#үйэтитии
💢 Быйылгы "Победа" байыаннай-патриотическай оонньуу Василий Данилов сырдык кэриэһигэр ананна
Биир дойдулаахпыт, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын выпускнига, байыаннай дьайыыга олоҕун хорсуннук толук уурбут гвардия старшай сержана Василий Данилов сырдык кэриэһигэр «Победа-2023» өрөпүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай оонньуу буола турар.
Манна сэттэ хамаанда сэттэ түһүмэххэ күрэхтэһэллэр. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥаластан икки хамаанда, Чурапчы, Мүрү 2-с №-дээх, Мындааба, уонна Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыттан икки хамаанда байыаннай хаамыыга, АК-74 сааны түргэнник ыһыыга-таҥыыга, ботуруону түргэнник иитиигэ, таба ытыыга, бальнай үҥкүүгэ, патриотическай ырыаҕа, канат тардыһыытыгар күрэхтэһэллэр.
✍️ Мария Аргунова
☑️ Күрэхтэһии туһунан Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын юнкордарын суруйууларын Үрүйэчээн страницатыгар аах https://vk.com/wall-219778198_19
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Биир дойдулаахпыт, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын выпускнига, байыаннай дьайыыга олоҕун хорсуннук толук уурбут гвардия старшай сержана Василий Данилов сырдык кэриэһигэр «Победа-2023» өрөпүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай оонньуу буола турар.
Манна сэттэ хамаанда сэттэ түһүмэххэ күрэхтэһэллэр. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥаластан икки хамаанда, Чурапчы, Мүрү 2-с №-дээх, Мындааба, уонна Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыттан икки хамаанда байыаннай хаамыыга, АК-74 сааны түргэнник ыһыыга-таҥыыга, ботуруону түргэнник иитиигэ, таба ытыыга, бальнай үҥкүүгэ, патриотическай ырыаҕа, канат тардыһыытыгар күрэхтэһэллэр.
✍️ Мария Аргунова
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ
💢 Бороҕон нэһилиэгин устуоруйата оскуола түмэлигэр үйэтитиллэр
"Бороҕон нэһилиэгин устуоруйата" оскуолатааҕы түмэл 1980 сылтан үлэлиир. Түмэли бэтэрээн учуутал Акулина Сокольникова иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.
Түмэлгэ олох былыргы щвейцарскай эти эрийэр массыына, “Зингер” иистэнэр массыына, неолит үйэтин саҕанааҕы кыһыах, кыргыс үйэтигэр хоһуун ытыллыбыт муос оноҕоһо, олоҥхоһут Ефим Барашков тус бэйэтэ туттубут мала-сала, оскуола бастакы учуутала, биллиилээх советскай-партийнай үлэһит Дмитрий Шепелевтан саҕалаан, учууталлар үөрэтэр-көрдөрөр посуобуйа оҥорор бэчээтинэй буукубалара харалла сыталлара устуоруйа олус күндү кэрэһиттэрэ буолаллар.
📹 Ольга Шепелева

Forwarded from uusaldan.ru
⛪ Тандатааҕы историко-архитектурнай музейга 19-20 үйэлэр кирбиилэригэр олорон ааспыт *Байаҕантай кулубата Пантелеймон Готовцев- Бааса Атыыһыкка уонна кини оҕолоро Уус-Алдан маҥнайгы кооператора Феофан Готовцев- Атыыһыт Биэкэҕэ, разведчица, фельдшер Саха маҥнайгы үөрэхтээх дьахталларыттан биирдэстэрэ Матрёна Готовцева- Мадам Матрёнаҕа, Готовцевтар сыдьааннарыгар аналлаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ууран сытыарбыт, харайбыт, үйэлэри уҥуордаан кэлбит маллара, тутта сылдьыбыт иһиттэрэ-хомуостара, 1870-с сыллартан саҕалаан хаартыскалара выставка буолан тураллар. Ону таһынан, кэлбит ыалдьыттарга Готовцевтар аймахха аналлаах документальнай киинэ көстөр.*
😍 *Ыраахтааҕы саҕаттан иһит, ураты сундуктар, ссыльнай поляктар бэлэхтээбит дьиэ мала уонна да атын... Хаартыскаларга урукку Байаҕантай улууһун историята бүтүннүү кэпсэнэр.*
✅ *Бу күннэргэ выставка бүтэһик күннэрин турар. Баран көрөргө, кыраайбыт историятын билэргэ тиэтэйиҥ.*
Тандатааҕы историко-архитектурнай музей коллектива.