https://мюрюгазета.рф/article/30105
Оскуолабытыгар «Наукаҕа хардыы» кэмпириэнсийэ ыытылынна

Ulus Media

«Познание начинается с удивления» диэн улуу бөлһүөк Аристотель эппитэ. Оҕо тугу эрэ интириэһиргээтэҕинэ, ону билиэн баҕарар, толкуйдуур, элбэх ыйытыыны биэрэр. Онно хоруйу ылаары кини үгүһү үөрэтэн, билиитин хаҥатар. Алтынньы бүтэһик күннэригэр Мүрү 1-гы…
https://мюрюгазета.рф/article/30113
Улуус устуоруйатын мусуойугар буоскаттан кутуллубут скульптуралар баар буолуохтара

Эһиил биһиги улууспутугар ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар анаан, бары өттүнэн бэлэм буолар туһуттан улуус тэрилтэлэрэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьаллар. Улуус устуоруйатын мусуойа манна анаан бэрт сонун бырайыагы бэлэмнии…
https://мюрюгазета.рф/article/30130
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
Ulus Media
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
Быйыл сайын уот кураан күннэр сатыылааннар, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ойуур баһаардара суоһаан, улахан охсуулаах күннэр аастылар. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр дэриэбинэттэн 25 килэмиэтирдээх оттуур ходуһаҕа уот туран, ыксал буолбута. Дүпсүннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын…
https://мюрюгазета.рф/article/30137
Тиэхиньикэнэн хааччыллыы улаатара наада
Тиэхиньикэнэн хааччыллыы улаатара наада
Ulus Media
Тиэхиньикэнэн хааччыллыы улаатара наада
Алтынньы 27 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыыппыт мунньаҕар ойуур баһаардарын утары үлэҕэ федеральнай үптэн харчы көрүллэрин туһунан этилиннэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ сэҥээриини ылла. Кырдьык, быйыл…
https://мюрюгазета.рф/article/30250
Үйэ аҥаара олох устун – бииргэ
Үйэ аҥаара олох устун – бииргэ
Ulus Media
Үйэ аҥаара олох устун – бииргэ
Биэс уон сыл анараа өттүгэр сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан оҕо-уруу тэнитэн, алаһа дьиэ тэринэн, төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар Найахыга күн бүгүн этэҥҥэ олорор доҕотторум, ыкса чугас ыалларым – Анна Михайловна, Иван Тимофеевич Гуляевтар.
https://мюрюгазета.рф/article/30252
Нэһилиэнньэ биэрэпиһэ инники олоҕу түстүүр
Нэһилиэнньэ биэрэпиһэ инники олоҕу түстүүр
Ulus Media
Нэһилиэнньэ биэрэпиһэ инники олоҕу түстүүр
Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүгэр саҕаланан, сэтинньи 14 күнүгэр түмүктэниэхтээх. Уус Алдан улууһугар 32 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 41 биэрэпистээччи, 5 хонтуруоллааччы, нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр боломуочунай Г.Е. Ноговицына үлэлии…
https://мюрюгазета.рф/article/31500
Уопсастыбаннай сирдэргэ QR-куодунан киириини нэһилиэнньэ ылынна

Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр, ол иһинэн үлэлиир киинэ тыйаатырыгар QR-куодунан киирии олохтонон, кытаанахтык ирдэниллэр.
https://мюрюгазета.рф/article/31899
«Олоҕу сүрэхпинэн көрөбүн» кулууп актыбыыстарын сэмэй ситиһиилэрэ үгүс

Дойдубутугар хамсык ыарыы туран Курбуһахтааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр харантыын кэмэ да буоллар, харахтарынан көрбөт инбэлииттэри кытары үлэ быстыбакка ыытыллар. «Мир пожилых» бырайыак иһинэн интэринээппитигэр «Олоҕу сүрэхпинэн…
⭕⭕⭕
📌 Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүл күннэригэр Уус Алдан улууһугар вакцинация пууннара үлэлээтилэр. Ол курдук, тохсунньу 3, 5 күннэригэр улуус киинигэр Бороҕоҥҥо поликлиникаҕа, Оҕуруоттаах, Кэптэни, Дүпсүн, Танда, Уус Күөлүн, Балыктаах, Эһэлээх бөһүөлэктэрин врачебнай амбулаторияларыгар сарсыарда 9-тан киэһэ 17.00 ч. диэри пууннар үлэлээтилэр.
📌 Аны тохсунньу 7 күнүгэр эмиэ итинник бириэмэҕэ бу пууннарга COVID-19 коронавирус инфекциятын утары быһыыны ылыахха сөбүн улуустааҕы киин балыыһа иһитиннэрэр.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#вакцинация
#COVID19
https://www.instagram.com/p/CYYaGhlst27iVzkCcpWXA2vTSIxCpaJpFZpyUU0/?utm_medium=share_sheet

📌 Бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап биһиэхэ, Уус Алдаҥҥа, COVID-19 коронавирус инфекциятыгар сыстан, 12 киһи ыалдьыбыта регистрацияламмытын иһитиннэрбитэ. Онуоха бу күҥҥэ улууска балаһыанньа хайдаҕын кылаабынай быраас Анна Петрова билиһиннэрэр:
🔻 – Тохсунньу 6 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 16 ковидник ыарыһахтаахпыт, онтон түөрдэ – оҕо. Бу дьонтон 13 киһи амбулаторнай эмтэниини бара сылдьаллар. Оттон инфекционнай отделениеҕа сытан Бороҕонтон – 2, Найахыттан 1 киһи эмтэнэллэр. Манна бэлиэтээн эттэхпинэ, бу ыалдьыбыт дьон бары ыарыыны утары вакцинаны ылбатахтар.
🔻 Оттон нэһилиэнньэни вакцинациянан хабыы көрдөрүүтэ 67.4% тэҥнэстэ, былаан туолуута – 84.3%. Ол эбэтэр, улуус үрдүнэн 9289 киһи вакцинаны ылла, итинтэн 8647 киһи вакцинация икки түһүмэҕин ааста.
🔻 Күндү биир дойдулаахтарым, бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ. Халлаан сылыйан истэҕин ахсын ыарыы эмиэ элбиир куттала баар, онон сааскыга диэри иммунитет үөскүүрүн туһугар билигин быһыыны ылар наада. Вакцинация пууннара бырааһынньыктааҕы өрөбүл күннэргэ анал графигынан үлэлээтилэр, сарсын, тохсунньу 7 күнүгэр, эмиэ үлэлиэхтэрэ. Онон ким быһыыны ыла илиги эбэтэр иккис компоненын ылааччыны уонна ревакцинацияны ааһар дьону күүтэбит.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#коронавирус
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CYYutePMRmbsNnqWmgBIhrOppSOnid7kdqHtqY0/?utm_medium=share_sheet

📰📰📰
⭕ Саҥа сылга үктэммит уһун өрөбүллэрбитин туһалаахтык атааран, ким дьиэ кэргэнинэн сири-дойдуну кэрийэн сынньанар, ким дьиэҕэ олорон иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарар.
⭕ Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо Мария, Иннокентий Копыриннар бу өрөбүллэргэ күн солото суохтар. Дьиэлэрин ис бараанын тупсаран, Иннокентий Николаевич маһынан уһанар. Илиитинэн тутан-хабан, олус кичэллээхтик систээх олоппостору оҥортуур. Оттон Мария Алексеевна туттуллартан ааспыт, бүппүт араас иһиттэри туһаҕа таһааран, киэргэллэри, маллаах иһиттэри оҥортуур.
⭕"Холобур, бүппүт скотч иһинээҕи хордуонун, мас таҥас туттарары, шпагат быаны, оҕуруо арааһын, тесьманы, о.д.а. туһанабын. Инник үгүс матырыйаалы туттан сиэдэрэй иһити-хомуоһу оҥорон, оҕолорбор, сиэннэрбэр бэлэх уунабын, дьиэбин тупсарабын", – диэн Мария Алексеевна кэпсиир.
⭕ Кырдьык да, сиэдэрэй, олус туһалаах маллаах иһиттэр, паннолар кэккэлээннэр, хараҕы үөрдэр кэрэ көстүүлээхтэр. Кыһыҥҥы тымныыларга сылаас дьиэҕитигэр олорон иллэҥ кэми туһалаахтык атаарыҥ.
🖋️Ольга ШЕПЕЛЕВА.
📰@muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан #улуусхаһыата #кэрээйгэтэ #бороҕон
https://www.instagram.com/p/CYY-7oaJt61h8yxj3Fp44BAKOtqJAX_SmNCPIk0/?utm_medium=share_sheet

📌 Кэптэни ыччата – бу иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһынын лидеринэн, Саха КВН салайааччытынан үлэлээбит Геннадий Охлопков Саха академическай тыйаатырыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэтин саҕалаабытын бэйэтин страницатыгар таһаарбыт.
@gennadii_okhlopkov
🔻🔻🔻
"Я В САХА ТЕАТРЕ. ТРЕТИЙ ЗАХОД. ВСЕ СЕРЬЕЗНО 👨🏻💼🏛🎭
▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪▪
Я всегда есть и был человеком понимающим культуру, духовность, ценности... Тесно связан со сценической культурой, языком и литературой, публицистикой и творчеством. В тоже время имею опыт организовывать и продюсировать креативные проекты, быть коммуникабельным и собрать вокруг себя различные сообщества. Всегда стараюсь делать свое дело со смыслом, со вкусом и грамотно с эстетической точки зрения.
Теперь у меня основное место работы с декабря 2021 года – Саха академический театр имени П.А. Ойунского. Занимаю должность заместителя директора, фронт работы – стратегия развития и продвижение театра. В начале работы прошел различные инстанции согласования и одобрения. Таким образом, новый 2022 год начинается с новой страницы в новой отрасли. Теперь я служу и посвящаю себя культуре, миру искусства и духовности!"
✅@muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
#биирдойдулаахтарбыт
https://www.instagram.com/p/CYchfVKsiEkFX1cdQVakOjTx6gLpvm63M0oCzg0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ Степан Васильев бырайыагынан өрөспүүбүлүкэбит кэргэннии дуэттарын кэнсиэрэ сыллата олус тэрээһиннээхтик ыытыллар.
⭕ Быйыл эмиэ үгэскэ кубулуйбут тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан ырыаны олохторун аргыһа оҥостубут 12 дьиэ кэргэн дуэтынан ыллаан-туойан, көрөөччүлэргэ кэрэ бэлэх оҥордулар.
⭕ Пандемиянан сибээстээн биир сыл тохтоон баран, быйыл бу кэнсиэр ыытыллыбытыттан кыттааччылар да, көрөөччүлэр даҕаны үөрүүлэрэ үгүс буолла.
⭕ Өрүү буоларын курдук, өрөспүүбүлүкэ норуодунай артыыстара Екатерина, Алексей Егоровтар кэнсиэри ылбаҕай ырыаларынан саҕалаатылар.
⭕ Сунтаартан Анастасия, Иван Ивановтар, Уус Алдантан Мария, Василий Петуховтар, Дьокуускай куораттан Варя Ларионова, Степан Афанасьев, Санита Ай, Эрхан, Розалина Файрушина, Сахамин кытыннылар.
⭕ "Быйылгы кэнсиэргэ эдэр дьиэ кэргэттэр дуэттара кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх. Биһиги дьиэ кэргэн аан маҥнайгы кэнсиэртэн саҕалаан кыттабыт. Элбэх дьиэ кэргэн доҕоттордоннубут, куруутун үөрэ-көтө көрсөбүт.
Бырайыак ааптара дьиэ кэргэни бөҕөргөтөр, ыллыыр дьиэ кэргэни өйүүр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах тэрийэрэ саарбахтаммат. Ол сыалын бу сыллар тухары толору ситиһэн иһэриттэн үөрэбит", – диэн Мария Петухова санаатын үллэстэр.
⭕ Биир дойдулаахтарбыт Зинаида Иванова тылларыгар, Василий Петухов мелодиятыгар "Оҕом суола", Степан Дадаскинов тылларыгар, В. Петухов мелодиятыгар "Хаар кыраай вальса" ырыаларынан кэргэннии дуэттар кэнсиэрдэрин киэргэттилэр.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CYdHXyfLr08aqzbIS9Q2uGxBCE4xsuagFgHM3M0/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Уус Алдаҥҥа саҥа үбүлүөйдээх сылга бастакы оҕо бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, сарсыарда 10 чааһы 55 мүнүүтэ ааһыыта Бороҕоннооҕу төрүүр дьиэҕэ күн сирин көрдө.
⭕️ Бэлиэтээн эттэххэ, тохсунньу 9 күнүгэр 92 сыл анараа өттүгэр Уус Алдан улууһа төрүттэммитэ. Онон кырачаан киһи икки бэлиэ датаҕа төрөөтө.
⭕️ Төрөппүттэрэ Найахы нэһилиэгин олохтоохторо элбэх оҕолоох Арсентьевтар дьиэ кэргэн буолаллар.
⭕️ Түөрт оҕолоох ыал ийэтэ Мичийэ Владимировнаҕа бу иккис кыыһа этэҥҥэ төрөөн, аны оҕолорун кытары бүөбэйдэһиэ. Аҕалара Тарас Анатольевич Найахы орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлиир.
⭕️ Кырачаан кыыс уһуна 55 см., ыйааһына 4304,0 киилэ. Билигин иккиэн этэҥҥэлэр.
⭕️ Үүммүт үбүлүөйдээх сылга – Саха АССР төрүттэммитэ сүүс сылыгар улууспутугар бастакы "Үйэ оҕото" күн сирин көрбүтүнэн эдэр ыалга Арсентьевтарга эҕэрдэ буоллун.
⭕️ "Үйэ оҕото" СӨ Ил Дархана олохтообут 100 тыһ. суумалаах сэртипикээтинэн бэлиэтэниэ.
✅ @murusahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үйэоҕото
#үбүлүөйдээхсылоҕолоро
https://www.instagram.com/p/CYfrLbGL9wr8xsjzliJ3h4s_VR73mpZA-vfeYU0/?utm_medium=share_sheet

🎉🎉🎉
📌 “Уйгу сирэ – Уус Алдан” диэнинэн сураҕырар төрөөбүт улууспут Уус Алдан бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр – төрүттэммит күнэ.
📌 Уус Алдан улууһа (оройуон) 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр Бороҕон, Дүпсүн улуустарын уонна Байаҕантай улууһун икки нэһилиэгин холбоон тэриллибитэ. Ол кэмтэн ыла 92 сыл устата үүнэ-сайда, чэчирии турар.
📌 Устуоруйа кэрэһэлииринэн, Бороҕон ууһа хаҥаластары кытары тэҥҥэ сайдан, кыаҕыран XIII үйэҕэ биллэр буолбут. Онон нуучча судаарыстыбата Саха сирин баһылыырыгар биллэр-көстөр, кыахтаах аҕа ууһа буолан олорбут.
📌 Бороҕон улууһун кулубалара Алексей Аржаков – Сэһэн Ардьакыап, Иван Емельянович Мигалкин, Дүпсүн улууһун кулубата Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр Саха сирин устуоруйатыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыттара.
📌 Ол суола-ииһэ чиҥник хаалан, Уус Алдан улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ билигин инники кэккэҕэ сылдьар. Ону бу сиртэн аҕыс Дьоруой төрөөн-үөскээн тахсыбыттара да туоһулуур.
📌 Күн бүгүн Уус Алдан улууһа 21 олохтоох салайыныы тэриллиитигэр (нэһилиэк) тэнийэн үүнэр-сайдар. Сирин иэнэ 18,3 тыһ. кв. км, нэһилиэнньэтин ахсаана 20515 киһи.
📌 Быйыл ураты сыл үүннэ. Ол курдук, сайын от ыйыгар Уус Алдан улууһугар Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара. Маннык бастакы оонньуулар 1996 сыллаахха эмиэ биһиги улууспутугар ыытыллан тураллар. Онон 26 сыл буолан баран саҕаламмыт сиригэр эргиллэн кэллэ. Бу тэрээһин өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитигэр киирбитинэн уратылаах.
🎉 Улууспут төрөөбүт күнүнэн барыгытыгар истиҥ эҕэрдэ!
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуустөрүттэммиткүнэ
#бэлиэкүн
#улуусустуоруйата
https://www.instagram.com/p/CYfuZ1kofL7oQwbTrrf6wYSZtU1sJ17YtzPJB80/?utm_medium=share_sheet

📌 Эрдэ биллэриллибитин курдук, Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүл күннэргэ улууска вакцинация пууннара үлэлээбиттэрэ. Онуоха 2021 с. ахсынньы 31 күнүттэн 2022 с. тохсунньу 8 күнүгэр диэри үлэлээбит тоҕус пууҥҥа уопсайа 166 киһиттэн вакцинация бастакы түһүмэҕин – 53 киһи, иккис түһүмэҕин 113 киһи ааста.
📌 Онон улуус үрдүнэн барыта 9317 киһи вакцинацияланна (улууска олорор улахан дьон уопсай ахсааныттан 67.65%), о.и. 8667 киһи быһыы икки компоненын ылла.
📌 Тохсунньу 9 күнүнээҕи туругунан, улууска ковидтаах 19 ыарыһах баар, о.и. түөрдэ оҕо. Үс киһи стационарга эмтэнэр, 1 ыарыһах туруга ыарахан. Провизорнайга түөрт киһи баар. Бороҕоҥҥо 10 киһи, Балыктаахха – 2, Бээдигэ – 1, Окемовкаҕа 2 киһи амбулаторнай эмтэниини ааһаллар. Маныаха бу дьон бары Дьокуускайтан ОРВИ симптомнаах дьон кэлэннэр ыалдьыбыттарын бэлиэтиэххэ сөп.
📌 Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр улуус киин балыыһатын Суһал көмөҕө сулууспатыгар барыта 136 киһи көрдөрбүтүттэн 32 киһи – ОРВИ, 6 киһи – COVID-19 симптомнаах, 1 киһи үлүйүүлээх тиийбиттэр.
📌 COVID-19 ыарыы кэлиэҕиттэн улуус үрдүнэн 2020 сылга уопсайа 877 киһи ыалдьыбыт, оттон 2021 сылга – 1936 киһи. Онуоха ыалдьыбыт дьон ахсааннарыттан өлбүт киһи ахсаана: 2020 с. – 0.8%, 2021 с. – 1,3%. Бу дьонтон 2020 с. вакциналаах киһи суох, 2021 с. – 1 киһи.
📌 Оттон Дьокуускайга ыарахан туруктаах диэн ыытыллыбыт киһи ахсаана ыалдьыбыт дьонтон: 2020 с. – 2%, 2021 с. – 1,7%.
🖊️ Улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова иһитиннэриитинэн
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#COVID19
#коронавирус
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CYgFMzZMamgNm2R5Btfk8zE0fxQxO12cYKBlMs0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Уһун өрөбүллэргэ Өлтөх нэһилиэгэр көлүөнэлэр икки ардыларыгар "ОРОҺУОСПАТААҔЫ ВОЛЕЙБОЛ" турнир олус тыҥааһыннаахтык, сэргэхтик ыытылынна.
⭕Уопсайа эр дьоҥҥо 5 хамаанда, дьахталларга 3 хамаанда кыттаннар кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
⭕Эр дьоҥҥо:
1 миэстэ – "Ветераннар"
2 миэстэ – "Молодёжь"
3 миэстэ – "Лихие 90-е"
Дьахталларга:
1 миэстэ – "Үрдэл"
2 миэстэ – "Молодёжь"
3 миэстэ – "Дьулуур" бэтэрээннэр хамаандалара буоллулар.
⭕ Күрэхтэһиигэ олохтоохтор уонна волейболу сэргиир Дьокуускай куораттан, Бороҕонтон, Чурапчы Бахсытыттан биир дойдулаахтарбыт кыттыыны ылбыттара күрэхтэһии тыҥааһынын өссө сытыырҕатта.
⭕ Хамсык кэмигэр хаайтаран олоруу кэнниттэн дьон-сэргэ көрсөн, биир интэриэстээхтэр мустан, эһиилги волейбол күрэхтэһиитин өссө киэҥник тэрийэн, олохтоохтор үгүс өттө кыттарын ситиһэн, "Ороһуоспатааҕы волейбол" сылын аайы үгэс быһыытынан ыытылларын былааннаатыбыт.
🖋️ Леонид МАРКОВ, Өлтөх нэһилиэгин спортинструктора.
✅ @murusahargata
#уйгусирэуусалдан
#улуусхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#спортэйгэтэ #ороһуоспатааҕыволейбол2022 #бэйдиҥэ
https://www.instagram.com/p/CYg12-cJbFRu8yhygoO7KS1-RTCLaMtejAIZWk0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Киин куоракка бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо улахан кутталы үөскэтэн, бэл киһини өлөрөн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ айманна, дойду таһымыгар айдаан таҕыста.
⭕ Онон улуустарынан хас биирдии нэһилиэккэ ыттар бэйдиэ сылдьыыларын кыһалҕатын быһаарыыга үлэ ыытыллар, салҕанар.
⭕ Мүрү нэһилиэгэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр Ленская уулусса арҕаа уһугар сылаас приют аһылынна. Приют 10 вольердаах, персоналга аналлаах икки хостоох (приемнай уонна операционнай).
📌 Маныаха улуус олохтоохторо санаалара араас. Холобур, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Роман Бережнев Саха сиригэр олох туһунан сокуон наадатын этэр:
– "Ыт – киһи доҕоро" диир этиибит кэнники кэмҥэ олох төттөрү өттүнэн эргийэн, улахан айдааннаах түгэннэр таҕыстылар. Ыты көрүүгэ-харайыыга хаһаайын ытын олбуорун иһигэр иитэрин ситиһэр сокуон наада. Олбуор таһыгар таҕыста да, хаһаайын ытыгар улахан эппиэти сүгүөхтээх диэн күүстээх ирдэбил туруохтаах.
📌 Булчут киһи ытын кытта тыаҕа таҕыстаҕына, босхо ыытан бултатан баран, тутан ылан баайа сылдьыахтаах. Бэйдиэ сылдьар ыты туох да кэпсэтиитэ суох ытан ылан, харайыахха наада.
📌 Босхо, бэйдиэ сылдьар ыт хоромньутун киһи ааҕан сиппэт. Маны барытын өйдүүллэр эрээри, ыкка күүстээх сокуону соруйан таһаарбаттар.
📌 Мин Саха сиригэр ыкка туһунан сокуон баар буолуохтаах диибин. Биһиги, сахалар, ыты сатаан ииппэппит. Ол иһин бэйэбитигэр сөптөөх сокуону таһааран, онон эрэ хааччахтаан иитиэхпитин наада.
📌 Ыты иитии уруккуттан улахан мөккүөрдээх этэ. Урут ыты пааспардаах буоллаҕына эрэ каадырабай булчуттарга иитэри көҥүллүүллэрэ. Онон ыты иитии бэрээдэктэнэ сылдьбыт кэмнэрдээҕэ.
⭕ Бу тиэмэҕэ сиһилии матырыйаалы "Мүрү саһарҕата" хаһыат тохсунньу 14 күнүнээҕи нүөмэригэр #сытыыбөрүө рубрикаҕа ааҕаарыҥ.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сытыыбөрүө
https://www.instagram.com/p/CYiG0aLIog6OQ6gphkQ13Z2Eh2LDHH_G7LY2eg0/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Арассыыйа Бэчээтин күнүн көрсө СӨ суруналыыстарын Сойууһун бырабылыанньата (бэрэссэдээтэл Г.А. Бочкарева) үгэс буолбут 2021 сыл түмүгүнэн суруналыыстар уонна СМИ эйгэтин үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи профессиональнай куонкурустарын түмүгүн таһаарда.
⭕️ Барыта 10 анал номинация баарыттан “Түмүктээх үлэтин иһин” (“За результативность”) номинацияҕа “Мүрү саһарҕата” хаһыат отделын эрэдээктэрэ, суруналыыс Ольга Шепелева “Бэтэрээн ыра санаата” бырайыагынан лауреат үрдүк аатын ылла.
⭕️ «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыак ааспыт 2021 сыл тохсунньу 22 күнүттэн саҕаланан, нэдиэлэ ахсын нэһилиэктэринэн ыытыллан, балаҕан ыйыгар түмүктэммитэ.
⭕️ Улуус икки сэрии бэтэрээнигэр II Лөгөй нэһилиэгин ытык олохтооҕо В.А. Васильев дьонугар, Найахы нэһилиэгин ытык олохтооҕо, сэрии бэтэрээнэ Н.Н. Ивановка уопсайа 337 тыһ. 600 солк. туттарыллыбыта.
⭕️ Бу үлэни сүрүннээччи суруналыыс Ольга Шепелева бырайыагы үүннээн-тэһииннээн, тэрийэн үтүө умнуллубат бачыым олохтонно.
⭕️ Маны сэргэ, хаһыат ис-тас тутулун, макыатын дизайнынан, урукку өттүгэр ситиһиллэ илик – “Сыл бастыҥ дизайна” (“Дизайн года”) анал номинацияҕа улуус хаһыатыгар уһун сылларга үлэлии сылдьар СӨ бэчээтин туйгуна, хаһыат тиэхиньиичэскэй эрэдээктэрэ Сардана Владимировна Бурнашева лауреатынан ааттанна.
⭕️ Биир идэлээхтэрбитин, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн туран, улахан ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит уонна өссө таһаарыылаах үлэни, айар-тутар уҕараабат күүһү-уоҕу баҕарабыт!
@murusahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылбастыҥнара
https://www.instagram.com/p/CYiPHHZoid_u7aA7Oz5jPVYvuUO-Fz4kyJsD9c0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Аллараа Бэстээххэ ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан чөмпүйэнээтигэр – 2022 сылга Бороҕоҥҥо ыытыллар Саха сирин норуоттарын VIII-c спортивнай оонньууларыгар квалификациялыыр Николай Тарскай аатынан турнирга кыттыы түмүгүнэн Уус Алдан хамаандата төрдүс миэстэ буолан, сайыҥҥы спартакиадаҕа алта путевканы ылла.
⭕ Улуус сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөстөрүттэн – 57 киилэҕэ диэри категорияҕа Айаал Белолюбскай үһүс миэстэ буолла, оттон Петр Павлов уонна Евгений Алексеев эчэйии ыланнар, 65 киилэҕэ диэри уонна 125 киилэҕэ диэри бэйэлэрин ыйааһыннарыгар үһүс миэстэ иһин киирсиигэ кыайан тустубатылар.
⭕ Манна бэлиэтээн эттэххэ, Чурапчы уонна Сунтаар улуустара эмиэ алталыы путевкаланнылар, оттон кыайыылааҕынан тахсыбыт Мэҥэ Хаҥалас хамаандата тоҕус путевканы ылла.
⭕ "Оттон хамаандабыт лидерэ Арыйаан Тютрин тохсунньу 11-12 күннэригэр Беларусь өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйэнээтигэр кыттар буолан, Тарскай турнирыгар кыайан кыттыбата эрээри, судьуйалар коллегияларын быһаарыытынан, улууһун хамаандатыгар очукуо ааҕыллан, кини даҕаны путевканы ыларыгар эрэллээхпит", – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
✅ @muru.sahargata
📸 @sportyakutia.ru хаартыскатыгар Айаал Белолюбскай пьедесталга турар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#успуорт
#көҥүлтустуу
#тарскайтурнира
#бороҕон2022
https://www.instagram.com/p/CYi_4U4shwKaj6kBz6erkJP_JFXnLIEYk8YfnQ0/?utm_medium=share_sheet