Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Петр Бурнашев, "Сайдыы" СК коллектива, социальнай үлэһит Сайыына Андреева, ыччат лидера Елизавета Неустроева уонна олохтоох бэтэрээн сэбиэтэ тэрийиилэринэн сааһырбыттарга кус уонна балык түҥэттилэр.
Онон кырдьаҕастар олохтоох булчуттарга Иван Мигалкиҥҥа, Иннокентий Габышевка, Илья Тарабукиҥҥа, Станислав Копыриҥҥа, Руслан Куприяновка, Петр Бурнашевка, Гаврил Шепелевка, Анатолий Аржаковка, Сергей Дегтяревка, Михаил Атласовка махталларын тиэрдэллэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оттон улуус киинигэр инчэҕэй хаар 💦 тута ууллан иһэр.
Таһырдьа билигин хайдаҕый диэн түннүгүнэн өҥөс гыныҥ
Уонна комментарийга 📸 хаартыската ыытыҥ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#саҥасаха
🏙️🌆 Саха оҕолоро соҕуруу куораттарга хайдах усулуобуйаҕа үөрэнэллэрий, олороллоруй?
Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх Мирослав Черноградскай Санкт-Петербурдааҕы Технология уонна салайыы университетын устудьуона буолар. Бу видеоҕа кини үөрэнэр кыһатын уонна олорор уопсайын туһунан кэпсиир, ону тэҥэ Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиир. Мирославы кытта киэҥник, сиһилии кэпсэтиини ''Мүрү саһарҕата'' хаһыат кэлэр нүөмэрдэригэр ааҕыаххыт.
✍️ Уйаара Кустук
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Алтынньы 4 күнүгэр Сыырдаах оскуолатын профсоюһун көҕүлээһинэн учуутал күнүн бэлиэтээтибит. Оскуола ону тэҥэ норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ учууталлары идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн, сахалыы ырыаны бэлэхтээн, дьон сүргэтин көтөҕөн,тэрээһини ордук киэргэттилэр. Сарсыардаттан улахан кылаас оҕолоро учууталларыгар сынньалаҥ бэлэхтээн, кинилэр оннуларыгар учуутал буолан оҕолору үөрэттилэр. Учуутал сыралаах үлэтин бэйэлэригэр тургутан көрөн, оҕолор сүрдээҕин астыннылар. Киэһээҥҥи өттүгэр оскуола үлэһиттэрэ бары мустан чэй иһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, араас көрдөөх оонньууларга көхтөөхтүк кыттан, бириис ылан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах дьиэлэригэр тарҕастылар. Бэтэрээн учууталларга, саҥа үлэһиттэргэ, сылын ахсын үгэс быһыытынан ыытыллар үөрэнээччилэр уонна төрөппүттэр биһирэбиллэрин ылан, анал аакка тиксибит учууталларга (алын сүһүөх учууталлара: В.В. Неустроева, М.Н. Васильева) оскуола дириэктэрэ И.Г. Портнягин истиҥ эҕэрдэ тыллары этэн бэлэх туттартаата. Учуутал быйылгы күнүн бырааһынньыга үөрэнээччилэргэ да, учууталларга да элбэх умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларда.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Энергияҥ толору. Онон сыалгын ситиһэр кыаххынан уонна дьаныардаах майгыгынан үгүһү ситиһиэҥ. Бу күн онно-манна кыттан тыл этэргэр уонна сыаналаах тугу эмит ыларгар тоҕоостоох күн буолууһу.
Чуумпу күн үүнүүһү. Сорох Оҕустар үлэлэригэр утуйуох курдук чуҥкук күн буолуоҕа. Дьиэ кэргэҥҥин кытта инникини торумнуурга тоҕоостоох күн. Барыта этэҥҥэ быһаарыллыаҕа.
Быстах өйдөспөт түгэннэр, быһыылар үөскүөхтэрин сөп. Ол эрээри турбут кыһалҕалар түргэнник быһаарыллыахтара. Туох да мөкү өрүт тахсыа суоҕа. Күн бүтүүтэ этэҥҥэ барыта быһаарыллан, настырыанньаҥ көтөҕүллүө.
Табыллыылаах, табыгастаах күн үүнүөҕэ. Оҥорор дьыалаҥ сөптөөх буолан, ситиһиигэ тиэрдиэ. Сорох ыгым түгэҥҥэ холку буол, инникини санаа.
Эн лидер хаачыстыбаҥ күүһүрбүт күнэ. Ол түгэни коллегаларгын, салалтаны кытта кэпсэтэргэр туһан. Үтүө дьыаланы оҥорорго былааннаа. Аҥаардас кэпсэтиинэн тугу да ситиспэккин.
Эн сарсыардааҥҥы санааҕынан аан дойду барыта эн утары буолуоҕа. Ол эрээри үтүө түгэннэр киэһэлик буолуохтара. Ол кэмҥэ дьыалабыай да, тус да өрүккэ ону- маны оҥорорго тоҕоостоох түгэн буолуоҕа.
Саарбахтыырга табыгаһа суох кэм. Быһаарыныыны түргэнник ылынарыҥ ордук. Барыстаах дьыаланы ситиһиэҥ, олоҕун үтүө өттүгэр хайысхаланыаҕа.
Дьыалабыай эйгэҕэ, спорка ситиһиилэниэҥ. Онно эн тэрээһиннээх уонна бэрээдэктээх буолууҥ көмөлөһөр. Киэһэ элбэҕи аһыыртан туттун.
Эн олоххо олус кыһамньылааххын. Ол иһин туох эмит кыаллыбатаҕына, кыйыттар майгылааххын. Харчы киириэн сөп, ол эрээри көһүтүллүбэтэх ороскуот баар буолуоҕа.
Үгүс дьыала эн настырыанньаҕыттан тутулуктаах. Инникигэ эрэллээх буоллаххына, барытын ситиһиэҥ. Санаалара түспүт эбэтэр кыыһырымтаҕай Чубукулар күҥҥүтүн ньиэрбэ үрдүгэр атаарыаххыт. Чугас дьоҥҥутуттан үтүө сонуну истиэххит.
Бу күн дьиэҕэр суунар-тараанар күн үүнүүһү. Дьону кытта сыһыаҥҥын тупсарыаххын баҕарыаҥ. Сулустар бытархайга болҕойбокко сылдьан, олоххор сүрүн дьыаланы куоттарыаҥ дииллэр.
Бу күн наһаа элбэҕи былааннаатаххына кыаллымыан сөп. Бэйэҥ кыаххын сыаналыырын ордук буолууһу. Ону ситиһэр инниттэн толкуйдуурга бириэмэтэ анаа уонна эрдэттэн былааннаа.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күн
Бэҕэһээ сарсыарда күннээҕи борогонуоспун суруйаат
Халлаан халлан,
КҮҺҮН
Курас күннэр сабардааннар
Курус санааны саҕаллар,
Киһи кутун баттааннар
Хахсаат тыалынан аарыыллар.
Хаһыҥ, тымныы хаарыйаннар
Хатыҥ мастар саһараллар,
Хаарыан күөхтэрин сүтэрэннэр
Хаҕыс тымныылыын хатыһаллар.
Күһүн бүппэт ардахтара
Куруук дууһаны аймыыллар,
Күөлүм ытыллар долгуннара
Күүгэн буолан үллэллэр.
Хахсаат тыалынан үрэннэр,
Кыһын тыына биллэннэр,
Кэхтэр эбит айылҕалыын,
Күн-дьыл тохтообот эргиириниин.
КЭЛБИТ КҮН🌞КЭРЭТИН,
ҮҮММҮТ КҮН🌞ҮТҮӨТҮН
ИҤЭРИНЭН ЭТЭҤҤЭ БУОЛУҤ!
САҤА КҮНҮНЭН!🤗✊✊✊
📸 Ульяна Бурнашева. Тулуна
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
⚡️ Алтынньы 9 уонна 10 күннэригэр 35 кВ күүрүүлээх Бороҕон – Танда хайысхаҕа Л-63 уот ситимигэр былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан 9.00-тан 18.00 чааска диэри Тандаҕа, Тиит Арыыга, Бээрийэҕэ уонна Кылаайыга уот арахсыаҕа.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ
Көмөбүт – уопсай сорукпут
Уус Алдан улууһун ытыктабыллаах олохтоохторо!
Билэргит курдук, билигин аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы олус кытаатта, байыаннай дьайыыга биһиги улууспутуттан элбэх ыччат кытаанах туруулаһыыга сылдьар, оҕолорбут олохторун толук ууран туран дойдубут көҥүл, нус-хас, эйэлээх олох туһугар хорсуннук киирсэ сылдьаллар.
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги, уус алданнар, инники күөҥҥэ сылдьар уолаттарбыт кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһүөхтээхпит диэн биир сүбэнэн быһаарыныы ылыммыппыт. Ол чэрчитинэн улууска «Эрэл» анал аһымал пуонда тэриллибитэ. Улуустан делегация хаста да баран биир дойдулаахтарбытын көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, бар дьоммут сүрэхтэрин тапталын иҥэрэн ыыппыт көмөлөрүн, кэргэттэрэ-аймахтара суруйбут истиҥ-иһирэх тыллаах суруктарын, илиилэрин сылааһын иҥэрэн астаабыт минньигэс астарын тириэрдибитэ. Ол уолаттар куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буолбута саарбаҕа суох.
Бу кыһарҕаннаах кэмҥэ үлэни өссө күүһүрдэр, хас биирдии улуус олохтооҕо көхтөөх кыттыыны ылара ирдэнэр. Билигин инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт хорсун- хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх, бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр.
Кыайыыны чугаһатар туһугар биһигиттэн өйөбүл, таптал уонна кыһамньы ирдэнэр. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар бары бииргэбит! Норуот күүһэ – түмсүүгэ! Түмсүү түмүгэ – кыайыыга!
Бу маннык санаанан салайтаран, улуус Ытык сүбэтэ, бары биир киһи курдук, күннээҕи хамнаспытын «Эрэл» анал аһымал пуондаҕа түмүөххэ диэн биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт!
Ону таһынан бэйэтин сайаҕас баҕа санаатынан күүс-көмө оҥоруон баҕалаах дьону, улууспут тэрилтэлэрин, урбаанньыттарын эмиэ бу үтүө дьыалаҕа кыттыһарга ыҥырабыт!
Туора турумаҥ, холбоһуктаах күүһүнэн дойдубутун кыайыыга тиэрдиэххэ!
Уус Алдан улууһун Ытык сүбэтэ

Хас биирдии киһи, оннооҕор кыыл-сүөл, уһун кыстыкка бэлэмнэнэн сылы эргиччи түбүгүрэр.
Айылҕа барахсан тыйыс тымныылаах хотугу сиргэ олорооччуларга тулууру, дьулууру бэлэхтээбит. Ол туоһута бу, айылҕа оҕото — андаатар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
✅ Чэпчэтиилээх сурутууну куоттарымаҥ! 🗞️
Алтынньы 4—14 күннэригэр почта бары салааларыгар 2025 сыл бастакы аҥаарыгар чэпчэтиилээх сурутуу саҕаланарын иһитиннэрэбит! Бу күннэргэ тапталлаах “Кыым” хаһыаккытын, “Байдам”, “Күрүлгэн” сурунаалларгытын сурутарга тиэтэйиҥ! 🏃🏻♀️🏃🏻
Хаһыаты, сурунааллары олорор сиргитинэн почтаҕа, киин куоракка «Горпечать» киоскаларыгар тиийэн эбэтэр дьиэҕититтэн тахсыбакка олорон
📲8 (968) 150-67-15 нүөмэргэ эрэдээксийэҕэ эрийэн, итиэннэ хаһыакка тахсыбыт куар-куодунан сурутуоххутун сөп!
✅Чэпчэтиилээх сурутуу сыаната:
“Кыым” – аадырыска тириэрдии – 1695,54 солк., почтаттан ылыы – 1621,44 солк.
“Байдам” – аадырыска тириэрдии – 997,11 солк., почтаттан ылыы – 982,62 солк.
“Күрүлгэн” – 832,11 солк., почтаттан ылыы – 817,62 солк.
“Кыым 3 биирдэ” (Кыым, Күрүлгэн, Байдам) – аадырыска тиэрдии –3333,33 солк., почтаттан ылыы – 3230,00 солк.
https://t.iss.one/kyymsakha
https://vk.com/kyymru
Erid: 2SDnjcHxF7x
Реклама ООО Медиагруппа «Ситим» ИНН 1435140291