#барыбииргэ
Көмөбүт – уопсай сорукпут
Уус Алдан улууһун ытыктабыллаах олохтоохторо!
Билэргит курдук, билигин аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы олус кытаатта, байыаннай дьайыыга биһиги улууспутуттан элбэх ыччат кытаанах туруулаһыыга сылдьар, оҕолорбут олохторун толук ууран туран дойдубут көҥүл, нус-хас, эйэлээх олох туһугар хорсуннук киирсэ сылдьаллар.
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги, уус алданнар, инники күөҥҥэ сылдьар уолаттарбыт кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһүөхтээхпит диэн биир сүбэнэн быһаарыныы ылыммыппыт. Ол чэрчитинэн улууска «Эрэл» анал аһымал пуонда тэриллибитэ. Улуустан делегация хаста да баран биир дойдулаахтарбытын көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, бар дьоммут сүрэхтэрин тапталын иҥэрэн ыыппыт көмөлөрүн, кэргэттэрэ-аймахтара суруйбут истиҥ-иһирэх тыллаах суруктарын, илиилэрин сылааһын иҥэрэн астаабыт минньигэс астарын тириэрдибитэ. Ол уолаттар куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буолбута саарбаҕа суох.
Бу кыһарҕаннаах кэмҥэ үлэни өссө күүһүрдэр, хас биирдии улуус олохтооҕо көхтөөх кыттыыны ылара ирдэнэр. Билигин инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт хорсун- хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх, бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр.
Кыайыыны чугаһатар туһугар биһигиттэн өйөбүл, таптал уонна кыһамньы ирдэнэр. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар бары бииргэбит! Норуот күүһэ – түмсүүгэ! Түмсүү түмүгэ – кыайыыга!
Бу маннык санаанан салайтаран, улуус Ытык сүбэтэ, бары биир киһи курдук, күннээҕи хамнаспытын «Эрэл» анал аһымал пуондаҕа түмүөххэ диэн биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт!
Ону таһынан бэйэтин сайаҕас баҕа санаатынан күүс-көмө оҥоруон баҕалаах дьону, улууспут тэрилтэлэрин, урбаанньыттарын эмиэ бу үтүө дьыалаҕа кыттыһарга ыҥырабыт!
Туора турумаҥ, холбоһуктаах күүһүнэн дойдубутун кыайыыга тиэрдиэххэ!
Уус Алдан улууһун Ытык сүбэтэ
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Хас биирдии киһи, оннооҕор кыыл-сүөл, уһун кыстыкка бэлэмнэнэн сылы эргиччи түбүгүрэр.
Айылҕа барахсан тыйыс тымныылаах хотугу сиргэ олорооччуларга тулууру, дьулууру бэлэхтээбит. Ол туоһута бу, айылҕа оҕото — андаатар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
✅ Чэпчэтиилээх сурутууну куоттарымаҥ! 🗞️
Алтынньы 4—14 күннэригэр почта бары салааларыгар 2025 сыл бастакы аҥаарыгар чэпчэтиилээх сурутуу саҕаланарын иһитиннэрэбит! Бу күннэргэ тапталлаах “Кыым” хаһыаккытын, “Байдам”, “Күрүлгэн” сурунаалларгытын сурутарга тиэтэйиҥ! 🏃🏻♀️🏃🏻
Хаһыаты, сурунааллары олорор сиргитинэн почтаҕа, киин куоракка «Горпечать» киоскаларыгар тиийэн эбэтэр дьиэҕититтэн тахсыбакка олорон
📲8 (968) 150-67-15 нүөмэргэ эрэдээксийэҕэ эрийэн, итиэннэ хаһыакка тахсыбыт куар-куодунан сурутуоххутун сөп!
✅Чэпчэтиилээх сурутуу сыаната:
“Кыым” – аадырыска тириэрдии – 1695,54 солк., почтаттан ылыы – 1621,44 солк.
“Байдам” – аадырыска тириэрдии – 997,11 солк., почтаттан ылыы – 982,62 солк.
“Күрүлгэн” – 832,11 солк., почтаттан ылыы – 817,62 солк.
“Кыым 3 биирдэ” (Кыым, Күрүлгэн, Байдам) – аадырыска тиэрдии –3333,33 солк., почтаттан ылыы – 3230,00 солк.
https://t.iss.one/kyymsakha
https://vk.com/kyymru
Erid: 2SDnjcHxF7x
Реклама ООО Медиагруппа «Ситим» ИНН 1435140291

Бу күн дууһаҥ сөбүлээбэт, сыппат дьарыгын оҥоруоҥ. Онно эппиэтинэскин холбоотоххуна, “наһаа мээнэ ылсыбатах эбиппин дии” саныаҕыҥ. Киэһээ өттүгэр чугас киһигин кытта сыһыаныҥ эмискэ сытыырхайыан сөп.
Тулалыыр дьонуҥ тиэтэтиэхтэрин сөп, ол эрээри сулустар наһаа ыксаабаккар сүбэлииллэр. Саамай ыксаллаах, наадалаах диэбит дьыалаҕар ылсарыҥ ордук буолуоҕа. Бэйэҥ күүһүҥ-уоҕуҥ тиийбэт буоллаҕына, чугас дьоҥҥун көмөлөһөллөрүгэр көрдөс.
Кыаллыа суоҕа диэбит дьыалаҕын оҥорорго эрдэттэн тылгын биэримэ. Эмискэ уларыйыы тахсыан сөп. Күн иккис аҥаарыгар интэриэһинэй бырайыакка кыттыаҥ. Харчылаах бэлэх, бириэмийэ кэлиэн сөп.
Настырыанньаҥ өрө көтөҕүллүүлээх. Ону ким да кыайан ыспат. Элбэх кэпсэтии, көрсүһүү буолуоҕа. Инникитин бэйэҕэр наставник, көмүскээччи буолуон сөптөөх киһини кытта билсиэххин сөп.
Араас үлэни, иннигэр турар соруктары чэпчэкитик аһардыаҥ. Уустуктар көмөлөһүөн сөптөөх дьонуҥ аккаастарыттан тахсыахтарын сөп. Онон саамай наадалах дьыаланы бэйэҥ илиигэр ыларыҥ ордук.
Дьон итэҕэһигэр сымнаҕастык сыһыаннаһарыҥ тоҕоостоох. Эн кинилэргэ ыарыылаах этиилэргиттэн иирсээн тахсыан сөп. Наһаа күүрбэккэ, доруобуйаҕын көрүн.
Наадалаах боппуруостары быһаарарыҥ уустуктук ааһар. Сулустар күннээҕи дьыаланан дьарыктанаргар сүбэлииллэр. Айылҕаҕа сынньанарыҥ эбэтэр бириэмэҕин таптыыр киһигин кытта атаар.
Эн барытын ааҕан-суоттаан толкуйдууруҥ олус көмөлөөх, наадалаах. Бу күн туһалаах информацияны үөрэтэргэр табыгастаах күн. Арай фантазияҕын киллэрэриҥ уустуктардаах.
Бу күн эйиэхэ интуицияҥ көмөлөһүөҕэ. Онно эрэннэххинэ, сөптөөх хайысханы тутуһуоҥ. Күн иккис аҥаарыгар мөккүөр тахсыан сөп. Онон мээнэ кэпсэтэ олорордооҕор, дьыаланан дьарыктаммытыҥ ордук.
Бу күн үлэ, бизнес туһунан боппуруостары кэпсэтэргэ табыгастаах. Эйиэхэ арааһа туох эрэ интэриэһинэй этиини киллэриэхтэрэ. Тулалыыр дьоҥҥун кытта кэпсэтии сайдаргар туһалаах буолуоҕа.
Эн олоҕу уратытык көрүүҥ тулалыыр дьоҥҥунан биһирэниэҕэ. Саҥа билсибит дьоҥҥуттан интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрэ. Айар бырайыагын саҕаланар күнэ буолуон сөп.
Бу күн үөрэнэргэр эбэтэр тугу эмит саҕалыыргар үчүгэй күн. Үп-харчы өттүнэн табыллыаххын сөп. Айанныыр буоллаххына, суолгун-иискин үчүгэйдик үөрэтэриҥ ордук.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Ыраас күн🌞буоллаҕына – өссө үс нэдиэлэ турар.👍😅 Бүгүн хайдах күнүй🌞да, муус устар 8 күнүгэр оннук буолар.🤔 Тыал хотуттан – тымныы❄️❄️❄️кыһын, соҕурууттан – сымнаһыар,🤗 арҕааттан – ❄️❄️❄️хаардаах дьыл. Күнү быһа☁️☁️☁️былытыран баран, киэһээ былыта тарҕанан ыһылыннаҕына – халлаан тымныыга иэҕиллэр,🫣 хатыҥ🍂🍂🍂сэбирдэҕэ ситэ түспэтэҕинэ – хаар❄️❄️❄️түһэрэ күүтүллүбэт,🤷🏻♂️ бастакы хаары тыалыран-кууһуран түһэрдэҕинэ – кыһын⛄хойутуур.😊
Бүгүн да☁️☁️☁️былыт баар аҕай.🤭 Киэҥ куйаар иччитэхсийбит.🫣 Туох барыта ньимийэн саспыт курдук.🙈 Күннэтэ🌞күн кылгыыр, түүн🌕уһуур. Халлаан 6 чаас диэки суһуктайар буолбут.🤔 Салгын хотугулуу-илинтэн, былыттаах☁️☁️☁️буолан, сылааһынан илгийэр.🤗 Чуумпу нууралга киһи аа-дьуо хаама сылдьыан баҕарар.😅 Сарсыарда 5:30 чааска Суоттуга -4°С. Сыыйа кэлэр кэлэн иһэрэ, биллэр. Дьылбыт эргиирэ буоллаҕа.🤔
Күһүҥҥү силбик
Күһүҥҥү силбиги бүрүнэн
Тулабыт курустук санньыйбыт,
Тохтообот ардахтан сиигирэн
Тымныынан тыыннанан аргыйбыт.
Хаһыҥтан чараҥым сулланан
Көмүстүү мөссүөнүн сүтэрбит,
Саһарбыт сэбирдэх тэлгэнэн
Тыргыллар ыллыкпын бүрүйбүт.
Курас күн былыта нүһэрин
Киһини баттыырдыы ыаһырбыт,
Күндэлэс күммүтүн саһыаран
Будулу быыһыгар кистээбит.
Күннэтэ хаардаары ыксатан
Бокуруоп иннинэ тымныйбыт,
Күөллэри мууһунан чарчытан
Хахсаат тыал ирбэттии тоҥорбут.
ЫЛСЫБЫККЫТ ЫБЫСТЫН,
ТУППУККУТ ТУБУСТУН,
САНААБЫККЫТ САТАННЫН,
БАҔАРБЫККЫТ БАРҔАРДЫН!
САҤА🌞КҮНҮНЭН!😅✊✊✊
📸 Туяра Ушницкая. Кылаайы
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Оҕолорбут ситиһиилэрэ:
🥋 Бэйдиҥэ оскуолатыттан (тренер Н.И. Винокуров) 2007-2009 с.т. оҕолорго:
1) Седалищев Айаал – А бөлөххө 51 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
2) Григорьев Ньургун – Б бөлөххө 45 киилэҕэ 2-с миэстэ.
2012-2010 с.т. оҕолорго:
3) Никитин Максим – А бөлөххө 57 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
4) Дегтярёв Егор – Б бөлөххө 57 киилэҕэ 2-с миэстэ.
5) Пермяков Виктор – Б бөлөххө 45 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
2013-2014 с.т. оҕолорго:
6) Говоров Леонид – Б бөлөххө 34 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
7) Терентьева Алла-Аделина – Б бөлөххө 34 киилэҕэ1-кы миэстэ.
2015-2017 с.т. оҕолорго:
8) Алексеев Марк – Б бөлөххө 28 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
9) Белов Стас – Б бөлөххө 38+ киилэҕэ 1-кы миэстэ.
10) Григорьев Эрэл – Б бөлөххө 30 киилэҕэ 3-с миэстэ.
🥋 Чараҥ оскуолатыттан (тренер З.И. Сысолятин) 2007-2009 с.т. оҕолорго:
1) Корнилов Харысхан – А бөлөххө 68 киилэҕэ 2-с миэстэ.
2) Корнилов Михаил – А бөлөххө 63 киилэҕэ 3-с миэстэ.
3) Москвитин Дмитрий – А бөлөххө 51 киилэҕэ 3-с миэстэ.
2010-2012 с.т. оҕолорго:
4) Сысолятин Влас – Б бөлөххө 61 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
5) Петров Иван – Б бөлөххө 57 киилэҕэ 3-с миэстэ.
6) Алексеев Сарыал – Б бөлөххө 52 киилэҕэ 2-с миэстэ.
7) Мурукова Айкуо – Б бөлөххө 51 киилэҕэ 2-с миэстэ.
8) Степанова Василена – Б бөлөххө 51 киилэҕэ 3-с миэстэ.
9) Максимов Баир – Б бөлөххө 49 киилэ 3-с миэстэ.
10) Мурукова Айкуо – Б бөлөххө 44 киилэҕэ 1-кы миэстэ.
11) Максимов Сияра – Б бөлөххө 44 киилэҕэ 2-с миэстэ.
2013-2015 с.т. оҕолорго:
12) Гуляева Мирослава – Б бөлөххө 49 киилэҕэ 3-с миэстэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр 08.10.24 c. Суотту парома расписаниеҕа уларыйыы тахсарын туһунан биллэрэр⛴️
Маяк причалыттан:
09ч00м, 12ч00м, 15ч00м, 18ч00м
Кангалаас причалыттан:
10ч00м, 13ч00м, 16ч00м, 19ч00м
Биир паром сүүрэр⛴️
Билсэр телефоҥҥут:
89681520100 ("Аргыс" т/х)
89679131333 (салайааччы)
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ
✊Хас биирдии көмө – кыайыыны чугаһатар
Дойдубутугар буола турар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар туох эмэ көмөнү уунан кыайыыны уһансар үтүө санаалаах дьон улууспут иһигэр күннэтэ көстөллөр. Ол курдук, улуустааҕы психологическай киин үлэһиттэрэ биллэрбит аахсыйаларыгар кыттыһан, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, муҥхаһыт Василий Аргунов сабыс-саҥа илими бэлэх уунна.
Василий Васильевич бу бастакы көмөтө буолбатах. Кини маннык аахсыйаларга куруук көхтөөхтүк кыттар. Дойдубут чиэһин көмүскүүр дьайыыга, ыарахан усулуобуйаҕа түүннэри-күнүстэри тыын былдьаһа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө уҕарыахтааҕар, билигин күүһүрэр кэмэ кэллэ.
Онон көмөттөн туора турбат биир дойдулаахтарбыт үтүө үгэстэрин көрө сылдьан, кинилэри холобур оҥостон, илиибит, сүрэхпит сылааһын ууран, аахсыйаны көҕүлээн, тэрийэн ыытар дьоммут ыҥырыытын ылынан, ылсан иһэргитигэр улууспут дьонун-сэргэтин ыҥырабыт.
✍️ Мария АРГУНОВА