УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.53K subscribers
33.8K photos
3.11K videos
10 files
5.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Аармыйаҕа сулууспалыырга күһүҥҥү ыҥырыыга бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна

Быйыл аармыйаҕа байыаннай сулууспаҕа 2005 сыллааҕы төрүөхтэри уонна байыаннай сулууспаҕа ыҥырыыттан уһатыы ылбыт араас саастаах гражданнары күһүҥҥү хомуурга бэлэмнээһин уонна тэрийии саҕаланна.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/aarmyja5a-suluuspalyyrga-kyhynny-ynyryyga-belemnenii-ylete-sa5alanna/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

👍 Кэптэнигэ «Күһүн бэлэҕэ» тэрээһин үөрүүнү бэлэхтээтэ

Бүгүн Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни бөһүөлэгэр «Көмүс күһүн бэлэҕэ» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/keptenige-kyhyn-bele5e-tereehin-yeryyny-belehteete/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп💫

Балаҕан ыйын 17 күнэ🍂
🍃

Хой ♈️

Эмискэччи таптал иэйиитин, дьол амтанын билиэҥ

Оҕус ♉️

Аттыгар дьон кэлэн ыынньаҕалыырын тулуйар кэм бүттэ, санааҕын эт

Игирэлэр ♊️

Сыыһалаах буоллаххына, билинэр ордук, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат

Рак ♋️

Эйигин сыаналыыр киһи эйигиттэн тэйиэ, аккаастаныа суоҕа

Хахай ♌️

Олоҕуҥ биир кэрэ бэлиэ түгэнэ тосхойоору турар

Кыыс ♍️

Тугу баҕарарыҥ барыта баар буолуо. Аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомто уурар туһунан толкуйдаа

Ыйааһын ♎️

Эн ис искиттэн сылаас сырдык иэйии тахсар, ону сөпкө туһан

Скорпион ♏️

Кыраайтан кыраайга сылдьаҕын, тулаҕын көрүнэр ордук буолуо

Охчут ♐️

Сир төгүрүк, туох барыта эргиллэн хатыланар, ол ону умнума

Чубуку ♑️

Үчүгэй сонуну истэн үөрүөҥ. Сааскы настырыанньа киириэ, санааҥ көтөҕүллүө

Күрүлгэн ♒️

Эн мичээриҥ биир эрэ киһи сүрэҕин долгутар буолбатах

Балыктар ♓️

Туох эрэ наадалааҕы оҥороргун соруйан умнан туран дуоһуйууну ылыаҥ
🌪💨 Бэҕэһээҥҥи күүстээх тыал арыый мөлтүү быһыытыйбыт. Киэһэнэн чуумпурар диэн көрдөрөр. Тыалтан сэбирдэх балачча көттө.

Халлаан да тымныйа быһыытыйбыт, бүгүн сарсыарда 6 чааска +2 эрэ кыраадыс. Күнүһүн муҥутаан +6 кыраадыс буолар эбит.
Былыт арахсыбат. Ол эрээри, ардаҕа суох диэн билгэлииллэр.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#БэртХараудьуордара

Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт сүүрүү күрэхтэһиитигэр 50-ча оҕо кытынна

Бэҕэһээ Мүрү нэһилиэгэр легкай атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы III оонньуулар кыттыылааҕа Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир буолан ааста.
Манна Чурапчыттан, Мэҥэ Ханалас Төхтүрүттэн, Майаттан уонна Уус Алдан нэһилиэктэриттэн уопсайа 50-ча кыттааччы кэлэн кытынна. Күүстээх тыал, тымныы, ардах диэбэккэ, спортсменнар илин-кэлин түһүстүлэр, бэйэлэрин кыахтарын, тулуурдарын, дьулуурдарын тургуттулар.

Улуустааҕы оҕо спортивнай оскуолатын сүүрүүгэ тренерэ Мария Слепцова:

– Күрэхтэһии бэрт көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык барда. Махтаныахпыт этэ күрэхтэһиини тэрийсибит Серафим Татаринов уонна Александара Кырбасова дьиэ кэргэттэригэр, чэпчэки атлетика улуустааҕы федерациятыгар, үөрэх улуустааҕы салалтатыгар, спортивнай оскуолабыт дириэктэригэр Дмитрий Готовцевка. Инникитин былааҥҥа киллэрэн күрэхтэһиибитин сыл көтө-көтө оҥорорго сорук туруоруннубут, – диэтэ.
Бу күрэхтэһиигэ улууспут хамаандатын оҕолоро 21 мэтээли, сыаналаах бирииһи ылары ситистилэр.

✍️ Мария Аргунова

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/aleksandra-zaboloczkaya-kyrbasova-syrdyk-keriehiger-yytyllybyt-syyryy-kyrehtehiitiger-50-cha-o5o-kytynna/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM