#үлэкиһитэ
⏺ Будимир Крылов айанын суола дьон махталынан арыалланар
Улууспут биир уопуттаах суоппарын Будимир Крылову билбэт киһи, бука, аҕыйаҕа буолуо. Будимир Николаевич ыытар автобуһугар тобус-толору оҕолоох, үгүс киһилээх айаннаан иһэрин уулуссаҕа, суолга-иискэ үгүстүк көрөбүт. Кини үөрэхтээһин эйгэтигэр сыстан, оҕону, дьону таһыы үрдүк эппиэтинэстээх үлэтин чиэстээхтик сүгэр.
“Кыра эрдэхпиттэн тиэхиньикэни сэргии, сэҥээрэ көрөрүм. Массыына уруулугар олорорбун үгүстүк оҥорон көрөрүм. Ол санаабын, суоппар үөрэҕэр уһуйуллан, улахан массыыналар суоппардара буолан ситистим дии саныыбын”, – диэн Будимир Крылов кэпсээнин саҕалыыр. Ол оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаата туолан, күн бүгүн кини туһунан улуус үөрэхтээһинин эйгэтигэр, итиэннэ бииргэ үлэлээбит араас эйгэ үлэһиттэрэ киэн тутта кэпсииллэрэ саарбахтаммат.
✍️ Ольга Шепелева
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/budimir-krylov-ajanyn-suola-don-mahtalynan-aryallanar/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Улууспут биир уопуттаах суоппарын Будимир Крылову билбэт киһи, бука, аҕыйаҕа буолуо. Будимир Николаевич ыытар автобуһугар тобус-толору оҕолоох, үгүс киһилээх айаннаан иһэрин уулуссаҕа, суолга-иискэ үгүстүк көрөбүт. Кини үөрэхтээһин эйгэтигэр сыстан, оҕону, дьону таһыы үрдүк эппиэтинэстээх үлэтин чиэстээхтик сүгэр.
“Кыра эрдэхпиттэн тиэхиньикэни сэргии, сэҥээрэ көрөрүм. Массыына уруулугар олорорбун үгүстүк оҥорон көрөрүм. Ол санаабын, суоппар үөрэҕэр уһуйуллан, улахан массыыналар суоппардара буолан ситистим дии саныыбын”, – диэн Будимир Крылов кэпсээнин саҕалыыр. Ол оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаата туолан, күн бүгүн кини туһунан улуус үөрэхтээһинин эйгэтигэр, итиэннэ бииргэ үлэлээбит араас эйгэ үлэһиттэрэ киэн тутта кэпсииллэрэ саарбахтаммат.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ
⏺ Олохтоох урбааҥҥа бастакылартан биирдэстэрэ
Балаҕан ыйын 21 күнэ өрөспүүбүлүкэҕэ Урбаанньыт күнэ. Улууспутугар биир олохтоохтук тэринэн үлэлиир, сүһүөҕэр турбут тэрилтэлээх урбаанньытынан Гавриил Шелковников буолар. Кини 2000 сылларга улууспутугар өҥөнү оҥоруу, тэрийии саҥа атаҕар туран эрэр кэмигэр хааччыйыы эйгэтигэр биир бастакынан үлэтин саҕалаабыт предприниматель буолар. Онтон ыла 20-чэ сыл устата сынньанары билбэккэ, сылтан сыл кэҥээн, улуус дьонугар үгүс үлэ миэстэтин таһааран, меценат быһыытынан успуорду, ол иһигэр оҕо успуордун, култуурунай тэрээһиннэр ыытыллалларын өйөөн, ону сэргэ Мүрү нэһилиэгиттэн улуус Мунньаҕын дьокутаатынан үһүс төгүлүн талыллан, таһаарыылаах үлэ үөһүгэр сылдьар.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/olohtooh-urbaanna-bastakylartan-biirdestere/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Балаҕан ыйын 21 күнэ өрөспүүбүлүкэҕэ Урбаанньыт күнэ. Улууспутугар биир олохтоохтук тэринэн үлэлиир, сүһүөҕэр турбут тэрилтэлээх урбаанньытынан Гавриил Шелковников буолар. Кини 2000 сылларга улууспутугар өҥөнү оҥоруу, тэрийии саҥа атаҕар туран эрэр кэмигэр хааччыйыы эйгэтигэр биир бастакынан үлэтин саҕалаабыт предприниматель буолар. Онтон ыла 20-чэ сыл устата сынньанары билбэккэ, сылтан сыл кэҥээн, улуус дьонугар үгүс үлэ миэстэтин таһааран, меценат быһыытынан успуорду, ол иһигэр оҕо успуордун, култуурунай тэрээһиннэр ыытыллалларын өйөөн, ону сэргэ Мүрү нэһилиэгиттэн улуус Мунньаҕын дьокутаатынан үһүс төгүлүн талыллан, таһаарыылаах үлэ үөһүгэр сылдьар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Үлэкиһитэ
⏺ Үйэ аҥаара кэриҥэ астаан үөрдэр Акулина Ноговицына
Өрөспүүбүлүкэ элбэх биллэр, улахан спортсменнара кини иҥэмтиэлээх минньигэс аһын аһаан аастахтара. Үйэ аҥаарыттан ордук 54-с сылын сылайары аахсыбакка күн бүгүнүгэр диэри үлэ үөһүгэр сылдьар Мындаабатааҕы спортивнай оскуола интэринээтин 5 эрэсэрээттээх повара, завхоһа Акулина Ноговицынаны идэтигэр бэриниилээх, чахчы Үлэ киһитэ диэн этиэххэ сөп.
Акулина Ивановна Тиит Арыы бөһүөлэгиттэн II Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх. Оччотооҕуга оскуола кэнниттэн бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн, совхозка ыанньыксытынан, бэтэринээринэн үлэлээбит. Онтон 1981 сыллаахха кийиит буолан Мындаабаҕа көһөн кэлиэҕиттэн ыла, повар кууруһугар үөрэнэн, бастаан Райпотребсойуус МТС тэрилтэтин улахан остолобуойугар, онтон интэринээккэ үлэҕэ киирэн, оччоттон-баччаҕа диэри поварынан, остолобуой сэбиэдиссэйинэн ситиһиилээхтик, дьонун-сэргэтин махталын ылан үлэлии-хамсыы сылдьар.
🏃 Сиһилии манна аах👈

Валентина Варламова айымньылаах үлэтэ уостубат
Валентина Романовна Варламова “Мүрү чуораанчыктара”, “Көлүөнэ көрсүһэр түгэнэ”, “Икки сулустар”, “Күлүү – сүрэх эмчитэ”, Мария, Аким Бурцевтар ааттарынан кэргэннии дуэттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин, о.д.а. үгүс сүрүн бырайыактар ааптардара буолар.
Маны сэргэ улуус улахан тэрээһиннэрин: Дьокуускайга Уус Алдан улууһун күннэрин, сыл бастыҥнарын, култуура лауреаттарын, улуус, Мүрү нэһилиэгин баһылыктарын инаугурацияларын солбуллубат сценариһынан бу сылларга эҥкилэ суох үлэлээн кэллэ.
Курбуһах, Мүрү нэһилиэктэрин, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын тэрийээччи исписэлииһэ Валентина Варламова бу эйгэҕэ үгүс саҥа сүүрээни киллэрбит, хорутуулаах, ситиһиилээх үлэлээх улуус култууратын ытык бэтэрээнэ, эрэллээх байыаһа буолар.
✍️ Екатерина Захарова
Салгыытын саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/valentina-varlamova-ajymnylaah-ylete-uostubat/

💐 Бэриниилээх сиэстэрэ Наталья Охлопкова
Медицинэ эйгэтигэр уһуннук, бэриниилээхтик үлэлии сылдьар исписэлиистэр үгүстэр. Кинилэр бука бары улууспутугар медицинэ сайдыбыт историятын бэйэлэрин үлэлэринэн көрдөрөр дьон буолаллар. Хас биирдиилэрэ уһуннук үлэлээбит буолан, кинилэр – биһиги олохпут суолугар көрсөн ааспыт, көмөлөспүт, өрүһүйбүт махтанар, ытыктыыр дьоммут. Оннук бары кэриэтэ билэр үлэһиппитинэн узи кабинетын сиэстэрэтинэн үлэлиир СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Наталья Охлопкованы ааттыахха сөп.
Кини медицинэ эйгэтигэр үлэлээбитэ уопсайа 35 сыл буолла.
— Инфекционнай отделениеҕа старшай сиэстэрэ Альбина Голикова, кинини сэргэ Клара Попова, Лидия Олесова курдук өр сылларга үлэлээбит уопуттаах үлэһиттэрдээх кэлэктиипкэ түбэспитим иһин дьылҕабар махтанабын. Валентина Ховрова, Марианна Троева, Марианна Егорова, Матрена Бурнашева диэн оччолорго эдэр кыргыттарым билигин ыстаастаах, уһуннук бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрим. Отделениебытыгар эмиэ уһуннук үлэлээбит санитаркалардаах этибит. Ол курдук, доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Посельскаяны кытта дьуһуурустубаҕа бииргэ турдахха, киһи эрэх-турах сананара. Өрүү аттыгар сылдьан, ыарахан ыарыһахтары көрүүгэ улаханнык көмөлөһөрө, бастакы дьуһуурустубаларбар элбэҕи ыйан-кэрдэн биэрбитэ. Кэлин олус үчүгэй, эп-эдэр санитарка кыргыттарым көмөлөрө элбэх буолара. Ыалдьыбыт кыра оҕо киирдэҕинэ тымырын булуута диэн баара, онно кыргыттарым Сардана Босикова, Света Егорова, Сардаана Сивцева, Саргы Избекова сөпкө тутан-хабан, тэбис тэҥҥэ сылдьыһан көмөлөһөллөрө. Инфекционнай отделениеҕа сэбиэдиссэйдэрим Вячеслав Бугаевы, онтон Галина Сивцеваны кытары, холку майгылаах, киэҥ билиилээх, үтүө дьону кытары үлэлээбиппин күндүтүк саныыбын, — диэн Наталья Афанасьевна аан бастаан үлэ үөрүйэхтэрин ылбыт сылларын истиҥник, үөрэ, махтана ахтар.
✍️ Екатерина Захарова
🏃 Сиһилии саайтка👈

👍 Прокопий Степанов дьылҕатын нэһилиэнньэ тосту уларыппыта
Үлэ уонна ИДьМ бэтэрээнэ, отставкаҕа олорор полиция подполковнига Прокопий Степанов бастакы идэтэ бэтэринээр-быраас. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар мискиллэ сылдьыбыт үрдүк үөрэхтээх киһини оччотооҕу нэһилиэнньэ туруорсуутунан, сопхуос бэрэссэдээтэлин мэктиэтинэн милицияҕа үлэҕэ ыыппыттара. Онтон ыла кини олоҕо тосту уларыйбыта.
🏃 Сиһилии манна аах👈
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Үлэ уонна ИДьМ бэтэрээнэ, отставкаҕа олорор полиция подполковнига Прокопий Степанов бастакы идэтэ бэтэринээр-быраас. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар мискиллэ сылдьыбыт үрдүк үөрэхтээх киһини оччотооҕу нэһилиэнньэ туруорсуутунан, сопхуос бэрэссэдээтэлин мэктиэтинэн милицияҕа үлэҕэ ыыппыттара. Онтон ыла кини олоҕо тосту уларыйбыта.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ
💪 Гена аҕатын туйаҕын хатаран муус үлэтин кыайда
Анал байыаннай дьайыыга дойдутун туһугар олоҕун толук уурбут Гаврил Попову суохтаабыт киһи үгүс буолуохтаах. Кини бу кэмнэргэ УАЗ-бортобуой массыынатынан Мүрү нэһилиэгин тилийэ көтүтэн, нэһилиэнньэ туһугар тигинэччи үлэлии-хамсыы сылдьар буолуохтаах этэ...
Онуоха кини үлэтин салгыам диэн соругу ылыммыт, аҕатын батыһа сылдьан үлэ үөрүйэҕэр уһуйуллубут баара-суоҕа 17 саастаах уола Гена Попов аҕатын массыынатынан, аҕатын табаарыстарын кытта муус ылан, тиэйэн биэрэн дьон махталынан кынаттанар.
Ыал улахан оҕото, инникигэ эрэллэрэ, дурда-хахха киһилэрэ Гена Уус Алданнааҕы техникумҥа үөрэнэр. Сынньалаҥа буолла да, Бороҕонугар кэлэн дьиэтигэр-уотугар көмө буолар, дьиэ кэргэнин көрөр-истэр тутаах киһилэрэ.
Геннадий Попов дьоһун киһи аатын сүгэн аҕатын ааттатар үтүө үлэһит, дьиэ кэргэнин, биир дойдулаахтарын киэн туттуута буола улаатыа, сайдыа диэн эрэнэбит.

🌷 Мүрү, I Хоро нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Светлана Михайловна Бурцева Мүрү алаас саамай кэрэ сириттэн, солко суугунуур хатыҥнардаах Чараҥ бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Аан бастаан педагогическай үлэтин 1985 сылтан үөрэммит оскуолатыттан саҕалаабыта. В.Н. Мигалкин аатынан пионерскай дружина старшай пионербаһаатайынан үлэҕэ завуч Ольга Иннокентьевна Неустроева уонна дириэктэр Иван Афанасьевич Алексеев ылбыттара.
Онон кинилэр үөрэнээччилэрэ педагог, учуутал буоларыгар тирэх уурбуттара, ииппиттэрэ-үөрэппиттэрэ. Салгыы саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ. Чараҥ оскуолатыгар бииргэ үлэлиир дьоно үксэ үөрэппит учууталлара этилэр: Клара Неустроева, Анна Алексеева, Вера Бурцева, Николай Бурцев, Зинаида Стрекаловская буолан кинини элбэххэ уһуйбуттара, такайбыттара. Алын сүһүөх кылааска үөрэппит учуутала, пионербаһаатайа Клара Афанасьевна киниэхэ олоҕун устатын тухары настаабынньык буолбута. Үлэ үөһүгэр алтыспыт дьоно Григорий Бурцев, Елизавета Попова, Надежда Свинобоева, Тамара Крылова күн бүгүнүгэр диэри билсэр үтүө сүбэһиттэрэ.
✍️ Екатерина Захарова
🏃 Сиһилии манна аах👈
✅ #uamurusahargata @ulusmedia

⏺ Өбүгэ оонньуутун сайыннарбыт Баатаҕай физруга Николай Николаев
Норуот үөрэҕириитин туйгуна, Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, учууталлар Учууталлара, СӨ үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ Николай Адамович Николаев үгүс ыччаты, оҕону спорт эйгэтигэр угуйбут, сыһыарбыт, бэйэтинэн улахан холобур буолбут энтузиаст учуутал. Өбүгэбит төрүт оонньуулара спорт көрүҥнэригэр киирсэн киэҥник тарҕаналларыгар улахан кылаатын киллэрбит, улуус, өрөспүүбүлүкэ спортивнай олоҕор биир инники күөҥҥэ турар, киэн туттар тириэньэрбит, уһуйааччыбыт, спорду тарҕатааччыбыт.
Кини 1971 сылтан учууталынан үлэлээбит буолан, педыстааһа барыта үйэ аҥаарыттан ордук – 52 сылга тэҥнэһэр. Маннык уһун, таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэ суола дэбигис киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт, дьылҕаҕа таба тайаныы, табыллыы, аналы булуу дьол буоллаҕа.
✍️Екатерина Захарова
Сиһилии: мюрюгазета.рф👈

Сиһилии: мюрюгазета.рф
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM