УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.72K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#үйэтитии

💢 I Өспөх нэһилиэгин бастакы баһылыгын сырдык кэриэһигэр турнир алтыс төгүлүн волейболу таптааччылары түмтэ

I Өспөх нэһилиэгин бастакы баһылыга Петр Стрекаловскай Уһун Күөл туспа нэһилиэк буоларыгар, төрөөбүт нэһилиэгин туһугар элбэхтик сүүрэн-көтөн сыратын биэрбит, бэйэтин билиитин-сатабылын нэһилиэгэр анаабыт дьиҥнээх патриот киһи этэ. Кини быһаччы салайыытынан нэһилиэк социальнай олох-дьаһах инфраструктурата сайдар суолга киирэн, нэһилиэк кэҥээбитэ, тупсубута. Быйыл Петр Михайлович баара буоллар 65 сааһын туолуо этэ. Кини сырдык кэриэһигэр анаан волейболга үгэскэ кубулуйбут күрэхтэһии алтыс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

Пандемия кэмигэр тэрээһиннэр бобулланнар, уһуннук кэтэспит күрэхтэһиибит буолбутуттан күрэхтэһээччилэр да, көрөөччүлэр да бары сүргэбит көтөҕүллэн, санаабыт кэлэн, икки күнү быһа күрэхтэһии олус сэргэхтик уонна хатыһыылаахтык ааспытыттан олус үөрдүбүт, астынныбыт. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон Баатаҕай, Бээди, Майаҕас, Окоемовка, Тулуна, Уһун Күөл, Чараҥ, Чэриктэй бөһүөлэктэриттэн барыта аҕыс хамаанда (эр дьон, дьахталлар) кэлэн күөн көрүстүлэр, илин-кэлин туһүстүлэр.

Уопсай түмүккэ, бастакы миэстэҕэ Уһун Күөл хамаандата тахсан 50 000 солк. харчынан Петр Михайлович бииргэ төрөөбүттэрин анал бириистэрин ыллылар. Иккис миэстэ буолбут Тулуна хамаандата Петр Михайлович бырааттарын, балыстарын 30 000 солк. суумалаах анал бириистэрин туттулар. Үһүс миэстэҕэ Окоемовка хамаандата тахсан, олохтоох дьаһалта олохтообут 10 000 солк. суумалаах анал бирииһигэр тигистэ.

Маны таһынан, волейболунан үлүһүйэн оонньооччуларга, бастыҥнарга уонна кэскиллээх оонньооччуларга анал сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.

✍️ Валентина Стрекаловская, Уһун Күөл орто оскуолатын учуутала

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94765

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

💢 Александр Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар Учуутал уонна аҕа сүбэһит сылыгар анаммыт аһаҕас аан күнэ буолла

Муус устар 8 күнүгэр А.Н. Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылыгар аналлаах уруккуну, билиҥҥини ситимниир, инникини ыралыыр аһаҕас аан күнэ буолла. Бу күн оскуоланы араас сылларга бүтэрбит 200-кэ выпускник үөрэммит кыһаларыгар ыраахтан-чугастан кэлэн учууталларын, бииргэ үөрэммит доҕоттордорун кытта көрүстүлэр.

Оскуолабыт чаҕылхай үөрэнээччилэрэ СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев үөрэммит оскуолаларыгар баҕа санааларын, эҕэрдэ тылларын анаатылар. Биир дойдулаахпыт геолого-минералогическай наука доктора, профессор,СӨ Наукатын академиятын академига И.И.Колодезников аатыттан СӨ бастакы президенин М.Е. Николаев библиотека-архивын салайааччыта Ю.И. Семенов кэлэн эҕэрдэлээтэ уонна 10-с кылаас үөрэнээччитигэр Снежана Алексееваҕа И.С Колодезников аатынан стипендияны туттарда.

Уус Алдан улууһун үөрэҕин салататын салайаачыта Гаврил Тимофеев, Уус Алдан улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Петр Сивцев, Өлтөх нэһилиэгин баһылыга Константин Алексеев эҕэрдэлээн туран, өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит учууталларга, үлэһиттэргэ ааттарын ааттаан, бэлиэлэри, наҕараадалары туттардылар.

Выпускниктар толору минньигэс астаах остуолга олорон оҕо саастарын, оскуолатааҕы кэмнэрин ахтан-санаан аастылар. Бэлиэ күн киэһэтигэр А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинигэр оҕолор уонна учууталлар В.С. Яковлев-Далан "Дьикти саас" сэһэнинэн музыкальнай испиктээктэрэ буолла. Ол кэннэ уоттаах-күөстээх тыыннаах музыканан үҥкүү киэһэтэ буолла.

✍️А.Н. Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатын пресс-киинэ

☑️ https://vk.com/wall-219778198_11

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#афиша

Муус устар 12 күнүгэр ӨРКӨН к/т 15:00 ч. уонна 18:30 ч.☝️🎪
Дьону үөрдэр көрдөөх- наардаах, дьон санаатын өрө көтөҕөр
цирковой представлениеҕа
"КҮН ДЬОНУН МИЧЭЭРЭ" диэн программаҕа "Доктор Клоун"
БАРЫГЫТЫН ыҥырар 👏👏👏

Программаҕа:

🥳 цирковой номердар,
🥳 көрдөөх фокустар,
📢 "Железный человек"
🥳 эквилибр,
🥳 жонглердар,
🥳 дьикти аптаах Доктор Клоун,
🥳 көрдөөх-күлүүлээх сценкалар репризалар,
📢 трансформер "Бамблби"
🥳 "Шоу гигантских мыльных пузырей"

Республика фокусниктарын конкурстарын Гран при хаһаайына аптаах киһи Алексей Куприянов
уо.д.а.🎊🎉🤡🎪🤹🏼‍♂️🎭

Билет сыаната 500 солкуобай, 3 сааһыгар диэри оҕо босхо киирэр.

Билеттэр кассаҕа муус устар 6 күнүттэн атыыланыахтара.

Попкорн – 300 солк.
Сахарнай вата – 200 солк.
Бамблби трансформеры кытта фото – 200 солк
Шарик-твистинг (араас кыыллары оҥорор анал шарик) – 200 солк.

Уһун тохтобул кэнниттэн үөрэ-көтө, күлэн, үөрэн, санааны, ис туругу өрө көтөҕө кэлэн сылдьыҥ, дуоһуйа сынньаныҥ.

"Доктор Клоун" цирк барыгытын ыҥырар.
🤡🎪🤹🏼‍♂️🎉🎊

🔈🔈🔈СВО кыттыылаахтарын оҕолоро уонна доруобуйаларынан хааччахтаах (инвалид) оҕолор босхо киирэллэр🥳

t.iss.one/murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Үрүйэчээнтэнбириистээхтургутук

🚀 Муус устар 12 күнэ – Космонавтика күнэ. “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ оскуола саастаах оҕолорго “Үрүйэчээн” хаһыат Вконтакте-страницатыгар https://vk.com/wall-219778198_12 бириистээх тургутугу бэлэмнээтибит.

Кыттааччылартан сүрүн ирдэбил – "Үрүйэчээн" страницатыгар подпискалаах буолуохтааххыт Страница ссылката👉 https://vk.com/public219778198

Холонон көрүҥ, кыайыылааҕы харчынан🤑🤑🤑 бириис күүтэр😉 Биир ыйытыыга толкуйдуурга 2 мүнүүтэ бэриллэр⌛️

💢 Ким кыайбытын сарсын, муус устар 12 күнүгэр, киэһэ 20.00 чааска билиэхпит.

P.S.: оҕо бэйэтин аккаунуттан подпискаланар, викторинаны толорор☝️ оҕоҕо страницата суох буоллаҕына, төрөппүттэр оҥорон биэрэҕит🙌

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

Бүгүн Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһыгар биир дойдулаахпыт, бэйиэт, Арассыыйа суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
Түүлээх, Бээрийэ, Байаҕантай,
2-с Байаҕантай нэһилиэктэрин,
Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анатолий Старостин – Сиэн Кынат "Дьылҕам дьикти бэлэҕэ" айар киэһэтэ буолла.

Бэйиэт айар үлэтин ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ, СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Андрей Саввинов билиһиннэрдэ. Сиэн Кынат дириҥ түгэхтээх, таайтарыылаах хоһооннорун Ульяна Бурнашева – Уйана, Александр Гоголев, "Уран тыл алыба" түмсүү кыттыылаахтара ааҕан иһитиннэрдилэр.
Оттон кини ырыа буолбут хоһооннорун СӨ норуодунай артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар,
Опера уонна балет тыйаатырын артыыстара: РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската Анна Дьячковская, СӨ култууратын туйгуннара Зинаида Колодезникова, Екатерина Захарова, “Үрдэл” 2019, 2021 сыллар лауреаттара Леонид Готовцев, Алита Мигалкина ыллаатылар. Биир дойдулаахтарбыт Иван Васильев, Александра Сивцева, Константин Иванов, Бээрийэ нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара эҕэрдэлээтилэр.

Дьоро киэһэ улахан чааһа бэйиэт музата, Намылыйа Хотуна, олоҕун аргыһа СӨ култууратын туйгуна, Бээрийэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Люция Петровналыын Сиэн Кынат улахан тапталларыгар ананна.

Бэйиэт таптал туһунан 150-тан тахса хоһоонноохпун диэн туран, тапталыгар анаабыт биир хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Күндү кэргэнигэр анаабыт хоһоонноро ырыа буолан айар киэһэни киэргэттилэр.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM