УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.7K photos
3.11K videos
10 files
5.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#ыллык

💠 Эбии үөрэхтээһин педагогтарын форума ситиһиилээхтик ааста

Бэс ыйын 14-15 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр Хотун Бүлүү өрүс үрдүгэр Түгэхтэй алааска педагог уонна уһуйааччы сылыгар аналлаах эбии үөрэхтээһин педагогтарын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи форума "Педагог дополнительного образования: профессиональные вызовы – необходимые
компетенции" тиэмэнэн ыытылынна.

Улуустан Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларыттан, "Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн, Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын уонна спортивнай оскуолаларыттан барыта 13 педагог баран кыттыыны ылан кэллилэр.

Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи "Юные якутяне" ресурснай киин филиалыттан – В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Дүпсүннээҕи технопааркатыттан 5 педагог ресурснай киин үлэһиттэрин кытта биир делегацияҕа киирэн бара сырыттылар.

Форум туһунан улууска иитии үлэтигэр дириэктэрдэр сүбэһиттэрин куратора Мария Винокурова билиһиннэрэр.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from uusaldan.ru
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Майаҕатта Бэрт Хара аатынан стадиоҥҥа буола турар саха төрүт оҕунан ытыыга республикаҕа бастыыр иһин чемпионатка 10 улуустан 152 күрэхтэһээччи кыттыыны ылар.

Бастакы күн түмүктэрэ🏆

Оҕолорго:

🥇Анна Мондоева Дьокуускай 🏃
🥈Нария Сотникова Мэҥэ-Хаҥалас🏃
🥉Дженнифер Дарбасова Томпо 🏃

🥇Айтал Баишев Чурапчы 🏃
🥈Адам Захаров Томпо 🏃
🥉Николай Шадрин Дьокуускай🏃

Улахан дьоҥҥо:

🥇Клара Спиридонова Бүлүү 🏃
🥈Ольга Белоусова Нам 🏃
🥉Марияна Кусатова Таатта 🏃

🥇Александр Юмшанов Томпо 🏃
🥈Барыс Баишев Чурапчы 🏃
🥉Филипп Соловьев Бүлүү 🏃

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

💠 "Бэс ыйыгар битэмииннээх ньээм оту, тиит туорааҕын хомуйан туһаныҥ", –🌸🍃🌞

диэн Тулуна бөһүөлэгин олохтооҕо Матрена Терентьева сүбэлиир.

Кини быйыл эмиэ ньээм сибэккитин, туораахтары уонна дөлүһүөн сибэккитин эминньэҕин бу күннэргэ хомуйда🌿🌸

“Бу бэйэбит үүнээйилэрбититтэн олус туһалаах мүөт оҥоһуллар. Холобур, 500 устуука ньээм сибэккитин үргээн сууйан баран, 1 лиитэрэ ууга 20 мүнүүтэ оргутабын уонна биир суукка туруорабын. Ол кэннэ сиидэлээн баран уутугар 1,5 киилэ саахары кутан 1,5 чаас курдук оргутабын. Буһан истэҕинэ бүтэһигин диэки (араарыам 10 мүн. иннинэ) биир чайнай луоска лимон кислотатын кутабын. Бу маннык туораахтан уонна эминньэхтэн эмиэ мүөт, барыанньа оҥоробун”, – диэн Матрена ырысыабын үллэстэр🙌

Кини өссө дойдутун хаптаҕаһын, моонньоҕонун сэбирдэҕин, дөлүһүөн сибэккитин хатаран чэй эмиэ оҥостор🤩👍

Онон субу курдук хомуйан, хаһаанан айылҕа мүөтүн сөтөлгө, тымныйыыга, уопсай бэйэ туругун бөҕөргөтөргө тускутугар туһаныҥ. Чэгиэн буолуҥ!👍

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💠 Окоемовка олохтоохторо бу күннэргэ ырааһырдыы үлэтин чэрчитинэн балай да субуотунньуктаатылар. Бүгүн "Үрдэл" түөлбэ олохтоохторо тахсан бөһүөлэк арҕаа өттүн ыраастаатылар.

Окоемовкаҕа үс түөлбэ баар, олохтоохтор оҕолуун-улаханныын күргүөмүнэн үлэлииллэр.

✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бассаап

💠 Уус Алдан оройуонугар Кыайыы ыһыаҕын тэрээһинин мунньаҕын уурааҕынан Мүрү алааһыгар Кыайыы ыһыаҕа 1945 сыл бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыһыллыбыт.

Ыһыах бэлэмигэр 10628 киһи мустан оонньоон, көрүлээн атаарбыттар. 52 сүөһү этин, 750 киилэ арыыны, 189.89 центнер кымыһы аһаабыттар. Илии-атах оонньуутугар эр киһилиин, дьахтардыын уонна оҕолуун 670 киһи кыттыбыт. Барыта 75 ат, биэ, атыыр сүүрбүт.

Кыайыы ыһыаҕын Иркутскайдааҕы киинэ хроникатын устуудьуйата үйэтиппит. Киинэ ааптара уонна режиссера – В. Стрельцов, оператор – В. Громоздинскай, тиэкиһи Н. Тенганьев аахпыт. Киинэ 1946 сыллаахха тахсыбыт. Бу документальнай киинэ оччотооҕу ыһыах туһунан суос- соҕотох киинэ эбит.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM