📰📰📰
⭕ I Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Ылдьаа Нохуоккун аатынан култуура киинигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылын үөрүүлээх аһыллыыта онлайн-тэрээһин көрүҥүнэн буолан ааста. Тэрээһини киин уус-уран салайааччыта Екатерина Свинобоева кыайа-хото тутан иилээн-саҕалаан ыытта.
⭕ Нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев, дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Светлана Бурцева эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол кэнниттэн сыана бэтэрээнэ Николай Бурцев толоруутугар А. Никифоров тылларыгар уонна мелодиятыгар «Мин ийэм», Иван Карпов толоруутугар Е. Свинобоева тылларыгар уонна мелодиятыгар «Ийэккээм» ырыалары урукку устууттан киллэрэн көрдөрдүлэр.
⭕ Салгыы 70-с сылларга Дьоруой ийэ үрдүк аатын ылбыт Мария Афанасьевна Бурцева уонна Александра Гаврильевна Свинобоева олохторун киэҥник сырдатан, оҕолорун ахтыыларын ааҕан иһитиннэрдилэр.
⭕ Кыраайы үөрэтээччи Клара Бурцева нэһилиэкпититтэн ыҥырыллыбыт саллааттар ийэлэрин чинчийэн үөрэтиитинэн Кулантай аатынан литературнай түмэл (сал. Клара Крылова) 2020 сыллаахха «Атаарбыттара сэриигэ сүрэхтэрин ыга туттан» диэн брошюраны таһааттарбытын көрдөрөн, устуоруйа быыһын «Ийэлэр бааллар өрүү» диэн ааттаан сэгэппиттэрэ сонун көстүү буолла.
⭕ Нэһилиэкпит биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэрин В.А. Самсонова, А.А. Макеева, С.В. Стручкова, Т.Г. Федорова, Т.А. Румянцева дьиэ кэргэттэрин медиапрезентациялара нэһилиэкпит инники кэскилин түстүүр, эдэр ыччакка холобур буолар сыаллаах көрдөрүлүннүлэр.
⭕ Онлайн тэрээһин «Туругурдуннар Ийэ, Олох уонна Эйэ» тылларынан түмүктэннэ.
🖊️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ийэсыла
https://www.instagram.com/p/CZ073iPMoTb/?utm_medium=share_sheet

https://мюрюгазета.рф/article/41659
Олох-дьаһах туруга бигэ
Ааспыт үйэ 90-c, саҥа үйэбит бастакы сыллара олохтоох бэйэни салайыныыга хардыылыыр өрө-таҥнары түһүүлээх быыһык кэмнэри ааһан, тыа сирин олоҕо оннун дьэ булуох курдук буолла. Ол сыллардааҕы курдук киин сиргэ аһара талаһыы да билигин тохтуу быһыытыйда. Дьэ, кырдьык, туга-ханныга биллибэт кэмнэр этилэр. Тыа хаһаайыстыбата хайдах буолуохтаах суола куруутун мөккүөргэ турара. Социальнай эбийиэктэр сүрүннээн “Үтүө дьыала” хамсааһын иһинэн тутуллаллара. Аны ол дьиэлэр-уоттар тутуллар ньымалара судургу буолан, үйэлэрэ кылгас этилэр. Ол да буоллар, тыа сирэ ити кэмнэргэ итинник эрэ тутууларынан өрө тыынан олорбута. ДьУоКх балаһыанньата эмиэ бэрт уустук этэ, араас уларытыылары ааспыта. Тыйыс тымныылаах сиргэ чахчы ыарахан этэ. Ити быыһык кэм тыа сирин олоҕун төһө да ыараттар, онтон олох айгыраан хаалбакка, эрдээх санаанан төрөөбүт түөлбэ туһугар үлэлээн-хамсаан син өнүйүү баар буолла. Билигин тыа сирин дьонун ас-үөл, уматык, өҥө иһин төлөбүрдэр үрдүү тураллара, ону хамнаһы да, биэнсийэни да үрдэтэн кыайан ситиллибэтэ долгутар. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэктэр хайдах олороллор эбитий? Бу туһунан баһылыктар кэпсииллэр.

Ulus Media
Олох-дьаһах туруга бигэ
Ааспыт үйэ 90-c, саҥа үйэбит бастакы сыллара олохтоох бэйэни салайыныыга хардыылыыр өрө-таҥнары түһүүлээх быыһык кэмнэри ааһан, тыа сирин олоҕо оннун дьэ булуох курдук буолла. Ол сыллардааҕы курдук киин сиргэ аһара талаһыы да билигин тохтуу быһыытыйда. Дьэ…
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Первый якутский журнал «Чолбон» запустил собственный сайт
📚Лучшие произведения якутских писателей теперь можно найти в электронном архиве журнала «Чолбон». Все номера, вышедшие в свет с 1926 года, собраны на одной онлайн-площадке. Читать архив можно с любого уголка мира.
Подробнее - смотрите в нашем сюжете!
@ulusmedia

⭕ Бүгүн "Саха" НКИХ ханаалыгар "Олох омоон суолунан" биэриигэ Саха АССР төрүттэммит үйэлээх үбүлүөйүн көрсө, автономияны турууласпыт саха чулуу уола, государственнай уонна общественнай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар, Социалистическай Үлэ Геройа, кыргыз народнай суруйааччыта Чингиз Айтматов "Муора кытылынан сүүрэр Эриэн ыт" сэһэнин государственнай уонна общественнай деятель, М.К. Аммосов аатынан уонна Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэлэр лауреаттара Александр Николаевич Жирков сахалыы тылбааһын Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Анатолий Николаев ааҕыытын сэргээҥ (режиссер: Ольга Степанова, редактор: Валентина Петрова).
📌 Биэрии күнүс 11 ч. 35 мүн. саҕаланыаҕа.
📸 Хаартыскаҕа: Александр Жирков Чингиз Айтматов уолун Аскар Айтматовы кытта.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саханкихкөрдөрөр
https://www.instagram.com/p/CZ23XVOtwGQ/?utm_medium=share_sheet

https://мюрюгазета.рф/article/41730
Биир дойдулаахпытыгар Дмитрий Гороховка анаммыт кинигэ күн сирин көрдө
Биир дойдулаахпыт – 1990 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII-с ыҥырыытыгар, 2002 – 2013 сс. СӨ Ил Түмэн III – IV ыҥырыыларыгар дьокутаатынан талыллан, олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Арктика боппуруостарыгар, хотугу норуоттар кыһалҕаларын, айылҕа баайын туһаныы, экология боппуруостарыгар кэмитиэттэригэр таhаарыылаахтык үлэлээбит Дмитрий Горохов төрөөбүт күнүгэр киниэхэ анаммыт "Дальние и сверхдальние лыжные переходы в Якутии" диэн кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэни таһаарыыны СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков сүрүннээбитин, салайбытын Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биир дойдулаахпыт – 1990 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII-с ыҥырыытыгар, 2002 – 2013 сс. СӨ Ил Түмэн III – IV ыҥырыыларыгар дьокутаатынан талыллан, олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Арктика боппуруостарыгар, хотугу норуоттар кыһалҕаларын…
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
💎Сегодня 124 года со дня рождения Исидора Никифоровича Барахова.
В честь этой даты victorleefu преобразил старую фотографию Великого якутского деятеля

https://мюрюгазета.рф/article/41764
Тэрээһин, түмсүү кыайбыта
⭕ Саха сирин норуоттарын бастакы спортивнай оонньууларын тэрийэн ыытыыга улуустааҕы потребительскай уопсастыба Оонньуулар кыттыылаахтарын итии аһылыгынан хааччыйыыга улуустааҕы тэрийэр хамыыһыйанан сорудахтаммыта. Онон улуустааҕы ПО иһинэн үлэлиир атыы-эргиэн тэрилтэлэрин киллэрэн туран, үлэ бөлөҕө тэриллибитэ. УПО бэрэссэдээтэлэ буоларым быһыытынан, миигин бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара.
🖊️ Иван Алексеев, 1994 – 1998 сс. улуустааҕы потребительскай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ

Саха сирин норуоттарын бастакы спортивнай оонньууларын тэрийэн ыытыыга улуустааҕы потребительскай уопсастыба Оонньуулар кыттыылаахтарын итии аһылыгынан хааччыйыыга улуустааҕы тэрийэр хамыыһыйанан сорудахтаммыта. Хамыыһыйа биһиэхэ кыттааччылар ахсааннарын…
📰📰📰
⭕ Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн "Сахалыы дьыктаан" аахсыйа киэҥ далааһыннаахтык ZOOM платформа нөҥүө ыытылынна. Улууспутугар аахсыйаны бибилэтиэкэ кииннэммит тиһигэ иилээтэ-саҕалаата. Ону таһынан биирдиилээн дьон СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин онлайн трансляциятынан төрөөбүт тылларын билиилэрин тургуттулар.
📌 "Тэрээһин көхтөөх кыттааччыларын улуус дьаһалтатын аатыттан улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Лена Павлова эҕэрдэлээтэ. Оттон дьыктаан тиэкиһин РФ уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, "Барҕарыы" национальнай фонда стипендиата, "Саха сирин методиһа" бэлиэ хаһаайката, "Кэскил түһэ" ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Светлана Бурцева аахта.
Светлана Михайловна – 25 сыл ыстаастаах, уопуттаах саха тылын уонна литературатын учуутала. Дьыктааны суруйбуттар кини дьыктааны чуор, чөллөркөй куолаһынан аахпытын биһирээтилэр, махтаннылар уонна кэлин даҕаны маннык тэрээһиннэргэ кыттар санааларын эттилэр. Биһиги бибилэтиэкэбит дьыктааны суруттарыытыгар 100 киһи кытынна", – диэн улуус бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ иһитиннэрдилэр.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сахалыыдьыктаан
https://www.instagram.com/p/CZ4Fh11sZFQ/?utm_medium=share_sheet

🎊🎊🎊
📌 Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 1996 с. олунньу 9 күнүнээҕи 1294№-дээх “Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан” Ыйааҕынан олунньу 13 күнүн – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэрбитэ. Биллэрин курдук, бу күн – бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ. Онон кини сырдык аатын ааттыыр, үйэтитэр күн диэххэ эмиэ сөп. Бэлиэтиир буоллахха, быйыл кини төрөөбүтэ 130 үбүлүөйдээх сыла.
📌 Бу күн уһуйаантан саҕалаан араас үөрэх кыһаларыгар, култуура кииннэригэр төрөөбүт тылга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, араас күрэстэр, көрүүлэр тэриллэллэр. Олунньу 13 күнүгэр үгэс быһыытынан Санкт Петербург куоракка Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ Смоленскай кылабыыһаҕа биллиилээх учуонай С.А.Новгородов, кини кыыһа Е.С.Новгородова уонна саха тылдьытын оҥорбут Э.К.Пекарскай көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйэллэр, сибэкки, венок уураллар.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэлиэкүн
https://www.instagram.com/p/CZ5mtmjobjZ/?utm_medium=share_sheet

Forwarded from Якутия. Оперштаб
❗️⚡️Коронавирус на 13.02.2022
✔️За последние сутки госпитализировано 70 человек или 3,0% от общего количества выявленных случаев за сутки – 2 300 случаев.
✔️За сутки 40,1% новых случаев заболевания зарегистрировано в г. Якутске, в районах – 59,9%.
✔️На 13.02.2022 лечение в стационарах получают 6,4% больных, в амбулаторных условиях – 93,6%.
✔️За сутки выздоровели 3 744 человека, накануне — 4 614.
✔️Несмотря на большое количество случаев заболевания, скорость распространения инфекции, у большинства заболевших регистрируется относительно легкое течение заболевания.
Указанное обусловлено в первую очередь - вакцинацией против коронавирусной инфекции.
✔️Первым компонентом привиты 585 743 человека
(81,7% взрослого населения республики).
✔️Ревакцинацию прошли 136 149 человек
Это 57,0% от количества лиц - у кого наступил срок ревакцинации.
Низкий темп ревакцинации: в Нерюнгринском (45,5%), Мегино – Кангаласском (46,9%), Алданском (47,7%), Оймяконском (48,0%), Мирнинском (53,7%), Горном (54,6%) районах и г. Якутске (49%).
Необходимо в срок пройти повторную вакцинацию для создания устойчивого иммунитета.
✔️Волонтерами за сутки отработано 18 заявок. За сутки задействовано 25 волонтеров. Всего поступила 55 121 заявка.
🌐 @YakutiaOpershtab

Forwarded from Балабкина Бриф V
На 13.02.2022 г. выявлено 2 300 новых случаев коронавирусной инфекции:
- г. Якутск – 922 случая,
- Хангаласский район – 223 случая,
- Нерюнгринский район – 138 случаев,
- Мегино-Кангаласский район – 136 случаев,
- Алданский район – 132 случая,
- Намский район – 108 случаев,
- Мирнинский район – 106 случаев,
- Сунтарский район – 89 случаев,
- Нюрбинский район – 73 случая,
- Олекминский район – 53 случая,
- Таттинский район – 48 случаев,
- Вилюйский район – 45 случаев,
- Томпонский район – 39 случаев,
- Амгинский район – 36 случаев,
- Верхневилюйский район – 28 случаев,
- Чурапчинский район – 27 случаев,
- Кобяйский район – 17 случаев,
- Жиганский район – 15 случаев,
- Оймяконский район – 14 случаев,
- Анабарский район – 13 случаев,
- Усть-Алданский район – 12 случаев,
- Среднеколымский район – 10 случаев,
- Усть-Янский район – 6 случаев,
- Абыйский район – 4 случая,
- Горный, Ленский районы по 3 случая.
За сутки лабораториями республики проведено 7 089 исследований на коронавирусную инфекцию. Всего с начала пандемии обработано 2 075 476 тестов.

⭕⭕⭕
📌 Улуустааҕы суһал ыстаап быһаарыытынан, улуус оскуолаларыгар үгүстэригэр харантыын сарсыҥҥынан тохтуурун иһитиннэрдилэр.
📌 Оттон Түүлээх, Өлтөх, Бороҕон нэһилиэктэригэр уонна Курбуһах нэһилиэгин Окоемовка бөһүөлэгэр оскуолаларга (9 уонна 11 кылаастартан уратыларга) уонна оҕо саадтарыгар харантыын уһатылынна.
📌 Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх тэйиччиттэн көрүҥүн тэрийии оннунан хаалла.
📌 Оттон уһуйааннарга уонна оскуолалар интэринээттэригэр оҕолору бүтэһиктээх санация кэнниттэ ылыахтара. Онуоха атын улуустартан кэлэр оҕолортон коронавируһунан ыалдьа сылдьыбат диэн бигэргэтэр ПЦР анаалыс түмүгэ ирдэнэр.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CZ6GLwNMMOi/?utm_medium=share_sheet

https://мюрюгазета.рф/article/41863
Биэнсийэ пуондата социальнай төлөбүрдэргэ эбии эбээһинэстэннэ

2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйа Биэнсийэҕэ пуондата бу иннинэ социальнай көмүскэл уорганнара уонна Роструд анаабыт уонна төлөөбүт кэккэ төлөбүрдэрин, толуйууларын уонна босуобуйаларын аныыр уонна төлүүр эбээһинэстэннэ.
📰📰📰
💕 Бигэ тирэхтээх, иллээх дьиэ кэргэн – уопсастыба тулхадыйбат тутааҕа диэн мээнэҕэ этиллибэт. Дьиэ кэргэн үтүө эйгэтин олохтуур эмиэ туспа үлэ, дьулуур, кэрэҕэ тардыһыы күүһэ буолар. Онон олунньу 14 күнүн – Тапталлаахтар күннэрин көрсө улууспут араас көлүөнэ ыалларыттан олохторугар саамай умнуллубат түгэннэрин, бэйэ икки ардыгар истиҥ сыһыан уонна дьиэ кэргэн иллээх олоҕун кистэлэҥэ
туохха сытарын туһунан санааларын ыйыталастыбыт⏫⏩⏩⏩
🖊️ Ольга Шепелева, Екатерина Захарова
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тапталлаахтаркүннэрэ
https://www.instagram.com/p/CZ8YnrFtKoE/?utm_medium=share_sheet

💖 Сардаана Охлопкова @sardaana_okhlopkova уонна Прокопий Румянцев диэтэхтэринэ билигин Саха сирин таһыгар тиийэ кинилэр истиҥ тапталларын устуоруйатын билэр уонна ыраас сыһыаннарыгар итэҕэйэн, таптал бу сиргэ чахчы да баар эбит диир киһи үгүс буолуохтаах.
💖 Онон бүгүн Тапталлаахтар күннэригэр Сардаана Охлопкова эдэр ыал бу ыраас тапталларын хайдах дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕастык арыйарга санаммыттарын, бастакы “аһаҕас пост” олохторун хайдах уларыппытын туһунан санаатын үллэһиннэ.
💖 Сардаана: "Эрдэттэн блогер буолар бүччүм баҕа санаалааҕым", – диир. Бастаан инстаграмҥа страницатыгар күннээҕи олоҕуттан түгэннэри үллэстэн эбэтэр бэйэтин хаартыскаларын таһааран саҕалаабыт. Оннук биирдэ өйдөөн көрбүтэ – сурутааччытын ахсаана 7 тыһыынчаҕа тиийэ үрдээбит. Ол аата номнуо "саҕалааччы-блогер" статуһун сүкпүт эбит.
💖 Бу күнтэн дьон сэҥээрэр эбит диэн өйдөбүл киирэн, саҥа түһүмэх саҕаланар – Сардаана ааҕааччыларыгар анаан бэйэтин олоҕун туһунан аһаҕастык кэпсииргэ сананар. Ииппит ийэтигэр махталын, ытыктабылын, оҕо сааһын тапталын иккис олоҕор хайдах төнүннэрбитин туһунан бииртэн биир ис сүрэхтэн истиҥ уонна ааҕааччыларга итэҕэйэр олус аһаҕас суруйуулара тахсан, тута тыһыынчанан дьон сэҥээриитин ылан бараллар. Күҥҥэ 2000 тиийэ сурутааччы эбиллэр. Биллэр блогердар сэҥээрэн, тарҕатан, баара-суоҕа үс ый иһигэр Сардаана сурутааччыта 12 тыһыынчаҕа диэри тахсар.
💖 Элбэх киһи, ол иһигэр инста-блогердар кытары: «Эн устуоруйаҕын ааҕан, кынаттанныбыт. Эмиэ инник аһаҕастык суруйуохпутун баҕардыбыт", – диэбиттэр. Сардаана киэҥ аудиторияланан эппиэтинэһэ үрдээн, араас тэрилтэлэр рекламаҕа тахсан, биирдэ өйдөөбүтэ – блогер буолар ыра санаата чахчы туолан хаалар.
⏬⏬⏬
https://www.instagram.com/p/CZ8-SdFJ21n/?utm_medium=share_sheet

📺📺📺
⭕ Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын көрсө олунньу 15 күнүгэр "Саха" НКИХ ханаалыгар быйыл өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн спортивнай күрэхтэһиитин ыытар Уус Алдан улууһун бэрэстэбиитэллэрэ "Саҥа күн" уонна "Олох үөһүгэр" биэриилэргэ ыалдьыттыахтара. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
📌 Ол курдук сарсыарда 8:00 чааска тахсар "Саҥа күн" биэрии быһа эфиригэр улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов нэһилиэнньэ Оонньууларга бэлэмнэниитин, култуурунай бырагырааманы билиһиннэриэҕэ.
Биэрии түмүгэр "Мүрү, Мүрү барахсан" ырыаҕа саҥа килиип дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыаҕа.
📌 Оттон киэһэ 19 ч. 45 м. улуус баһылыга Алексей Федотов, Оонньуулар култуурунай бырагыраамаларын кылаабынай режиссера Сергей Расторгуев, спортивнай оонньуулар кылаабынай судьуйалара Николай Цыпандин уонна СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирин солбуйааччы заместитель Александр Бугаев ыалдьыттыахтара. Кинилэр тэрээһин үлэни билиһиннэриэхтэрэ, көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдуохтара.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саханкихкөрдөрөр
https://www.instagram.com/p/CZ9j--OMXAo/?utm_medium=share_sheet

https://мюрюгазета.рф/article/42100
"Мүрү, Мүрү барахсан" ырыаҕа саҥа килиип сүрэхтэннэ

Иннокентий Сосин тылларыгар, Павел Акимов матыыбыгар уостан түспэт норуот ырыата буолбут "Мүрү, Мүрү барахсан" ырыаҕа саҥа килиип бүгүн "Саха" НКИХ ханаалын "Саҥа күн" биэриитигэр сүрэхтэннэ.