УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.3K photos
3.05K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#астык

💢 Өнөртөн, Дьокуускайтан, Бороҕонтон хаартыскалар кэллилэр ааҕааччыларбытыттан🤩🫰

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

💢 Радиотумул олохтооҕо – Гуся🐦

Мүрү нэһилиэгэр Радиотумул түөлбэҕэ Гуся диэн бэрт сэдэх көстүүлээх кус олорор. Кини "индоутка" диэн боруода дьиэтээҕи кус эбит. Хаһаайката биэнсийэҕэ олорор Людмила Замятина иитэр куһун туһунан бу курдук кэпсиир:

– Гусяны ылан ииппитим үс сыл буолла. Бастаан подсадной кус этэ, сааһырда диэн тохтоппуттарын кэннэ, аһынаммын олох өлөттөрбөккө, бэйэбэр иитэ ылбытым. Кус диэтэххэ, олус өйдөөх, көрүдьүөстээх, бэрт сэргэх "киһи".

Саас эрдэ таһырдьа олбуор иһигэр босхо сылдьар, киэһэ буолла да сеткатыгар бэйэтэ киирэр. Элиэттэн наһаа куттанар: көтө сылдьарын көрдө да, террасаҕа эбэтэр көмүскэл көрдөөн ыппыт таһыгар харбыалаһар, онно саһан турар буолар.

Майгыта-сигилитэ хайдах эрэ өһүргэс киһи курдук. Анньыалаатыҥ, охсуолаатыҥ, тэбиэлээтиҥ эрэ дьэ ыарыылаах соҕустук тоҥсуйар.

Ветеринарияҕа илдьэн тыҥыраҕын кырыттарааччыбын. Биирдэ куоракка барарбытыгар бастакы хаһаайыныгар Киэсэҕэ хаалларан баран айаннаатыбыт, онуоха куспут кэннибититтэн кэлииккэ аннынан тахсан сайыспыттыы уулуссаҕа көрөн турар үһү.

Сөбүлүүр аһа балык, сибиэһэй оҕурсу, дьаабылыка, банан. Аатынан ыҥырдахха, илиигэр астаах буоллахха, сүүрэн аҕай кэлэр. Ыппыт аһын былдьаан сиэччи. Куоскабытыгар букатын киэптиир. Сороҕор мэниктиир, сүүр да сүүр буолар.

Сымыыттыыр, сымыыта бөдөҥ уонна хаҕа кытаанах буолар. Уонча күн сымыыттыыр, онтон өр баҕайы тохтуур. Ону сиибит даҕаны, аска да туттабыт.


✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп

💫 Ыам ыйын 12 күнэ 💫

Хой ♈️

Дьиҥ-чахчы сыһыаны, иэйиини билиэххин баҕарыаҥ

Оҕус ♉️

Дьэ барыта орун-оннугар табыллан, сатанан иһэр курдук

Игирэлэр ♊️

Доҕоттору кытары айылҕаҕа тахсан сынньанарга табыгастаах күн

Рак ♋️

Олус элбэҕи ирдиигин, кыратык кыана тутун

Хахай ♌️

Доруобуйаҥ туһунан саныахха, эти-хааны чэбдигирдэргэ наада буолбут

Кыыс ♍️

Кими эрэ саныыгын, кинини суохтуугун

Ыйааһын ♎️

Хайдахтаах да күүстээх санаалаах киһи эмиэ сылайар, кытаат, бүтэһик күүскүнэн түһүнэн кэбис

Скорпион ♏️

Чугас дьоҥҥор көмөлөһөр туһунан санаа

Охчут ♐️

Санааҥ буккулла сылдьар кэмэ, сааһыланар ордук буолуо

Чубуку ♑️

Инникигэр эрэллээх буолуоххун баҕараҕын – эйигин таҥнарбаттарын, соҕотохтуу хаалларбаттарын, бэйэҥ сыаналааххын билиэххин баҕараҕын

Күрүлгэн ♒️

Икки куобаҕы эккирэтэн, иккиэннэриттэн матыаҥ. Санааҕын, кыһамньыгын бииргэ эрэ анаа

Балыктар ♓️

Эйиэхэ утары хардыыны оҥорбот киһиэхэ утары хардыы оҥорор оруна суох
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

💢 Медсиэстэрэ аан дойдутааҕы күнүнэн!

Быраас уҥа илиитэ, дьон доруобуйатын, чөл олоҕун туһугар туруулаһан түүннэри-күнүстэри сыратын, бары билиитин-көрүүтүн, кыаҕын аныыр медсиэстэрэ аан дойдутааҕы күнүнэн истиҥ эҕэрдэ. Бу бэлиэ түгэнинэн сибээстээн, улуустааҕы киин балыыһа хирургия отделениетын медсиэстэрэлэрин билиһиннэрэбит.

Улууска хирургия отделениета 1949 сыллаахха тэриллибитэ. Билигин отделение 26 үлэһиттээх, онтон 13 орто анал сиэстэрэ үөрэхтээхтэр. Бу иһигэр Варвара Васильева, Варвара Михайлова, Айталина Иванова, Ирина Охлопкова, Ия Оленова – хирургия медсиэстэрэлэрэ, Ульяна Лыткина, Марина Стручкова, Екатерина Черкашина, Саргылана Наумова, Ксения Лукачевская – анестезист-сиэстэрэлэр, Екатерина Гаврильева, Мария Борисова – эпэрээссийэлиир сиэстэрэлэр, Мария Дегтярева бэрэбээскэлиир сиэстэрэнэн үлэлииллэр.

Кинилэр хирургия отделениетыгар киирбит ыарахан, орто туруктаах тус-туспа кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө буолан, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр. Маны сэргэ 2006 сылтан үс куойкалаах реанимация уонна интенсивнай терапия анал хоһо арыллан үлэлиир. Манна хирургияҕа эпэрээссийэлэммит, итиэннэ араас отделениелар ыарахан туруктаах ыарыһахтара сыталлар. Онон бу ыарыһахтар, этэргэ дылы, кинилэр үрүҥ халааттаах аанньаллара буолаллар.

Биллэрин курдук, ханнык баҕарар идэ үлэтэ бэйэтэ туһунан уустуктардаах. Ол эрээри, эмчит үлэтэ киһи олоҕун өрүһүйэр, саамай күндүтүн – доруобуйатын тупсарар аналлаах сыралаах, үрдүк эппиэтинэстээх, ыарахан үлэ диэххэ сөп. Онон кырдьык да ис сүрэхтэриттэн үлэлэригэр бэриниилээх, кыайабыт-хотобут, сатыыбыт диир дьон үлэлииллэрэ саарбахтаммат.

☑️ Салгыы сайтка https://мюрюгазета.рф/article/97123 эбэтэр комментарийдарга

✍️ Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 "Тук, тук, ПРОФЕССИЯ!" үгүс оҕону түмтэ

Ыам ыйын 11-18 күннэригэр улуустааҕы "Тук, тук, ПРОФЕССИЯ!" улуустааҕы II чөмпүйэнээт ыытылла турар.
Күрэхтэһиигэ 6-13 саастаах уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна оскуола оҕолоро 19 компетенцияҕа кытталлар.

Оҕо кыра сааһыттан идэҕэ туһаайылларыгар төһүү күүһүнэн буолар чөмпүйэнээт үгүс оҕону түмтэ. Манна парикмахер, повар, столяр, музей дьыалаларыгар, робототехникаҕа, литератураны ааҕыыга, уруһуйга уонна да атын көрүҥнэргэ оҕолор бэйэлэрин кыахтарын тургуталлар.

Эдэр профессионалларга ситиһиини баҕарабыт👍👏

Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
📖 В Якутске презентовали сборник стихов участника СВО, старшего лейтенанта Анатолия Храмова

🪖🖋️ В книгу с названием «Дорогой жизни» вошли около 80 стихов, написанные бойцом в зоне специальной операции.

Как толкует название своей книги автор, какова роль литературы в борьбе за победу — узнайте в видео 🎥

https://youtu.be/kFgvow6A7Tk

❤️ t.iss.one/ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

Сүрэхтэри төлөннүүр устуруокалар❤️‍🔥❤️‍🔥❤️‍🔥

Лирик поэт Василий САВВИН (12.05.1938– 24.07.2005 сс.) төрөөбүтэ 85 сыла

Саха народнай поэта Сэмэн Данилов: “В. Саввин туох да халбаҥа, эбиитэ-көҕүрэтиитэ суох дьиҥ-чахчы сиппит бэйиэт буолбут. Суруйара, уобарастара, тыла-өһө дьэҥкэтэ, поэтическэй логикатын күүһэ, түмүктээһиннэрин эрчимэ, ыйыллаҕаһа… Биһиэхэ киниэхэ тэҥнээх суоҕа, билигин да суох…” – диэбитэ.

Итинник айар идэҕэ кынаттыыр күүстээх сыанабылы, эрэли, итэҕэли буолаары буолан, Саха сирин суруйааччыларын Союһун бэрэссэдээтэлэ, уус-уран лиитэрэтиирэҕэ чиҥ-чаҥ ирдэбиллээх Семен Петрович бэйэтинэн туос ама киһи аайы оҥорботоҕо чахчы. Кырдьыга да, санаа хоту этэҥҥэ, түгэх өбүгэлэрбит “хаахыныыр мас охтубат” диэн олоххо күүстээх эрэли көбүтэр сылык-мындыр өтө көрүүлэрин сырдык тыынынан сүрэ-кута бөҕөргөөн, саха дьонун сүрэхтэригэр саҥа бэчээттэнээт да ырыа ымыыта буолан, уйа туттубут лирик-поэт биһиги ортобутугар бүгүн да үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьар дьылҕаламмыта буоллар даа... диэн уйадыйа саныырыҥ ааһан-араҕан биэрбэт.

Өссө эрдэ, алта уонус сыллартан ыла, этиллибэтэх кистэлэҥ таптал иһирэх иэйиитин тылынан хоһоон-ырыа хомурахтаах хонуутугар сабыс-саҥа суол хайынан, ыллык үктэнэн эрэр, ханна да биллэ-көстө илик, көргө-дьээбэҕэ үөһэ тэстэр эйэҕэс-сайаҕас эдэр киһиэхэ “кутурук маһа буолбут”, “оҕо-оҕотуттан” диэбит курдук аһыныгас, уйан сүрэхтээх Бааска Бочкарев, кэлин скульптор идэлээх норуот худуоһунньуга, убай туттар Баһылай Саабынын “күлүктээххэ көрдөрбөтөх” хоһоонноруттан, бэйэтэ билинэринэн сөбүлүүллэриттэн талан, киһитигэр эппэккэ эрэ “уоран” устан илдьэ сылдьарын хаһан да харахтаан көрбөтөх, саха лиитэрэтиирэтин бас-көс киһитигэр, тус бэйэтин сирэй көрсөн туттарбыта.

✍️ Иннокентий Сыроватскай-Дүөндүн, бэйиэт, суруналыыс

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96534

🔅 Лирик бэйиэт Баһылай Саабын хоһооннорун манна аах👉 https://мюрюгазета.рф/article/96544

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#противопожарныйсезон

Сельскохозяйственные палы в нашей стране запрещены законом!

Ежегодно после схода снежного покрова происходит десятки возгораний прошлогодней травы из-за неосторожного обращения с огнем и детской шалости. Как правило, такое горение, в большинстве случаев не контролируемое, распространяется с большой скоростью и на большие площади. Зачастую оно представляет реальную угрозу жилым строениям, хозяйственным постройкам и жизни людей.

❗️ Ни в коем случае не допускайте:

- пал сухой травы. Сухую траву надо собирать граблями.
- неконтролируемое сжигание мусора;
- будьте осторожны при курении: непотушенный окурок или спичка легко приводят к возгоранию сухой травы.

❗️ В усадьбе или на даче:

Обращаем внимание, что сельскохозяйственные палы в нашей стране запрещены законом!

ОНДиПР по Усть-Алданскому району УНДиПР ГУ МЧС России по РС (Я)

☑️ Подробнее: https://мюрюгазета.рф/article/97176

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьарыктаахбуолуу

💥 Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо тигээйи иитиитинэн дьарыктанар

Аҕыйах сыллааҕыта Саха сиригэр тигээйини иитиэхтэрэ диэн санаан да көрбөтөхпүт буолуо. Оттон билигин аҥаардас биһиги улууспутугар хас да киһи иитэрэ биллэр.

Бу баччаҕа диэри саха киһититтэн тэйиччи дьарыгы Кылаайы бөһүөлэгин олохтооҕо Гаврил Попов биһирээтэ. Кини Амурскай уобаластан сакааһынан аҕалтаран, икки уйа тигээйини боруобаҕа кыстатан көрдө. Хаһаайын бу иннинэ дьон тигээйини иитэллэрин телевизорга көрөн, радиоҕа истэн олус интэриэһиргээн холонон көрөргө санаммыт. Тигээйилэригэр анаан кыстык дьиэ оҥорон, тыйыс тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, быйыл тигээйини элбэтэр санааламмыт.

Салгыы Гаврил Константинович бу курдук сэһэргиир:

– Күһүн сэттэ киилэ мүөтү ылан атыылаабытым. Дьиҥэр, 20 киилэ мүөтү ылыам эбитэ буолуо да, сирим отун оҕустаран кэбиспитим. Көрүүтэ судургу. Кыһынын -5 кыраадыска кыстаабыттара, олунньуттан +2 кыраадыска туруорбутум.

Аһылыктара диэн, күһүн уйаларыгар мүөттээх рамкалары хааларабын, саас саахары уонна мүөтү былаан канди диэн хааһы оҥоробун, астара бүттэҕинэ анал аһылыгы эбэн биэрэбин.

Сайын бэйэлэрэ хонууттан аһыыллар, ордук ньээм от сибэккиттэн мүөтү ылаллар. Оскуолаҕа үөрэнэр икки оҕолоохпут, кинилэри эмиэ бу дьарыкка сыһыарабын, олус интэриэһиргииллэр, кэтээн көрөллөр.


✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM