УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#Ырыакүнүнкөрсө

🎤🎼 “Лөгөй Тойон” болуоссакка ырыа дьиэрэйдэ

Ыам ыйын 21 күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнэ. Бүгүн Ырыа күнүн көрсө Мүрү нэһилиэгэр “Лөгөй Тойон” аатынан киин болуоссакка “Ырыа – олох аргыһа” кэнсиэргэ улууспут талааннаах ырыаһытттара – оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.

Бу күн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар флешмобка кыттыһан, Михаил Матусовскай тылларыгар, Вениамин Баснер музыкатыгар «С чего начинается Родина», Степан Тимофеев тылларыгар, Федор Лобанов музыкатыгар «Доҕордоһуу ырыата» ырыалары күргүөмүнэн толордулар.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#пионериякүнэ

🚩 Клара Неустроева кэриэһигэр улуустааҕы Пионердар слеттара ыытылынна

Ыам ыйын 19 күнүгэр Чараҥ бөһүөлэгэр үөрэх управлениетын, пионер баһаатайдар ассоциацияларын, эбии үөрэхтээһин киинин тэрээһиннэринэн улуустааҕы Пионердар слеттара буолан ааста.

Бу слет пионерскай хамсааһын бэтэрээнин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунун уонна үөрэхтээһинин бэтэрээнин, I Хоро уонна Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун, попечительскай хамсааһын лидерын Клара Афанасьевна Неустроева кэриэһигэр ананан ыытылынна.

Слекка уопсайа Чараҥ, Майаҕас Мындааба, Мүрү 1, 2 N-дээх, Тулуна, Тумул оскуолаларыттан, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыттан уонна "Уус Алдан кэскилэ" түмсүүттэн уопсайа 60-тан тахса оҕо кыттыыны ыллылар.

Ыалдьыттар Пионерия историятын кэпсиир выставканы сэргии көрдүлэр, оҕо саастарын кэрэ кэмнэрин ахтан-санаан аастылар.

“Өркөн” эбии үөрэхтээһин пресс-киинэ

салгыыта комментарийга

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia