УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.57K subscribers
34.1K photos
3.13K videos
10 files
5.8K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Күннээҕи гороскоп💫

Ахсынньы 24 күнэ

Хой ♈️

Биир киһиттэн сылтаан олоҕуҥ тосту уларыйыа

Оҕус ♉️

Тус олоххор уларыйыы буолара күүтүллэр

Игирэлэр ♊️

Мүччүргэннээх сырыыларга сылдьан эҥин-араас иэйиини билиэҥ

Рак ♋️

Тус олоххор сыһыаннаах интэриэһинэй этии киириэ

Хахай ♌️

Толкуйдуур толкуйуҥ туолуо, саныыр санааҥ табыллыа

Кыыс ♍️

Биир кыра ситиһии баар буолуо, салгыы үрдүктэн үрдүккэ үктэнэн иһиэҥ

Ыйааһын ♎️

Харчыга сыһыаннаах дьыаланы саҕалыырга табыгастаах кэм

Скорпион ♏️

Иннигэр элбэх ситиһии , көр-күлүү күүтэр

Охчут ♐️

Эн олоххор элбэх дьикти түгэн буолара күүтүллэр

Чубуку ♑️

Күүппэтэх өттүгүттэн харчы кэлэрэ күүтүллэр

Күрүлгэн ♒️

Сылайбыт курдуккун , ол эрэн ол барыта сөптөөхтүк төлөнүө

Балыктар ♓️

Олоҕуҥ барыта табыллан иһэр , сүүрүк хоту сөпкө устан иһэҕин
📍В большинстве районов погода без существенных осадков, небольшой снег местами в южных, центральных, нижнеленских районах, порывистый ветер до 15-18 м/с на юге, в арктических районах, поземки, передает Ulus.Media со ссылкой на ЯУГМС.

Температура воздуха ночью -33-38°, в Оймяконье и местами на северо-западе -42-47°, днем -32-37 °, на северо-востоке и северо-западе местами -36-41°.

В центральных, южных районах температура ночью -27-32°, при прояснении -35-40°, днем -26-31°, местами -33-38°.

В Якутске без существенных осадков, ветер переменный 1-3 м/с, температура днем -25-27°.

Фото Геннадия Иванова, «ДабаанМедиа», Кобяйский улус

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп💫

Ахсынньы 25 күнэ
.

Хой ♈️

Көрдөөбүт көмүһү булар диэн мээнэҕэ эппэттэр, наадыйаргын, баҕараргын ситиһэ сатаа

Оҕус ♉️

Эн санааҕын бииргэ тэҥҥэ үллэстэр доҕоргун кытары көрсөргө тоҕоостоох кэм

Игирэлэр ♊️

Эн олоххор сүрүн оруолу оонньуур киһини кытары элбэх бириэмэни бииргэ атаарарга күһэлин

Рак ♋️

Дьоҥҥо сыҥаланары умнан кэбис, бэйэҥ кыаххынан барытын быһаара сатаа

Хахай ♌️

Сулустар эйиэхэ бүгүн дьол тосхойуо диэн эрэннэрэллэр

Кыыс ♍️

Хаһан эрэ баҕарбыт санааҥ, күүппүт түгэниҥ эмискэччи туолуон сөп

Ыйааһын ♎️

Хас хардыы оҥордоҕуҥ аайы эн күүскэр күүс, сэниэҕэр сэниэ эбиллэр

Скорпион ♏️

Эйигин сыаналаабатах, бэйэлэригэр тэҥнии туппатах дьон билигин эн ситиһиигин көрө-көрө ымсыыраллар эрэ

Охчут ♐️

Эн сылаас сыһыаҥҥын сыаналаабат дьону аттыгар тута сатаама

Чубуку ♑️

Олох диэн оннук, аттыгар баар буолуохтаах дьон куруутун эн аттыгар баар буолуохтара

Күрүлгэн ♒️

Эйигин күүскэ таптыыллар, убаастыыллар, сыаналыыллар, бэйэҥ ону билэҕин

Балыктар ♓️

Эйигин бүгүн киэһэ элбэх көр-нар, үөрүү-көтүү күүтэр.
🎸Ырыаһыт, мелодист, баянист Иннокентий Готовцев «Саҥа дьыл» ырыатын историятын кэпсээнэ 👇
https://youtu.be/Xvtz38LgnuU

Видео 🌐 @ulusmedia
#бастыҥнар

"Бэрт Хара" сыл бастыҥ түмсүүтүнэн ааттанна


Сыл түмүгүнэн улуустарынан ыччаты түмэр "ZEMA" ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэриллиитин ортотугар Уус Алдан устудьуоннарын "Бэрт Хара" түмсүүтэ "Сыл бастыҥ түмсүүтэ" ааты ылла. Улууспут ыччата ахсынньы 21 күнүгэр ыытыллыбыт "Средиземскай балга" үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадаланнылар.

Ону сэргэ "Бэрт Хара" ыччат ассоциациятын бастыҥ актыбыыһа" ааты Арсен Кривошапкин, Ливия Маркова ыллылар, оттон түмсүү салайааччыта Анастасия Алексеева уонна кини солбуйааччыта Александр Васильев СӨ Ыччат дьыалатыгар министиэристибэтин махтал суругунан бэлиэтэннилэр.

Мария Аргунова

https://мюрюгазета.рф/article/84299
🌟Күннээҕи гороскоп🌟

💫Ахсынньы 26 күнэ💫



Хой ♈️

Олус элбэҕи толкуйдуу, саныы сылдьаҕын, бэйэҕэр, тус олоххор бириэмэ тиийбэтин кэриэтэ

Оҕус ♉️

Бүгүн санааҥ көтөҕүллэ сылдьар кэмэ. Эйигин инникигэ эрэллиир, ситиһиигэ кынаттыыр дьону кытары алтыс

Игирэлэр ♊️

Ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиилэниэ, оҥорбут дьыалаҥ табыллыа

Рак ♋️

Амарах санааҥ дьону барытын түмэр, ол эрээри ону туһанар дьон бааллар

Хахай ♌️

Бэйэҕин олус үрдүктүк сананыма, киһи үрдүгэр киһи баар

Кыыс ♍️

Дьон үтүө майгытын кытары доҕордос, мөкү өрүттэрин бэйэлэрэ көрдөрүөхтэрэ

Ыйааһын ♎️

Ааспыт кэми, уруккуну-хойуккуну ахтан-санаан ылыаҥ, дууһаҥ нүөлүйүө

Скорпион ♏️

Эн сүрэҕиҥ бүтүннүү кининэн эрэ туолан баран сылдьар, атыҥҥа миэстэ суох

Охчут ♐️

Тус олоххор соһуччу түгэн тосхойуо

Чубуку ♑️

Эн хараастар кэмҥэр кыһалҕа эйиэхэ буолбакка, тулалыыр дьоҥҥор охсор

Күрүлгэн ♒️

Санаан, толкуйдаан, саарбахтаан бүт, дьыаланы оҥорон саҕалаа

Балыктар ♓️

Мындыр өйүҥ бүгүн сыаналаныа
❄️Утром -44° зафиксировано в Оймяконе, Усть-Нере. В Бестяхской з/ф, Тяне столбики термометров опустились до -41°, в Усть-Моме, Ленске, Витиме -40°, передает Ulus.Media со ссылкой на ЯУГМС.

В большинстве районов республики погода без существенных осадков, небольшой снег на северо-западе, ночью на юго-востоке. Местами в Анабарском и Булунском районах ожидается юго-западный ветер с порывами до 15-20 м/с и метель.

Температура воздуха ночью на севере, западе-35-40°, в Оймяконье -40-45°, в центре -30-35°, на юге -25-30°. Днем температура в центре и на западе –27-32°, на севере, северо-востоке -32-37°, в Оймяконье -37-42°, на юге 18-23°.

В Якутске преимущественно без осадков, ветер западный 1-3 м/с, днем 31-33°.

☑️@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#криминальнайхроника

🔻 Уус Алдан улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (19.12 – 26.12) араас хайысхалаах 20 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр араас эт-хаан эчэйиитин ылан "Суһал көмөҕө" көрдөрүү – 3, арыгыны иһии туһунан – 1, дьон түүҥҥү чуумпутун уйгуурдуу иһин – 2, баһаар туһунан-1. Уопсастыбаннай миэстэҕэ итирик туруктаах сылдьыы иһин, тутуллуу, араас административнай кэһиилэри оҥоруу иһин – 3, атын улуустан, куораттан кэлии иһитиннэриилэр, араас үҥсүүлэр – 5, полиция отделыгар итирик туруктаах тутуллуу – 3.

Уопсайа 13 административнай боротокуол толоруллубут.

🚔 ГАИ линиятынан уопсайа 588 массыына бэрэбиэркэлэнэн 62 административнай боротокуол толоруллубут.

🔹 Паспортнай линиянан уопсайа 4 боротокуолга толоруллубут.

🔹 Нэдиэлэ устата холуобунай дьыала көбүтүллүбэтэ.


https://t.iss.one/murusahargata/8695
#БАРЫБИИРГЭ

Лөгөйдөр "Аал Уот" түмсүүлэрэ анал эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарга сүөһү этин ыытта

Лөгөй нэһилиэгин аҕам саастаахтарын “Аал Уот” түмсүүтэ Саха сириттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарга анаан Кэптэни алаастарыгар төлөһүйэ уойбут сүөһү этин хомуйан бэлэмнээн ыыттылар.

Ол туһунан “Аал Уот” түмсүү салайааччыта Ульяна Бурнашева:

– Кэһиибитин нэһилиэк баһылыга Николай Попов Дьокуускай куорат аҕаларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Поповка киллэрэн туттарда. Онуоха Егор Гаврильевич: “Сарсын тута Москваҕа ыытабын, салгыы саха уолаттарыгар тиийиэҕэ”, – диэн эрэннэрдэ.

Өрүү көхтөөх, үлэ, олох үөһүгэр сылдьар бэтэрээннэрбитигэр волонтер ийэ, эбэ
Елизавета Аржаковалыын махталбытын тиэрдэбит. Кэһиибитин кытта уолаттарбытыгар алгыс тылын суруйан ыыттыбыт.

Эркин курдук эрэнэр
Эрэллээх Эр бэртэрэ
Ууну, уоту ортотунан
Эйэлээх олох иһин
Сахаҕыт норуотугар
Туллубат, тулхадыйбат
Тулааһын дьоммут!
Охтоохтон охтумаҥ!
Саалаахатан самнымаҥ!
Таптыыбыт! Ахтабыт! Күүтэбит!
Алгыспыт арчылаатын!
#махталистиҥтыллара

Үрүҥ халааттаах аанньал Владилена Дьячковская кыһамньытын сөҕөбүн

Эдэр эрдэхпиттэн араас араахыма моһуоктаан быраастарга балачча көрдөрөн кэлбит киһибин. Кэлин сылларга көрдөрөр бырааһым Үөһээ Дьааҥы улууһуттан төрүттээх нууччалыы хааннаах, уу сахалыы саҥалаах Владилена Дьячковская – үрдүк культуралаах, олус кыһамньылаах, түргэн-тарҕан туттуулаах эдэркээн үлэһит.

Ааспыт күһүн түүн утуйа сыттахпына эмискэ сүрэҕим приступтаан "Суһал көмөнү" ыҥырбытым. Фельдшер иһиллээн иһэн арай оргууй аҕай: "Бардыбыт. Бардаххына сатанар", – диэн, өйөөн таһааран наһыылкаларыгар сытыаран массыынаҕа тиэйэн балыыһаҕа илдьибиттэрэ. Фельдшерым аата Надя диэн этэ. Аатын эрэ ыйытан хаалбыт сэмэй, үтүө санаалаах үрүҥ халааттаах аанньалга эмиэ, түгэнинэн туһанан, махталбын тиэрдэбин!

Онтон сотору кэминэн сарсыарда 4 чаас саҕана Владилена Владимировна бэрт сэргэх сирэйдээх тиийэн кэлбитэ.

Василий Парников, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/84385
Forwarded from Полпред ДФО
📍Полпред ДФО Юрий Трутнев, заместитель руководителя Администрации Президента РФ Сергей Кириенко и глава Чечни Рамзан Кадыров посетили базу Российского университета спецназа в Гудермесе

🔹Здесь обучаются бойцы добровольческого отряда Российского Союза боевых искусств «Союз»

🔹На сегодняшний день центр в Гудермесе считается одним из самых лучших в стране для подготовки военных

🔹После обучения отряд «Союз» отравится на защиту Родины в Донбасс

#РСБИ #мобилизация #ЧеченскаяРеспублика
19 новых школ построят в Якутии в 2023 году

❗️В 2023 году меры по модернизации инфраструктуры региона продолжатся. В республике будут введены 19 школ. Это беспрецедентный результат для региона, сообщил глава республики Айсен Николаев на пресс-конференции.

Новости 🌐 @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM