УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах2023

🤼‍♂ Халбас харата – хапсаҕай сытыы түгэннэрин сэргээҥ👍

📹Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп 🌿

Бэс ыйын 18 күнэ

Хой

Айанныырга табыгастаах күн, бүгүн элбэх тэрээһиҥҥэ эйигин дьол-соргу күүтэр. Күн бастакы аҥаарыгар бэйэҕит дьыалаҕытын түмүктүүргэ кыһаллыҥ, оттон иккис аҥаарыгар элбэх сырыы уонна тыҥааһыннаах дьаһаллар күүтэллэр.

Оҕус

Куттал эйиэхэ бүгүн суоһаабат. Айанныыргытыттан аккаастанымаҥ, доҕотторгутун кытта көрсүһүүттэн аккаастанымаҥ – бу барыта эһиэхэ туһаны аҕалыахтара диэн сулустар эрэннэрэллэр.

Игирэлэр

Бары өттүттэн холку уонна таһаарыылаах күн, онуоха эһиги хайдах да гыммыккыт иһин, сөптөөх таһымҥа тахсыаххыт. Сорох игирэлэр былааннарын уларытыахтарын наада. Иирсээннэртэн сэрэниҥ – бүгүн эһиги итэҕэйэр дьоҥҥут сыһыаҥҥытын эмискэ сытыырхатыахтарын сөп.

Рак

Саҥа этиигэ тутатына сөбүлэһэртэн туттунуҥ. Бүгүн эһиэхэ судургу сорудахтар элбэхтик толоруллуохтара, оттон сорох суһал дьыалалар былааннаммыт сыалтан атын буолуохтара.

Хахай

Бириэмэни тиэтэтимэҥ, билигин буола турартан дуоһуйууну ылыҥ. Билигин ылыллыбыт быһаарыылар эһиги инники кэскилгитин, толкуйдуур дьоҕургутун уларытыахтарын сөп. Күн иккис аҥаарыгар кимиэхэ да эрэннэриини биэримэҥ – кинилэри кэмигэр толороргут уустуктардаах буолуо.

Кыыс

Болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буоларыҥ бүгүн булгуччулаах. Уопуттаах дьону кытта сүбэлэһиҥ эбэтэр үчүгэйдик билэр дьоҥҥор эрэн.

Ыйааһын

Эн атын дьон иирсээнигэр орооһуоххун сөп. Бүгүн күн бастакы аҥаарыгар бастыҥ хаачыстыбаҕын көрдөрүөххүн наада.

Скорпион

Түгэни тиэтэтимэҥ, туора дьон дьыалатыгар орооһумаҥ. Инники былааннаргын уларыппат ордук.

Охчут

Сулустар олус умсугутуулаах күнү билгэлииллэр. Сүбэ-ама наада буолар түгэнигэр аккаастаммат оруннаах, чугас дьоҥҥор, доҕотторгор көмөлөһөргө кыһан.

Чубуку

Бүгүн эһиги баҕарбыккыт курдук түргэнник сатанан, табыллан иһиэ суоҕа. Ол онтон наһаа кыйахаммат ордук, бэйэтэ туолар кэмигэр барыта баар буолуо, кэтэһэ түс.

Күрүлгэн

Бэйэҕиттэн олус элбэҕи күүтүмэ – күн бастакы аҥаарыгар тиэтэйбэт ордук. Бүгүн эһиги иннигитигэр араас мэһэйдэр үөскүөхтэрин сөп. Күн иккис аҥаарыгар доҕоттор сүбэлэрин истиҥ-кинилэр эһиэхэ туһалаах, наадалаах буолуохтара.

Балыктар

Эһиги аһары ыксаан төттөрүтүн бытаарыаххыт. Санаабыккын олоххо киллэриэххин сөп эрээри, эһигини бүгүн мэһэйдэр көрсүөхтэрин сөп.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💐💐💐Уважаемые работники и ветераны здравоохранения
Усть -Алданского района! 💐💐💐

От всей души поздравляю вас с Днем медицинского работника! Профессия медицинского работника – одна из самых сложных, нужных и благородных. Каждый день вы стоите на страже здоровья, спасаете жизни людей. Это подвиг, достойный признания и уважения. Работать в медицине могут только люди с большим и добрым сердцем, высоким профессионализмом и глубокими знаниями. Примите слова искренней благодарности за ваш гуманизм, милосердие и самопожертвование. Отдельное спасибо сегодня хочется сказать ветеранам здравоохранения, которые всю жизнь оставались преданными своей профессии, передавали свой бесценный опыт молодым коллегам, воспитали достойную смену, формировали традиции региональной медицины. От имени коллектива Усть-Алданской центральной районной больницы желаю вам счастья, крепкого здоровья, профессиональных успехов и оптимизма!

Анна Саввична Петрова, главный врач ГБУ РС(Я) «Усть-Алданская центральная районная больница»
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#видеофакт

💠 Уол оҕото, мохсоҕол!😄💪

Кыра хапсаҕайдьыт утарылаһааччытын уон албаһыттан мүччү-хаччы түһэн, сытыы, тыҥааһыннаах киирсиигэ хайдах кыайыылаах тахсыбытын көрүҥ!

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ

💠 Оҕо, төрөппүт билиниитин ылбыт иитээччи Екатерина Васильева

Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Васильева Эдьигээн оруйуонун Баахынай (Лииндэ) бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. 1993 c. Бүлүү куоратын Н.Г. Чернышевскай аатынан орто үөрэххэ иитээччи идэтигэр туттарсан киирбитэ. Талан ылбыт идэтин 1995 c. бүтэрэн, Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгэр үс сылга ананан, кэнчээри ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ, саҥаҕа-сонуҥҥа, билиигэ-үөрэххэ сирдиир иитээччинэн үлэлээн саҕалаабыта.

✍️ Ольга Шепелева

Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100061
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров төрөөбүтэ 175 сыла

💠 Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута

XIX-с үйэ иккис аҥаарыттан XX-с үйэ бастакы аҥаарыгар тиийэ олорон ааспыт Бороҕон улууһун аар-саарга аатырбыт олоҥхоһута Д.М. Говоров – олоҥхоһут Миитэрэй быйыл 2023 сылга дьоһун аата ааттанар бэлиэ кэмэ, төрөөбүтэ 175 сыла. Дмитрий Михайлович Говоров – олоҥхоһут Миитэрэй Бороҕон улууһун олоҥхоһуттарыттан барыларыттан ордук киэҥник биллибит, эдэр сааһыттан олоҥхоҕо уһуйуллан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһи. Тыыннааҕар үс олоҥхото суруллан, онтон иккитэ бэчээттэнэн, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар чилиэнинэн ылыллан (1939с.), Саха сирин суруйааччыларын кэмпириэнсийэтигэр ыҥырыллан олоҥхолоон уран тылынан умсугуппут (1934, 1938 сс.) улуу Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута буолар.


✍️ Мария Сивцева,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун олоҥхоһуттарын чинчийээччи


Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/99996
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыллык

💠 Эбии үөрэхтээһин педагогтарын форума ситиһиилээхтик ааста

Бэс ыйын 14-15 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр Хотун Бүлүү өрүс үрдүгэр Түгэхтэй алааска педагог уонна уһуйааччы сылыгар аналлаах эбии үөрэхтээһин педагогтарын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи форума "Педагог дополнительного образования: профессиональные вызовы – необходимые
компетенции" тиэмэнэн ыытылынна.

Улуустан Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларыттан, "Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн, Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын уонна спортивнай оскуолаларыттан барыта 13 педагог баран кыттыыны ылан кэллилэр.

Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи "Юные якутяне" ресурснай киин филиалыттан – В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Дүпсүннээҕи технопааркатыттан 5 педагог ресурснай киин үлэһиттэрин кытта биир делегацияҕа киирэн бара сырыттылар.

Форум туһунан улууска иитии үлэтигэр дириэктэрдэр сүбэһиттэрин куратора Мария Винокурова билиһиннэрэр.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM