УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.59K subscribers
34.2K photos
3.13K videos
10 files
5.82K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Ааспыт нэдиэлэҕэ, бэс ыйын 17 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Уус Алдан улууһугар үлэлээбитэ.

📌 Ол сырыытын туһунан Ил Дархан Дьокуускайга тиийэн баран: «Уус алданнар үтүө, үлэһит дьон. Түмсүүлээхтэр, көхтөөхтөр. Улуустарын кыһалҕатын бииргэ ылыналлар, кэскилин түстэһэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VIII спартакиадатыгар дьулуурдаахтык, күргүөмүнэн бэлэмнэнэллэр. Бу үлэлэригэр биһиги дьаһалларбыт көмөлөөх буоллуннар. Уус Алдан бары дьонугар-сэргэтигэр үтүө майгыгыт, сылаас алгыс тылларгыт иһин махтал. Үлэҕэ, олоххо ситиһиилээх буолуҥ», – диэн бэлиэтээбитэ.

Бу улууспут сайдыытыгар, эһиил ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэниигэ улахан суолталаах оробуочай сырыы туһунан сиһилии “МС” хаһыат бэс ыйын 25 күнүнээҕи 25-с №-гэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар “Актуальное” түһүмэххэ көр.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#илдархан
https://www.instagram.com/p/CQhp4y_MRnY/?utm_medium=share_sheet
30 июня 2021 года завершается прием заявок на участие  в распределении разрешений на добычу охотничьих ресурсов, в отношении которых устанавливается лимит их добычи – кроме дикого северного оленя тундровой популяции и соболя – способом жеребьевки.

 Заявку может подать физическое лицо, имеющее охотничий билет единого федерального образца – охотник.

Больше информации в аккаунте:
@gosuslugi_14
@gosuslugi_14
@gosuslugi_14

#Госуслуги14 #СахаСирэ #Якутия
https://www.instagram.com/p/CQhonzLs505/?utm_medium=share_sheet
📲 В социальных сетях и интернете ежедневно появляются запросы на информацию о коронавируной инфекции. Жителей региона интересует наличие вакцин в учреждениях и точные адреса пунктов вакцинации.

🚩🏥 На помощь пришел сервис «Яндекс.Карты», который не только покажет адрес, где можно сделать прививку, но и предложит удобный маршрут. Подробнее смотрите тут ➡️

@sakha.doiduta #Якутия #СахаСирэ
https://www.instagram.com/p/CQe4ewBMAF8/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Уус Алданнааҕы техникум устудьуоннара – асчыт-кондитер идэтигэр үөрэнэ сылдьар оҕолор – WorldSkills хамсааһын ирдэбиллэригэр эппиэттиир “Асчыт дьыалата” компетенцияҕа бастакы көрдөрөр эксээмэннэрин туттардылар.
Тургутуу бэс ыйын 22-23 күннэригэр анаан көрдөрөн туттарар эксээмэн аккредитацияламмыт киинигэр түөрт бөлөҕүнэн араарыллан ааста.

Устудьуоннар менюну оҥорон, үстүү порция бэйэ оҥоһуу паасталаах вегетарианныы итии бүлүүдэни, кууруссатан итии бүлүүдэни уонна соустаах десерты астаан көрдөрдүлэр.

Эксээмэни WorldSkills хамсааһын ирдэбиллэринэн идэлэрин таһымын үрдэтэр үөрэҕи ааспыт тэрилтэлэр асчыттара эксперт быһыытынан сыаналаатылар. Онон кинилэр астаммыт бүлүүдэ амтанын эрэ буолбакка, ыйааһыныттан, температуратыттан саҕалаан сервировкатыгар тиийэ ирдэбиллэри тутуһууну көрдүлэр.

Устудьуоннар бука бары тургутууну ааспыттарын, эксээмэни тутар хамыыһыйа оҕолор үчүгэй бэлэмнээхтэрин бэлиэтээбиттэрин Уус Алданнааҕы техникум @ ustaldanskiitekhnikum Инстаграмҥа сирэйигэр таһаарбыттар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалданнааҕытехникум
https://www.instagram.com/p/CQe4KFasksy/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, улуустааҕы киин балыыһа суһал көмө отделениетын үрдүк категориялаах фельдшерэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Иван Тордуянов дьиэ кэргэнинээн араас интэриэһинэйи мунньар идэлээхтэр.

Ол курдук, кэргэнинээн Варвара Ивановналыын сувенир тэриэлкэлэри, киһи статуэткалары, ааспыт үйэ малын-салын мунньан, харайан туруораллар. Итиэннэ Иван Иванович эмчит буоларын быһыытынан, “Суһал көмө” оонньуур массыыналары мунньар эбит. Онон олоҕун суолунан талбыт бэриниилээх идэтин үйэлээх оҥоһуктарынан кэпсиир.

Иван Тордуянов кэллиэксийэтин маннык билиһиннэрдэ: ““Суһал көмөҕө” үлэлиирим быһыытынан, 2000 сылтан мунньан саҕалаабытым. Аан бастаан биир бырааһынньыкка оҕо оонньуур “Суһал көмө” массыынатын бэлэхтээбиттэрэ. Онуоха, толкуйдаан баран, үксэтэр санаа киирбитэ. Сылтан сыл кэллиэксийэбин байытан испитим. Санавиация бөртөлүөтүн, сөмөлүөтүн, оннооҕор ыксаллаах быһыыга-майгыга биир тэҥник үлэлиир полиция, баһаарынай сулууспа массыыналарын эмиэ ханыылаан ылбытым. Маны тэҥэ, эмп үлэһитин түөскэ кэтэр бэлиэлэрин эмиэ мунньабын. Биир түгэҥҥэ быраас гжель-сувенир статуэткатын бэлэхтээбиттэрэ. Онтон ыла эмиэ эмчиккэ сыһыаннаах гжель сувенирдары мунньабын, бэлэх да ууналлар. Онон устунан аны эмчит урукку туттар мала-сала эбиллэн, эмиэ коллекциям күндү экспонаттара".
https://www.instagram.com/p/CQfkHzQsTEB/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бэс ыйын 25 күнүгэр Бороҕоннооҕу РЭС Бороҕон сэлиэнньэтигэр Мигалкин аатынан уулуссаҕа 0,4кВ күүрүүлээх уот ситимигэр хапытаалынай өрөмүөнү ыытарынан, сарсыарда 10.00 – 11.00 чааска уонна киэһэ 16.00 – 17.00 чааска – налоговай, “Өркөн” киинэ тыйаатырын, “Мичил” оҕо саадын дьиэлэригэр, Мигалкин аатынан уулусса 16 – 26, 31 – 39 №№-гэр, Герой Егоров аатынан уулуссаҕа, оттон 10.00 чаастан 17.00 чааска диэри “Универмаг”, “Эконом-маркет”, мировой суут дьиэлэригэр уоту араарыахтара.

Ону таһынан, Сельхозхимия 10кВ күүрүүлээх ситимигэр эмиэ хапытаалынай өрөмүөнүнэн сибээстээн, бэс ыйын 28 күнүттэн от ыйын 9 күнүгэр диэри хас күн ахсын (өрөбүл күннэртэн ураты) Мындаабаҕа уонна Бороҕоҥҥо Строителей, Дальняя, Аржаков аатынан уулуссаларга, Ленина аат. уул. 100 – 84№№-гэр, 135-139№№-гэр, Аммосов аат.уул. 2 – 16№№-гэр, 1 – 15№№-гэр, 40 лет Победы уул. 1 – 19, 2 – 16№№-гэр, Хоринскай уулуссаҕа, Федоров-Мунду уулуссаҕа, Лонгинов аат. уул. 55 – 97№№-гэр, 120 – 146№№-гэр, 92-116№№-гэр, Лермонтов, Колхознай, Маяк, Восточнай, Огороднай, Озернай уулуссаларга, “Туймаада-Нефть” заправка станциятыгар, ДьУоКХ филиалын, лесхоз хонтуораларын, “Шелковников” бэкээринэтин дьиэлэригэр, “Туйгун”, “Сайдам”, “Сардаана”, “Эрэл”, “Илин”, “Маяк”, “Мебельнэй”, “Сайдыы”, “Ника”, “Аартык” маҕаһыыннарга, “Үрдэл” маҕаһыыҥҥа (Мындаабаҕа) уоту араарыахтара.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CQfqb4wsQBm/?utm_medium=share_sheet
Семьи с детьми продолжат поддерживать, а села и города и дальше планируют приводить в порядок. Спросят у Молодёжи чего она хочет на самом деле? Кто продолжает искать ответы на вопросы людей и и пути решения важных проблем? Подробности - в нашем ролике

#ер14
https://www.instagram.com/p/CQfr1tVI7PL/?utm_medium=share_sheet
Строительство перинатальных центров в стране находится на особом контроле Президента России Владимира Путина:

«Там, где появляются такие центры, младенческая и материнская смертность стремятся к нулю. Это результат нашей работы, подобные центры нужно продолжать строить во всех субъектах», — отмечает Президент РФ.

Открытие перинатального центра ГАУ РС(Я) «РБ№1-НЦМ» @pc_yrkb по адресу Якутск, Стадухина 81/9 состоялось 16 марта 2018 года.

Перинатальный центр — это высокотехнологичная современная многопрофильная клиника, оснащенная новым медицинским оборудованием.

7-этажное здание общей площадью 30,35 тыс. кв. м имеет стационар на 130 мест с шестью специализированными отделениями и поликлинику на 150 посещений в смену.

Галина Данчикова, возглавляя Правительство Якутии @sakhagov, лично контролировала с установки первых свай строительство крупного на Дальнем Востоке Перинатального центра, проверяла, как ведутся работы по графику, общалась с представителями подрядных организаций. Особое внимание было уделено поставкам медицинского оборудования в большом объеме.

Сегодня Перинатальный центр Якутии входит в десятку лучших по России.

«Руководство республики принимает реальные меры для повышения качества и доступности медицинской помощи», — Галина Данчикова.

Подписывайтесь на аккаунт народной группы поддержки:

@za_danchikova
@za_danchikova
@za_danchikova

#Якутия #ЗаГалинуДанчикову
https://www.instagram.com/p/CQfO_ZfMAoV/?utm_medium=share_sheet
Евгения Чеботарева, главный врач санатория «Чэбдик», рассказывает о помощи Галины Данчиковой по вопросу сохранения здания:

«Я познакомилась с Галиной Иннокентьевной Данчиковой в 2010. Тогда она работала премьер-министром и Председателем Правительства Республики Саха (Якутия).

Кто бы мог подумать, что я, обычный врач санатория, познакомлюсь практически со всем кабинетом министров во главе с уважаемой Галиной Иннокентьевной. Иногда жизнь делает интересные повороты!

Познакомились мы в сложный период для нашего санатория – его хотели выставить на аукцион.

Это известие было как гром среди ясного неба! Я начала ходить по кабинетам, и о нас услышала Галина Данчикова. Именно она решила нашу проблему – смогла сохранить санаторий «Чэбдик». Как важно, что в правительстве есть такие люди, как она, неравнодушные, знающие свое дело. Пока в партии «Единая Россия» будут такие люди, я буду голосовать за «Единую Россию» и, конечно, за Галину Иннокентьевну Данчикову!»

➡️ Полную версию видео вы можете посмотреть в аккаунте народной группы поддержки:

@za_danchikova
@za_danchikova
@za_danchikova

#Якутия #ЗаГалинуДанчикову #14ер
https://www.instagram.com/p/CQiBAb0Mm0z/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Былырыыҥҥыттан курааммыт кэллэ. Билигин куйаас, кураан күннэр тураннар, ходуһаҕа аһыҥа күүскэ ыста. Бу туһунан улуустааҕы Россельхозцентр исписэлииһэ Виктория Нафанаилова маннык кэпсээтэ:

📌 – Быйыл сааскыттан хас да нэһилиэги кэрийэн көрдүбүт. Ол курдук, Өлтөх, Бэрт Ууһа, Хоро, I Хоро Суотту, Бороҕон, Лөгөй, II Лөгөй нэһилиэктэрин ходуһаларыгар сылдьыы түмүгүнэн, аһыҥа күүскэ ыспыта быһаарылынна. Аһыҥа бастаан тахсыытын сыныйан көрүүнэн 1 кв.м. сиргэ 37,3 аһыҥа баара билиннэ. Бу аата эпидемиологическэй кэрдиис буолбутун бэлиэтэ.

📌 Билигин аһыҥаны эмтээһин күүскэ бара турар. Уопсайа 10 нэһилиэк ходуһаларыгар эмтээһин ыытылынна. Олортон Өлтөх, Бэрт Ууһун, Хоро, Лөгөй, Суотту нэһилиэктэрин ходуһаларын эмтээһин улахан көдьүүһү биэрбитин этэллэр. Баларга 300-түү гаа сир эмтэннэ. Ол аата уопсайа 1500 гаа ходуһа эмтэннэ диэн олоробут. Нэһилиэктэрдээҕи тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ олус үчүгэйдик бииргэ үлэлэһэллэр. Аһыҥа эмин дьонноругар тиэрдэн, эмтээһин хайдах барбытын, түмүгэ хайдаҕын биллэрэ олороллор.

📌 Быйыл аһыҥа эмин ылыыга тыа хаһаайыстыбатын управлениета 480 тыһ. солк үбүлээн 220 л. “Лукосил” диэн эми атыыластыбыт. Бу эмп 5 л. 50 гаа сири эмтииргэ тиийэр.

📌 Эмтэммит сир аҕыйах күн турбутун кэннэ ардах түһэрэ буоллар, ото олох өрө анньан кэбиһиэ этэ. Ол эрээри куйаас, кураан күннэр уһуннук турар чинчилээхтэр. Онон билиҥҥитэ от өнүйбэккэ турар.

✴️ Хаартыска интернет ситимиттэн ылылынна.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#кураандьыл
https://www.instagram.com/p/CQiJ2isMu81/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Билигин хас биирдии дэриэбинэ ыала барыта оҕуруот аһын, үүнээйини, хортуоппуйу олордор. Ол иһин сайынын куйаас күннэргэ уу өлгөмнүк туттуллар. Үс бөһүөлэктээх Курбуһах нэһилиэгэ сайыҥҥы кыһалҕатын хайдах быһааран олорорун туһунан баһылык э.т. Анастасия Аммосоваттан ыйыталастым. Онуоха кини маннык кэпсээтэ:

📌 – Сайын саҕаланна да, уу ситимин кыһалҕата күөрэйэн кэлэр. Уус Күөлүгэр сайыҥҥы уу ситимэ тардыллыбыта син хас сыл буолла. Ол гынан баран, урукку былаанынан турбалара сир анныгар, сорох сиринэн 1 м, 1,5 м дириҥҥэ сыталлар. Быйыл эрдэттэн анаан үлэһити булууга үлэлэспиппит, ол да буоллар баччааҥҥа диэри уута суох олоробут.

📌 Турбалар ирбэт тоҥҥо чугас сытар буоланнар, урут бастаан ирэллэрин кэтэһии – биир кыһалҕа. Билигин субуотунньугунан түөлбэлэр олохтоохторо саамай дириҥҥэ сытар турбалары хаһан, ириэрэллэрин курдук улэлэһиэхтээхпит. Бу күннэргэ аналлаах үлэһит Константин Пестряков урукку носуос улэлээбэтин быһааран, саҥаны ыларга үлэлэстибит. Биллэн турар, саҥа носуоһу ыларбытыгар харчы көрүллүүтэ, ол харчы ааһыыта бириэмэни эмиэ ылла. Онон, дьэ, аҕыйах күнүнэн сайыҥҥы уу ситимэ үлэлииригэр эрэнэбит.

📌 Аны Окоемовкаҕа сайыҥҥы уу ситимэ эмиэ тардыллан бэлэм турар, онуоха техусулуобуйаны ылыыга дьаһалта өттүттэн харчыта төлөммутэ, онон уот эрэ холбонуута хаалан турар. Бэйэбит үлэһиппит Василий Бурнашев уоппускаҕа сылдьар, онон уоту Бороҕонтон РЭС үлэһиттэрэ кэлэн холбуулларын күүтэбит.

📌 Түгэнинэн туһанан, бу куйаас күннэргэ, нэһилиэнньэ кыһалҕатын өйдөөн, РЭС тэрилтэтэ болҕомтоҕо ылара буоллар, оччоҕо дьон-сэргэ махтаныа этэ.

📌 Оттон Балаҕаннаах олохтоохторо дэриэбинэ көстүүтэ тупсарыгар, эргэ дьиэлэри көтүрүүгэ үлэлэһэ сылдьаллар. Ол курдук, Федот Винокуров бу үлэҕэ ылсан, саҕалаата, биир дьиэ көтүлүннэ.

📌 Бороҕонтон Курбуһахха кыһыҥҥы быһалыы суол, кураан буолан, үчүгэй соҕус туруктаах. Онуоха кыһын суолу көннөрүүгэ эмиэ Константин Нафанаилов хаһааҥҥытааҕар да үтүө суобастаахтык үлэлэһэн, быйыл кыһын суолга кыһалҕаны билбэтибит. Онон олохтоохтор махталлара улахан.

🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
https://www.instagram.com/p/CQiNpFZsxXZ/?utm_medium=share_sheet
В городском парке Ленска начался второй этап благоустройства.

В Ленске @mo_gorodlensk проходит обустройство парка в рамках регионального проекта «Формирование современной городской среды». Об этом сообщила Ирина Алексеева, руководитель Управления архитектуры и градостроительства при Главе Республики Саха (Якутия).

На данный момент проходит второй этап обустройства: установка игрового оборудования на детской площадке.

В 2020 году по итогам конкурсного отбора общественных территорий для включения в государственную программу «Формирование современной городской среды на территории РС (Я)» город Ленск получил федеральную субсидию на благоустройство проекта «Городской парк культуры и отдыха «Ойуур».

Ежегодно в рамках программы проводится конкурсный отбор, по итогам которого утверждается перечень проектов победителей и благоустраиваются крупные общественно-значимые современные пространства в городах и селах.
В этом году конкурсный отбор стартовал 10 июня на цифровой платформе arch.yakutia.click

Принять участие могут муниципальные образования с численностью населения свыше 1000 человек. Для участия необходимо заполнить конкурсную заявку на сайте с 10 июня по 10 июля 2021 года.

Конкурсная заявка формируется в соответствии с установленной формой, с проектами территорий для отдыха населения и проведения массовых мероприятий: площади, парки, скверы, бульвары, набережные, улицы (проспекты), пешеходные зоны.
Все поступившие заявки проходят техническую экспертизу и экспертный отбор, где каждому проекту будут присваиваться баллы по 8 критериям. В случае равных значений оценок приоритет получают заявки, поданные в электронном виде по дате предоставления.

‼️ Призываем руководство муниципальных образований формировать конкурсные заявки как можно раньше.
Пошаговую инструкцию по заполнению конкурсной заявки можно посмотреть на цифровой платформе arch.yakutia.click.
Контактный номер технической поддержки: +7 (914) 271-66-96.
#archyakutiaclick
https://www.instagram.com/p/CQiOJ0doqlF/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

⭕️ Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Иванович Колодезников улуус хаһыатын «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыагын бастакынан өйөөн саҕалаабыта. Күн бүгүн бу бырайыакка 16 нэһилиэк баһылыктара, дьокутааттара кыттан бэтэрээннэр баҕа санаалара туоларыгар кытыннылар.

⭕️ Маны сэргэ Иван Иванович Колодезников улуус хаһыатыгар, бэчээтинэй таһаарыыларга сурутуу аахсыйатыгар кыттан,
Байаҕантай нэһилиэгин бэтэрээн суоппарыгар Васильев Павел Федоровичка «Мүрү саһарҕатын», үлэ бэтэрээнэ Неустроева Вера Ивановнаҕа Ил Түмэн хаhыаттары суруттаран, аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомто ууран, үтүөкэн бэлэҕи оҥорон үөртэ.

⭕️ Бу курдук сурутуу аахсыйатыгар баҕа өттүнэн кыттар салҕааччыларбыт эбиллэн иһэллэриттэн үөрэбит итиэннэ үтүө холобуру көрдөрбүт дьоммутугар махтанабыт.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусхаһыатынааҕабытаахсыйа
https://www.instagram.com/p/CQiOTzYs1GN/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Сүүрбэлээх үс кыыс сахалыы төгүрүк остуолга утарыта олорон, сахалыы ойуулаах ыстакааҥҥа морс куттан сыыйан иһэ олороллор. Кыргыттар үһүөн оҕо саадыттан бииргэ буолан, үс сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Оскуоланы бүтэрэллэригэр оруобуна үс сылынан көрсүөхпүт диэн тыл бэрсибиттэрэ. Сүүрбэ сааспытыгар олохпут хайысхата арыый уларыйыа диэн санаанан салайтарбыттара.

📌 – Чэ, кыргыттар, оскуоланы хайы-үйэ бүтэрбиппит үс сыл ааһа охсон, сүүрбэлээх кыргыттар буола оҕустубут. Эппит тылбытын толорон, бүгүн оруобуна Настяҕа кэлиэхпит диэбиппит, онно муһуннубут, – оскуолаттан бас-көс киһилэрэ Ариана чаҥкынас куолаһынан дьаһайа олордо. Хап-харанан чаҕылыччы көрөн олорон, ыас хара куудара баттаҕын төттөрү-таары имэриннэ. Бэйэтэ спортивнай быһыылаах-таһаалаах, харахха быраҕыллар чочуонай кыыс.

📌 – Хата, кэллигит дии, мин куорат кыргыттара, устудьуоҥкалар кэлбэттэрэ буолуо, ол үс сыллааҕыны былыр үйэҕэ умуннахтара дии санаабытым. Бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри сураххыт да суоҕа, ол да буоллар, бүгүн сарсыарда 6 чааска ойон туран, бэрэскибин, эттээх хортуоппуйдаах соккуойбун оҥорон бэлэмнээбитим. Чэйиҥ, кыргыттар, олорумаҥ, остуолбутун тардыаҕыҥ, – Настя, дьиэлээх хаһаайка кыыс, кута-мата бэйэтэ бэрт сылбырҕатык туран, остуолун тардыбытынан барда.

📌 Куорат кыргыттара суумкаларыттан халбаһыы, сакалаат, кэмпиэт, бурдук ас хостоотулар. Ариана күлэ түһэн баран, суумкатыттан уһун моойдоох шампанскай бытыылканы хостоон, остуол ортотугар туруоран кэбистэ.

📌 – Оо, сырдьыгыныы оргуйар сампааныскай арыгыны иһэр сааспытыгар кэллибит дуо? – итииттэн тэтэрэ кыыспыт, сап-саһархайынан саһарчы көрбүт, саһархай, уһун ньалака суһуоҕун биир гына мөлбөччү өрүнэн кэннигэр эһэр идэлээх Настя чараас, кыараҕас ырбаахытын сотору-сотору аллараа тардыммахтыырын быыһыгар остуол ортотугар турар чааскыларга электрическэй чаанньыктан буруолаппытынан итии чэйи кутуталаан, кыргыттарыгар биэртэлээтэ.


Салгыытын "МС" хаһыат бэс ыйын 18, 25 күннэринээҕи 24-с, 25-с нүөмэрдэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Проба пера" түһүмэххэ ааҕыҥ (саайтка сэһэн 1-кы чааһа толору таҕыста)

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥасэһэн
https://www.instagram.com/p/CQiRy9Jsy0G/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Саха сирин инники сайдыытын торумнуур, онуоха бигэ олугу уурар “Сайдыы сүүс сыллаах былаана” бырайыак быйыл ыам ыйыттан саҕаламмыта. Маннык бырайыак баар буолуутугар Былатыан Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былаан” айымньыта тирэх буолбут. Онуоха бырайыагы толкуйдаан, эдэр исписэлиистэр, СӨ инновацияҕа уонна цифровой сайдыыга министиэристибэтэ, инновация менеджменин Үрдүкү оскуолатын бэрэстэбиитэллэрэ, Национальнай бибилэтиэкэ, бэчээт тэрилтэлэрэ үлэлэтэн саҕалаатылар. Бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар дириҥ хорутуулаах кэпсэтиилэр, ырытыһыылар тэриллэллэр.

Улууспутугар бу хамсааһын стратегиялыыр сиэссийэтэ икки күн устата – бэҕэһээ уонна бүгүн – буолла. Сиэссийэни өрөспүүбүлүкэ инновацияҕа уонна цифровой сайдыыга миниистирэ Анатолий Семенов быһа сибээһинэн тахсан онлайн көрүҥүнэн уонна улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Попов арыйдылар.

Сиэссийэ кыттыылаахтара хамаандаларга арахсан, икки күн устата олохтоох бэйэни салайыныы тэриллиилэриттэн саҕалаан эрэгийиэн таһымыгар тиийэ араас эйгэҕэ сайдыы туһугар тугу оҥоруохха сөбүн, о.э. өрөспүүбүлүкэни сайыннарыыга бэйэлэрин көрүүлэрин, санааларын эттилэр, ол тула ырытыһыылары тэрийдилэр.

📌 «Сайдыы сүүс сыллаах былаана» бырайыакпыт – Саха сирин олохтоохторун инники кэскилбит, сайдыыбыт туһунан кэпсэтиилэрэ. Бу кэпсэтиигэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан ким баҕарар кыттыан сөп. Бырайыак түмүгүнэн биир улахан суолталаах докумуон оҥоһуллуоҕа. Уус Алдан улууһа бырайыакка кыттыспыт 15-с улуус буолла”, – диэн бырайыак модератордарын салайааччы Надежда Нарахаева билиһиннэрбит.

🖊️ Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сайдыысүүссыллаахбылаана
#100летнийпланразвития
https://www.instagram.com/p/CQizWJRM-vG/?utm_medium=share_sheet
Ытыктабыллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо!
Күндү доҕоттор!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини кэрэ-бэлиэ түгэнинэн – ыалдьытымсах майгылаах үтүөкэн дьонноох, өлгөм үүнүүлээх өҥ буордаах Өлүөхүмэ сиригэр ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!

Биһиги Олоҥхо ыһыаҕын 2006 сылтан, өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо бастакы Уон сыла саҕаланыаҕыттан, үгэс быһыытынан бэлиэтиибит. Бэс ыйын бу үтүөкэн күннэригэр олоҥхоһуттар, олоҥхоҕо сүгүрүйээччилэр, олоҥхону чинчийээччилэр биир түһүлгэҕэ тоҕуоруһа мусталлар.

Былырыын дьаҥ тарҕанан, уустук быһыы-майгы үөскээн, хомойуох иһин, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбатаҕа. Быйыл хааччахтыыр уонна харыстыыр дьаһаллары барытын тутуһан ыытарга быһаарынныбыт.

Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура эйгэтигэр эрэ сыһыаннаах буолбатах. Бу тэрээһин Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар үтүө дьайыылааҕа сүҥкэн суолталаах.

Бу сырыыга Өлүөхүмэ оройуонун олохтоохторо саха норуотун улууканнаах айымньытын чөл хаалларыыга, былыргы эпоһы аныгы уопсастыбаҕа таһаарыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэр чиэстэннилэр.

Онон быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, Өлүөхүмэни сайыннарыыга ис көҕү көбүтэр чаҕылхай тэрээһин буоллун!

Глобализация уонна араас култууралар, үгэстэр бииргэ сайдар үйэлэригэр биһиги бэйэбит төрүт үгэспитигэр эргиллэрбит, өбүгэлэрбит айан-чочуйан хаалларбыт сүдү айымньыларыгар – Олоҥхоҕо – иҥэн сылдьар аан дойдуну дириҥник анааран көрөр өлбөт-сүппэт муударастарынан олохпутун байытарбыт олус кэрэхсэбиллээх.
ЮНЕСКО 2005 сыллаахха олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан билиммитинэн биһиги киэн туттабыт. Бу саха норуота аан дойду култууратыгар уһулуччу кылааты киллэрбитин бигэргэтэр.

Күндү Сахам сирин олохтоохторо!

Олоҥхо ыһыаҕа арыллар кэрэ-бэлиэ күнүнэн эһиэхэ чэгиэн-чэбдик туругу, бары үтүөнү, дьоллоох, алгыстаах самаан сайыны баҕарабын! Орто туруу бараан дойдубут иллээх-эйэлээх буоллун, сайда-чэчирии турдун!

Айсен НИКОЛАЕВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#олоҥхоыһыаҕа2021
#илдархан
https://www.instagram.com/p/CQkfu5FMXUu/?utm_medium=share_sheet
Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин аатыттан эһигини самаан сайын салаллан кэлбитинэн, үрүҥ тунах Ыһыах күнүнэн итиитик эҕэрдэлиибин!

Саха дьоно кыһыны этэҥҥэ туораан, самаан сайыммытын көрсөр, өбүгэлэрбит үгэһинэн Аар айылҕабытыгар сүгүрүйэр, уйгуну-быйаҥы түстүүр бэлиэ күммүт үүннэ. Төһөнөн омук бэйэтин үгэһин тутуһар, сиэрин-туомун ытыктыыр, оччонон кини санаата күүстээх уонна кыахтаах, уйулҕата бөҕө, олоххо дьулуурдаах буолар.

Ыһыах – саха норуотун төрүт үгэһэ, баайа, омук быһыытынан уратыта. Ыһыах суолтата, өйдөбүлэ тэнийэн, сиэрэ-туома ситэриллэн байа, үксүү туруох тустаах.

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа ыраах Өлүөхүмэ сиригэр-дойдутугар ыытыллыаҕа. Элбэх омуктаах кырдьаҕас Өлүөхүмэ сирэ, дьоно-сэргэтэ өрөспүүбүлүкэ биир улахан тэрээһинин дьоһуннаахтык тэрийэргэ, Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсөргө былааннаммыта ыраатта. Ыһыах Сахабыт сирин биир маанылаах туонатыгар – аатырар Аанньаах хочотугар буолуоҕа. Этэҥҥэ эрэ буоллун!

Саха ыһыаҕа мэлдьитин ил-эйэ, доҕордоһуу туоната, түмсүү түһүлгэтэ буолан, омук быһыытынан олоххо тирэхтээхпитин, инникигэ эрэллээхпитин кэрэһэлии турдун! Саха норуота эбиллэ, үксүү турдун, кыаҕа улаатан, күүһүрэн истин! Кэнчээри ыччаппыт ситиһиилээх, дьулуурдаах, инникигэ эрэллээх буоллун!

Ытыктабыллаах Сахам сирин дьоно! Эһиэхэ хас биирдиигитигэр чөл туруктаах олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Сахабыт сирэ сайда, силигилии турдун, дьоммут-сэргэбит дьоллоох-тускулаах буоллун!

А.Н. Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#олоҥхоыһыаҕа2021
#олоҥхокэмитиэтэ
https://www.instagram.com/p/CQkgjaMs-lI/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Биһикпин ыйаабыт сирим – Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр Биэттэ Эбэ Халдьаайы эҥэрэ. Сэттэ уонтан тахса сыл анараа өттүгэр Халдьаайыга баар балыыһа дьиэтигэр күн сирин көрбүппүн. Ийэбин кытта оҕолоно сытар Аана Сивцевэ диэн ийэм үөлээннээҕэ: «Кыыскын Мариса диэн ааттаа», – диэн Эрилик Эристиин «Аймалҕанын» Бурхалей Марисатын аатын биэрбит. Хойукка диэри бүрээттии ааттаахпын дии саныыр этим. Кэлин билбитим, Эрилик Эристиин кинигэтин дьоруойдарыгар бэйэтэ толкуйдаан аат биэрэр эбит. Халдьаайыга оҕо сааһым ааспыта.

Баатаҕайтан 1966 сыллаахха оскуола 8-с кылааһын бүтэриэхпиттэн тэйбиппин. Сыл баһыгар-атаҕар «уот ылар» курдук баран кэлэбин. Ол гынан баран киһи сааһырдаҕын аайы төрөөбүт дойдутун, оҕо сааһа ааспыт кырдалын, дьонун-сэргэтин ахтара-саныыра күүһүрэр эбит. Хомойуох иһин, Халдьаайыбыт өтөхсүйэн, дьон-сэргэ олорон ааспыт суола-ииһэ да суох буолан тураахтыыр.

Чугастааҕы дэриэбинэлэргэ Чараҥайга, Эрбэһиҥҥэ олорбут, үлэлээбит дьонноругар үтүө өйдөбүлү оҥорон, хаартыскалаан стела диэни туруорбуттара бэртээхэй. Онтон холобур ылан, биһиги эмиэ хаан-уруу дьоммут ааттарын ааттаан, сөргүтэн, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар кэрэ кэпсээн, үтүө өйдөбүл буоларыгар былааннаах үлэ ыытыллан эрэриттэн үөрэбин.

Бу үтүө дьыалаҕа ылсыбыт эдьиийбитигэр Вера Иннокентьевна Троеваҕа, бырааппытыгар Алексей Яковлевич Готовцевка, үбүнэн көмөлөспүт бары спонсордарга, кыттыыны ыла сылдьар биир дойдулаахтарбар барҕа махтал тылларын аныыбын.

🖊️ Суруналыыс, уопсас. кэрэсп. Мариса Васильева-Готовцева бу ахтыытын толору "МС" хаһыат бэс ыйын 18, 25 күннэринээҕи 24, 25 нүөмэрдэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Актуальное" түһүмэххэ көр

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#алаасахтылҕана
#улуусустуоруйата
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CQkmDU4Me0D/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Кыайыылааҕы тулуур быһаарда❗️Өлүөхүмэ ыһыаҕын маҥнайгы күнүн киэһэтигэр киин түһүлгэҕэ түмүктэммит “Эр Бэрдэ” сахалыы биэс көрүҥнэригэр уон биир боотурдар ким күүстээҕин быһаарыстылар.

Куоталаһыылар түмүктэниэхтэригэр диэри түһүлгэ дьоно тарҕаспакка, “”ууларыгар-хаардарыгар” киирэн ыһыытыы-хаһытыы олордулар✊🏽.

Мииринэй икки миэтэрэлээх бухатыыра, армлифтинг маастара Роман Рива уонна Уус Алдан күүстээҕэ, мас тардыһыы маастара Михаил Гоголев хара ааныттан иэмэх талахтыы эристилэр.

Көрүҥтэн көрүҥ аайы хардарыта бастакы-иккис миэстэлэри ылаттаан истилэр. “Сыарҕа соһуутугар” уонна “Бэрэмэдэйдээх” сүүрүүгэ Михаил Гоголев ылаттаата, Роман Риве “Өлүөхүмэ таастарын” үөһэ көтөҕөн таһааран уурталааһыҥҥа уонна “Балаҕан нөҥүө” тааһы быраҕыыга бастаталаата.

Бүтэһик бэһис көрүҥҥэ алталыы очколаах тэҥҥэ тиийэн кэлбиттэригэр, кыайыылааҕы 117 киилэ ыйааһыннаах тааһы ыраах илдьии быһаарда.

Сэрэбиэй быһыытынан маҥнайгынан Роман Риве онус киһинэн барда уонна 100 м ыраахха илдьэн тааһын ыһыгынна. Инники барбыттартан таһыччы үчүгэй көрдөрүүлэннэ.

Ыһыах дьонун, ыалдьааччылар болҕомтолоро бүтүннүүтэ бүтэһигинэн барбыт Михаил Гоголевка туһаайылынна. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, хайаан даҕаны бастыырга соруммута биллэр. Ыарахан тыыннаах сымара тааһын көтөҕөн мадьалытан, аара үстэ тохтоон сынньанан, тыын ыла-ыла эккирэттэ итиэннэ, туох баар күүһүн, тулуурун киллэрэн, 101 м ыраахха илдьэн тааһын түһэрдэ!😱👍🏽

Ити курдук, Михаил Гоголев аан маҥнайгытын Олоҥхо ыһыахтарыгар сыллата ыытыллар “Эр Бэрдэ” күрэхтэһиитин кыайыылааҕынан буолары ситистэ, дьон уруйун-айхалын ылыан ылла‼️

Баһылай Посельскай, @sportyakutia.ru ☑️

#спортякутии #эрбэрдэрэ #эрбэрдэ #ысыахолонхо #олекминск #олонхоыьыа5а #уусалдан #устьалдан
https://www.instagram.com/p/CQmjOSNsnKT/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Лөгөй нэһилиэгиттэн 16 саастаах Диана Петухова быйыл Туймаада ыһыаҕын онлайн көрүҥүнэн ыытыллыбыт оһуохайга күрэһигэр улахан дьону кытта кыттан, 39 оһуохайдьыттан “Кэрэ кылыһах” анал ааты ылбытын салайааччыта Зинаида Лугинова киэн туттан үллэһиннэ. 

Диана кыра сааһыттан төрүт фольклор араас көрүҥүнэн дьаныардаахтык дьарыктанан, үгүс ситиһиилээх. Онуоха айылҕа анаан биэрбит мааны куолаһын табатык сайыннаран, учуутала Зинаида Петровна үгүс куонкуруска кытыннаран кэллэ.

Онон кыысчаан олох кыратыттан элбэх кыттааччылаах куонкурустарга, улахан түһүлгэлээх ыһыахтарга  ситиһиилэрин киһи ааҕан сиппэт. Аҥаардас өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уонча Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, олоҥхону толорууга, тойукка, оһуохайга үс төгүл Чыпчаал ааты ылбыта, ол иһигэр быыкаайык сылдьан Дьааҥыга буолбут Олоҥхо ыһыаҕар кыайбыта, үс бастакы үрдэл бириистэрин туппута. Оттон Алдаҥҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар оһуохайдьыт оҕолорго эмиэ кыайыылаах аатын ылбыта.

Өссө Диана талба талаанын сыаналаан, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков анал бириэмийэлэрин туттарбыттара.

📌 "Быйыл Олоҥхо ыһыаҕар оҕолору кытыннарбат буоланнар, бэйэбит улууспутугар уонна Таатта, Туймаада ыһыахтарыгар ыытыллыбыт онлайн күрэстэргэ кытынныбыт, эмиэ кыайыылаах аатын ылан ситиһиилэннибит.  

📌 Күн бэҕэһээ Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин ыһыаҕар тойугу толорууга иккис миэстэни, чабырҕахха үһүс миэстэни ылан, иитиллээччим элбэхтик үөртэ", – диэн салайааччыта Зинаида Лугинова билиһиннэрдэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үрүҥтунахыһыахтар
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CQqhyidM0JN/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бороҕоннооҕу РЭС биллэрбитинэн, от ыйын 6, 7, 8 күннэригэр Танда, Тумул эҥээр нэһилиэктэри уотунан хаччыйар 35кВ күүрүүлээх подстанцияларга оборудованиены бэрэбиэркэлиир былааннаах үлэ ыытылларынан, анаан бигэргэммит бэрээдэгинэн уоту араарыахтара.

📌 Ол курдук:

от ыйын 6 күнүгэр сарсыарда 9.00-тан 11.00-гэ диэри – Тандаҕа, Тиит Арыы, Убаһалаахха, Сытыгаҥҥа, сапыраапка ыстаансыйатыгар, оттон 11.00-тэн күнүс 12.30-га диэри Бээрийэҕэ уонна Кылаайыга уот суох буолуоҕа;

от ыйын 7 күнүгэр күнүс 15.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри Тумулга, Арыы Тииккэ, Хоноҕорго уонна Оҕуруоттаахха уот барыаҕа;

от ыйын 8 күнүгэр сарсыарда 10.00-тан 11.30-га диэри эмиэ Арыы Тииккэ, Хоноҕорго уонна Оҕуруоттаахха уоту ылыахтара.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CQqdq2YM-2-/?utm_medium=share_sheet