Күндү ааҕааччыларбыт! Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэриттэн «Бэтэрээн ыра санаата» диэн саҥа бырайыак үлэтин саҕалыыр. Иллээх-эйэлээх, дьоллоох олох иһин доруобуйаларын кэрэйбэккэ, олохторун да толук ууран туран, фашизмы утары Аҕа дойду сэриитигэр кыргыспыт биир дойдулаахтарбыт сыллата аҕыйаан иһэллэр. Билигин улууспутугар ытык бэтэрээннэрбит үһүөлэр. Кинилэргэ сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, ханнык да тылларынан кыайан эппэт муҥура суох махталлаахпыт. Саҥа бырайыакпыт күндү дьоммутугар махталбыт бэлиэтинэн буолла.
Хас биирдии киһи ыра санаалаах. Ыра санаа кыра даҕаны, улахан да буоллун, туоллаҕына, киһи санаалыын чэпчиир, дуоһуйар. Ол курдук, биһиги эрэдээксийэбит ытык бэтэрээннэрбит биир, ол эрэн олус суолталаах баҕа санааларын толорор сыаллаах бырайыагы саҕалыыр.
Крым олохтооҕо Ярослав Селютин диэн үтүө санаалаах ыччат «Мечта ветерана» диэн олус көдьүүстээх, бэтэрээн баҕа санаатын толорорго туһуламмыт Арассыыйаҕа анал бырайыагы толкуйдаан, онно анаан сайт арыйан үлэлэтэр. Кини бу сайтыгар дойдубут араас муннуктарыттан бэтэрээннэр ыра санааларын толорор иһин анал счетка ким төһөнү ыытарынан үп хомуйар. Ярослав Селютин ол үлэтин бүүс-бүтүннүү сайтыгар отчуоттуур, көрдөрөр. Кини үгүстүк сэрии бэтэрээннэрин кытта алтыспыт, көмөлөспүт уол эбит. Араас киһи араас кыһалҕалаахтык олорорун көрөн, саатар биир түгэҥҥэ көмөлөһөр санаа ылыммыт. Онно биһиги эмиэ кыттыһабыт уонна биир дойдулаахтарбытын бу ылыммыт бырайыакпытын өйүүргүтүгэр, күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт. Биһиги бырайыакпыт чэрчитинэн, баҕа санааларынан кыттыспыт сэрии бэтэрээннэригэр II Лөгөй олохтооҕор Василий Ананьевич ВАСИЛЬЕВКА уонна Найахы нэһилиэгин олохтооҕор Николай Николаевич ИВАНОВКА олохторо-дьаһахтара тупсарыгар туһуламмыт көмөҕө үлэлэһиэхпит. Бу көмөбүт чэрчитинэн, киирбит үп барыта отчуоттанарыттан саҕалаан, ыра санаа туолуор диэри биһиги эрэдээксийэбит ону хонтуруоллуур, ааҕааччыларбытыгар сырдатар соруктаахпыт. Эйэлээх олоҕу бэлэхтээн, оччоттон баччаҕа диэри үүнэ-сайда олорор суолбутун тэлбит ытык бэтэрээннэрбит биир ыра санаалара туолан, үөрүүнэн туолбут харахтарын көрөр баҕабыт олоххо киирдин!
Ольга ШЕПЕЛЕВА.
https://www.instagram.com/p/CKffrqrMq3l/?igshid=aerre34tfmpm

Instagram
УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата" pinned «Күндү ааҕааччыларбыт! Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэриттэн «Бэтэрээн ыра санаата» диэн саҥа бырайыак үлэтин саҕалыыр. Иллээх-эйэлээх, дьоллоох олох иһин доруобуйаларын кэрэйбэккэ, олохторун да толук ууран туран, фашизмы утары Аҕа дойду сэриитигэр кыргыспыт биир дойдулаахтарбыт…»
📰📰📰
⭕ Хоро нэһилиэгэр Майаҕаска чааһынай дьиэлэри киинтэн ититиигэ холбооһун быһаарыллар кыахха киирдэ.
⭕ “Улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов, дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Семен Бурнашев, улуус дьаһалтатын хапытаалынай тутууга уонна архитектураҕа управлениетын салайааччытын солбуйааччы Василий Рожин, "Юпитер" ХЭТ тэрилтэ салайааччылара Кындыл Кылаан Албан уола, Юрий Платонов кыттыылаах улахан суолталаах көрсүһүү буолан ааста.
⭕ Мунньахха нэһилиэкпитигэр үрдүк кыамталаах хочуолунайы тутуу саҕаланарын билиһиннэрэн, ыаллары киинтэн ититиигэ холбооһун боппуруостарын ырыттылар. Уопсайа 43 ыал 120-лии тыһыынчанан кыттыһан, ититиигэ холбонор буолла.
⭕ Олохтоохтор баҕа санаалара туоларыттан санаалара күүһүрэн тарҕастылар”, – диэн нэһилиэк уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Ксения Кириллина майаҕастар үөрүүлэрин үллэһиннэ.
#уйгусирэуусалдан
#мүрүсаһарҕата
#хоронэһилиэгэ
#киинтэнититиигэхолбонуу
https://www.instagram.com/p/CNNFRvGM6lr/?igshid=zxa8156dt2ux

⭕ Мындаабаҕа көр-күлүү күнүгэр анаан икки түөлбэҕэ көрдөөх күрэһи тэрийэн, олохтоохтор сэргэхсийбиттэр.
⭕ "Сэттэ түһүмэхтээх күрэс бэрт сэргэхтик ааста. Бу тэрээһини "Мындааба" сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Ирина Иванова уонна олохтоох бибилэтиэкэрбит Наталья Портнягина иилээн-саҕалаан ыыттылар. "Эрчим" уонна "Үрдэл" түөлбэлэр күөн көрсөн, көрдөөх түһүмэхтэри туораатыбыт. "Смайлики" уонна "Смешарики" диэн ааттанан, хапытааннарынан Герман Анастатов ("Үрдэл"/"Смешарики") уонна мин ("Эрчим"/"Смайлики") буолбуппут.
⭕ Кыайыылааҕынан бэйэм хамаандам тахсан, үөрүүбүт баһаам. Тэрийээччилэргэ махтанабыт. Уһун олоруу кэнниттэн олохпут сыыйа сүнньүгэр түһэн эрэриттэн сэмээр астынабыт. Маннык көрсүһүүлэр өссө да баар буолалларыгар баҕарабыт", - диэн олохтоох Николай Стручков - Абыйаан бөһүөлэк биир сонунун сырдатта.
#уйгусирэуусалдан
#мүрүсаһарҕата
#мындааба
#көркүлүү
https://www.instagram.com/p/CNOElWBsL38/?igshid=1n233zivymgjn

⭕ Ааҕааччы киэҥ араҥатын хабан, улууспут олоҕун-дьаһаҕын сырдатар, билиһиннэрэр “Мүрү саһарҕата” хаһыат муус устар 4 күнүгэр “төрөөбүт” күнэ. Хаһыат быйыл 86-с сылын ааҕааччыларбытын кытары бииргэ алтыһабыт.
⭕ Оччотооҕу кэмтэн олох-дьаһах араас уларыйыыларын, үйэлэр кирбиилэрин ааһан саҥа таһымҥа таҕыстыбыт. Ол курдук ааспыт сыл муус устарыттан “Саха бэчээт” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ иһинэн киирэн, аныгы тиэхиньиичэскэй ньымаларга күүскэ ылсан эрэбит. Онно кылаабынай эрээдэктэринэн бастакы сылын үлэлиир Наталья ПОПОВА бэйэтин көрүүлэрин киллэрэн, саҥа ньымалары олохтооһуҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр таҕыстыбыт.
⭕ Билигин хаһыат инстаграм сирэйигэр сонун тутатына тахсарынан ааҕааччылары сэҥээрдэн эрэр. Ону таһынан урукку электроннай сурутуу оннугар киирэн эрэр улуус хаһыатын саайтын оҥорон таһаарыыга биир бастакынан ылсан, бу күннэргэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тахсыаҕа.
⭕ Үлэбит уопутун билиһиннэрэ Горнай улууһугар сырыттыбыт. Салгыы ыаллыы Таатта улууһугар Чурапчы, Томпо хаһыаттарын эрэдээксийэлэрэ кыттыылаах киэҥ кэпсэтиигэ, көрсүһүүгэ кытынныбыт.
⭕ Хаһыат эрэдээксийэтэ кинигэни оҥорууга күүскэ ылыста уонна онон билиниини ылан эрэр диэххэ сөп.
⭕ Ол курдук улуус куултуратын устуоруйатын кэпсиир киэҥ ис хоһоонноох кинигэҕэ ылсан, Новосибирскайга бэчээттэтэн аҕалла. Бу кинигэ инники да өттүгэр маннык киэҥ хабааннаах таһаарыыларга үлэлэһэргэ суолдьут буоларыгар эрэнэбит.
⭕ Саамай сүрүнэ төһө да электроннай ньыма күүскэ киирдэр, хаһыаппыт тирааһын иккис сылын 1000 ахсаантан түһэрэ илик. Ити аата ааҕааччыларбыт улуустарын хаһыатын сэҥээрэллэрин, биһирииллэрин бэлиэтэ.
⭕ Хаһыат кэлэрин мэлдьи кэтэһэр, сирийэн сиһилии ааҕар эрэллээх сурутааччыларбытын, улууспут бары олохтоохторун “Мүрү саһарҕата” хаһыат тэриллибит күнүнэн эрэдээксийэ аатыттан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит. Өрүү да маннык бииргэ тутуһан, айымньылаахтык үлэлии сылдьыаххайыҥ!
#уйгусирэуусалдан
#мүрүсаһарҕата
#бэлиэтүгэн
https://www.instagram.com/p/CNOSncZs7r1/?igshid=1i6zb1xdqrshe

⭕ Муус устар бастакы өрөбүлэ, ол эбэтэр быйыл 4 чыыһылаҕа, Саха сирин аҕаларын күнэ. Бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн, амарах аҕаларбытын тустаах күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Аҕа киһи дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, эрэнэр эркинэ, сайдар кэскилэ. Маныаха билиҥҥи кэмҥэ аҕа киһи оҕону иитиигэ холобур буолан, чуолаан тыа ыччатын иитэн-үөрэтэн таһаарар сүрүн соругун туһунан улууспут эр бэртэрэ санааларын үллэстэллэр.
📌Миша ОРЛОВ,
Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын
10-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Мин аҕам Петр Михайлович Орлов. Кини биһиэхэ – биэс төрөппүт уолаттарыгар холобур буолар. Аҕабытынан олус киэн туттабыт. Аҕам сылгыһыт. Бары уолаттар буолан, үлэҕэ көхтөөхтүк сылдьабыт. Сайынын оттуубут, балыктыыбыт, күһүнүн кустуубут, бултуубут. Ону таһынан, аҕабыт уһанарга үөрэппитэ. Араас миэбэллэри оҥоробут, чааһынай дьиэлэргэ ититии ситимин тардабыт, сыбааркалаан тимир оҥоһуктары оҥоробут. Чөл олоҕу тутуһан, успуорду өрө тутан, буулдьалаах ытыы көрүҥүнэн дьарыктанабын. Онон аҕабыт уол оҕо барыга сыстаҕас, барыны бары кыайа-хото үлэлиэхтээх диэн такайбыта.
📌 Гаврил ШЕПЕЛЕВ,
II Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо:
– Аҕам олох кыра эрдэхпинэ күн сириттэн бараахтаабыта. Ол да буоллар, дьон кэпсээниттэн истэн, хаартыскаҕа көрөн, холобур оҥосто сатыырым. Аҕа киһи оҕо иитиитигэр оруола улахан. Кини оҕону үлэҕэ, сөпкө тутта-хапта сылдьыыга, олох очурдарын туоруурга, о.д.а. олоххо бэйэтин дьоһун миэстэтин булунарыгар үөрэтиэхтээх. Бэйэ холобурунан оҕолоругар, эр киһи хайдах буолуохтааҕын көрдөрүөхтээх. Аҕа киһи оҕотун хараҕар туох баар бары үчүгэйин көрдөрүөхтээх.
📌 Леонид ЕГОРОВ,
Бороҕон нэһилиэгин олохтооҕо:
– Үс уол төрөппүттэрэ буоларбыт быһыытынан, оҕолорбутун киһи киэн тутта кэпсиир чөл олохтоох эр бэртэрин, үөрэхтээх бастыҥнарын, үлэһит үтүөлэрин иитэн-үөрэтэн таһаарар соруктаахпыт. Ол курдук, эр киһи быһыытынан бары үлэҕэ сыстаҕас, сатабыллаах буолуохтаахтар. Аҕам С.С. Егоров Ньурба улууһун Малдьаҕар сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, аҕыс оҕо амарах аҕата. Онон төрөппүттэрим, чуолаан аҕам үтүө холобурунан тыа сирин сайдыылаах, кыахтаах ыччатын иитэргэ-үөрэтэргэ бары кыһамньыбын уурабын.
Салгыытын аллараа көр⏬⏬⏬
https://www.instagram.com/p/CNOZgqOM4hX/?igshid=xxqqw5hwhvlc

⭕ Өр күүппүт баҕа санаабыт туолан, олох кылгас кэмҥэ хомуллан «Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность» диэн улууспут култууратын устуоруйата олохтоох «Мүрү саһарҕата» хаһыат эрэдээксийэтигэр 500 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.
⭕ Кинигэ ис-тас оҥоһуута олус тупсаҕай, бэлэххэ сөптөөх хахтаах, көмүс суругунан суруллубут халыҥ тастаах, иһинээҕи лиистэрэ 120 граммнаах матовай кумааҕыттан таҥыллыбыттар. Улууспут культуратыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыт дьоммутугар анаан коллаж оҥоһуллубута кинигэни олус киэргэтэр.
⭕ Бу таһаарыы 21 түһүмэхтээх, 448 сирэйдээх, олус элбэх культура тэрилтэлэрин архыыптарыттан, биирдиилээн дьонтон хаартыскалар киирбиттэр, ону тэҥэ архыып матырыйааллара, бирикээс кинигэлэриттэн суруктар бааллар.
⭕ Кинигэни култуура управлениетын салайааччытын солбуйааччы Л.С. Павлова, бэтэрээммит М.З. Сивцева, киин библиотека библиограба М.Н.Борисова, улуус историятын музейын сотруднига З.М. Белолюбская хомуйан оҥордулар, начальник И.И. Аммосов салайааччылаах алта киһиттэн састааптаах эрэдээксийэлиир сүбэ, матырыйааллары хомуйууга хас биирдии тэрилтэттэн ананан оробуочай бөлөх үлэлээтэ.
📌 Бу маннык саҕалаан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Галина Аммосова саҥа кинигэ туһунан сиһилии билиһиннэрэн ыыппыт ыстатыйата хаһыаппыт муус устар 2 күнүнээҕи 13-с нүөмэригэр тахсыбытын сэргээҥ😉
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусустуоруйата
#култуура
#кэрээйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CNQ-r_Ps-Fr/?igshid=11xf1ns9gegc4

Быйыл спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии бүтэһик сыла. Улахан эппиэтинэс итиэннэ бэлэмнэнии үлэтэ күргүөмнээхтик уонна тэрээһиннээхтик ыытыллар сыла. Онон быйыл улуус киинигэр Мүрү нэһилиэгэр тупсаран тутууга туох үлэ ыытыллыахтааҕын, хас биирдии тэрилтэ, түөлбэ, олохтоохтор, биһиги иннибитигэр ханнык соруктар туралларын туһунан Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Владилена Колесоваттан ыйыталастыбыт.
📌 Ыраас түөлбэ – чэбдик турук
⭕ Биллэн турар, быйыл биһиги спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии үлэтин сүрүн түһүмэҕин тэрийэр улахан соруктаахпыт. Үгүс үлэ былааннанан олоххо киириэхтээх. Онно төһүү күүһүнэн, нэһилиэк олохтоохторо, бары үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар түөлбэлэр буолаллар.
⭕ Биир сүрүн сорукпут диэн сэлиэнньэ иһин ырааһырдыы уонна көҕөрдүү үлэтин тэрийии. Үгэс быһыытынан сылын аайы ырааһырдыы анал ыйа биллэриллэн, тэрилтэлэр, чааһынай дьон, түөлбэлэр бу үлэҕэ тэрээһиннээхтик кыттан кыайа-хото тутабыт. Быйыл кулун тутар 16 күнүттэн улуус үрдүнэн үс ыйдаах ырааһырдыы үлэтэ саҕаланна. Билигин тэрилтэлэр, чааһынай дьон тэлгэһэлэригэр, сыһыарыылаах тэрилтэлэр бэлиэ сирдэринэн хаары ыраастааһыннара ыытылла турар.
⭕ Маны тэҥэ улуустааҕы ветеринарнай станция үлэһиттэрин кытары дьиэ кыылларын бэрээдэктээһиҥҥэ миэстэтинэн сылдьан чипирование, вакцинация, бэйдиэ сылдьар ыттары стерилизация уонна кастрация былаан быһыытынан барыаҕа.
⭕ Муус устар бүтүүтүттэн территория ыраастааһыныгар субуотунньуктар ыытыллыахтара, бөҕү тиэйии, сэргэхсийии үлэтэ саҕаланыа. Ырааһырдыы ыйын иһинэн өссө биир улахан хамсааһын “Кузов” операцията буолар. Манна улахан тиэхиньикэлээх тэрилтэлэри түөлбэлэринэн, территорияларынан сыһыаран, эр дьон быраҕыллыбыт тиэхиньикэлэр тимирдэрин тиэйиэхтэрэ, ыраастыахтара.
📌 Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрүнэһилиэгэ
#VIIIспортивнайоонньууларыкөрсө
https://www.instagram.com/p/CNRQst9MQGe/?igshid=5485ks6x6e93

⭕ Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, ол иһигэр улууспутугар эмиэ муус устар 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри баһаары сэрэтиигэ “Олорор дьиэ-уот-2021” анал ый саҕаланна.
⭕ “Сыл саҥатыттан улууспутугар 12 баһаар бэлиэтэннэ, хомойуох иһин, биир оҕо уокка былдьанна. Буолбут баһаардар төрүөттэрэ – сүрүннээн оһох турбатын үөлэһиттэн, оттуллар оһохтон бэйэтиттэн, аһаҕас уоту сэрэҕэ суох туттууттан, электрическэй техникэттэн, уот ситимиттэн”, – диэн улуустааҕы 34 №-дээх баһаарынай сулууспатын баһаары утары сэрэтэр үлэҕэ отдела иһитиннэрдэ.
⭕ Баһаарынайдар баһаар буолбутун тута сэрэтэр, биллэрэр араас анал тэрил көҥүл атыыга баарын санаталлар. “Маннык тэриллэр буруо таҕыста эрэ тыаһаан биллэрэллэр, өссө уот умайда эрэ анал бороһуогунан саба ыһан умуруорар сыһыарыллар пиростикердэри туттуоххутун сөп, шаровай огнетушителлэр эмиэ бааллар. Оннуктары атыылаһан, дьиэҕэ, гарааска, тиэхиньикэҕэ туруоран туһанаргытыгар, баһаары сэрэтэргитигэр ыҥырабыт”, – диэн сүбэлииллэр.
⭕ Маны сэргэ, баһаар тахсыбатын туһугар оттуллубут оһоҕу, электрроприбордары эмиэ көрүүтэ суох хаалларымыахха, оҕолору дьиэҕэ соҕотохтуу таһыттан хатаан барымыахха.
⭕ Тустаах дьаһалга олоҕуран анал ый устатыгар улуус баһаары утарыыга сулууспатын этэрээтэ чааһынай, уопсай дьиэлэринэн сылдьан уоттан-күөстэн сэрэтэр-өйдөтөр үлэни ыытыахтара, памятка суруктары түҥэтиэхтэрэ.
⭕ “Улууспут күндү олохтоохторо, бары болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, баһаардар буолбаттарын туһугар кыһаллыаҕыҥ”, – диэн улуустааҕы баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ ыҥыраллар.
#уйгусирэуусалдан
#улуусхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#аналый
#баһаарысэрэтииүлэтэ
https://www.instagram.com/p/CNRbf-Ssg65/?igshid=u1lfff4iilj9

⭕ Кулун тутар 29 күнүттэн муус устар 4 күнүгэр диэри улууска коронавирус ыарыытынан 4 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэммит. Ол курдук, Бороҕоҥҥо, Мындаабаҕа, Чараҥҥа уонна Сыырдаахха биирдии олохтоох. Кинилэри кытта алтыспыт 31 киһи бэйэни изоляциялаан дьиэлэригэр олороллор, туруктарын медиктэр кэтээн көрөллөр.
⭕ Улуустааҕы киин балыыһа инфекционнай салаатыгар муус устар 5 күнүнээҕи дааннайынан 4 киһи сытар, бары орто ыарахан туруктаахтар. Провизорнайга пациент суох.
⭕ Вакцинация хампаанньата саҕаланыаҕыттан улуус үрдүнэн 1100 киһиэхэ бастакы түһүмэх быһыы оҥоһулунна, 985 киһи иккис түһүмэҕин ылбыт.
⭕ Бу туһунан улуус дьаһалтатын оперативнай ыстааба иһитиннэрдэ.
https://www.instagram.com/p/CNRs5sWMU3u/?igshid=4scr732sso57

⭕ Бу дьыл муус устар 7, 8 күннэригэр Бороҕон – Майа 110-кВ үрдүк күүрүүлээх уот линиятыгар хапытаалынай өрөмүөн буоларынан сибээстээн, сарсыарда 7.00 – 9.00 чаас уонна киэһэ 17.00 – 18.00 чаас икки ардыларыгар бириэмэҕэ улуус үрдүнэн быстах кэмҥэ уоту араарыы буоларын туһунан Бороҕоннооҕу РЭС иһитиннэрэр.
⭕ Өрөмүөн ыытыллар кэмигэр резервнэй ПАЭС кыамтата тиийбэт түгэнэ таҕыстаҕына, нэһилиэктэргэ уочаратынан иккилии чаас уоту араары оҥоһуллуоҕа.
⭕ Ол курдук:
Тандаҕа, Тиит Арыыга, Бээрийэҕэ, Кылаайыга 35кВ күүрүүлээх линияҕа;
Нам улууһун нэһилиэктэрин 35 кВ күүрүүлээх линиятыгар;
Дүпсүҥҥэ, Остуойкаҕа, Эһэлээххэ, Чэриктэйгэ 10кВ күүрүүлээх линияларга;
Суотту, Хоноҕор 6кВ күүрүүлээх линиятыгар
https://www.instagram.com/p/CNTTnoEM0bz/?igshid=11bd45fs3rjcr

⭕ Бу күннэргэ WhatsApp социальнай ситимҥэ улууспут киинэ Бороҕон 1995 сыл муус устарыгар уһуллубут видеота тарҕанна аҕай. Ону көрөн, былырыын 2020 сыл олунньу 21 күнүгэр хаһыаппытыгар сырдаппыт киһибит Аркадий Охлопков устуута буоларын биллибит. Онон кини туһунан суруналыыспыт Екатерина Захарова хаһыакка суруйуутуттан быһа тардан, кыратык эбэн билиһиннэрэбит, сиһилии хаһыат ыйыллыбыт нүөмэригэр эбэтэр сотору кэминэн үлэлиэхтээх улуус хаһыатын саайтыгар ааҕыаххытын сөп.
⭕ Чараҥ бөһүөлэгин олохтооҕо 70 сааһыгар үктэнэн эрэр Аркадий Охлопков бочуоттаах сынньалаҥар олорон сөбүлүүр дьарыга – YouTube ситимҥэ тус ханаалыгар биир дойдулаахтарын үйэтиитии. “Аныгы эһээ” иллэҥ буоллар эрэ аралдьыйар дьарыга манан эрэ бүппэт, 10-ча тыһыынчаҕа тиийэр ахсааннаммыт хаартыскаҕа араас түһэриилэрин ykt.ru сайт “Булт, балыктааһын”, “Спорт” галереяларыгар көрүөххүтүн сөп.
⭕ Маннык аныгы кэм блогердара биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тарбахха баттаналлар, оттон улууспутуттан номнуо 1,33 тыһ. сурутааччылаах YouTube ханааллаах соҕотох Аркадий Охлопков эрэ баар диэтэхпитинэ, сыыспат буолуохтаахпыт.
⭕ Аркадий Семенович Охлопков бэйэтэ Бээрийэттэн төрүттээх. Урукку кэмҥэ совхозтарга үлэлии сылдьыбыт. Тандатааҕы Герой Егоров аатынан совхозка ТБ инженеринэн, Сыырдаахха “Сардаҥа”, Мындаабаҕа “Сельхозхимия” производственнай холбоһукка кылаабынай инженеринэн, Бээрийэҕэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт.
⭕ Кэлин улуустааҕы культура управлениетыгар өрөмүөн уонна тутуу салаатыгар исписэлиистээбит. Онтон 2010 сылтан олоччу сынньалаҥҥа баран: “Оһох оттон, сиэн көрөн дьиэҕэ олоробун”, – диэн эттэр да, олох иллэҥ буолбат, интэриниэккэ киирэн, урукку кэмҥэ видеоҕа уһулбут, хаартыскаҕа түһэрбит үлэлэрин YouTube ханаалыгар таһааран, дойдутун, улууһун олоҕун умнуллубат түгэннэрин, тэрээһиннэрин үйэтитэр, дьонугар-сэргэтигэр тарҕатар. Онон барабытыттан эрэ ордон, чорбойон диэххэ, бу аныгы албаһы баһылаан, билиҥҥи сайдыыны кытары, дьэ, чахчы тэҥҥэ үктээн иһэр аҕам саастаах киһиттэн элбэххэ үөрэниэххэ сөп эбит.
Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬
https://www.instagram.com/p/CNTmafJMSfr/?igshid=1sct04ihot3k5

🔈 Министр жилищно-коммунального хозяйства и энергетики Республики Саха (Якутия) Вячеслав Павлович Емельянов проведет 6 апреля 2021 г. прямой эфир на официальной странице Администрации Главы и Правительства республики в социальной сети Инстаграм.
Вячеслав Емельянов ответит на все актуальные вопросы, связанные с деятельностью министерства, которые поступят в ходе прямого эфира.
📌 Начало – в 17 час.00 мин.
✔️ Пресс-служба Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)
https://www.instagram.com/p/CNTo5hKMivb/?igshid=jj2ta02c3sk3

⭕️Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Америкаттан сылдьар учуонай, этномузыкология дуоктара, бэрэпиэссэр Робин Харрис ыһыаҕы киинэҕэ устан ылан, Аан дойду норуоттарын искусствотын үөрэтэр кииҥҥэ (2012 сылтан дириэктэр) олоҥхо өйдөбүлүн, толоруллуутун 7 дойду 67 магистран-устудьуонугар анал куурус быһыытынан үөрэппит.
⭕️Бэрэпиэссэр саха олоҥхотун үөрэтиигэ үлэтэ манан эрэ бүппэт, 2013 с. биир дойдулаахпыт, олоҥхоһут Семен Черноградскай кыттыгастаах үөрэх босуобуйатын оҥорбута. 2017 с. “Сказительство в Сибири. Эпос олонхо в изменяющемся мире” монография суруйбута. Олоҥхо диэн тугун кылгатыллыбыт бырагырааманан 500-н тахса устудьуон билсибит.
⭕️Бу күннэргэ олоҥхоһут, оһуохай Дархан этээччитэ Семен Черноградскай олоҥхону толоруутун видеоҕа устубутун көрдөрөн билиһиннэрбит. Ол туһунан @edersaas.ru сайтка суруналыыс Татьяна МАРКОВА суруйарынан: “Семен Ильичтан ыйытыыбар: “Икки африканец кыттыылаах аҕыс устудьуон ZOOM сибээһинэн саха олоҥхотун үөрэтэ олороллор, эҕэрдэ ыыттылар”, - диэн үөрэ сонунун үллэһиннэ. Ити курдук, саха олоҥхото аан дойдуга ааттана турар”, - диэн бэлиэтээбит.
⭕️Биһиги норуоппут чулуу айымньыта аан дойдуга үөрэтиллэриттэн улаханнык үөрэн туран, бу улахан үлэҕэ биир дойдулаахпыт, чулуу спортсмен, олоҥхоһут Семен Черноградскай үтүө кылаата баарыттан киэн туттабыт.
https://www.instagram.com/p/CNTtH03MOLW/?igshid=q3ft06rayain

⭕ Ааспыт сыл күһүнүгэр бары таптаан сылдьар, сынньанар Мүрү нэһилиэгин сынньалаҥ уонна култуура пааркатыгар кыыллар пааматынньыктара туран, сылдьааччы өссө элбээбит буолуохтаах. Ыраас салгыҥҥа оҕолуун-уруулуун дьиэ кэргэнинэн кэлэн сынньанан ааһар бэртээхэй пааркабыт оҥоһуктарынан киэркэйэн, тупсан иһэриттэн үөрбүт дьон социальнай да ситимҥэ санааларын үгүстүк үллэһиннилэр.
⭕ Сылтан сыл маннык тупсаран тутууга үлэлэһиигэ Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык Василий Аммосов былааннаахтык ылсан, үлэ тохтоон хаалбакка баран иһэр. Маныаха олохтоохтор, түөлбэлэр, биирдиилээн дьон бу ыытыллар үлэлэргэ кыттыһан, көҕүлээн төһүү күүһүнэн буолаллар.
⭕ Оннук биир үтүө холобуру Мүрү орто оскуолатын оччотооҕу 10 “б” уонна 10 “в” кылааһын үөрэнээччилэрэ, оскуола 1985 сыллааҕы выпустара көрдөрдүлэр.
⭕ Кинилэр былырыын оскуоланы бүтэрбиттэрэ 35 үбүлүөйдээх сылыгар “төрөөбүт нэһилиэкпит тупсарын туһугар бэйэбит кылааппытын киллэриэҕиҥ, өйдөбүнньүк бэлэхтэ олохтуоҕуҥ” диэн санааттан сынньалаҥ уонна култуура пааркатыгар Саха сирин кыылларын искибиэрин оҥорууга харчы хомуйан, бу үлэ олоххо киирэригэр бастакы суолу астылар.
⭕ Бу туһунан 1985 сыллааҕы выпустар ааттарыттан Марианна Никифорова уонна Светлана Атласова санааларын үллэһиннилэр:
📌 “Оҕо сааспыт, оскуолатааҕы сылларбыт, эдэр кэммит ааспыт Бороҕон паарката хас да сыллааҕыта сөргүтүллэн, хат тыын ылбытыттан олус үөрбүппүт. Бу паарка сөргүтүллүүтэ улуус бары да олохтоохторун долгуппут, үөрдүбүт буолуохтаах.
Сылтан сыл пааркабытыгар саҥа оҥоһуктар, тупсаран тутуулар эбиллэн иһэллэрин киһи хайгыы, астына эрэ көрөр. Дьэ, билигин, кырдьык, дьиэнэн, оҕолору кытары сылдьан, сынньанар, айылҕалыын алтыһар үтүөкэн сирдэннибит диибит.
Былырыын пааркаҕа тупсаран тутууну ыытыыга нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов ыҥырыы таһаарбыта. Ол ыҥырыыны өйөөн, бары биир сүбэнэн, биирдии бэйэбит харчынан көмөлөһөргө быһаарынан, сорох кылаастар үс ый устата харчы укпуппут. Ол бачыыммыт түмүллэн, Саха сирин кыылларын искибиэригэр бэртээхэй оҥоһуктар буолан тахсыбыттарыттан олус үөрдүбүт итиэннэ биһиги бачыыммыт салҕанан, өссө үгүс дьону-сэргэни көхтөөх үлэҕэ ыҥырыа диэн эрэллээхпит”.
Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬
https://www.instagram.com/p/CNU5U83MPlQ/?igshid=mcyvghazgzfo

⭕ - Улууспутугар 200 устуука “Гам Ковид Вак” вакцина бүтэһик партията муус устар 1 күнүгэр аҕалыллан, нэһилиэктэринэн түҥэтиллибитэ. Бороҕон сэлиэнньэтигэр саҥа кэлбит партияттан 40 устуука быһыы бир күн устата бэриллэн бүттэ.
⭕ Бу сырыыга үксүн Госуслуга сайтын нөҥүө суруттарбыттар ыллылар. Бу сайт нөҥүө сайаапка бырахпыт дьоҥҥо эппиэт тиийэр итиэннэ вакцина кэлбит түгэнигэр иһитиннэрии ыытыллар.
⭕ Бу күҥҥэ коронавирустан утары вакцинаны улуус 1113 олохтооҕо ылла. Онтон 65-тэн үөһэ саастаах 165 киһиэхэ, 50 устудьуоҥҥа итиэннэ орто саастаах үлэһит дьоҥҥо быһыы бэрилиннэ.
⭕ Бу курдук, сайаапканан, тэрилтэлэринэн, биирдиилээн дьон вакцинаны ылыылара салҕанар
https://www.instagram.com/p/CNWRAZEsDJ2/?igshid=13c98kms5lxcg

⭕ "Биһиги Инстаграмҥа страницабыт өрөспүүбүлүкэ улуустарын страницаларыттан бастыҥынан ааттанна", - диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата үөрүүлээх сонунун үллэстэр.
⭕ Бэҕэһээ "Олохтоох бэйэни салайыныыларга SMM" диэн тиэмэҕэ улуустар дьаһалталарын пресс-сулууспаларын, социальнай ситимнэргэ страницаларын үлэлэтэр исписэлиистэргэ аналлаах вебинар буолбут.
⭕ Онно @uusaldan.ru страница улуус сонуннарын, дьаһалта ыытар үлэтин-хамнаһын тута уонна хаачыстыбалаахтык сырдатар, дьоҥҥо туһалаах уонна интэриэһинэй матырыйааллардаах диэн бэлиэтээн, бастыҥынан ааттаабыттар👍
⭕ Кырдьык, бу страница номнуо 24,6 тыһыынча сурутааччылаах, улуус эрэ олохтоохторо буолбакка, атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарбыт бука бары кэриэтэ кэтииллэр, ааҕаллар👍 Кэллиэгэбитигэр Люция Бурцеваҕа эҕэрдэбитин тириэрдэбит👏👏👏
#уйгусирэуусалдан
#улуусхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалданулууһундьаһалтата
https://www.instagram.com/p/CNWe92RMfy1/?igshid=1vj26azs2w6vt

⭕ РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин 458№-дээх бирикээһигэр олоҕуран, 2021-2022 үөрэх дьылыгар оҕону оскуолаҕа ылыыга кэккэ уларыйыылар киирбиттэрэ. Ол чэрчитинэн муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри маҥнайгы кылааска киирэр оҕолордоох төрөппүттэргэ СӨ үөрэҕин порталыгар e-yakutia.ru сайтка киирэн эбэтэр туһааннаах оскуолаҕа суругунан сайабылыанньаны биэрии бастакы түһүмэҕэ ыытылла турар.
⭕ Улууска биир нэдиэлэ устата 86 сайабылыанньа киирдэ. Ол иһиттэн 45 сайабылыанньа улуус киинин Мүрү 1-кы уонна 2-с №-дээх орто оскуолаларыгар киирбитэ бэлиэтэннэ.
⭕ Барыллаан ааҕынан көрүү түмүгүнэн, улуус үрдүнэн 450 кэриҥэ оҕо оскуола боруогун атыллыыра сабаҕаланар. Онуоха 32 үөрэх кыһатыгар 36 кылаас арыллара былааннанар.
⭕ Үөрэх кыһата дьиэ кэргэн олорор сирин территориятыгар киирсэр эбэтэр сайабылыанньаны биэриэхтээх оскуолатыгар оҕо эдьиийэ, убайа үөрэнэр буоллаҕына, бастакы кылааска киирэр оҕоҕун бу оскуолаҕа биэрэр толору бырааптааххын.
⭕ Иккис түһүмэх от ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри ыытыллар. Манна хаалбыт миэстэлэргэ уонна тустаах оскуолаларыгар хапсыбатах оҕолору эбии ылыы буолар.
⭕ Сайабылыанньаны тутуу түмүктэммитин кэннэ оскуола дириэктэрэ анал бирикээһи үс күн иһигэр таһаарыахтаах.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үөрэхэйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CNXb1KmMtrZ/?igshid=lwogj927vaqj

⭕ Курбуһах нэһилиэгин Уус Күөлүгэр тыа сирин кэлимник сайыннарыыга туһуланар федеральнай бырагыраама чэрчитинэн быйыл оҕо саадын саҥа дьиэтин тутуу саҕаланыахтаах. Уһуйаан дьиэтэ тутуллар миэстэтэ ыраастанан, тутуу барарыгар барыта бэлэм буолбут.
⭕ Бырайыактааһын, тиэндэр үлэтэ түмүктэнэн, тутуу матырыйаалын таһыы саҕаламмыт. Тутар хампаанньа – “Ситим” хааччахтаах эппиэтинэстээх тэрилтэ – бу нэдиэлэ саҥатыттан цемены, щебенканы аҕалбыт, бэҕэһээттэн сыбаайалары тиэйэ сылдьаллар.
⭕ Уус Күөлүн оҕо саада күн бүгүн 45 иитиллээччилээх, оскуола аллараа этээһин аҥаарыгар көһөн үлэлии турар. Онон 50 миэстэлээх таас эбийиэги тутуу этэҥҥэ түмүктэнэн, 2022 сылга кырачааннар саҥа уһуйааҥҥа үөрэ-көтө сылдьыахтара.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахнэһилиэгэ
#үөрэхэйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CNYnBzdsCZU/?igshid=18qn54ztb5wz0