УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.6K photos
3.08K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#нэһилиэктэргэ

💠 Кэптэнигэ түмсүүлэр үлэлэрэ нэһилиэккэ Патриотизм сыла биллэриллэн өссө көхтөөх буолла. Бэтэрээннэр "Аал Уот" түмсүүлэрэ үтүө холобуру көрдөрөрүн таһынан сүбэ буолаллар. Түмсүүлэр онон хантан да салаллыбакка, бэйэлэрин толкуйдарынан бөһүөлэк кэрэ көстүүлээх буолуутугар үлэлэһэллэр.

Ол курдук, эдэр ийэлэр "Кэрэли" түмсүүлэрэ өр сылларга сөргүтүллүбэтэх оҕо былаһааккатын бу ааспыт нэдиэлэҕэ ыраастаан, алдьаммытын-кээһэммитин өрөмүөннэтэн, кырааскалаан нэһилиэнньэ махталын ыллылар.

Түмсүү салайааччыта Анна Чирикова бу курдук бөһүөлэктэрэ тупсаҕай көстүүлэнэригэр үлэлэспит дьүөгэлэригэр махталын биллэрдэ.

✍️ Ульяна Бурнашева, уопсас кэрэсп.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ

💠 Уоту уодьуганныыр тырахтарыыс Петр Исаков

Тырахтарыыс диэн буолла да от-мас, араас тиэйэр-таһар үлэҕэ сылдьар киһини харахпытыгар ойуулаан көрүөхпүт. Ол эрээри, мин бүгүн билиһиннэрэр тырахтарыыһым олох ураты үлэлээх, ойууру баһаартан харыстыыр, уоту уодьуганнааччы буолар. Петр Исаков улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатыгар тырахтарыыстаабыта быйыл 24-с сыла. Бу иннинэ дойдутугар Аммаҕа эмиэ ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Онон ойууру харыстыырга ананан кэлбит киһи кэриэтэ диэххэ сөп.

Ол курдук 1999 сыллаахха Бороҕоҥҥо көһөн кэлэн баран, үгүһү толкуйдуу барбакка, ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиийбит. Ол кэмтэн ыла ханна да харыс халбарыйбакка үлэлии-хамсыы сылдьар. Улахан уопуттаах тырахтарыыс буолан атын улуустарга эмиэ ыҥыраллар эбит. Инньэ гынан сорох сайын атын улуустарга баһаарга баран көмөлөспүт түгэннэрдээх. “Мин үлэм дьэ, бу кэмҥэ саамай үгэнэ буолар. Биллэрии кэллэр эрэ, тыраахтарбытын тиэйдибит да эппит сирдэригэр тиийэбит. Ойуур баһаара саамай элбиир кэмэ атырдьах ыйа буолааччы. Ол эрээри, сорох дьыл, ордук кураан сайыҥҥа баһаарга сайылаабыт да кэмнэрим бааллара”, – диэн Петр үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэр.

Баһаарга сылдьар тырахтарыыс олох ураты буолуо, буруо, куйаас, суол-иис суох. Петртан ол туһунан ”бу киһи олоҕор да кутталлаах курдук үлэттэн толлубаккын, атын тэрилтэҕэ көһүөххүн баҕарбатаҕыҥ дуо?” диэн ыйыппыппар: “Мин тырахтарыыс буолар оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаам этэ. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана тырахтарыыс кууруһугар үөрэтэллэр этэ. Мин онно үөрэнэммин, оскуоланы бүтэрэрбэр үһүс кылаастаах тырахтарыыс дастабырыанньалаах этим. Онтон ыла тыраахтартан тэйбэккэ сылдьабын. Оттон бу үлэ аналым быһыылаах, атыҥҥа көһүөхпүн баҕарбаппын. Араас кутталлаах түгэннэргэ түбэстэрбин да, үлэбин сөбүлүүбүн”, – диир.

✍️ Афанасий Сектяев

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/99057

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#аахсыйа

💠 Кыайыы туһугар бары күүһү

Бастакы Хоро нэһилиэгин бэтэрээннэрин уонна Үһүс саас оскуолатын кыттыылаахтарын ыҥырыыларын ылынан, Чараҥ олохтоохтохторо дойдубут туһугар көмүскэлгэ сылдьар буойуттарбытыгар харысхал буолар көмө аахсыйабытын түмүктээтибит.

Ол курдук харчы хомуйан, таҥас атыылаһан, тигэн-оҥорон, сакааһынан аҕалтаран, барытын түмэн, улуус штабыгар туттардыбыт.

Үтүө санаа аахсыйатыгар икки күн иһигэр 92 киһи кыттыыны ылла. Уопсайа 36 тыһыынча солкуобай үп хомулунна.

Нэһилиэккэ баар тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр бөлөхтөрүнэн түмсэн күргүөмүнэн иистэннилэр.

Ол түмүгэр 368 устуука илиигэ-атахха кэтиллэр бэлиэ баайыыны (повязка), автомат уоһугар кир киириититтэн харыстыыр 758 устуука чехолу, 5 устуука носилканы тиктибит уонна маскировкалаах сайыҥҥы 5 устуука бэлэм сиэккэни атыыластыбыт.

Үтүө дьыалаҕа кыттысппытарга, КЫАЙЫЫ туһугар кылааттарын укпуттарга барҕа махтал буоллун!

✍️ I Хоро нэһилиэгин түмсүүлэрэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from uusaldan.ru
Лесной пожар в районе села Хомустах ликвидирован⚡️⚡️⚡️.

Обнаруженный вчера лесной пожар в 1,1 км. от села Хомустах Легойского наслега Усть-Алданского улуса ликвидирован сегодня в 11:00 часов.

Площадь пожара составила 5 га леса. Всего на пожаре работают 21 человек с огнетушителями, бензопилами, мотопомпами, плугами. Задействована необходимая техника- гусеничный и колесный трактора, бортовые и грузовые автомобили.

Призываем граждан не доверять различным не подписанным новостям в мессенджерах, а опираться только на проверенные источники информации.

Пресс-служба администрации Усть-Алданского улуса.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
📚 Педагоги не просто учат математике, русскому и другим предметам, но и формируют характеры и ценности наших детей.

2023 год - Президент объявил Годом педагога и наставника, что значит, что мы должны еще больше ценить их труд.

Быть учителем - это очень престижная профессия, потому что от них зависит будущее нашей страны.

Давайте вместе выразим им свою благодарность за их труд, искреннее отношение к профессии и за то, что каждый день они с душой отдаются работе.

Понравилось видео – поделись в соцсетях 👍
#кэрээйгэтэ

💠Охонооһой Буурсап аҕыс нэһилиэккэ олоҥхо түһүлгэтин түстүөҕэ

Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, олоҥхону толорооччу, оһуохайдьыт Охонооһой Буурсап – Бөскөй Бөҕө, олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылынан, улуус аҕыс нэһилиэгэр норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаалын – олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, өбүгэбит төрүт үгэстэрин билиһиннэрэр сыалтан “Оҕустаах Охонооһой олоҥхолоох айана” бырайыагынан алгыстаах айаҥҥа турунна.

Бүгүн Афанасий Петрович Уолчаанын миинэн Хомустаах бөһүөлэгэр тиийиэҕэ, 19 чаастан олоҥхо түһүлгэтэ түстэниэҕэ.

Салгыы бэс ыйын 6 күнэ – Элэһин (Хардыы), Тумул, 7 күнэ – Саһылыкаан, 8 күнэ – Сыырдаах, 10 күнэ – Окоемовка, 11 күнэ – Уус Күөлэ. Тиһэх сир – бэс ыйын 20 күнүгэр олоҥхоһут Миитэрэй үбүлүөйүгэр анаммыт улуустааҕы Үрүҥ тунах ыһыахха Бэйдиҥэҕэ тиийэннэр бырайыактарын түмүктүүр былааннаахтар.

Онон олоҥхоһуппутугар Охонооһой Буурсапка айанын аартыктара аһаҕас, ылыммыт соруга этэҥҥэ туоларыгар, ситиһиилэх буоларыгар баҕарабыт.

✍️ Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM