♿️ Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон аан дойдутааҕы күннэрин чэрчитинэн Мүрү нэһилиэгэр декада түмүктэнэн эрэр. Саҥа бэрэссэдээтэллэммит улуустааҕы инбэлииттэр уопсастыбалара ыыппыт Доҕордоһуу киэһэтиттэн матырыйаалы бу сигэнэн киирэн көр
👇
https://мюрюгазета.рф/ytye-tymykteeh-kehteeh-kyn/
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
👇
https://мюрюгазета.рф/ytye-tymykteeh-kehteeh-kyn/
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Түргэн туттууну-хаптыыны эрэйэр соһуччу түгэҥҥэ түбэһиэҥ. Олус сылаалаах үлэттэн, сорудахтан аккаастанар ордук.
Таһаарыылаах үлэҥ, оҥорор дьыалаҥ түмүгэ бириэмийэнэн эбэтэр дуоһунаскын үрдэтэргэ этиинэн сыаналаныан сөп.
Бу күнүҥ олус сүпсүлгэннээх буолуоҕа. Элбэх киһини кытта кэпсэтиэҥ, онуоха мөккүөрдээх быһаарсыыларга кыттыһыма. Оччоҕо эрэ саҥа аартыктар арыллыахтара.
Элбэх түбүктээх күн үүммүт, настырыанньаҥ даҕаны уларыйымтыа буолуоҕа. Ол да буоллар, барытын быһааран, киэһэ күн устата ситиспиккиттэн астыныаҥ.
Бүгүн даҕаны болҕомто киинигэр сылдьыаҥ. Ону улахан суолтаны ылар боппуруоһу быһаарарга туһаныаххын сөп. Үлэ уонна сынньалаҥ бириэмэтин сөптөөхтүк аттара сатаа.
Дуона суох кыра дии санаабытыҥ кимнээҕэр улахан суолталаах буолан тахсыа. Онон болҕомтолоох буолар, барытын тэҥҥэ саба тута сатаабат ордук. Дьиэ кэргэҥҥэр кыра өйдөспөт буолуу тахсыан сөп.
Бу күн эйиэхэ дуогабардаһарга, илии тутуһарга табыгастаах. Соһуччу көрсүһүүнү эбэтэр өр кэпсэппэтэх, билсибэтэх киһиҥ төлөпүөннүүрүн күүт.
Кэлии-барыы, сүпсүлгэн эйигин дьиҥ-чахчы улахан суолталаах дьыалаттан аралдьытыан сөп. Онон ыһыллыбакка сылдьа сатаа. Тута толкуйдаабытыҥ саамай сөптөөх быһаарыныы буолуоҕа.
Билии ыларга, бэйэҕин кэтээн көрөргө тоҕоостоох кэм. Саҥаны саҕалыы охсорго ыксаама, бэйэҥ эбээһинэстэрдээххин умнума.
Бэйэҕэр эрэлиҥ уонна эрчимиҥ күүһүрэр кэмэ. Онон саҥа бырайыагы саҕалаан, ону тиһэҕэр тиэрдэ охсуоххун сөп. Тус олоххор соһуччу үчүгэй түгэн тосхойуо.
Бэйэҕин көрдөрөр кэмиҥ кэлбит: эппиккин энчирэппэтэххинэ, туппуккун ыыппатаххына, аттыгар баар дьонуҥ эн этэргин ылыныахтара.
Күнүҥ чуумпутук ааһыаҕа. Оҥорон саҕалаабыккын этэҥҥэ түмүктээн дуоһуйуоҥ, босхолонуоҥ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📍 Бүгүн Уус Алдан улууһун үгүс нэһилиэгэр таһырдьа 45-50 кыраадыска тиийэ тымныйда🥶
Онон быйыл кыһын оскуолаларга кыра кылаастарга бастакы актированнай күн биллэрилиннэ.
Ааспыт сылга ахсынньы 4 күнүттэн, оттон 2022 сылга бэл сэтинньи 17 күнүттэн улахан тымныылар саҕаламмыттар.
Сылаастык таҥныҥ🤌
📸 Бээди, Эһэлээх, Бороҕон арҕаа өттүн олохтоохторун термометрдара
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Онон быйыл кыһын оскуолаларга кыра кылаастарга бастакы актированнай күн биллэрилиннэ.
Ааспыт сылга ахсынньы 4 күнүттэн, оттон 2022 сылга бэл сэтинньи 17 күнүттэн улахан тымныылар саҕаламмыттар.
Сылаастык таҥныҥ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
😶🌫 Бороҕон тумаҥҥа сууланна
Тымныыбыт түспүтэ билиннэ. Уулуссаҕа дьон-сэргэ хаамсара, барара-кэлэрэ, оҕолор үөрэххэ сырсаллара аччаабыт😊
📹 Ольга Шепелева
@uamurusahargata @ulusmedia
Тымныыбыт түспүтэ билиннэ. Уулуссаҕа дьон-сэргэ хаамсара, барара-кэлэрэ, оҕолор үөрэххэ сырсаллара аччаабыт😊
📹 Ольга Шепелева
@uamurusahargata @ulusmedia
#БАРЫБИИРГЭ
✊ Уус Алдан улууһуттан СВО-ҕа кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар улуус олохтоохторун гуманитарнай көмөлөрүн тиксэрэр делегация ДНР, ЛНР, Запорожскай, Белгородскай, Курскай уобаластарга байыастары көрсөн, барыта 54 кэмпилиэк таҥаһы-сабы, наадалаах малы, онтон да атын тэрили туттарбыттарын, 6 кэмпилиэги Новоазовскайга тирэх пууҥҥа хаалларбыттарын иһитиннэрдилэр.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏Оҕолорбут ситиһиилэрэ үрдүктүк бэлиэтэннэ
Быйыл "Кэнчээри" ансаамбыл хора бүтүн Илин Уһук куораттарын хордарын кыайан, Бүтүн Россиятааҕы "Поют дети России" хордар конкурстарын киин Россия уокуруктарын кыайыылаахтарын финалыгар ыҥырыллан кыттан кэлбитин кэннэ ый буолан баран, Ил Дархаммытыгар олус үрдүк сыанабылы биэрэн, бүтүн Россиятааҕы хоровой общество председателэ П.А. Пожигайло махтаммыт суругун электронканан ыытта.
Москва, Санкт-Петербург, Ульяновскай, Томскай о.д.а. бастыҥ коллективтарын кытта биир муостаҕа туран, саха оҕото фольклортан саҕалаан аан дойду классикатыгар тиийэ дэгиттэр толорор кыаҕын үрдүк таһымнаахтык көрдөрөн улаханнык биһирэнэн кэлбит оҕолорбор, тэрийсэн көмөлөһөн ыыппыт улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигар Степан Литвинцевкэ дириҥ махталбын, эҕэрдэбин тиэрдэбин!
✍ Василий ПАРНИКОВ,
"Кэнчээри" ансаамбыл салайааччыта

erid:2VtzqwxuMjX
Сэтинньи бастыҥ атыыта🔝
📚 «Киһи аан туома»
📚 «Төрүччү» (плакат)
📚 Эдуард Соколов «Огдолуйбат олохтоох, Одьунаас сордоох»
📚 «Твоя Якутия»
📚 Хаарчаана Угапьева-Айылҕа Оҕото «Алыптаах, алгыстаах ас»
📚 «Дьэрэкээн тырыыҥка» остуол оонньуута
📍 «Палладиум» атыы-эргиэн киинэ.
Ахсынньы 2 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри «Айар» бары маҕаһыыннарыттан уонна ayar.ru саайтан 3000 солкуобайга атыылас уонна СЫАНАЛААХ БИРИИСТЭРИ сүүй🎁🎁🎁
Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Сэтинньи бастыҥ атыыта🔝
📚 «Киһи аан туома»
📚 «Төрүччү» (плакат)
📚 Эдуард Соколов «Огдолуйбат олохтоох, Одьунаас сордоох»
📚 «Твоя Якутия»
📚 Хаарчаана Угапьева-Айылҕа Оҕото «Алыптаах, алгыстаах ас»
📚 «Дьэрэкээн тырыыҥка» остуол оонньуута
📍 «Палладиум» атыы-эргиэн киинэ.
Ахсынньы 2 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри «Айар» бары маҕаһыыннарыттан уонна ayar.ru саайтан 3000 солкуобайга атыылас уонна СЫАНАЛААХ БИРИИСТЭРИ сүүй🎁🎁🎁
Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үлэ хаамыытын отчуотун «Мин дьиэ кэргэним – мин тирэҕим» кылаас чааһыгар көрдөрдүлэр. Оскуола аактабай саалатыгар оҕолор төрөппүттэргэ, кэлбит ыалдьыттарга анаан эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Салгыы кылаастарыгар оҕо ийэтинээн «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыт «Төрүччү» табылыыссатын толорон аҕалан төрүччүлэрин кэпсээтилэр. Барыта 16 оҕо төрүччүтүн билиһиннэрдэ.
Уопсай түмүккэ «Знатоки родословной» анал аат Дыгын, Уйгулаана Петровна Бурнашевтарга, Айаана, Людмила Ильинична Сергееваларга, Гаврил, Лена Николаевна Шелковниковтарга иҥэрилиннэ. III миэстэҕэ Арсен, Ирина Георгиевна Осиповтар, II миэстэҕэ Дамир, Валентина Васильевна Федоровтар таҕыстылар. Кыайыылааҕынан Даниэла, Вероника Афанасьевна Никифоровалар буоллулар.
Сиһилии уопсас. кэрэсп. Елена Сыроватская
БАТТАА↩️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM