🌌Билигин хараҥа халлааны сырдата дьүкээбил дьиримнии оонньуурун көрдүгүт дуо?
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын салалтатын аатыттан дириэктэр Иван Портнягин оҕолорго гиирэ спордугар Арассыыйа, Саха сирин турнирдарын 5 төгүллээх кыайыылааҕа 10-с кылаас үөрэнээччитэ Валерия Охлопкованы, тириэньэр Алексей Гоголевы, үөрэнээччибит ийэтин Кара Охлопкованы эҕэрдэлээтэ, бэлэх уонна үөрэнээччибитигэр Валерияҕа
20 000 солк. суумалаах сертификаты үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Элбэҕи эрэннэрэр кэскиллээх спортсменнар үүнэр ыччакка үтүө холобур буолалларын, кинилэр кыайыылара өрөгөй чыпчаалы дабайыыга бастакы хардыы буоларын бэлиэтээтэ.
Эдэр кэскиллээх спортсменка Валерия Охлопкова аатын спорт үрдүкү таһымыгар өссө да истиэхпит, киэн туттуохпут диэн эрэнэбит.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Эниэргийэ элбиир, күүс эбиллэр, эбии кыах көстөр күнэ. Күүтүллүбэтэх өттүттэн тургутуулары чэпчэкитик туоруоҥ. Былааныҥ соһуччу уларыйарыгар бэлэм буол.
Үлэҥ-хамнаһыҥ тахсар, түмүк да көстөр күнэ. Харчы боппуруоһа күөрэйэн ылыаҕа. Уһун болдьохтоох бырайыактары былаанныырга табыгастаах күн.
Дьону кытта уопсай тылы буларга анаммыт күн. Ону туһаныаххын наада. Арай саба быраҕан түмүгү оҥорорго, санааҕынан ыһыахтанарга ыксаама.
Өйгүн-санааҕын сааһыланыаххын, сынньаныаххын наада. Дьиэ кэргэҥҥиттэн соһуччу сонуну истиэххин сөп. Быһаарыныыны ылынаргар бэйэҥ туруккун иһиллэн.
Дьону бэйэҕэр тардар күүстээххин. Ону бэйэҥ идиэйэҕин олоххо киллэрэргэ туһан. Сөптөөх кириитикэҕэ бэлэм буол.
Үлэҕэ-хамнаска сыһаннаах соругу толорорго табыгастаах күн. Бытархайы да болҕомтоҕо ылар дьоҕуруҥ сыыһа туттунууттан быыһыа. Эмискэ харчы киириэн сөп.
Дьону кытта биир тылы буларгар күн-ый анаабыт кэмэ. Ол кыыһырсыылаах түгэнтэн куотаргакөмөлөһүө. Айар үлэ салалларыгар табыгастаах күн.
Санааҥ түһүө даҕаны, өрө көтөҕүллүө даҕаны. Дьон кистэлэҥ санаатын таайар дьоҕургун туһаныаҥ. Тус олоххор уларыйыылар буолуохтарын сөп.
Атын кыаххын арыйарга табыгастаах күн. Саҥа билсиһии, баҕар, айан да буолуон сөп. Арай кыайан толоруо суох курдук дьыалаҕар тылгын биэрэргэ ыксаама.
Сыалгар дьулуһарыҥ, кыаҕыҥ күүһүрбүтэ сүрдээх. Үлэҕэр үрдүүргэ сөптөөх күн үүннэ. Эбии эппиэтинэһи ылынарга бэлэм буолуоххун наада.
Соһуччу көстүүлэринэн, саҥа идиэйэлэринэн баай күн. Ураты дьоҕургун дьон болҕомтоҕо ылыа, сыаналыа. Сонун дьону кытта билсиһиилэр күүтэллэр.
Курдат таайар дьоҕуруҥ хаһааҥҥытааҕар да күүһүрэн сылдьар. Быыһаарыныыны ылыныаҥ иннинэ бэйэҕин иһиллэн. Духуобунай быраактыканы ааһарга, айарга-тутарга табыгастаах күн.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахтарбыт
Киһи биир эрэ сиргэ хараҕаланан олорбот. Кэлии-барыы, кийииттэһии-күтүөттэһии быйыл да, былыр да баара. Ол сиэринэн, Бороҕонтон төрүттээх Иван Петрович Саввин 80-с сылларга Төҥүлүтээҕи СПТУ-га үөрэнэ сылдьан аналын көрсөн, кэргэнин дойдутугар – Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр – олохсуйбута.
Араас сылларга оскуолаҕа сопхуоһунан, интэринээккэ иитээччинэн үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыта. Саха сиэринэн, сүөһү, сылгы ииттэн олорор. Икки уолуттан кырата, аҕатын аатынан ааттаммыт Иван Саввин эмиэ сыспай сиэллээҕи дэлэтэр. Видеоҕа кинилиин сылгыларын аһата сылдьар кэмигэр кэпсэппиппин уктум. Дьон бу эргин, сүрүннээн, сылгынан олорор. Сылгыһыт эрэ барыта миинэр аттаах, кыһынын бураннаах.
Биир дойдулаахпыт Иван Петрович кэмиттэн кэмигэр дойдутугар таарыйар. Аҕыйах хонуктааҕыта төрөөбүт улууһун ''Мүрү саһарҕата'' хаһыакка суруйтарда.
✍Уйаара КУСТУК
✅ @uamurusahargata

#сынньалаҥҥа
Өлүөһүк
Алаас ааттаах, дойду сурахтаах. Сир-дойду аайы араас дьоҕурдаах дьон төрөөн-үөскээн олордохторо. Ырыаһыттар, уустар, худуоһунньуктар – маннык дьону билэбит-көрөбүт, харахпыт далыгар сылдьаннар, нэһилиэктэрин ааттаталлар, аатырдаллар. Бу кэнники олохпут тутула уларыйан, саха айылгыта уһуктан, көрбүөччүлэр, норуот эмчиттэрэ, былыргынан ойууттар баар буоллулар. Олор быыстарыгар айылҕаттан айдарыылаах, хомуһуннаах ойууннары билэбит.
Олохпор биир дьикти киһилиин алтыһан ааспыппын кэпсиэхпин баҕарабын.
👇
БАТТАА↩️
✍️ Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах. Суотту

Forwarded from Kyym.ru
💠ИЭЙЭХСИТ СЫЛЫН ТУҺУНАН ТАҤ БҮӨ ТАҤАН СУРУЙБУТ БИЛИИТИН ТАҺААРЫЫНЫ САҔАЛЫЫБЫТ
2025 сылы Ийэ Дойдуну көмүскээччи сылынан анаатылар.
Ити, саха төрүт үгэһин халандаарын кытта, эмиэ, син түбэстэ курдук буолла. Саха билиҥҥи халандаарынан, ааспыт сылбыт Айыыһыт сыла эбит буоллаҕына, быйылгыбыт – Иэйэхсит сылынан биллэр. Онон, быйылгы сылы сахалар Иэйэхсит Хотун сылынан билинэллэр, ити таҥара бэйэни харыстаныыны, көмүскэниини күөдьүтэр айыынан биллэр.
Иэйэхсит туһунан элбэх саха төрүт үгэһин чинчийээччи сылынайдар да, кэллиҥҥи кэмҥэ сэбиэскэй, онтон Арассыыйа да Аан дойду да учуонайдара билиминэн үлэлэригэр суруйан тураллар. Биллэн турар, ол учуонайдар архыып матырыйаалларын туһаналлара. Ордук, билим Акадыамыйатын архыыбыгар сытар матырыйааллары киллэрбиттэрэ. Онно элбэх үһүйээннэр, сэһэннэр, олоҥхоһуттартан, ойууттартан, кырдьаҕас сэһэнньиттэртэн игин ылан суруммут сибиэдэнньэлэр бааллара биллэр.
Иэйэхсит Хотун, киһи бэйэтин да харыстаныытын, тулалыыр эйгэтин да, ол, эбэтэр, Аан айылҕатын уонна Ийэ буорун харыстааһынын төрдүгэр турар таҥара буолар дэнэр. Билиҥҥиннэн эттэххэ, инстинкт самосохраненияны эппиэтиир эбит. Холобура, хара сарсыардаттан киһи тураат 44 оһоллору көрсөр. Онно кини Иэйэхсит 44 хараҕа аһаҕас буолуохтаах дэнэр. Оччотугар эрэ күнү этэҥҥэ туоруур туруктанар. Ол иһин бэйэтин көрүнэ сылдьыахтаах, олоҕун олорор тэтимиттэн тахсыа суохтаах. Кэмигэр утуйан-туран, тахсан-киирэн диэбиккэ дылы сылдьыахтаах, ис-тас эйгэтин тута сылдьыахтаах. Холобура, былыр, аанньа утуйбатах булчут тайҕаҕа тиийэн адьырҕа кыыл суолугар болҕомтотун уурумуна, ол кыыл тоһууругар түбэһэн суорума суолланынан син этэ.
Киһи Иэйэхситтэрэ диэн – үөһээҥи айыы дойдутугар олорор Иэйэхситтэр тыыннара түһэн киһи тула күрүө буолара. Бу күрүө киһини сыыһа санааттан, ыарыыттан, куһаҕантан көмүскүүр. Ол иһин киһи алгыс этэн Иэйэхситтэрин күн аайы ыҥырыахтаах.
Иэйэхсити ыҥырар алгыс
«Сэттэ Иэйэхситим эҥээрдэс” диэн.
Иэйэхсит биһиэхэ айылҕаҕа сыһыан уонна иитиэх кыылга сыһыан бараабылаларын биэрэр диэн өйдөбүл баар. Холобура, ойуур диэн кыыл дьиэтэ диэн этии баар. Онон ойуурга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. Иитиэх кыылга биһиги ийэ куппут сыстар дэнэр. Онон иитиэх кыылга бэйэбит ийэ куппут курдук сыһыаннаһыахтаахпыт дииллэр. Ити барыта хас да кэс тыл буолан Иэйэхсит халлааныгар суруллубутунан ааҕыллар.
Иэйэхсит кэс тыллара
1. Бу киэлибинэн айылҕалыын ситимнэһэбин. Дом!
2. Айылҕаны харыстаан чэгиэн буолабын! Дом!
3. Куппун харыстаан олох олоробун. Дом!
4. Күлүкпүн быһа хаамтарбаппын. Дом!
5. Үрүҥ көмүс күрүө оҥостобун. Дом!
6. Былытым ыраас буоллун. Дом!
7. Айар-тутар кыахтаахпын. Дом!
САЛГЫЫТА ТЛГ-ХАНААЛБЫТЫГАР ТАХСАН ИҺИЭ.
https://t.iss.one/kyymsakha

Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
2024 год стал богатым на события, связанные с жителями Якутии. Их смелость, трудолюбие и талант вдохновляют и вызывают гордость. Улус.Медиа представляет самые запоминающиеся истории.
Уже 10 лет Дьулустаан Ноговицын из Горного района участвует в традиционных национальных состязаниях. В 2024 году он не только отметил десятилетие своего участия, но и стал чемпионом «Игр Дыгына». Его упорство и сила воли сделали его примером для многих молодых спортсменов Якутии.
Легкоатлетка Сардана Трофимова вошла в историю, став первой из Якутии, кто пробежал марафон на Олимпийских играх. Она заняла 14-е место, соревнуясь с сильнейшими бегунами мира. Её достижение показывает, что якутские спортсмены способны завоевать место на мировой арене.
Альпинист Евгений Кривошапкин стал первым якутянином, который покорил высочайшую вершину мира — Эверест. Это достижение укрепило статус Якутии как региона, где рождаются настоящие герои.
Игнат Чомчоев из Якутии стал победителем третьего открытого Кубка Дальнего Востока «Игры ГТО» среди профессионалов. Соревнования прошли в рамках Восточного экономического форума во Владивостоке, и его успех подчеркнул высокий уровень подготовки якутских атлетов.
Известный якутский двойник Леонардо Ди Каприо Александр Ясень начал сниматься в фильме «Лео, у нас сибирские обстоятельства!». Картина обещает стать яркой комедией с уникальным сибирским колоритом.
Житель села Сунтар Прокопий Константинов спас многодетную семью из горящего дома. Он заметил искры от электропроводки и немедленно бросился на помощь, прорвавшись через забор вместе с водителем случайно проезжавшей машины. Благодаря их самоотверженности удалось избежать трагедии.
Жители села Хадан Сунтарского района, пенсионеры Роман Попов и Геннадий Пустоляков, совершили невероятное путешествие на лошадях. За 2,5 месяца они преодолели около 2,5 тысяч километров по маршруту «Сунтар-Монголия», возрождая традиции купеческих караванов и развивая конный туризм.
29-летняя педагог из Ленска Алена Миллер предотвратила трагедию на реке Лена. Она спасла пятилетнюю девочку и двух пенсионеров, которые оказались в воде и не могли выбраться самостоятельно. Ее решительность и быстрота реакции сделали ее героем своего города.
Артист Государственного цирка Якутии Владимир Степанов стал первым в республике канатоходцем, который прошел без страховки по канату через Талое озеро. Этот трюк стал символом мастерства и отваги.
Боец Александр Ф. стал настоящей легендой не только в России, но и за её пределами. После серьёзного ранения на СВО он самостоятельно ампутировал себе гниющую ногу в окопе, спасая свою жизнь. Его поступок стал примером невероятной силы духа.
👍 Эти события показывают, насколько уникальна и сильна якутская земля. Каждый из героев 2024 года внёс свой вклад в её историю, вдохновив людей по всему миру.
📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Саҥа кыаҕы арыйар, күүһү иҥэрэр ураты күн. Түргэнник быһаарынар үөрүйэҕиҥ соһуччу тургутуулары холкутук туоратыа.
Харчы чааһыгар булугаһыҥ-талыгаһыҥ, быһаара охсоруҥ сытыырхайар. Тус олоххор соһуччу үөрүүлээх сонун тосхойуо.
Алтыһарга, санааны атастаһарга табыгастаах күн. Сааһылаан саҥарарыҥ кэпсэтиигэ, саҥаны былааннааһыҥҥа туһалыа.
Санааҥ түһэр-тахсар. Ол тус бэйэҕин өйдүүргэ наадалаах да курдук. Дьиэтээҕи түбүккэр болҕомтоҕун уур.
Дьону абылыыр күүһүҥ идиэйэлэргин олоххо киллэрэргэ тирэх буолар. Кыралаан кыыһырсыы буолуон сөп эрээри, дэбигис быһаарыаҥ.
Үлэни тупсарарга, түргэтэтэргэ табыгастаах күн. Соһуччу харчы киириэх курдук.
Ханнык да балаһыанньаттан үүтү-хайаҕаһы булар “имигэс” күнүҥ. Чугас киһигин кытта сыһыан тупсарыгар сулустар кыаллары барытын оҥордулар.
Ис-искиттэн санааҕа ылларар, толкуйга түһэр күнүҥ. Сөптөөх быһаарыныыны ылынар кыахтааххын. Бэйэҕин кыай.
Ис күүһүҥ, сырдыкка талаһар баҕаҥ хайа да ыараханы кыайар. Билиини хаҥатарга, саҥа дьону кытта билсиһэргэ табыгастаах күн.
Билиини, дьоҕуру иҥэрэргэ сөптөөх күн. Бииргэ үлэлииргэ соһуччу этии киирэр. Ону кулгааҕыҥ таһынан аһарыма.
Саҥаттан саҥаны толкуйдуур дьоҕуруҥ үлэҕэр таһаарыа, бырайыактаргын хоҥноруо. Урукку доҕотторгун кытта көрсүөҥ.
Айар-тутар дьоҕуру, духуобунай үүнүүнү тосхойор күн. Чугас дьонуҥ кыһалҕаларын быһаарарга күүс да, толкуй да киириэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Фотофакт
С 30 декабря на большей части Якутии установились сильные морозы -56-63°. Самая низкая температура сегодня наблюдается в Батагайском (-64😱 🥶 ) Бярийинском, Чериктейском и др. наслегах ❄️ ❄️ ❄️
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
С 30 декабря на большей части Якутии установились сильные морозы -56-63°. Самая низкая температура сегодня наблюдается в Батагайском (-64
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM