УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.61K subscribers
34.4K photos
3.15K videos
10 files
5.84K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📝 Норуодунай бэйиэт Уйбаан Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаммыт литературнай күрэскэ кыттарга ыҥырабыт

Биир дойдулаахпыт, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаан «Сахабэчээт» государственнай-автономнай тэрилтэ, улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ, «Мүрү саһарҕата» хаһыат редакцията литературнай күрэһи биллэрдибит.

Норуодунай бэйиэт аатын үйэтитиигэ, айар дьоҕуру сайыннарыыга, саҥа суруйар, айар дьоҕурдаах дьону арыйыыга туһуланар, төрөөбүт төрүт тылынан суруйууну көҕүлүүр күрэскэ 14-тэн үөһээ саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон кыттыахтарын сөп.

Литературнай күрэскэ оҕолорго аналлаах уонна көҥүл тиэмэҕэ суруллубут хоһооннору сэтинньи 20 күнүгэр диэри күүтэбит (С.С. Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотека электроннай почтатыгар: [email protected] ыытаҕыт, билсэр тел.: +7 914 291-07-15 (Галина Владимировна Аммосова), +7 924 597-79-82 (Наталья Гаврильевна Попова)), түмүк ахсынньыга тахсыаҕа.

Күрэс балаһыанньатын МАННА БИЛИС↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔶"Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" бүтүн республикатааҕы үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн, улуус дьаһалтатын инфраструктура отдела биэрбит сайаапкатынан улууспутугар эдэр специалистарга анаан икки толору хааччыллыылаах дьиэ бэриллэр буолла.
🔶Ол курдук, Дүпсүҥҥэ 25 кв.м. иэннээх дьиэ 2024 сылга, Бороҕоҥҥо 34 кв.м. иэннээх дьиэ 2025 сылга бэриллиэхтэрэ.
🔶Бары билэрбит курдук, эдэр специалистары дьиэнэн хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турар. Онон улууспутугар саҥа каадырдары олохсутарга, бу кыһалҕаны быһаарарга бу дьоһун ситиһии диэн сыаналыыбыт.

Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата
🩺 Дьоллоох олох төрдө – доруобуйа!

"Cardiolife" клиника — сүрэх уонна тымыр ыарыыларын сөптөөхтүк эмтиир ньыманы булар киин буолар. Киин быраастара – улахан уопуттаах кардиологтар, бу кииҥҥэ иҥэн-тоҥон көрүөхтэрэ, кыһалҕаҕытын быһаарыахтара.
Клиника 2010 сылтан үлэлиир, хас да тыһыынча киһи киин иһинэн ааста.

Тоҕо бу клиникаҕа кэлиэххэ?

Толору диагностика: сүрэх, тымыр уонна да атын уорганнар УЗИлара, ЭКГ, холтер.
Билиилээх, уопуттаах быраастар. Хас биирдии киһиэхэ болҕомтолоох, сахалыы истиҥ сыһыан👍
Билиҥҥи кэми кытта бииргэ хардыылыыр эмтиир, харыстыыр ньымалар: инфаркт, операция кэнниттэн чөлгө түһүү, гипертонияны, аритмияны уонна да атын сүрэх уонна тымыр ыарыыларын диагностикалааһын.❤️
Дьокуускай куорат хабыллар хаба киинигэр – Ярославскай аатынан уулусса, 24 дьиэтигэр бааллар, оптуобус барыта сылдьар. Оттон сатаан кэлбэт дьоҥҥо аныгы олох сиэринэн онлайн консультация эмиэ баар.👏

"Cardiolife" клиника үлэһиттэрэ өрүү үөрэ көрсүөхтэрэ.
Бу нүөмэринэн суруйтарыҥ
📲https://wa.me/79142758514

Бу сыылканан 500 солкуобайга чэпчэтиитэ ылыҥ
https://cardiolife.uds.app/c/join?ref=rvdc3590

Клиника телеграм ханаалыгар киириҥ
https://t.iss.one/cardiolife_ykt

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр

⚡️ Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Бороҕон – Төҥүлү хайысхаҕа 35 кВ күүрүүлээх уот ситимигэр былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан сарсыарда 9.00-тан киэһэ 20.00 чааска диэри Сыырдаахха, Арыылаахха Бэйдиҥэҕэ, Окоемовкаҕа, Уус Күөлүгэр, Балаҕаннаахха, Суоттуга, Хоноҕорго, Арыы Тииккэ уонна Тумулга уот арахсыаҕа. Онуоха оперативнай көһөрүүлэр кэмнэригэр Саһылыкааҥҥа 9.00 уонна 20.00 чааска 30-туу мүнүүтэлээх быстах араарыылары оҥоруохтара.

⚡️Балаҕан ыйын 25 күнүгэр ПАЭС-4 резервнэй источнигы бэрэбиэркэлиир үлэ былааннаммытынан сарсыарда 10.00-тан саҕалаан күнүс 15.00 чааска диэри 20-лии, 30-туу мүнүүтэлээх быстах араарыылар Кэптэнигэ, Биэттэҕэ, Даалыга, Элэһиҥҥэ, Уһун Күөлгэ, Дүпсүҥҥэ, Чэриктэйгэ, Бээдигэ, Эһэлээххэ, Остуойкаҕа, Балыктаахха, Дыгдаалга, Тандаҕа, Тиит Арыыга, Бээрийэҕэ уонна Кылаайыга оҥоһуллуохтара.

⚡️Балаҕан ыйын 26-27 күннэригэр Бороҕон – Төҥүлү хайысхаҕа 35 кВ күүрүүлээх уот ситимигэр тирэхтэри уларытар былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан, сарсыарда 10.00-тан киэһэ 18.00 чааска диэри Тандаҕа, Тиит Арыыга, Бээрийэҕэ, Кылаайыга уоту араарыахтара.

⚡️Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 10 кВ күүрүүлээх Л-Эһэлээх уот ситимигэр былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан сарсыарда 10.00-тан киэһэ 16.00 чааска диэри – Дүпсүн сорох өттүгэр уонна Остуойкаҕа уоту араарыахтара, эмиэ бу күн 10.00-тан 10.20 диэри Эһэлээххэ уонна Бороҕон сэлиэнньэтигэр Жилой кварталга, Хомустаахха, Тулунаҕа уот арахсыаҕа.

⚡️Алтынньы 7 күнүгэр 10 кВ күүрүүлээх Л-Эһэлээх уот ситимигэр былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан, Тулуна бөһүөлэгин уотунан хааччыйыыны 35 кВ күүрүүлээх Дүпсүн подстанциятыгар көһөрүүнэн сарсыарда 10.00-тан күнүс 13.00 чааска диэри Дүпсүн сорох өттүгэр, Остуойкаҕа, Эһэлээххэ, Бороҕон сэлиэнньэтин Жилой кварталыгар, Хомустаахха, Тулунаҕа уоту араарыахтара.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#доруобуйанацбырайыак

🩺 Бүгүн, сарсын Мындааба бөһүөлэгэр улуустааҕы кииннэммит балыыһа быраастара (терапевт, акушер-гинеколог) көһө сылдьар медицинэ комплексыгар олохтоохтор доруобуйаларын көрөллөр уонна тумууттан, дифтерияттан сэрэтэр быһыыны биэрэллэр. Итиэннэ ВИЧ, искэн ыарыылары бэрэбиэркэлиир анаалыһы ылаллар уонна ЭКГ түһэрэллэр.

Маннык комплексынан нэдиэлэ устата өссө Арыылаах, Баатаҕай, Тулуна, Чараҥ, Майаҕас бөһүөлэктэригэр сылдьыахтара.

✍️ Мария Аргунова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ФОТОФАКТ

📸 Лөгөйдөр бүгүҥҥү субуотунньукка уонна 2010 сыллардаахха эмиэ күргүөмүнэн суол оҥоро тахсан түспүт хаартыскалара👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍🏼 Горнай Мытааҕар «Бор көмүс күһүнэ» литературнай бэстибээлгэ акростих киэбинэн «Сэмэй сүрэх этэринэн» диэн хоһоон айыытын күрэһигэр «Уһуктуу» литературнай түмсүү чилиэнэ, улуус киин библиотекатын үлэһитэ Ольга Павлова кыайбыт хоһоонун ааҕааччыларбытын кытта үллэстэбит🫶

🍂Бор көмүс күһүнэ🍂

Бор көмүс күһүнэ
Ордук тупсан көһүннэ.
Эрдэһит ыалдьыттары
Көмүс дуйунан ыһа.
Өлбөт-өспөт тыыннанан
Манна үөскээн ааспыттар
Улууканнаах убайдар
Сэмэн, Софрон Даниловтар.
Көмүс күһүн уоскулаҥа –
Уһун кыһын илдьитэ,
Һаха омук уратыта.
Уостубакка, дьоһуннук
Норуот дьолун туһугар
Эргиллэ туруом Борго.

Саайтка↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM