#кэрээйгэтэ
💠 «Кэнчээрилэр» кэрэ кэнсиэри бэлэхтээтибит
Бу күннэргэ Арассыыйа үтүөлээх образцовай «Кэнчээри» народнай ансаамбыла 51-с сылын отчуоттуур кэнсиэрин оҥордо. Кэнсиэргэ хор, үҥкүү, ВИА бөлөхтөр кытыннылар. Ону таһынан, кыра солистар – Петя Черкашин учууталларыгар махтанан, Ксюша Охлопкова «Күн бытархайын» уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар лауреттара Вика Терехова нуучча классикатын «Родина» ырыаны, Виолетта Колесова доҕотторун кытта Алябьев «Соловейын», Виолетта Омукчанова К. Герасимов «Саха сирин халлаана» ырыатын, Света Пермякова Д. Кабалевскай классика буолбут «Школьные годы» ырыатын ыллаан көрөөччүлэри долгуттулар.
Араас элбэх тэрээһин, эксээмэннэргэ бэлэм, сарсыҥҥытыгар оскуолалар ыһыахтара буолар ыктарыылаах уонна федеральнай стандарт киирдэ диэн ансаамбылга урукку курдук дьарыктанар чаас бэриллибэтэҕин үрдүнэн оҕолор син быыс булан кэнсиэрдээн дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар.
Быйылгы үөрэх дьылын 16 оҕо бүтэрэн барарынан бэлэх-туһах бэрсэн, ырыанан-үҥкүүнэн эҕэрдэлэһэн выпускниктары алҕаан атаардыбыт. Олортон хас да оҕо култуура хайысхалаах үөрэххэ баралларын биллэрдилэр.
Вероника Гоголева РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Дьячковская анал стипендиятын тутан үөрдэ-көттө. Настя Рожина, Виолетта Местникова, Айыына Рожина, Дьулус Сивцев, Ньургуйаана Турантаева уо.д.а. "Бүтэһик чуорааҥҥа" араас таһымнаах стипендиялары тутаннар үөрүүлэрэ үксээн үрдүккэ кынаттаннылар.
Ансаамбыл бу күннэргэ министиэристибэ ыҥырыытынан 17 сыл устата ыытыллыбатах өрөспүүбүлүкэ оҕолорун спартакиадатын Ил Дархан кыттыылаах аһыллыытыгар РФ, СӨ Гимнэрин ыллыы бараары сылдьарын бэлиэтиибин. Итини таһынан оскуолалар хордарын Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарыгар, эһиил сайын буолар "Азия оҕолоро" 8-с спортивнай оонньуулар култуурунай бырагыраамаларыгар бэлэмнэнэр сыалтан бэс ыйын 5-25 күннэригэр музыкальнай лааҕыры үлэлэтэр былааннаахпыт. Лааҕырга сылдьыан баҕалаахтар 89841018966 нүөмэргэ билсэргитигэр.
✍️ Василий Парников, ансаамбыл салайааччыта
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/98607
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
💠 "Уһуктуу" түмсүү "Күөххэ үктэннибит" литературнай марафона түмүктэннэ
Бүгүн С.Васильев-Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэҕэ улуустааҕы "Уһуктуу" литературнай түмсүү иһинэн ыытыллыбыт "Күөххэ үктэннибит" диэн ааттаах литературнай марафон түмүгүнэн кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин буолла. Күрэх ыам ыйын 15-26 күннэригэр алта түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. Бүгүн кыайыылаахтары эҕэрдэлиир тэрээһин буолла.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/98741
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Бүгүн С.Васильев-Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэҕэ улуустааҕы "Уһуктуу" литературнай түмсүү иһинэн ыытыллыбыт "Күөххэ үктэннибит" диэн ааттаах литературнай марафон түмүгүнэн кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин буолла. Күрэх ыам ыйын 15-26 күннэригэр алта түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. Бүгүн кыайыылаахтары эҕэрдэлиир тэрээһин буолла.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
💠 Охонооһой Буурсап аҕыс нэһилиэккэ олоҥхо түһүлгэтин түстүөҕэ
Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, олоҥхону толорооччу, оһуохайдьыт Охонооһой Буурсап – Бөскөй Бөҕө, олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылынан, улуус аҕыс нэһилиэгэр норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалын – олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, өбүгэбит төрүт үгэстэрин билиһиннэрэр сыалтан “Оҕустаах Охонооһой олоҥхолоох айана” бырайыагынан алгыстаах айаҥҥа турунна.
Бүгүн Афанасий Петрович Уолчаанын миинэн Хомустаах бөһүөлэгэр тиийиэҕэ, 19 чаастан олоҥхо түһүлгэтэ түстэниэҕэ.
Салгыы бэс ыйын 6 күнэ – Элэһин (Хардыы), Тумул, 7 күнэ – Саһылыкаан, 8 күнэ – Сыырдаах, 10 күнэ – Окоемовка, 11 күнэ – Уус Күөлэ. Тиһэх сир – бэс ыйын 20 күнүгэр олоҥхоһут Миитэрэй үбүлүөйүгэр анаммыт улуустааҕы Үрүҥ тунах ыһыахха Бэйдиҥэҕэ тиийэннэр бырайыактарын түмүктүүр былааннаахтар.
Онон олоҥхоһуппутугар Охонооһой Буурсапка айанын аартыктара аһаҕас, ылыммыт соруга этэҥҥэ туоларыгар, ситиһиилэх буоларыгар баҕарабыт.
✍️ Ольга Шепелева

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
💠 Аар-саарга аатырбыт олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылынан Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, олоҥхону толорооччу Афанасий Бурцев – Бөскөй Бөҕө «Оҕустаах Охонооһой олоҥхолоох айана» бырайыагынан Бороҕон нэһилиэгэр тиийбитин, олоҥхоһуту олохтоохтор хайдах көрсүбүттэрин туһунан Тумуллааҕы “Түмсүү” сынньалаҥ киинин саайтыгар таһаардылар.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
💠 “Удьуор утум ситимэ. Уус Алдан” кинигэ сүрэхтэннэ
Айылҕаттан анатыылаах, Үрдүкү Айыылартан айдарыылаах норуот уус-уран оҥоһуктарын сөргүтүүнэн дьарыктанар маастардары билиһиннэрэр кинигэ бүгүн С. Васильев – Борогонскай аатынан Уус Алданнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ сүрэхтэннэ.
Кинигэ күн сирин көрөрүгэр сыратын биэрбит, саха омук үйэттэн-үйэҕэ илдьэ кэлбит сиэрин-туомун аныгы дьоҥҥо, үүнэр көлүөнэҕэ бэйэтин тылынан тиэрдибит ааптар – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Арассыыйа айар худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, “Мындыр” түмсүү чилиэнэ, кылдьыттар “Удьуор утум” түмсүүлэрин салайар Мария Петрова – Лөгөй Кыыһа маннык кинигэ туох санааттан саҕыллан баар буолбутун билиһиннэрэн, онуоха күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьоҥҥо барыларыгар уонна ордук чорботон улуус салалтатыгар (баһылык Алексей Федотов), Олоҥхо улуустааҕы ассоциациятыгар (бэрэсс. Михаил Борисов), “Мындыр” түмсүүгэ (сал. Иннокентий Аммосов) махтал тылларын эттэ. Оттон улуус баһылыга Алексей Федотов, улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыга Иннокентий Аммосов норуот үгэстэрин, сиэри-туому билиһиннэрэр, талааннаах дьоммутун, кинилэр үлэлэрин үйэтитэр кинигэ кэнчээри ыччакка анаммыт дьоһун бэлэх буолбутун, кэм-кэрдии ааһан истэҕин ахсын суолтата өссө дириҥээн иһиэҕин бэлиэтээтилэр.
Салгыы кинигэ тутулунан, ол курдук улууспут сиригэр-уотугар төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан ааспыт норуот маастардарын ыччаттарын ааттарыттан Аким Бурцев кыыһа Саргылана Бурцева, тимир уустарын ааттарыттан Роман Готовцев – Мындыр уус, Илларион Попов, мас уустарын ааттарыттан Евгений Пестряков, иистэнньэҥнэртэн Мария Атласова – Иис Маарыйа, Ольга Колодезникова – Айыллаана Иис, Харитина Гоголева, туосчуттартан Варвара Васильева кинигэ туһунан санааларын эттилэр, ааптарга, матырыйаалы хомуйууга көмөлөспүт “Олоҥхо дьиэтэ” этно-култуурунай киин норуот айымньытын сүрүннүүр исписэлииһэ Матрена Герасимоваҕа, өйөбүл буолбут дьоҥҥо барыларыгар махталларын тиэртилэр.

💠 “Кэнчээри” ансаамбыл 51-с отчуоттуур кэнсиэрэ
Соторутааҕыта Арассыыйа үтүөлээх, образцовай “Кэнчээри” норуодунай ансаамбыл 51-с сылын отчуоттуур кэнсиэрин көрдөрдө.
Кэнсиэргэ кыра, орто, улахан оҕолор хордара, кыра, орто, улахан бөлөх үҥкүүһүттэрэ, орто, улахан ВИА бөлөхтөрө, кыра, орто, улахан саастаах солистара эксээмэннэргэ бэлэм, араас тэрээһиннэр быыстарыгар быыс булан эрчиллэн кытыннылар.
Ону таһынан “Сайыны көрсө” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Сайын” диэн норуот ырыатын В. Птицын хорга анаан оҥорбут ырыатын толорон 1 ст. лауреат буоллубут.
Быйыл "Азия оҕолорун" кыһыҥҥы иккис оонньууларыгар Кузбасстан ыҥырыы тутан 10 буолан ыллаан хайҕанан кэлбиппит.
Аны 50 сылбытын сыл буолан баран да буоллар, Опера, балет тыйаатырыгар выпускниктарбытын кытта национальнай оркестр тыыннаах доҕуһуолунан хаһан да буолбатах улахан кэнсиэри тэрийэн үрдүк сыанабылы ылан кэлбиппит.
✍️ Василий Парников
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100077

💠 Талба талааннаах иистэнньэҥ Ульяна Ушницкая
Биһиги улууспутугар уран тарбахтаахтар, талба талааннаахтар, иис дьикти абылаҥар ылларбыт кэрэ аҥаардар элбэхтэр. Олортон биирдэстэрэ Мындааба бөһүөлэгин олохтооҕо Ульяна Ушницкая буолар. Кини Мындааба бөһүөлэгин «Күнчээнэ» уһуйаанын иитээччитэ.
Ульяна Анатольевна дэгиттэр талааннаах. Ылсыбыт үлэтин тиһэҕэр тиэрдэр, сонунтан сонун, кэрэттэн кэрэ, киһи сөҕүөх олус сиэдэрэй, кыраһыабай оҥоһуктары оҥорор.
Ульяна Анатольевна оҕо сааһын ахтан кэпсиир: «Мин кыра эрдэхпиттэн ийэм иистэнэр этэ. Ол иһин ийэбин көрөн наһаа ымсыырарым. Онон маҥнайгы көстүүммүн, сэлиэччиктээх ыстааммын оскуолабын бүтэрбит сылбар ийэм быһан биэрбитинэн тиктибитим. Тигэн баран олус да астыммытым. Кэлин оҕолонон баран, ити 1997 сылларга, хамнас, харчы диэн кэлбэт, суох кэмэ этэ.
⏬⏬⏬
Салгыыта комментарийга
✍️ Сайыына Черкашина, ХИФУ литэрэтиирэҕэ салаатын 3 кууруһун устудьуона

💠 Полина Сыроватская – коллекция абылаҥар
– Биһиги аттыбытыгар араас дьарыктаах дьон элбэхтэр. Кэпсиэхпин баҕарабын Полина Ивановна Сыроватскаяны. Кини дьарыга бэйэтэ эмиэ туспа эйгэ. Кэрэни кэрэхсиир, оҕо эрдэҕиттэн сөбүлээн, умсугуйан туран аккырыыкка уонна кэмпиэт суутун мунньар эбит. Полина Ивановна улуус «Умсулҕан» коллекционердарын түмсүүтүн чилиэнэ. Мунньар эйгэтэ араас хайысхалаах.
Ордук «Арассыыйа почтата» тиэмэтигэр: массыыналары, самолёттары, вертолеттары, поездтары, араас бланкалары мунньар.
– Хаһааҥҥыттан бу тиэмэнэн мунньан саҕалаабыккыный?
– Почтаҕа үлэлии сылдьан 2019 сылтан саҕалаабытым. Бастаан тимир массыыналары, онтон куукулалары, брелоктары, сакылааттары кытта мунньан барбытым.

⏺ Кулантай мусуойа быыстапкаҕа ыҥырар
Балаҕан ыйын 14-с күнүттэн көмүс дуйунан сууламмыт хатыҥ чараҥ суугунун быыһыгар турар Кулантай аатынан литературнай мусуой төрүттэммитэ 30 сылыгар анаммыт, ааcпыт кэмнэри санатар хаартысканан быыстапканы кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырар. Быыстапка литератураны таптааччыларга, мусуой үлэтин сэҥээрээччилэргэ бэрт интэриэһинэй буолуоҕа.
Мария Аргунова
☑️ https://мюрюгазета.рф/kulantaj-musuoja-byystapka5a-ynyrar/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Балаҕан ыйын 14-с күнүттэн көмүс дуйунан сууламмыт хатыҥ чараҥ суугунун быыһыгар турар Кулантай аатынан литературнай мусуой төрүттэммитэ 30 сылыгар анаммыт, ааcпыт кэмнэри санатар хаартысканан быыстапканы кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырар. Быыстапка литератураны таптааччыларга, мусуой үлэтин сэҥээрээччилэргэ бэрт интэриэһинэй буолуоҕа.
Мария Аргунова
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
👍 Дьон, норуот биһирэбилинэн кынаттанан
Быйылгы 2023 сыл олунньутуттан “Кэнчээри” ансаамбыл аадырыһыгар киирбит, ханна да бэчээттэммэтэх дьон, норуот биһирэбил этиилэрин историяҕа киллэрээри хаһыакка бэчээттэтэргэ сананным. Оҕолорум да, үлэһиттэрим да туох суолталаах дьыаланы оҥорбуттарын кэлин хаһыаттан ааҕан биллиннэр!
✍️ Василий Парников
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/don-noruot-bihirebilinen-kynattanan/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Быйылгы 2023 сыл олунньутуттан “Кэнчээри” ансаамбыл аадырыһыгар киирбит, ханна да бэчээттэммэтэх дьон, норуот биһирэбил этиилэрин историяҕа киллэрээри хаһыакка бэчээттэтэргэ сананным. Оҕолорум да, үлэһиттэрим да туох суолталаах дьыаланы оҥорбуттарын кэлин хаһыаттан ааҕан биллиннэр!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
🤩 "Олоҥхо биһигэ" скульптуралар – норуот сомоҕолоһуутун туоһулара
“Единение” (ааптар Баатар Намжанжил, Монголия),
"Байанай" (Владимир Алманов, Богородскай к.),
“Ньургун Боотур” (Архип Скрябин, Мэҥэ Хаҥалас),
“Тымныы тыал” (Егор Степанов, Дьокуускай к.),
“Кыыс Дэбилийэ” (Дьулустаан Марков, Мэҥэ Хаҥалас, Наахара),
“Орто дойду айыллыыта” (Василий Аргунов, Нам улууһа),
“Сээркээн сэһэн” Дмитрий Максимов (Ньурба улууһа),
“Хапсыһыы” (Гаврил Иванов, Уус Алдан улууһа) мас скульптуралар паркаларын киэргэллэрэ.
Бу аҕыс оҥоһук СӨ автономиятын 100 сылыгар уонна Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын көрсө ааспыт сылга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы "Олонхо биһигэ" диэн мас скульптуралар куонкурустарыгар "Олоҥхо дьиэтэ" этно-култуурунай киин тиэргэнигэр аҕыс күн чочуллубуттара уонна билигин бу тиэргэни киэргэтэ, ыалдьыттары сөхтөрө тураллар.
Куонкуруһу биир дойдулаахпыт СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, муус, мас, хаар оҥоһуктар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын кыайыылааҕа, призера Иван Румянцев мас уустарын уонна кинилэр үлэлэрин сайыннарар, пропагандалыыр сыалтан көҕүлээбитэ.

😍 Улууспут айылҕата "чэгиэннэр" харахтарынан өссө кэрэтийэр, киэркэйэр
Кустук өҥүнэн симэммит былыттар, хаарынан сууламмыт отон, күнү кытта тэҥҥэ утуйар ньээм от, сири-дойдуну араҥаччылыыр кынат-былыттар, маска кытта ыттыбыт отоннор, о.д.а. киһи хараҕын сымнатар, сөхтөрөр улууспут кэрэ айылҕатын дьүһүйүүлэрэ Бороҕоҥҥо В.В. Никифоров аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһын дьоҕус саалатыгар быыстапка буолан кэккэлии турбуттарын сэргии-сэҥээрэ👍 👏 көрдүбүт.
Бу, эмтээх оту хомуйар, үөрэтэр соруктаах 2022 сыллаахха, "Тойон Мүрү" култуура дьиэтин иһинэн, тэриллибит "Чэгиэн" түмсүү кыттыылаахтарын төрөөбүт улууспут айылҕатын кэрэ көстүүтүн, айылҕабыт чочуйан оҥорор умнуллубат түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр үтүө дьарыктарын түмүгэ.
✍Ольга Шепелева
🏃 Сиһилии манна аах👈
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Кустук өҥүнэн симэммит былыттар, хаарынан сууламмыт отон, күнү кытта тэҥҥэ утуйар ньээм от, сири-дойдуну араҥаччылыыр кынат-былыттар, маска кытта ыттыбыт отоннор, о.д.а. киһи хараҕын сымнатар, сөхтөрөр улууспут кэрэ айылҕатын дьүһүйүүлэрэ Бороҕоҥҥо В.В. Никифоров аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһын дьоҕус саалатыгар быыстапка буолан кэккэлии турбуттарын сэргии-сэҥээрэ
Бу, эмтээх оту хомуйар, үөрэтэр соруктаах 2022 сыллаахха, "Тойон Мүрү" култуура дьиэтин иһинэн, тэриллибит "Чэгиэн" түмсүү кыттыылаахтарын төрөөбүт улууспут айылҕатын кэрэ көстүүтүн, айылҕабыт чочуйан оҥорор умнуллубат түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр үтүө дьарыктарын түмүгэ.
✍Ольга Шепелева
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
🎶 "Мүрү" куонкурус өрөспүүбүлүкэ ыччатын күүтэр
Ылбаҕай ырыа үгэс буолбут түһүлгэтэ "Мүрү" куонкурус ыытыллан кэлбитэ быйыл 45 сыла. Онон сэтинньи 30 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ ырыа куттаах талааннаах дьонун Бороҕон сэлиэнньэтигэр аһаҕас куонкуруска күүтэбит.
Билигин бэлэмнэнии үгэннээн турар кэмэ. Улуус имиджин оҥорууга туһуламмыт бөлөх, "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ, ырыа куттаах ыччат мустан куонкуруска ыҥырар угуйугу уһуллулар.
Маныаха устууга көмө буолар видеоспиннер оҥорор баҕалара туолла. Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Василий Савельев санааларын хоту чугастан устарга аналлаах штативы оҥорон биэрдэ.
Онон угуйук уһуллуута ураты каaдырдарынан киэркэйэр буолла.