#уһуйааннарга
💢 "Сардаанаҕа" уһуйаан саастан айылҕаҕа тапталы иҥэрэллэр
Бүгүн Мүрүтээҕи «Сардаана» оҕону сайыннарар киин – оҕо саадын бырайыагынан төрдүс төгүлүн улуустааҕы «Мин айылҕа оҕотобун» экологическай научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Күрэскэ 16 оҕо тэрилтэтиттэн бэлэмнэнии бөлөх 24 иитиллээччитэ кыттыыны ылла.
Кэмпириэнсийэҕэ кырачааннар дакылааттарын икки секциянан үс хайысханан (флора, фауна, айылҕа көстүүтэ) көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ үөрэх управлениетын начаалынньыга, сүрүннүүр исписэлииһэ, юннатскай станция педагогтара, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрэ үлэлээтилэр.
«Флора» хайысхаҕа 1-кы миэстэни – Зарина Ефимова («Мичээр», Мүрү), 2-с миэстэни – Дуня Окоемова («Кэнчээри», Танда), 3-с миэстэни – Сахаяна Нартахова («Сардана», Дүпсүн) уонна Артем Губарев («Мичил», Мүрү) ыллылар.
«Фауна» хайысхаҕа кыайыылааҕынан Алимпия Акимова («Кэскил», Дүпсүн), иккис миэстэҕэ Айнаара Григорьева («Сардаана», Мүрү), үһүс миэстэҕэ Ярик Гуляев («Чуораанчык», Майаҕас) уонна Эрик Рожин («Чуораанчык», Уһун Күөл) таҕыстылар.
Оттон «Айылҕа көстүүтэ» хайысхаҕа 1-кы миэстэни үс хайысханан – Тимур Алексеев («Сардаана», Мүрү), 2-с миэстэни – Сандаара Копырина («Чэчир», Кэптэни), 3-с миэстэни – Кира Саввинова («Мүрүчээнэ», Мүрү) ыллылар.
✍️ Мария Аргунова
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94940
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ЯкутияВперед
💢 Тумул бөһүөлэгин олохтоохторун ыра санаалара – оскуола-саад тирэҕэ түстэ
Бороҕон нэһилиэгэр бэлиэ күн тосхойдо. В.М. Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын саҥа эбийиэгин тутуута саҕаланар, бастакы көмүс тирэҕэ түһэр үөрүүлээх тэрээһинэ биир дойдулаахтары түмтэ.
“СӨ инвестиционнай программата” диэн анал программаҕа киирэн, тутуута саҕаламмыт оскуола-саад 90 үөрэнээччигэ уонна уһуйаан 40 иитиллээччитигэр ананар.
Эбийиэк тутуутун куонкурсун “Адгезия” ХЭТ (дириэктэр Ариан Габышев) кыайан, бырагыраамаҕа киирбитинэн 2024 сылга түмүктүүр соругу ылынна. Икки этээстээх таас эбийиэк уопсай иэнэ 3228,48 кв.м.
Бу иннинэ үөрэнэ, үлэлии олорбут 1967 сыллааҕы оскуола дьиэтэ 2014 сыллаахха хаарбах туруктааҕынан көтүрүллүбүтэ.
Онон билигин үөрэх 1954 сыллаахха начаалынай оскуолаҕа ананан үлэлии турбут олус кыараҕас дьиэҕэ ыытыллар.
Тумул бөһүөлэгэр билигин, Элэһин, Арыы Тиит алын сүһүөх кылаастарын түмүктээн уопсайа 93 оҕо үөрэнэр. Оттон оҕо саадыгар 42 оҕо сырдыкка-кэрэҕэ, үөрэххэ-билиигэ уһуйуллар. Маныаха кэлэктиип дириэктэр Константин Копырин салалтатынан үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.
📹 Ольга Шепелева

В Борогонцах пробились первые травинки🌱🤩
Каждый год на этом месте зеленые пучки вылезают первыми, еще до всхода подснежников🌱
Пробиваются из-под теплотрассы, когда начинает таять снег и, несомненно, создается парниковый эффект💦
Этот процесс понятен, но все же, есть что-то трогательное в этих нежных, ярко зеленых живых листьях посреди белого снега😍
Природа просыпается после долгой, холодной зимы...🌱
☑️ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

#сэллигисэрэтии
💢 Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар сэллиги утары уруоктар буоллулар
Кулун тутар 24 күнүттэн муус устар 24 күнүгэр диэри Арассыыйа үрдүнэн сэллик ыарыыны сэрэтии ыйа ыытыллар. Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар улуустааҕы киин балыыһа үлэһиттэрэ: оҕо фтизиатр бырааһа Нюргуяна Ширяева кылаастарга сэллик туһунан уруоктары ыытта, оттон поликлиникаттан прививка кэбиниэтин биэлсэрэ Изабелла Афанасьева, I учаастак кэбиниэтин учаастактааҕы медсиэстэрэтэ Сардаана Копырина алын кылаас оҕолоругар Манту боруобаны үс күнүнэн кэлэн бэрэбиэркэлээтилэр.
Быраас Нюргуяна Ширяева улуустааҕы киин балыыһаҕа 2012 сылтан идэтинэн оҕо фтизиатр бырааһынан кыһамньылаахтык үлэлиир. Оскуолаларга сылдьан оҕолорго, төрөппүттэргэ өйдөтөр, сэрэтэр үлэни ыытар. Муус устар 13 күнүгэр барыта алта кылааска 101 оҕону хабан "Сэллиги сэрэтэр үлэ" тиэмэҕэ уруоктары ыытта. Уруок түмүгэр оҕолор бэркэ кыһаллан маҥан ромашка сибэккилэри оҥордулар уонна уруок кэнниттэн ромашкалары оскуола кылаастарын, кэбиниэттэрин ааннарыгар сыбаатылар.
Маҥан ромашка – ыраас тыыныы бэлиэтэ. Ааспыт XX үйэ саҥатыгар 1911 сыллаахха Николай II ыраахтааҕы кыргыттара Арассыыйаҕа сэллик ыарыы тэнийбитинэн маҥан ромашкалары оҥорон атыылаабыттар, киирбит үбү сэллик балыыһатыгар ыыппыттар. Билигин маҥан ромашка сэллик ыарыыны сэрэтэр, утарар бэлиэ быһыытынан туттуллар.
Нюргуяна Владимировна бэлиэтииринэн, былырыын улуус оҕотун 88,8%-на Манту боруобатын уонна Диаскинтест ылбыттар. Ирдэбил быһыытынан оҕо барыта кэриэтэ хабыллыахтаах. Манна сүрүн төрүөтүнэн төрөппүттэр сөбүлэҥи биэрбэттэрэ буолар. Бу этиигэ оскуола биэлсэрэ Анастасия Жиркова сөбүлэһэр.
Сэллиги сэрэтии ыйын күнүгэр оскуола биэлсэрэ Анастасия Федоровна салалтатынан, тэрийиитинэн кылаастарга уруоктар тэрээһиннээхтик аастылар. Бу анал ый чэрчитинэн аны төрөппүттэргэ тахсар былааннаахтар.
✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94951