#күрэстэр
❇️ "Түмэл ыллыктарынан" күрэскэ кииннэммит бухгалтерия хамаандата кыайда
Бэҕэһээ, Аан дойдутааҕы Мусуой күнүнэн, Кулантай аатынан түмэлгэ 5-с төгүлүн ыытыллар "Түмэл ыллыктарынан" квест-оонньуу үгүс дьону түмтэ. Тэрээһиҥҥэ Мүрү алаас иһиттэн уопсайа тоҕус хамаанда биэс түһүмэххэ күөн көрүстүлэр.
Түмүккэ, бастакы миэстэни – «Феникс» (кииннэммит бухгалтерия), иккис миэстэни – «Өрөгөй» («Тойон Мүрү» үҥкүү бөлөҕө), үһүс миэстэни – «Төлөн» (ДьУоКХ үлэһиттэрэ) ситистилэр.
✍ Мария АРГУНОВА
⏬⏬⏬ комментарийга
t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

#Үлэкиһитэ
💪 Мелиоратор, теннисчит династия баһылыга
Мин кинини теннис күрэхтэһиилэригэр мэлдьи көрөөччүбүн. Ону тэҥэ хаһыат сирэйигэр теннис сонуннарын туһунан элбэхтик суруйбутун билэбин. Быһата, успуорт бу көрүҥэ улууска сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит киһи. Ол эрээри, бүгүн сүрүннээн кини туох үлэһит буоларын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Иван Румянцев дьон ортотугар көстүбэт, харахха быраҕыллыбат үлэлээх киһи буоларынан, бэйэм да туох идэлээх буоларын таайа сатыырым. Алтыспыт дьоммуттан истибиппинэн агроном дии саныырым. Ол эрээри, үлэлиир сирэ улуустааҕы мелиорация управлениета буоларынан, идэтигэр чугас буолан онно үлэлээн эрдэҕэ диэн быһаарарым. Ону улаханнык сыыспатахпын, Иван Васильевич иккис идэтэ агроном эбит. Оттон бастакы идэтин 1981 сыллаахха Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, инженер-гидротехник идэтин баһылаабыт. Ити кэмтэн ыла төрөөбүт улууһуттан харыс сири халбарыйбакка, илиитин үлэттэн араарбакка түбүгүрэ сылдьар.
Үлэтин хайдах саҕалаабытын туһунан маннык ахтар: ”Үөрэхпин бүтэрэн кэлээппин кытары “Найахы” сопхуоска мелиораторынан анаатылар. Үлэм диэн аҥаардас быһыттары көрүү, нүөлсүтүүнү тэрийии эрэ буолбакка, сири кытта үлэ эмиэ сүктэрилиннэ. Инньэ гынан эбии агроном идэтигэр үөрэнним. Онон мелиоратор, ол быыһыгар 9 сыл кылаабынай агроном быһыытынан дойдубуттан, Найахыттан тэйбэккэ үлэлээбитим. Ол быыһыгар атын сиргэ да ыҥырыылар бааллара. Онно сөбүлэспэтэҕим. Кэргэним бэтэринээринэн ананан Уус Маайаҕа үлэлии баран хаалла. Оччолорго онно райком бастакы сэкирэтээринэн Артур Алексеев үлэлиирэ. Дьэ, кини миигин ыҥырда. Олорор усулуобуйанан толору хааччыйабыт диир. Мин хара ааныттан дойдубуттан тэйэр санаам суох буолан, ыҥырыыны ылымматым”.
✍️ Афанасий Сектяев
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/97705
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ
🚩🚩🚩 Пионер хамсааһына сөргүтүллүөн сөп дуо?
Бүгүн – Пионерия күнэ. ССРС кэмигэр 1922 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр хомсомуоллар Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис конференцияларыгар пионер этэрээттэри тэрийэргэ быһаарыммыттара. 1991 сыллаахха диэри бу хамсааһын олус көхтөөхтүк үлэлээн, сыалай көлүөнэни иитэн-такайан таһаардаҕа. Урукку пионердартан ол кэмнэр туһунан кэпсии түһэллэригэр уонна билигин маннык хамсааһын сөргүтүллүөн сөп дуо диэн ыйыттыбыт.
✍️ Мария Аргунова
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/97708

#ыһыыхампаанньата
💠 Прокопий Белолюбскай: Халыҥ хаар сааскы үлэни бытаарта
Быйыл тымныы эрэ буолбакка, ураты халыҥ хаардаах кыһыны аһардыбыт. Оттон бары билгэлээһиннэр хаартан уу кэлиэ суоҕа диэбиттэрэ – оннук буолбата, балысханнык кэлэн эрэр. Бу сааскы үлэлэри улаханнык харгыстыыр, бытаардар буолла. Сүрүннээн ыһыы үлэтин. Орто хаардаах, эрдэлээбит урукку сааскы дьылларга баччаларга сиик саптарыыта түмүктэммит, сороҕор чугаһаабыт буолар этэ. Онтон быйыл хайдаҕый? Бу туһунан СӨ сири оҥорууга сулууспатын сүрүннүүр исписэлииһэ Прокопий Белолюбскайы кытары кэпсэттим ⬇️⬇️⬇️
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/97709
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Быйыл тымныы эрэ буолбакка, ураты халыҥ хаардаах кыһыны аһардыбыт. Оттон бары билгэлээһиннэр хаартан уу кэлиэ суоҕа диэбиттэрэ – оннук буолбата, балысханнык кэлэн эрэр. Бу сааскы үлэлэри улаханнык харгыстыыр, бытаардар буолла. Сүрүннээн ыһыы үлэтин. Орто хаардаах, эрдэлээбит урукку сааскы дьылларга баччаларга сиик саптарыыта түмүктэммит, сороҕор чугаһаабыт буолар этэ. Онтон быйыл хайдаҕый? Бу туһунан СӨ сири оҥорууга сулууспатын сүрүннүүр исписэлииһэ Прокопий Белолюбскайы кытары кэпсэттим ⬇️⬇️⬇️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
II Лөгөй нэһилиэгэ «Чөл олохтонуу» бүтүн Россиятааҕы хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттар
Ол сиэринэн сарсыардааҥҥы сэрээккэ эмиэ ыам ыйын 10 күнүттэн саҕаланан күргүөмнээхтик үлэлии турар.
Иван Емельянович Мигалкин аатынан скверга сарсыарда 7 чаас 30 мүнүүтэттэн дэриэбинэ түөрт өттүттэн араас сиэдэрэй спортивнай көстүүмнээх дьону сэргии көрүөххэ сөп.
Сэрээккэни нэһилиэк успуорка инструктора Николай Копырин, өр сылларга физкультура учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбит, уһун үйэлэнии инструктора, наставник-уһуйааччы Раиса Троева, билигин орто оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлии сылдьар Иван Сивцев уочаратынан оҥортороллор.
Сарсыардааҥҥы сибиэһэй салгыҥҥа сэрээккэлиири нэһилиэк араас араҥата сөбүлээн сылдьабыт.
Маны таһынан "Татыйык уһуйаан оҕолоро, тэрилтэ бары үлэһиттэрэ, иитээччилэрэ эмиэ сарсыарда аайы бэйэлэрин олбуордарын иһигэр күннэрин сэрээккэттэн саҕалыыллара үтүө үгэскэ кубулуйда.
✍️ Мариса Васильева - Күбэйэ, Тулуна

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#выпускник2023
🔔 Үгэс буолбут кэнсиэр үрдүк таһымҥа ааста
Мүрү 1, 2 нүөмэрдээх орто оскуолаларын, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын холбоһуктаах кэнсиэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбытын, дуоһуйа көрбүт көрөөччүлэр 📹 үллэстэллэр.
Күндү выпускниктарбытыгар ситиһиилэри баҕарабыт😍👏👍✊
t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
🔔 Үгэс буолбут кэнсиэр үрдүк таһымҥа ааста
Мүрү 1, 2 нүөмэрдээх орто оскуолаларын, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын холбоһуктаах кэнсиэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбытын, дуоһуйа көрбүт көрөөччүлэр 📹 үллэстэллэр.
Күндү выпускниктарбытыгар ситиһиилэри баҕарабыт😍👏👍✊
t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#Ырыакүнүнкөрсө
🎤 🎼 “Лөгөй Тойон” болуоссакка ырыа дьиэрэйдэ
Ыам ыйын 21 күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа күнэ. Бүгүн Ырыа күнүн көрсө Мүрү нэһилиэгэр “Лөгөй Тойон” аатынан киин болуоссакка “Ырыа – олох аргыһа” кэнсиэргэ улууспут талааннаах ырыаһытттара – оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.
Бу күн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар флешмобка кыттыһан, Михаил Матусовскай тылларыгар, Вениамин Баснер музыкатыгар «С чего начинается Родина», Степан Тимофеев тылларыгар, Федор Лобанов музыкатыгар «Доҕордоһуу ырыата» ырыалары күргүөмүнэн толордулар.