#санааситимэ
Кылгас сайыммытыгар ханна сынньанаҕын?
Уһун, тымныы кыһын кэнниттэн дьон-сэргэ уоппускаҕа, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥҥа баран, саҥа сэниэ-күүс ылар ураты кэммит үүннэ.
Төһө даҕаны быйыл сайын эмискэ куйааһырар, тымныйар ураты күннээх-дьыллаах буоллар, сынньалаҥмытын үгүспүт умнуллубаттык, туһалаахтык атаарар баҕалаах, былааннаах буолуохтаахпыт, онон оҕолортон, ыччаттан, олохтоохтортон сайыҥҥы сынньалаҥнарын хайдах атааран эрэллэрин туһунан туоһуластыбыт.
Сусанна Замятина, Мүрү нэһилиэгэ:
- Мин сайыҥҥы сынньалаҥмар ийэбэр оҕуруоту, сибэккилэри көрөргө көмөлөһүөхтээхпин уонна сир аһа бустаҕына тыаҕа тахсыам. Өссө дэриэбинэҕэ аймахтарбар тахсан от үлэтигэр көмөлөһөөрү бэлэмнэнэ сылдьабын. Доҕотторбун, кытта сөтүөлүөм, сынньаныам, ирэ-хоро кэпсэтиэм диэн былааннаахпыттан үөрэбин.
✍️ Сайыына Черкашина, “Мүрү саһарҕата” хаһыат практикана

Сир аһын хомуйдуҥ дуо?
Саха дьоно оту-маһы, сир аһын уруккуттан үргүүр, аска-үөлгэ туттар үгэстээхпит. Ол курдук, бэс ыйын саҥатыгар тума оҥостоору чучунаах үргээччи хонууга дэлэйээччи. Оттон сайын ортотуттан дьэдьэн, хаптаҕас ситэн барыанньа оҥостоору аны ону үргүүр кэм кэлэр. Быйыл сир аһа үүммүт дииллэр. Өлгөмнүк үүммүт сирин таба тайаммыттар дьэдьэни кыайбыттар диэн кэпсииллэр. Хаптаҕас эмиэ ситэр кэмэ. Дьэ, ким тугу үргээбит эбитий?
Александра Молокотина,
Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо:
- Сир аһын оннук үлүгэр хомуйар буолбатахпын, дьиэм иһинээҕи дьоммун дьаһайан ыытабын. Дьон дьэдьэннээн эрэллэр үһү диэни истэн тахса сылдьыбыттара да, ситэ илик эбит. Бу кэлэр өрөбүллэргэ үчүгэй буолсу. Ол иһин чугас сирдэргэ сылдьан сүөгэйгэ, күөрчэххэ кутарга диэн кыраны үргүүллэр. Түүнүн наһаа сөрүүкүүр. Онон тымныырҕатан бытаарда быһыылаах. Хата хаптаҕас үргүүргэ сөп буолбут дииллэр.
✍️ Туоһуласта Афанасий СЕКТЯЕВ
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️

Оҕуруотчут, үүнүүҥ хайдаҕый?
Быйыл өҥ дьыл буолла. Саас халаан уута тоҕо анньан кэлбитэ, бэс ыйыгар ардахтар сири ньүөлсүппүттэрэ. Ходуһаларга от өрө анньан үүннэ. Сир аһа дэлэччи таҕыста, дьон-сэргэ үөрэ-көтө хаһаанан эрэр. Онон буоллаҕына оҕуруот аһа эмиэ ситэн эрдэҕэ. Арай от ыйын ортото эмискэ куйаара туран, тымныйан сибэкки ситэригэр, оҕуруот аһа буһарыгар бытаарбыт буолуон сөп.
Дьэ, онуоха уопуттаах оҕуруотчуттар таба туттан, хайаан да үүнүүнү ылар туһугар үлэлэспит буолуохтаахтар. Кинилэртэн быйылгы оҕуруоттарын туругун, эбии аһатар ньымаларын туһунан туоһуластыбыт.
Мария Третьякова, Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо
Быйыл аҕыс ук оҕурсулаахпын, онтон биир быһыыга 10-12 устууканы ылабын, бастакы быһыыбар 20-тэн тахсаны ылбытым. Стелла, зозуля, апрельскай суортары сөбүлээн олордобун. Помидорум 15 ук, өссө укроп, морковь, сүбүөкүлэ, эриэппэ лук, хортуоппуй олордобун.
✍️ Екатерина Захарова, Афанасий Копырин
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/102576

Суол оҥоһуутугар бэйэбит ыччаппыт үлэлиир👍
Айтал Никифоров, 15 саастаах, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ:
– Дьоммор көмө буолаары илии-атах үлэтигэр сылдьабын. Ол курдук, астанарга оттук мас бэлэмнээһинэ, асчыкка көмөлөһүү, о.д.а. быстах-остох үлэлэри оҥоробун. Убайдарым эмиэ манна үлэлииллэр. Ыам ыйын 28 күнүттэн үлэлии сылдьабын. Ботуччу хамнас аахсарбыттан астынабын.
Прокопий Горохов, Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Уус Алдаҥҥа олорор убайым суол үлэтигэр кэл диэн ыҥырбыта. Үлэбит чааһа сарсыарда 8 ч. саҕаланар. Суолу катоктуур массыынаҕа суоппардыыбын, үлэлээбитим ыйтан орто. Бастаан пресстэтэбин, ол кэннэ грейдер ааһар. Грейдер кэнниттэн суолу хат чиҥэтэн, көннөрөн биэрэбин.
✍️ Наталья Попова
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Ханнык лааҕырга сынньанныҥ?
Лааҕыр – оҕо сааска биир умнуллубат кэм буоллаҕа, сайыҥҥы сайаҕас күннэргэ аҕыйах да күн иһигэр оҕону өйдүүн-санаалыын сайыннарар, элбэххэ үөрэтэр дьикти уратылаах. Улууспут оҕолоруттан бу сайын ханнык лааҕырга сын ньаммыттарын туоһуластыбыт.
Дарина ГРОМОВА, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 4 "б" кылааһын үөрэнээччитэ:
– Дьокуускайга оҕону сынньатар уонна чэбди гирдэр "Бэс Чагда" киинин иһинэн үлэлиир "Энергетик" лааҕырыгар 21 хонукка сынньанан кэлбитим. Бу лааҕыр сүрүннээн айылҕаны харыстыырга, төрөөбүт дойдуну таптыырга, тулалыыр эйгэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга үөрэтэр. Күн аайы араас хайысхалаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биир саамай бэһиэлэй түгэнинэн бассейҥа баһаатайдарбытын кытары уунан ысыһа оонньообуппут буолар. Түгэнинэн туһанан, Мүрүтээҕи Юннатскай станция кэлэктиибигэр улахан махталбын тиэрдэбин!
✍️ Мария Аргунова
Сиһилии саайтка

💠 Устудьуоннар, сайыны хайдах атаараҕыт?
Атырдьах ыйын 12-с күнэ – Ыччат аан дойдутааҕы күнэ. Кэлэр кэми салайса, сайдыылаах олоҕу тэлээри үөрэх-билии суолун сомсо сылдьар устудьуон ыччаппытыттан сайыҥҥы сынньалаҥнарын хайдах атаара сылдьалларын, туох саҥаны, сонуну билбиттэрин ыйыталастыбыт.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/ustuduonnar-sajyny-hajdah-ataara5yt/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Атырдьах ыйын 12-с күнэ – Ыччат аан дойдутааҕы күнэ. Кэлэр кэми салайса, сайдыылаах олоҕу тэлээри үөрэх-билии суолун сомсо сылдьар устудьуон ыччаппытыттан сайыҥҥы сынньалаҥнарын хайдах атаара сылдьалларын, туох саҥаны, сонуну билбиттэрин ыйыталастыбыт.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ
💠 Оҕолорбут ханнык идэни таллылар?
Идэни сөпкө талыы, үөрэххэ киирии киһи тус олоҕор уонна дойдубут үүнэ сайдарыгар төһүү суолталаах. Атырдьах ыйа ортолоото. Кытаанах сүүмэрдээһин кэннэ үөрэх кыһаларыгар уһуйулла киирбиттэр ааттара биллэн эрэр. Биһиги улууспутуттан оҕолорбут ханнык үөрэххэ туттарсан, хайа идэҕэ киирбиттэрин туоһуластыбыт
✍️ Мария Аргунова
☑️ https://мюрюгазета.рф/44388-2/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Идэни сөпкө талыы, үөрэххэ киирии киһи тус олоҕор уонна дойдубут үүнэ сайдарыгар төһүү суолталаах. Атырдьах ыйа ортолоото. Кытаанах сүүмэрдээһин кэннэ үөрэх кыһаларыгар уһуйулла киирбиттэр ааттара биллэн эрэр. Биһиги улууспутуттан оҕолорбут ханнык үөрэххэ туттарсан, хайа идэҕэ киирбиттэрин туоһуластыбыт
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ
Саҥа салалтаттан
тугу кэтэһэҕин?
Улууспутугар саҥа баһылыгы таллыбыт. Онон буоларын курдук, салалтаҕа да саҥа хамаанда кэлиитэ олохпут көстүүтэ. Оттон нэһилиэнньэ саҥа салалтаттан син биир тугу эрэ кэтэһэр үгэстээх.
Быыбар иннинээҕи бырагырааманы сүрүн өттүлэрин өйдөөн хааланнар, ол туолуутугар баҕа санааларын этээччилэр үгүс буолуохтаахтар.
Анна ВИНОКУРОВА, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:
– Былааска, салалтаҕа ким да кэллин, олох иннин диэки барыахтаах, сайдыахтаах. Салалтаҕа кэлбит киһи быыбарга оннук санаалаах да кыттар буоллаҕа. Нэһилиэкпит сүрүн кыһалҕата суолбут мөлтөҕө буолар. Улахан айан суолуттан 50-ча км ыраах олоробут. Кыһын тоҥ кэмҥэ эрэ кыһалҕата суох сылдьабыт. Онон суолбут-ииспит тупсуон баҕарабыт. Киинтэн ититиигэ холбонуу боппуруоһа билигин да кыайтарбат.
✍️ Мария Аргунова, Афанасий Копырин
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/sana-salaltattan-tugu-ketehe5in/

Идэҥ туһунан тугу этиэҥ этэй?
2004 сыллаахха Аан дойдутааҕы шеф-пуобардар ассоциациялара алтынньы 20 күнүгэр сыл аайы пуобар күнүн бэлиэтииргэ быһаарбыттара.
Бу күн пуобардар ускуустубаларыгар күрэстэр, маастар кылаастар, лекциялар, дегустациялар ыытыллаллар эбит.
Оттон биһиги улууспутугар өр сылларга пуобарынан үлэлии сылдьар дьону сырдатан, идэлэрин туһунан
тугу этэллэрин иһиттибит.
✍️ Мария Аргунова
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://xn--80aahjj1a2au6hb.xn--p1ai/iden-tuhunan-tugu-etien-etej/

Ханнык баҕарар оҕо олоҥхолуон сөп дуо?
Олоҥхо оҕону сайыннарар өрүтэ үгүс буоллаҕа. Олоҥхолуурга айылҕаттан талаан наада дуо? Улаатан эрэр оҕону уһуйуохха сөп дуо? Билигин олоҥхону сэҥээрэр оҕолор төһө баалларый? Олоҥхо сайда барҕарарын туһугар улууспутугар өссө туох үлэни ыытыахха сөбүй? Бу үөскээбит ыйытыыларбытын олоҥхону уһуйааччылартан токкоолостубут.
Вера ТРОЕВА, Баатаҕай орто оскуолатыгар «Кылыһах» ансаамбылы салайбыта:
– Олоҥхоҕо кыраларыттан уһуйуу үөскээбит сиригэр уонна ийэ олоҥхоһуттары истии үөрүйэхтик ыытыллар буоллаҕына, олоҥхоһуттар тахсыахтарын сөп. Баҕалаах оҕо батыһа сылдьан сэҥээрэн ылынар. Оҕоттон тулуур, дьулуур ирдэнэр. Аҥаардас олоҥхону биллэрэ сатыырынан муҥурдаммакка, олоҥхоҕо тирэҕирэн кэрэҕэ-сырдыкка умсугутан оҕону киһи быһыытынан иитэри тэҥнии тутуохха наада.
✍️ Мария Аргунова
🏃 Сиһилии👈

Устудьуон доҕорум, үөрэх хайдаҕый?
Тохсунньу 25 күнэ – Россияҕа устудьуон күнэ, бу бэлиэ даата 2005 сылтан ыла дойдубутугар бэлиэтэнэр. Уус Алдан улууһугар соҕотох профессиональнай орто үөрэх кыһата Суотту Уус Алданнааҕы техникума буолар. Манна билигин барыта 205 устудьуон 9 араас хайысханан үөрэнэр.
Устудьуон күнүнэн кинилэртэн хайдах үөрэнэ сылдьалларын, инники былааннарын, бииргэ үөрэнэр доҕотторун, уһуйааччыларын туһунан ыйыталастыбыт.
Саина Соловьева, "Повар, кондитер" салаатын 3 куурсун устудьуона
– Аҕам туйаҕын хатаран повар идэтин баһылыахпын баҕарбытым. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан ас астыырбын, эбэм, ийэм хайдах астыылларын көрөрбүн олус сөбүлүүр этим. Бу үөрэҕи бүтэрдэхпэ, үрдэтинэр былааннаахпын.
Кураторбыт Алена Васильевна Охлопкова, маастарбыт Алена Михайловна Стрекаловская биһигини уһуйаллар, такайаллар.
✍️ Екатерина Захарова, Алена Стрекаловская
Сиһилии мюрюгазета.рф
✅ @uamurusahargata @uamurusahargata

#Санааситимэ
Уочараттаах сынньалаҥҥын төһө туһалаахтык атаардыҥ?
🏊♂️🌊🌼 Сыллааҕы үлэ кэнниттэн үлэттэн илистибит киһини сынньатан, уоппускаҕа ыытар – сокуон ирдэбилэ. Бу кэмҥэ ким эрэ сынньанар, сири-дойдуну көрө айанныыр, атыттар харчы эбинээри быстах үлэлииллэр, кыстыкка бэлэмнэнэн тус хаһаайыстыбаҕа үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Онуоха улууспут олохтоохторо сынньалаҥнарын хайдах, төһө туһалаахтык
атаарбыттарын сэргии ааҕыахха.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Улууспутугар өҥө, хааччыйыы эйгэтэ төһө сайынна?
Билиҥҥи кэмҥэ ханна даҕаны өҥөнү оҥоруу, хааччыйыы эйгэтэ күүскэ сайдар. Киин сирдэргэ, куораттарга нэһилиэнньэҕэ өҥө араас көрүҥүн оҥоруу күннэтэ элбиир. Этэргэ дылы, харчылаах эрэ буол – аскыттан таҥаскар тиийэ, онтон да атыны барытын сакаастан ылыаххын, оҥотторуоххун, тиэйтэриэххин, аҕалтарыаххын сөп. Оттон биһиэхэ, улууспутугар, хайдаҕый? Бу ыйытыыны улуус олохтоохторугар биэрдибит👆
мюрюгазета.рф