#бэртхараудьуордара
🥉💪 Павел Васильев Арассыыйаҕа бронза призер буолла
Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын быйыл бүтэрэр Павел Васильев боксаҕа 18 саастарыгар диэри уолаттарга Арассыыйаҕа бастыыр иһин турнирга бронза призер буолла. Павел Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан соҕотоҕун Арассыыйа чөмпүйэнээтин полуфиналыгар тиийдэ диэн СИА иһитиннэрэр.
"Финалга киирии иһин Дагестан боксера Арассыыйаҕа устудьуоннарын чөмпүйүөнэ Солтанмурад Гаджиевтыын кииристэ. Киирсии түмүгэ тэҥ сыһа этэ даҕаны, судьуйалар кыайыыны дагестанецка биэрдилэр.
Санатар буоллахха, ити иннинэ кини Мохмад Ибрагимовы, Руслан Мортиросовы уонна Алижон Саидовы кыайбыта. Павел Васильев Уһук Илин икки төгүллээх чөмпүйүөнэ", – диэн СИА суруйар.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulismedia

#бэлиэкүн
❇️ Музейдар аан дойдутааҕы уонна Ырыа күнүгэр аналлаах музейнай пикник буолла
Тэрээһиҥҥэ талааннаах ырыаһыттарбыт Уйгулаана Матвеева, Владислав Матвеев, Герасим Софронов, Михаил Неустроев ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Олохтоох ааптар уонна мелодист Катя Алексеева-Готовцева сабыс-саҥа "Ырыаларым" диэн ырыатын дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарда.
Нэһилиэкпит коллекционердара Вера Неустроева, Ольга Находкина, Люция Васильева, Анна Тарская, Надежда Егорова умсугуйан муспут малларын быыстапката дьон сэҥээриитин ылла, "Мелодияны таай" күрэххэ Анна Тарская иккис сылын тэҥнээҕин булбата, кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Кэлбит дьону итии чэйинэн, минньигэс алаадьынан, сааскы куһунан күндүлээтибит. Түгэнинэн туһанан байанайдаах булчуттарбытыгар Семен Бурнашевка, Петр Черноградскайга махталбытын тиэрдэбит.
Тэрээһин кыттыылаахтара бука бары "Доҕордоһуу ырыатын" күргүөмүнэн ыллаан дуораттылар.
Бүгүҥҥү күн үгүс үтүө өрүттэрдээх ситиһиини аҕаллын!👏👏👏
✍ Анна Попова, СК уус-уран салайааччыта