#нэһилиэктэргэ
💢 Суоттуга икки кийиит кинигэлэрин сүрэхтээтибит
Муус устар 26 күнүгэр Суотту модельнай бибилэтиэкэтигэр олохтоох ааптардар Анастасия Степанова-Тускулаана "Дойдум ахтылҕана" хоһооннорун хомуруунньуга уонна "Кустук" уһуйаан иитээччитэ Капитолина Заровняева оҕолорго аналлаах "Тыл сайдыыта", "Сир симэҕэ" кинигэлэрин сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа ааста. Икки ааптар кинигэлэрин сүрэхтэниитин тэрийэн ыытар киһиэхэ төһө да уустугун иһин, киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Раиса Черкашина хайаларын да өрө туппакка, намтата сатаабакка, тус-туһунан ис хоһоонноох кинигэлэри биир тэҥник тутан, биир эйгэҕэ киллэрэн иилээн-саҕалаан ыытта.
Кыргыттар иккиэн Суотту кийииттэрэ, дьоһун ыал ийэлэрэ. Оҕо-уруу, сиэн эрэ дэлэй дьоно.
Горнайтан төрүттээх Анастасия Степанова-Тускулаана 1975 сыллаахха "Лена" сопхуоска бухгалтерынан ананан кэлбитэ уонна олохтоох уолга Александр Степановка кэргэн тахсан алаһа дьиэ туттан, аал уот оттон, оҕо-уруу төрөтөн күн-күбэй ийэ, эйэҕэс эбэ буолан олорор. Суоттуга кэлиэҕиттэн Уус Алдаҥҥа бастакынан тэриллибит ВИА ырыаһытынан биллэн олохтоохтор куттарын туппута.
Капитолина Заровняева Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх буолан, тыл сүмэтин, сүөгэйин этигэр-хааныгар иҥэрбит киһи буоллаҕа. Оҕолорго аналлаах "Сир симэҕэ" уонна "Тыл сайдыыта" диэн кинигэлэрэ күн сирин көрөннөр чыычаахтыы чыбыгырастылар, сааскы күннүү сандаардылар. Бу кини уһуйааҥҥа өр сыллаах үлэтин түмүгэ буолар. Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ Елизавета Васильева уонна Ксения Местникова өҥнөөх кыраасканан уруһуйдаан киэргэппиттэрэ оҕо дьоҕустук өйдүүрүгэр төһүү күүс буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Иккис кылаас үөрэнээччилэрэ (салайааччы Ксения Копырина) хоһооннору хомоҕойдук ааҕан муус чопчулары ыйаатылар, таммахтары саккыратан күлүмүрдэтэ оонньоттулар. Ксения Ивановна бэлиэр бу кинигэлэри уруокка туттарын, оҕолор дэбигис өйдүүллэрин, билиҥҥи оҕолорго олус туһалааҕын чорботон эттэ.
✍️ Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, уопсас. кэрэсп.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96030
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэртхараудьуордара
💢 Хайыһар сезона түмүктэннэ: көрдөрүүлэрбит, ситиһиилэрбит хайдахтарый?
Кулун тутар 31, муус устар 1-2 күннэригэр киин куораппыт Күөх хонуутугар любитель хайыһардьыттар ортолоругара хамаанданан уонна биирдиилээн өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин чөмпүйэнээт буолан ааста. Быйылгы чөмпүйэнээт Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылыгар ананан тэрилиннэ.
Уус Алдан хамаандата быйыл арыый эбиллэн, 15 киһи буолан улууспут спортивнай аатын көмүскээтибит. Уопсай түмүккэ Дьокуускай куорат хамаандата 1191 очколаах бастаата, Чурапчы 1162 очколаах иккис буолла, Уус Алдан 929 очколаах үһүс миэстэни ыллыбыт.
Көрөргүт курдук, чурапчылар быйыл түмсэннэр, улуустарыгар нэһилиэктэринэн күрэхтэһии тэрийэн хамаандаларын үчүгэйдик сүүмэрдээн кытыннылар. Хомойуох иһин, Чурапчыга буолбут күрэхтэһиигэ улууспут кыайан хамаанда туруорбата.
Тулуна оскуолатын оҕолорун быйылгы улахан ситиһиилэрэ улууспут атын нэһилиэктэригэр чахчы улахан үтүө холобур, спортивнай тэрийээччилэрбитигэр хайыһар успуордун сөргүтэргэ үчүгэй стимул буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Түмүктээн эттэххэ, быйыл саас улууспут киинигэр Бороҕоҥҥо, аҕыйах да кыттааччылаах буоллар, оҕолорго уонна нэһилиэктэр икки ардыларыгар хайыһар күрэхтэһиилэрэ буолуталаабыттарын бэлиэтиибит. Онон эһиилги хайыһар сезонугар улууспутугар балаһыанньа арыый тупсуо, кыттааччы өссө элбиэ, тэрийээччилэр өттүлэриттэн үлэ барыа диэн эрэлбитин биллэрэбит.
✍️ Василий Аммосов. Курбуһах
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96033

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
💢 Тойон Мүрүтээҕи уолаттар
гимназияларыгар СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөллөр
Бүгүн гимназияҕа Судаарыстыбаннас уруоктара ыытылыннылар. Уолаттар история учуутала Дьулустаан Николаев автономияны төрүттэспит саха чулуу ыччатын Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков тустарынан сиһилии билиһиннэрэр, Саха сирин сайдыытын, инники кэскилин туһунан олус умсугутуулаах кэпсээнин иһиттилэр.
Үөрүүлээх линейкаҕа 9 “а” кылаас уоланнара Саха сирин туһунан уус-уран дьүһүйүүнү аахтылар. Дириэктэр Федор Татаринов уол оҕо, эр киһи норуот кэскилэ буоларын, норуот иннигэр суолтатын, үрдүк эппиэтинэстээҕин бэлиэтээтэ. Тумус туттар дьоммут холобурдарыгар улааталларыгар сүбэлээтэ.
Үөрүүлээх чаас түмүгэр уоланнар илии-илиилэриттэн ылсаннар оһуохайдаатылар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтүлэр.
✍️ Наталия Бурцева, В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
гимназияларыгар СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөллөр
Бүгүн гимназияҕа Судаарыстыбаннас уруоктара ыытылыннылар. Уолаттар история учуутала Дьулустаан Николаев автономияны төрүттэспит саха чулуу ыччатын Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков тустарынан сиһилии билиһиннэрэр, Саха сирин сайдыытын, инники кэскилин туһунан олус умсугутуулаах кэпсээнин иһиттилэр.
Үөрүүлээх линейкаҕа 9 “а” кылаас уоланнара Саха сирин туһунан уус-уран дьүһүйүүнү аахтылар. Дириэктэр Федор Татаринов уол оҕо, эр киһи норуот кэскилэ буоларын, норуот иннигэр суолтатын, үрдүк эппиэтинэстээҕин бэлиэтээтэ. Тумус туттар дьоммут холобурдарыгар улааталларыгар сүбэлээтэ.
Үөрүүлээх чаас түмүгэр уоланнар илии-илиилэриттэн ылсаннар оһуохайдаатылар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтүлэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр
⏺ Бу күннэргэ Мүрү нэһилиэгэр хаар уута дьиэлэргэ киирэн ыксаллаах быһыыны үөскэппитэ. Бүгүн эбиэт кэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников кэлэн балаһыанньаны билистэ.
Күн бүгүн улуустааҕы диспетчерскэй сулууспаҕа барыта 70 ыал уһаайбатыгар уу киирбитин туһунан иһитиннэрии киирбитэ бэлиэтэнэр. Олортон икки дьиэ иһигэр муостаны 20 см сабыар диэри уу киирэ сылдьыбыта биллэр.
Бүгүн оробуочай бөлөх Ленин аатынан уулусса 92-гэр уонна Мигалкин аатынан уулусса 20-гэр сылдьан дьаһалта үлэһитттэрин кытта көрдүлэр-иһиттилэр.
Онуоха олохтоохтор дьиэлэрэ сыл аайы ууга барарын кэпсээтилэр. Дмитрий Садовников нэһилиэк дьаһалтатын өттүттэн хоруу үлэтин эрдэ ыытан, мотопомпаны хаһаана атыылаһан бэлэмнэнии үлэтин эрдэттэн тэрийэргэ, маннык быһылааҥҥа бэлэм буоларга уонна бэйэ күүһүнэн туоратарга сүбэлээтэ, инникитин маннык хартыына хатыланыа суохтааҕын туһунан эттэ.
✍️ Мария Аргунова

https://duondu.ru/?p=2132
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Уус Алдан Дүпсүнүгэр "Дүөндү" сынньалаҥ киинигэр, *Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах нэһилиэкпит дьаралыгын уонна былааҕын ылынар, бар дьоҥҥо таһаарар үөрүүлээх күммүт үрдүк таһымнаахтык ыытылынна*

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)
Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Уус Алдан Дүпсүнүгэр “Дүөндү” сынньалаҥ киинигэр , Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах нэһилиэкпит…
🎊Үөрүүлээх тэрээһиммит ыччаттарбыт “Өрөгөй” үҥкүүлэринэн арылынна.🔆Саха норуотун өрөгөйдөөх бырааһынньыгар эҕэрдэ тылын эттэ олохтоох дьаһалтабыт баһылыга Николай Николаевич Сивцев …
Forwarded from uusaldan.ru
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Первый Заместитель Председателя Правительства Республики Саха (Якутия) Дмитрий САДОВНИКОВ посетил с рабочим визитом Усть-Алданский улус. Целью визита Зампреда являлось координация работы по подтопленным участкам и жилым домам Мюрюнского наслега. На данный момент в районном центре зарегистрировано 70 сообщений о подтоплении участков талыми водами, подтоплены 2 жилых дома. На данный момент в наслеге работают бригады с 10 мотопомпами, 2 фекалки, 2 погрузчика и 2 самосвала. Погрузчики задействованы на погрузке инертных материалов- песка, земли. Решением КЧС улуса с 24 апреля все звонки о подтоплениях круглосуточно фиксируются в ЕДДС Усть-Алданского улуса.
Рабочая группа в составе Дмитрия САДОВНИКОВА, главы улуса Алексея ФЕДОТОВА, главы Мюрюнского наслега Василия АММОСОВА, членов ГО И ЧС улуса посетила 2 жилых дома, подтопленных талыми водами по улицам Ленина и Мигалкина, осмотрела территорию наслега.
«По заданию Председателя Правительства нахожусь в Борогонцах, где из-за ненадлежащего и неоперативного исполнения своих прямых полномочий администрацией Мюрюнского наслега сегодня мы наблюдаем подтопленные жилые дома. Надо признать, что глава наслега Василий АММОСОВ говорит, что такая картина ежегодная, я считаю, что это абсолютно непозволительно. Нами даны рекомендации по усилению работы, чтобы конкретно исправить данную ситуацию»,- резюмировал Дмитрий САДОВНИКОВ по итогам визита.
Пресс-служба администрации Усть-Алданского улуса.

💢 Бүгүн Баатаҕай нэһилиэгэр Саха Республикатын күнүн кѳрсѳ Баатаҕай нэһилиэгин ураты бэлиэлэрин – нэһилиэкпит гербэтин уонна былааҕын билиһиннэрэр, сүрэхтиир тэрээһини ыыттыбыт.
Саха Республикатыгар, улуус таһымыгар олохтоох бэйэни салайыныы киирбитэ номнуо 20 сыл ааста. Бу кэм устата бэйэни салайыныы тэриллэн хас биирдии нэһилиэк устааптанан, анал уураахтары ылынан, балаһыанньаланан, туспа суолланан-иистэнэн үлэни ыытар. Бүгүн нэһилиэкпитигэр сокуонунан бигэргэммит, нэһилиэк уратытын, дьарыгын кэпсиир бэлиэбит ис хоһоонун олохтоохтор иннилэригэр билиһиннэрдибит, тэрилтэ салайаачыларыгар, депутаттарга, общественниктарга анал брошюра туттардыбыт.
Тэрээһин кыттыылаахтара Саха Республикатын уонна Баатаҕай нэһилиэгин ѳрѳгѳй ырыаларын бары күргүѳмүнэн толордулар, саха омук үҥкүүтүн, кылыһахтаах ырыатын самныбаттык түстээн оһуохайы тартылар.
Ѳбүгэ үгэһин утумнаан, дьиэ кэргэн, оҕо ийэтинээн, былыргы хабылыкка, саастарынан хаамыскаҕа биирдиилээн күрэхтэһиилэр ыытыллыннылар.
Сарсыҥҥыта саргылаах, кэлэр кэмэ кэскиллээх нэһилиэкпит Баатаҕай ураты бэлиэлэрин чиэстээхтик тутуохха диэн ыҥырабыт.
✍️ Вероника Сивцева, Диана Тарская