УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.4K photos
3.05K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#дьарыктаахбуолуу

💥 Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо тигээйи иитиитинэн дьарыктанар

Аҕыйах сыллааҕыта Саха сиригэр тигээйини иитиэхтэрэ диэн санаан да көрбөтөхпүт буолуо. Оттон билигин аҥаардас биһиги улууспутугар хас да киһи иитэрэ биллэр.

Бу баччаҕа диэри саха киһититтэн тэйиччи дьарыгы Кылаайы бөһүөлэгин олохтооҕо Гаврил Попов биһирээтэ. Кини Амурскай уобаластан сакааһынан аҕалтаран, икки уйа тигээйини боруобаҕа кыстатан көрдө. Хаһаайын бу иннинэ дьон тигээйини иитэллэрин телевизорга көрөн, радиоҕа истэн олус интэриэһиргээн холонон көрөргө санаммыт. Тигээйилэригэр анаан кыстык дьиэ оҥорон, тыйыс тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, быйыл тигээйини элбэтэр санааламмыт.

Салгыы Гаврил Константинович бу курдук сэһэргиир:

– Күһүн сэттэ киилэ мүөтү ылан атыылаабытым. Дьиҥэр, 20 киилэ мүөтү ылыам эбитэ буолуо да, сирим отун оҕустаран кэбиспитим. Көрүүтэ судургу. Кыһынын -5 кыраадыска кыстаабыттара, олунньуттан +2 кыраадыска туруорбутум.

Аһылыктара диэн, күһүн уйаларыгар мүөттээх рамкалары хааларабын, саас саахары уонна мүөтү былаан канди диэн хааһы оҥоробун, астара бүттэҕинэ анал аһылыгы эбэн биэрэбин.

Сайын бэйэлэрэ хонууттан аһыыллар, ордук ньээм от сибэккиттэн мүөтү ылаллар. Оскуолаҕа үөрэнэр икки оҕолоохпут, кинилэри эмиэ бу дьарыкка сыһыарабын, олус интэриэһиргииллэр, кэтээн көрөллөр.


✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Үрүйэчээҥҥэоҕолорсуруйаллар

Сөбүлүүр дьарыгым – мас тардыһыыта

Мин саамай сөбүлүүр дьарыгым мас тардыһыыта буолар. Дьарыктаммытым үс сыл буолла. Тириэньэрим Семен Иванович Олесов. Кини олус күүстээх уонна өйдөөх. Биһиги кылааспытыттан түөрт оҕо Саяна, Стёпа, Айаал уонна мин буолан дьарыктанабыт. Убайым Марсен уонна быраатым Дьулус эмиэ мас тардыһыытын сиэксийэтигэр сылдьаллар.

Быйыл Чараҥҥа мас тардыһыытын күрэхтэһиитигэр баран кэлбиппит. Онно атын оскуолаттан оҕо элбэх этэ, Кэптэниттэн, Майаҕастан, Мындаабаттан, Чараҥтан, Бороҕонтон кыттыбыттара.

✍️ Соня АЛЕКСЕЕВА, Уһун Күөл орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

☑️ https://vk.com/wall-219778198_31

Уһун Күөлгэ ”Ийэм, аҕам уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн” күрэс буолбута

Биһиэхэ, Уһун Күөлгэ, ”Ийэм, аҕам уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн” күрэхтэһиигэ алта дьиэ кэргэн кыттыыны ылбыта. Күрэхтэһии бастакы түһүмэҕинэн форма, эмблемэ көрүүтэ, эҕэрдэлэһии буолбута. Онтон утуу-субуу “Көрдөөх күрэх” (эстафета), “Баскетбол”» щиткэ мээчик киллэрии, ”Түргэн туттуу”, викторина, ”Дулҕаларынан сүүрүү”, ”Уһуну ыстаныы” түһүмэхтэр бэрт интэриэһинэйдик барбыттара.

☑️ https://vk.com/wall-219778198_32

✍️Сайаана НОВГОРОДОВА, Уһун Күөл орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ

💬 Алексей Пестряков – дойдутун сураҕырдар үлэһит киһи💪

Ханнык да нэһилиэк тугунан эрэ сураҕырдар уратылаах буолааччы. Ол тэҥэ Курбуһах нэһилиэгэ кэлин сылларга күөлү туоруур муосталааҕынан биллэр буолла. Манна, нэһилиэк киин бөһүөлэгэр, Уус Күөлүгэр үс сыллааҕыта күөл уҥуор олорор түөлбэҕэ суххайдык тиийэргэ 200-тэн тахса миэтэрэ уһуннаах муоста тутуллан өрөспүүбүлүкэҕэ сураҕырбыта. Сахаларга былыр-былыргыттан улахан тутуулары баһылаан-көһүлээн эбэтэр, билиҥҥинэн эттэххэ, маастардаан туппут киһини умнубакка, уура сылдьан кэпсиир үгэстээхтэр. Алексей Пестряков күөлү туоруур муостаны маастардаан тутан, дойдутун сураҕырдар бэлиэ тутууну оҥорбута.

Алексей Пестряков билигин бирикээстээх үлэтэ ДьУоКХ хочуолунай оператора буолар. Ол эрээри дойдутугар тутааччы быһыытынан биллэн эрэр. Нэһилиэккэ улахан тутуу тутуллаары гыннар эрэ, “Алексей Васильевич, биригээдэҕин сүүмэрдээ” диэн буолар. Онон биир күн өрөөн олорбот киһи.

Кини тутууга дьоҕурдааҕа аҕатыттан бэриллибит диэххэ сөп. Баһылай Бэстирикиэп урут сопхуоска тутуу биригээдэтигэр үлэлэһэн, нэһилиэгэр тутуу бөҕөнү тутуспут киһи этэ, Алексей ол суолу батыһан аармыйаҕа ытык иэһин толорон кэлэн баран, Дьокуускайдааҕы 14 №-дээх ГПТУ-га болуотунньук идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Ону бүтэрэр дипломун ылар эксээмэнин дьиэ кырыыһатын стропилатын (атаҕын) оҥорон туйгуннук туттарбыт.

“Ити стропила миигин тутааччы быһыытынан олоҕум суолун оҥорбут эбит диэн саныыбын, ээ. Курбуһахха тутуллубут улахан таас тутуулар кырыыһаларын барытын туттум”, – диэн үөрэ-көтө кэпсиир.

✍️ Афанасий Сектяев

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/97194

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💊«Держим оборону!»: как защитить себя от клещей

В нашей стране клещи ежегодно кусают около полумиллиона человек, из которых более двух тысяч заболевают клещевым энцефалитом

Врач-педиатр, нефролог и по совместительству директор Якутского вакцинального центра Саргылана Остобунаева рассказала нашей редакции, как обезопасить себя от клещей и как проводятся этапы вакцинации от клещевого энцефалита.

❤️ t.iss.one/ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📣Мүрү Эбэ уута таһымнаан Мындааба-Бороҕон икки ардыгар объездной уулуссанан массыына сырыыта тохтоото🚧

🔻Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата
Forwarded from uusaldan.ru
Бүгүн, Аан Дойдуга медициинэ сиэстэрэтин күнэ бэлиэтэнэр👩‍⚕️

Биһиги улууспутугар барыта 195 орто анал үөрэхтээх медицина үлэһитэ, ол иһигэр 123 сиэстэрэ, 32 фельдшер үлэлииллэр. Маны сэргэ 2022 сылга Дьокуускайдааҕы медколледж филиала аһыллан, сиэстэрэ идэтигэр 16, эмтиир дьыалаҕа 13 устудьуон үөрэнэр. Кинилэр миэстэтигэр идэни баһылаан, үлэлээх буолалларыгар кыахтар үөскээтилэр.

Бу күн, түүннэри-күнүстэри хас биирдии ыарыһахха истиҥ-амарах сыһыаннаах үрүҥ халааттаах аанньалларбыт бырааһынньыктарын Бороҕоннооҕу сынньалаҥ пааркаҕа бэлиэтээтилэр. Манна чугастааҕы нэһилиэктэр кэлэн кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар хирургическай отделениятын анестезист сиэстэрэтигэр Екатерина Черкашинаҕа, оҕо отделениятын сиэстэрэтигэр Фея Татариноваҕа, туберкулез диспансерын лаборан технигар Татьяна Стручковаҕа улуус дьаһалтатын баһылыгын Махтал суругун, маны сэргэ оҕо отделениятын сиэстэрэтигэр Туяра Ильинаҕа, Дүпсүн нэһилиэгин врачебнай амбулаториятын сиэстэрэтигэр Капитолина Жирковаҕа улуус дьаһалтатын баһылыгаг Бочуотунай грамотатын, туберкулез диспансерын рентгенлаборааныгар Анастасия Жирковаҕа "Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин" бэлиэни улуус баһылыга Алексей Федотов үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Салгыы Россияҕа биллэриллибит "Учуутал уонна уһуйааччы", Саха сиригэр "Үлэ" сылларыгар аналлаах "Бастыҥ уһуйааччы" күрэх ыытыллар.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM