УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.74K subscribers
35.2K photos
3.27K videos
10 files
5.94K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#чиргэл

👍 Аныгы киһи күннээҕи аһылыгар болҕомтотун уурар. Ол эрээри, кэлии ас эгэлгэтигэр туох буортулааҕын, алдьатыылааҕын дириҥник толкуйдаабакка, суолтатын өйдөөбөккө атыылаһарбыт, аҥаар кырыы аһыырбыт - баар суол. Киһи доруобуйата, олоҕун хаачыстыбата 80 бырыһыан аһылыктан тутулуктаах. Тыа сирин ыалын аһылыгын туругун, туох ас буортулааҕын, туһалааҕын бу сигэнэн ааҕыҥ
👇
БАТТАА
↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
October 8, 2024
🔹🔹🔹 Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн👨‍👩‍👦, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас 👫сылын чэрчитинэн, биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта, оҕо суруйааччыта, суруналыыс, тылбаасчыт Иван Васильевич Мигалкин – Кэрэл төрөөбүтэ 70 сылынан ыытыллар “Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн уус-уран ааҕыы күрэҕин балаһыанньата📄БАТТАА↩️

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
October 8, 2024
👏Уус Алданнааҕы техникум үөрэнэр куорпуһун уонна уопсай дьиэтин капитальнай өрөмүөнэ түмүктэннэ

Өрөмүөннүүр үлэ орто анал үөрэхтээһин государственнай тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базатын хаҥатыы уонна капитальнай өрөмүөнүн оҥоруу республикатааҕы программа чэрчитинэн барыта 23 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп көрүллэн оҥоһулунна.

Сиһилии БАТТАА ↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
October 8, 2024
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👍 «Талааннаах киһи барытыгар талааннаах» диэн этии бүгүн эмиэ толору туоһуланна. Ол курдук оһохчут, мас ууһа, хаар оҥоһук маастара Гаврил Черноградскай–Төлөн «Холоннум мин тылбын сааһылаан» диэн хоһооннорун бастакы кинигэтэ сүрэхтэннэ.

С.С. Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Гаврил Черноградскайы улуус, нэһилиэк дьаһалтатын салайааччылара, кини айар талааныгар, дьоҕуругар сүгүрүйээччилэр, аймахтара, доҕотторо-атастара мустан эҕэрдэлээтилэр.

Кини — тыа сирин үлэһит киһитэ айылҕаҕа, чугас дьонугар, олоххо тапталын, кутун-сүрүн иэйиитин иҥэрэн, сахалыы оһуордаах сайаҕас тылынан сайа хоһуйбутун сөҕө-махтайдылар.

Сиһилии БАТТАА↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
October 8, 2024
October 8, 2024