Forwarded from Республика Саха (Якутия)
👨👩👦В рамках национального проекта «Демография» действует региональный проект «Финансовая поддержка семей при рождении детей», который направлен на развитие механизма финансовой поддержки семей при рождении детей, а также создание благоприятных условий для жизнедеятельности семьи, рождения детей и минимизации последствий изменения материального положения граждан в связи с рождением детей.
📌Подробнее смотрите в наших карточках🤱🏻
t.iss.one/sakhagove
#ПравительствоЯкутии #Демография #Якутия

Кэскиллээх олоҥхоһут Кэскилээнэ Троева
Олоҥхо ыһыаҕар үс күн ыытыллыбыт “Уруйдан, улуу Олоҥхобут!” күөн күрэскэ Уус Алдан дэлэгээссийэтэ ситиһиилээхтик кытынна.
Кинилэр ортолоругар Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Кэскилээнэ Троева “Дорҕоон тойуктаах” толорооччу анал аатын ылла. Маны сэргэ Кэскилээнэ “Дьырылата дьүрүһүйэр Олоҥхо дойдутун хомуһа” күөн күрэскэ II үктэли ылары ситистэ.
Кэскилээнэ Троева кыра кылаастан СӨ үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Дегтяреваҕа олоҥхону толорууга уһуйуллар, оттон хомуска ийэтэ, алын сүһүөх кылааһын учуутала Людмила Жиркова салайар куруһуогар утумнаахтык дьарыктанар.
Кэскилээнэ ийэтэ уонна аҕата Валерий Троев, бииргэ төрөөбүттэрэ бука бары хомуска олус үчүгэйдик оонньууллар, дьиэ кэргэнинэн араас куонкурустарга өрүү ситиһиилээхтик кытталлар, кыайыылааҕынан буолаллар.
Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар Кэскилээнэ Троева ситиһиилээхтик кыттан, фольклорга дьоҕурун, тапталын өссө төгүл байытта, кэскиллээх толорооччу аатын эрэллээхтик сүктэ.
✍️ Екатерина Захарова

Дабаадыма лааҕырын иккис сезона үөрүүлээхтик арылынна
От ыйын 4 күнүгэр Дүпсүн нэһилиэгиттэн тэйиччи турар кэрэ айылҕалаах Дабаадыма сирин Бэс күөлүгэр "Кустук" лааҕыр II-с сезона оҕо чуор-куолаһынан чугдааран, үөрүүлээхтик аһылынна.
Тэрээһиҥҥэ оскуола дириэктэрэ Андрей Дмитриевич Сыроватскай оҕолорго анаан эҕэрдэ тылын эттэ, лааҕыры бырайыактаан үлэҕэ киллэрбит энтузиаст учуутал Гаврил Гаврильевич Сивцевкэ оскуола уонна лааҕыр коллективын аатыттан махтанан туран эҕэрдэ суругу, сэмэй бэлэҕи туттарда.
Лааҕыр иитиллээччилэрэ 3 этэрээккэ арахсан, визиткаларын, эҕэрдэ нүөмэрдэрин бэлэмнээн, кэлбит ыалдьыттары ытыс дохсун тыаһынан көрүстүлэр.
Техническэй хайысхалаах "МикроАрдуино" сезон начальнигынан эбии үөрэхтээһин педагога Ольга Протопопова, иитээччи педагогтар Иван Иванов, Максим Свинобоев, педколледж устудьуона практикант Михаил Жирков, повар А.А. Дмитриева, медицинэ үлэһитэ Р.В. Сивцева кыһамньылаахтык үлэлииллэр.
✍️ Ольга Протопопова
📸📹 Иван Иванов

#астык
Тумул бөһүөлэгин эбэтигэр куба кэлэн түспүтэ үс хоммут😍🦢
Бөһүөлэк олохтоохторо бу мааны көтөрү "өссө маннык бөһүөлэктэн чугас түһэ илигэ" диэн этэллэр.
«Уу кытыытынан көтөрдөрү иитэр ыал олорор буолан, ол иһин арахсыбат быһылаах», - дииллэр эбит.
Онон бу күннэргэ Тумул олохтоохторо айылҕа мааны көтөрүн сэмээр кэлэн, чугастан астына-дуоһуйа көрөн, сэргээн бараллар👏👍🤩🦢
@murusahargata
@ulusmedia

#БэртХараудьуордара
Улууспутугар буолан ааспыт успуорт өрөгөйдөөх күннэрин - Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын чаҕылхай, умнуллубат түгэннэриттэн өссө төгүл өйдөөн-санаан ылыаҕыҥ!💪🔥
Туругурдун спорт, доҕордоһуу, эйэ!🌿🌿🌿