту за поддержку и содействие в развитии столицы нашей республики!

#ВместеТолькоВперёд

t.iss.one/aisen_nikolaev
Владимир Путин поручил установить сроки окончания работ по строительству мостов в Якутии

💠Впереди большая работа по комплексному развитию дальневосточных городов. К решению предстоящих задач нужно приступать как можно быстрее, отметил Президент РФ Владимир Путин в ходе совещания по развитию городов Дальнего Востока.

↪️ https://ulus.media/2023/09/06/vladimir-putin-poruchil-ustanovit-sroki-okonchaniya-rabot-po-stroitelstvu-mostov-v-yakutii/

@ulusmedia
Владимир Путин поручил завершить строительство Высшей школы музыки в Якутии до 2026 года

🎼🎻Такое поручение дал Президент России Владимир Путин в ходе совещания по развитию дальневосточных городов.

💬«Прошу Правительство взять под контроль завершение строительства комплекса зданий Высшей школы музыки в Якутии, чтобы талантливые ребята могли учиться в современных, комфортных условиях».

❤️ t.iss.one/ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Курбуһахтар Ил Түмэн депутатыгар кандидат Евгений Кривошапкин бырагырааматын биһирээтибит

Курбуһах – Уус Алдан улууһун нэһилиэгэ, киинэ Уус Күөлэ, территориальнай бас билиигэ Окоемовка уонна Балаҕаннаах киирсэллэр. Улуус кииниттэн 73 км илин диэки сытар. Курбуһахтан биллиилээх литературовед учуонай, идэтийбит фольклорист, олоҥхо чинчийээччитэ, Саха АССР саахымакка бастакы чөмпүйүөнэ Пухов Иннокентий Васильевич, биллиилээх саха муосчута, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга Аммосов Терентий Васильевич, Үлэ Геройа Николай Дмитриевич Бурнашев, Ленин уордьаннаах сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Федорович Аммосов, Социалистическай Үлэ Геройа Бурцева Елизавета Ивановна, филология билимнэрин кандидата, терминограф Оконешников Егор Иннокентьевич, саха норуотун тапталлаах бэйиэтэ Баал Хабырыыс төрүттээхтэр. Билигин олох бары араҥатынан сайдыыны түстэһэр эдэрдэр кэккэлэрэ хаҥыыр.

Курбуһах өссө биир уратытынан манна сис ыал элбэх. “Көмүс кинигэ” диэн өр сылларга бииргэ олорбут ыалларга анаммыт кинигэ баар. Бу – нэһилиэк кэскиллээҕин туоһута.Дьэ, маннык историялаах нэһилиэк олохтоохторо аҕыйах хонугунан улахан суолталаах быыбардарга кыттаары бэлэмнэнэбит. Ил Дархаммытын, Ил Түмэҥҥэ депутаппытын, улууспут баһылыгын талыахпыт.

Ил Түмэн депутатыгар кандидат Евгений Кривошапкин биһиэхэ үстэ кэлэ сырытта. Бу кини быыбардааччыларын, олохтоох дьону убаастыырын, биһиги этиилэрбитин истиэн уонна чахчы үлэлиэн баҕарарын көрдөрөр диэн тус бэйэм сыаналыыбын. Быыбар иннинээҕи ыытар үлэтин олох сыныйан көрдүм, туох тыллаах-өстөөх, толкуйдаах киһи эбит диэн. (Салгыы комментарийдарга)

** Саха Өрөспүүбүлүкэтин VII ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) Бороҕоннооҕу 29-с №-дээх биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка “Сиэрдээх Арассыыйа – Патриоттар – Кырдьык иһин” бэлитиичэскэй баартыйаттан депутакка кандидат Кривошапкин Евгений Дмитриевич быыбар иннинээҕи фондатыттан төлөннө.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
После 10 сентября каждый якутянин будет жить по другим правилам и при обновленной власти. Скажите, вас устраивает все что сейчас происходит? Вам надоели вечно поднимающиеся тарифы ЖКХ, высокие цены на продукты, низкие зарплаты, отсутствие внимания к малоимущим и инвалидам?

8,9, 10 сентября в Якутии состоятся выборы разных уровней. Голосуй за ЛДПР, и ты узнаешь, как честная власть способна заботиться о якутянах.

** Агитационный материал опубликован за счет средств избирательного фонда ЯРО ЛДПР - ЛИБЕРАЛЬНО-ДЕМОКРАТИЧЕСКОЙ ПАРТИИ РОССИИ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM