УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Тохсунньу 25 күнэ. Сэрэдэ. Татыйаана күнэ

Устудьуоннарга биир бэлиэ, умнуллубат кэрэ күн🎊🎉🎊

Түгэнинэн туһанан, бары устудьуоннары ЭҔЭРДЭЛИИБИН

Былыргы билгэнэн бүгүн күннээх ☀️ буоллаҕына, сааскы көтөр эрдэ кэлиэхтээх🦆🦆🦆

Билигин кытайдар Саҥа дьылларын өрөгөйө🎄🐰💫 Ый аҥаарын быһа өрө тэбэн туран бэлиэтииллэр🫢 Бырааһынньыктан сылайбаттарын сөҕөҕүн🤭 Билигин хамсыктан төлө бараннар, өссө тэһииргээн бэлиэтии сылдьаллар😀 Спутниктан көрдөхтөрүнэ, сөлүүттэрин 💫💫💫 уоттара сэриини санатар🫢 Кинилэр өйдөбүллэринэн, сөлүүт куһаҕан тыыны үтэйии эбит.

Оттон былылыр саха киһитэ түүн тыаһаан-ууһаан иччилэри уйгуурдарын аньыыргыыра да, аныгы дьон истибэттэр, өбүгэ үтүө үгэһин тутуспаттар🤔

Дьиҥинэн, сылларбыт биһиги айылҕабытыгар,айылгыбытыгар сөп түбэһэр ааттаахтар ээ. Холобур быйыл ДЬӨҺӨГӨЙ сыла🐎👍 Ону ылыммакка, улахан норуот итэҕэлин соҥноон, сыыйа кимэн киирэн иһэрин билбэппит быһыылаах...😔 Эдэрдиин-эмэнниин куобах🐰буолан ойуоккалаһа сылдьабыт🫢

Тымныы биир кэм турар😀 Сарсыарда 5:30 чааска Суоттуга -56°С. Таһырдьа имириир тыыннаах баара биллибэт. Тумантан бэл 😀😀😀 сулустар симэлийбиттэр.

Арай трассаҕа КамАЗтар чох уочарытыгар ыксаан лүһүгүрэһэн ааһар тыастара дьыбарга бу баардыы иһиллэр. Тыала суох бүтэй тымныы буолан, буруо тута тумаҥҥа кубулуйан будулуйар. Күммүт☀️1 чаас 46 мүнүүтэ уһаата👍

Дьөһөгөй сылынан!

Дьөһөгөй оҕотун сылыгар,
Дьалхааннаах кэм-кэрдии кэмигэр,
Дьон-сэргэ майгыта алдьамматын,
Дьоһун-мааны олоҕо аймамматын!

Дьылҕабыт тускулун холбооммут,
Доҕордуу сыһыаны олохтуохха,
Дьиҥнээхтик, бигэтик түмсэммит,
Дьоһуннук тэринэн олоруохха!

Дьиэ кэргэн туругун ыспакка,
Дьиэбит укулаатын хамсаппакка,
Дьол-соргу суолунан айанныахха,
Дьолунан чэлгийэн барҕарыахха!

Атын норуот итэҕэлин ылыммакка, бэйэ үгэһинэн олоруохха!


САЛАЛЛЫБЫТ САҤА КҮНҮНЭН!😀

✍️ Иннокентий Попов, Суотту олохтооҕо

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🥶❄️В ряде районов Якутии держатся 50-градусные морозы

Утром в 28 пунктах метеонаблюдения зарегистрировали -45° и ниже. Значительно похолодало в Амге, где столбики термометров опустились до - 55°. В Усть-Нере, Усть-Мае -54°, в Чурапче, Верхоянске -53°, передает Ulus.Media со ссылкой на ЯУГМС.

На западе, юге, северо-востоке местами обещают небольшой снег, в центре сохранятся морозные туманы. На побережье местами поземки при ветре 9-14 м/с.

Температура воздуха ночью -48-53°, в Заречье, местами на северо-востоке -51-56°, на западе, юге -33-38°, при прояснении -41-46°, на Колыме -30-35°. Днем -43-48°, на востоке -47-52°, на западе, юге -31-36°, на Колыме, побережье -28-33°.

В Якутске преимущественно без осадков, туман, ветер северный 1-3 м/с, днем -44-46°.

Фото Елены Никифоровой, Кобяйский район, п.Сангар

☑️ @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп💫

Тохсунньу 25 күнэ

Хой ♈️

Бүгүн дууһалыын, эттиин-хаанныын сынньанарга табыгастаах күн

Оҕус ♉️

Бүгүҥҥү күн олус элбэҕи эрэннэрэр. Элбэх дьыаланы ситиһиэҥ, ол онтон сылайбакка сэниэ эбиниэҥ

Игирэлэр ♊️

Бүгүн киэһэ кыратык күннээҕи түбүктэн аралдьыйыахха наада, доҕотторгун көрүс, эбэтэр ханна эмит айаннаа

Рак ♋️

Кэлэр кэми ыксатыма, барыта бэйэтин бириэмэтигэр орун оннугар буолуо

Хахай ♌️

Сүрэхтэрин аҥарын булбуттарга бүгүн таптал дьоро киэһэтэ күүтэр, тапталларын көрсө илик дьон саҥа сыһыаны олохтуургутугар табыгастаах кэм

Кыыс ♍️

Эбии дохуот киллэринэр туһунан толкуйдаа, туһааннаах дьонтон сүбэтэ ыл

Ыйааһын ♎️

Ыраах айаны эрдэттэн былаанныыр ордук

Скорпион ♏️

Олоххор суолталаах билсиһии буолара күүтүллэр

Охчут ♐️

Олоҕун сөпкө суолунан баран иһэр - үлэ, харчы уонна таптал боппуруоһугар ситиһииҥ элбэх

Чубуку ♑️

Барыта кэминэн, олоххор буолар уларыйыылары оруннаахтык ылын

Күрүлгэн ♒️

Туруоруммут сыалгын ситиһиэҥ, ол онтон дьоллонуоҥ

Балыктар ♓️

Доҕотторгун кытары алтыһан үөрүүгүн үллэһин, ситиһиигин кэпсээ
#устудьуоннаркүннэрэ

💬 Санаа ситимэ: Татыйаана күнүн хайдах бэлиэтиигин, устудьуон?

📖 Тохсунньу 25 күнүгэр 1755 сыллаахха Татыйаана күнэ бэлиэтэнэрэ киэҥ далааһыннаммыта. Бу күн императрица Елизавета Петровна Император Москубатааҕы университетын тэрийэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Онуоха православнай халандаарынан Сибэтиэй Татыйаана күнэ түбэһэринэн, университеты араҥаччылааччынан кинини ааҕар буолбуттара. Кэнники университет тэриллибит күнүн уларыта тутан, Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн билиммиттэрэ.

Онон Арассыыйа араас үөрэхтэрин кыһатыгар үөрэнэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт устудьуоннар күннэрин хайдах бэлиэтииллэрин уонна үөрэнээччилэри үөрэххэ туһаайар кэпсээннэрин сэргээн ааҕыҥ.

✍️ Ольга Шепелева

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
В Якутске презентовали второй том книги “Якуты” Вацлава Серошевского

Во второй том книги “Якуты. Опыт этнографического исследования” Вацлава Серошевского вошли ранее неизданные рукописи автора. Книга была выпущена в 2022 году за счет гранта Русского географического общества.

Первый том был опубликован еще в 1896 году и переиздан в 1993-м. Таким образом, материалы, варианты, заметки и сказки, не вошедшие в первый том, вышли на свет спустя порядка 30 лет.

Тираж нового издания составляет 500 экземпляров. Книга состоит из 15 глав, разделенных по темам.

Рукопись Вацлава Серошевского подготовил к печати главный археограф Национального архива РС(Я) Александр Калашников.

Составитель книги – кандидат филологических наук, лауреат Госпремии РС(Я) им. Платона Ойунского Агафья Захарова, рецензенты – доктор исторических наук Андриан Борисов, кандидат исторических наук Егор Шишигин, научный редактор – доктор исторических наук Василий Иванов.
“Мы раньше читали труды наших советских ученых, крупнейших этнографистов и докторов наук. Но впечатление, которое создалось от первого тома “Якутов” Вацлава Серошевского, было неизгладимо. Это книга передана таким языком, как бы “взглядом со стороны”, в то же время, оно скрупулезно и научно. А второй том – это подтверждение того, что мы знаем, помним и чтим все сформулированное в первом томе. Сразу же возникает глубинный интерес и ожидание того же неизгладимого впечатления. Лично у меня это ожидание не было обмануто. Я открыл для себя очень много нового, а это – самое главное”, - сказал государственный советник Главы РС(Я) Андрей
Борисов

⤵️⤵️⤵️