УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Дабаадыма лааҕырын иккис сезона үөрүүлээхтик арылынна

От ыйын 4 күнүгэр Дүпсүн нэһилиэгиттэн тэйиччи турар кэрэ айылҕалаах Дабаадыма сирин Бэс күөлүгэр "Кустук" лааҕыр II-с сезона оҕо чуор-куолаһынан чугдааран, үөрүүлээхтик аһылынна.

Тэрээһиҥҥэ оскуола дириэктэрэ Андрей Дмитриевич Сыроватскай оҕолорго анаан эҕэрдэ тылын эттэ, лааҕыры бырайыактаан үлэҕэ киллэрбит энтузиаст учуутал Гаврил Гаврильевич Сивцевкэ оскуола уонна лааҕыр коллективын аатыттан махтанан туран эҕэрдэ суругу, сэмэй бэлэҕи туттарда.

Лааҕыр иитиллээччилэрэ 3 этэрээккэ арахсан, визиткаларын, эҕэрдэ нүөмэрдэрин бэлэмнээн, кэлбит ыалдьыттары ытыс дохсун тыаһынан көрүстүлэр.

Техническэй хайысхалаах "МикроАрдуино" сезон начальнигынан эбии үөрэхтээһин педагога Ольга Протопопова, иитээччи педагогтар Иван Иванов, Максим Свинобоев, педколледж устудьуона практикант Михаил Жирков, повар А.А. Дмитриева, медицинэ үлэһитэ Р.В. Сивцева кыһамньылаахтык үлэлииллэр.

✍️ Ольга Протопопова
📸📹 Иван Иванов
#астык

Тумул бөһүөлэгин эбэтигэр куба кэлэн түспүтэ үс хоммут
😍🦢

Бөһүөлэк олохтоохторо бу мааны көтөрү "өссө маннык бөһүөлэктэн чугас түһэ илигэ" диэн этэллэр.

«Уу кытыытынан көтөрдөрү иитэр ыал олорор буолан, ол иһин арахсыбат быһылаах», - дииллэр эбит.

Онон бу күннэргэ Тумул олохтоохторо айылҕа мааны көтөрүн сэмээр кэлэн, чугастан астына-дуоһуйа көрөн, сэргээн бараллар👏👍🤩🦢


@murusahargata
@ulusmedia
#БэртХараудьуордара

Улууспутугар буолан ааспыт успуорт өрөгөйдөөх күннэрин - Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын чаҕылхай, умнуллубат түгэннэриттэн өссө төгүл өйдөөн-санаан ылыаҕыҥ!💪🔥

Туругурдун спорт, доҕордоһуу, эйэ!🌿🌿🌿